Буойун суруйааччы Тимофей Сметанин
КиириитэҮлэм сыала : А5а дойду улуу сэриитигэр саа-саадах тутан сэриилэспит Тимофей Сметанин туhунан билиини хаңатыы.
Соруктара:
суруйааччы оло5ун кытта билсиhии;
айымньыларын аа5ыы;
биир саастыылаахтарбар суруйааччы туhунан кэпсээhин.
Үлэм то5оостоо5о: Ханнык ба5арар сэрии норуот оло5ор улахан алдьаныыны-кээһэниини, өлүүнү –сүтүүнү таһаарар. А5а дойду Улуу сэриитигэр үгүс саха ньургун уолаттара, илиилэригэр саа-саадах тутан, Ийэ дойдуларын тас өстөөхтөртөн хорсуннук көмүскээбиттэрэ. Саха суруйааччыларыттан Эллэй, Аба5ыыныскай, Дьүөгэ Ааныстыырап, Тимофей Сметанин, Исай Никифоров, Иннокентий Эртюков, Күн Дьирибинэ, Петр Тобуруокап, Алексей Бродников, Семен Никифоров, Степан Тимофеев, Иннокентий Артамонов, Дьуон Дьаҥылы, Юрий Шамшурин кыттыыны ылбыттара.
70 сыл буолла А5а дойду сэриитэ бүппүтэ. Дьыл – хонук ааhан истэ5ин аайы, бу Улуу Кыайыы суолтата сүтүө суо5а. Бу Кыайыы – хас биирдии дьиэ кэргэн оло5ун кытта сибээстээх.
Фронтовик суруйааччы Тимофей Егорович СметанинТимофей Егорович Сметанин 1919 сыллаахха Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга (кэлин Кэбээйи наһилиэгэ, Кэбээйи оройуона диэн ааттаммыта) дьадаңы дьиэ кэргэңңэ төрөөбүтэ.
Уус-уран айымньыСүлүhүн сүмэтин уулааммын…
Охсуhар сатаны туойдарбыан,
Yѳрүүнэн, ырыанан туолларбыан.Имэңнээх – илбистээх тылынан туоламмын…
Былатыан суолунан бардарбыан.
Бу курдук суруйбута ѳссѳ 18 саастаа5ар сылдьан Тимофей Сметанин - ча5ылхай талааннаах суруйааччы, буойун бэйээт, прозаик, драматург. Кини ѳссѳ 7 кылааска үѳрэнэ сылдьан, поэт Ча5ыл5ан «Ньургуhун» диэн кинигэтигэр бэйэтин санаатын суруйбута. Сотору бэйэтэ о5олорго анаан хоhооннору уонна кэпсээннэри суруйар буолбута.
А5а дойду ыар сылларыгарсыллаахха А5а дойду улуу сэриитэ са5аламмыта. Улуу сэрии бастакы күннэригэр республика радионан биэриилэри тэрийэр комитет иhинэн фроңңа сэриилэhэр суруйааччылары кытары ыкса сибээhи тутуhан үлэлиир айар бөлөх тэриллибитэ. Онно Тимофей Сметанин эмиэ баара. Ити курдук үлэлии сылдьан Тимофей Сметанин 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 28 кунугэр Кыhыл Армия кэккэтигэр ыңырыллыбыта. Кини Орловскай-Курскай туhаайыыга Хотугулуу-Ар5ааңңы 2-с Прибалтийскай фроңңа сэриилэспитэ.
Тимофей Сметанин сэрии толоонуттан дойдутугар «Хааннаах хара баттах», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат ахтыл5ана» диэн буорах сыттаах хоhооннору суруйан ыыппыта. Сметанин Ийэ дойдутун муңура суох таптыырын, кѳңүлүн, дьолун иhин, оло5ун толук уурартан дьулайбат буоларын, бу сурук хоhоонноро да туоhулууллар.
До5ор кыыс умнубатах тапталын мүѳтэ
Туххаhыйбыт сүрэхпин ититтэ,
Сир ийэм, бар дьонум үѳрэ кѳрсүhүүтэ
Сэрии түѳрбүт бааhын эмтээтэ.
1944 сыллаахха ыараханнык бааhыран, дойдутугар икки бойобуой мэтээллээх кэлбитэ. Буойун суруйааччы сэриигэ иэhин маннык сыана биэрэн этэр:
Эрдэ кырдьыбыт иhин кырдьыбат Эрдээх саллаат сүрэ5э тэбэр буолла5ына,
Сааспын сэрии сарбыйбытын да иhин,
Сардаңалаах күн кѳрѳн турда5ына,
Син биир этиэ5им:
Сирдээ5и дьолу билэбин диэн.
Тимофей Сметанин өлбөт – сүппэт айымньылараТимофей Сметанин олус кылгастык да олорон аастар, олус элбэх кэрэ айымньылары норуотугар бэлэхтээбитэ. Суруйааччы о5олорго анаабыт айымньылара: «Күѳрэгэй», «Куоска олоңхото», «Кыhыл былааттаах кыыс» пьеса, «Уол уонна эhэ» сценка. Кини о5олорго суруйбут Мэхээлэчээн булчут бэл этэрбэhэ чаархаан буолар, тѳбѳтүгэр кус сымыыттыыр, кутаттан бѳрэ таhаарар, онноо5ор кини эhэни миинэн турардаах. Ити курдук омун, кырдьык икки ардынан кэпсээннэрэ киhини куллэрэрэ сүрдээх. Суруйааччы айымньыларыттан биhиги иккис кылааска «Эhэ туhунан остуоруйатын», үhүс кылааска – «Кѳрүдьүѳс күн», «Манчаары» , «Куоскалар уонна саhыл» диэн айымньыларын, тѳрдүс кылааска – «Куhу ура5аhынан да бултуурбут», «Тѳбѳбѳр кус сымыыттаабыта, ѳлѳр суолтан бѳрѳ быыhаабыта» диэн кэпсээннэрин кытта билсиспиппит, аахпыппыт. Тимофей Сметанин суруйар тылы кѳрдѳѳх, уран, онон о5ону түргэнник тардар.
Саха литературатыгар ѳлбѳт – сүппэт айымньылары биэрбит Тимофей Егорович айар үлэтин үгэнигэр, 28 эрэ саастаа5ар күн сириттэн арахсыбыта. Биир дойдулаахтара кини ча5ылай талаанын «Халлааны суруйар сулус уотун кэриэтэ, күүскэ күлүм гыммыта» дииллэрэ оруннаах.
Сааhылаабыт санаабын Петр Аввакумов суруйбут этиилэринэн түмүктүѳхпүн ба5арабын: «Тимофей Сметанин айбыта хаhан да ѳлбѳѳдүйүѳ, мѳлтүѳ суо5а. Сѳ5үрүйбэт ыралаах буойун, тѳрѳѳбүт дойдутун күүскэ таптыыр киhи дууhата умайа, сырдыы туруо».
Ньурба 1 №дээх Степан Васильев аатынан орто оскуолатын
4 «а» кылааhын үөрэнээччитэ
Прокопьева Милена
Салайааччы:
Антонова Альбина Анатольевна