Ахсаан аат — норуот айымньытыгар
Тимофеева Акулина Васильевна, Бүлүү улууһун А.А.Миронов аатынан
Мастаах орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.
Уруок темата: Ахсаан аат - норуот айымньытыгар.
Тус бэйэҕэ туһаайыллар дьайыылары иҥэрии: - үөрэх тус бэйэҕэ туһалааҕын өйдөөһүн уонна салгыы баҕа өттүнэн үөрэнэри ситиһии; - ахсаан аат оруолун өйдөөһүн;
- төрөөбүт тыл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр улуу нэһилиэстибэ, омугу сомоҕолуур сүрүн күүс, чугас-истиҥ дьону кытта бодоруһар, иитиллэр, сайдар, айар тылбыт диэн национальнай сыаннастары иҥэрии.
Салайына-дьаһана үөрэнэр дьайыылары иҥэрии:
- учуутал көмөтүнэн уруок сыалын, былаанын быһаара үөрэнэр;
- толорбут сорудаҕын сөпкө оҥорон иһэрин түмүгүн көрөн тэҥнээн биэрии эбэтэр бэрэбиэркэлээһин уонна атын үлэҕэ сөптөөхтүк көһүүгэ үөрэтэр, бэйэ үлэтин сыаналыыр.
Билэр-көрөр дьайыылары иҥэрии:
Ахсаан ааты о5о төһө өйдөөбүтүн тургутуу, норуот уус уран айымньытын туттан оҕону интэриэһиргэтии,
Бодоруһар дьайыылары иҥэрии:
- бэйэтин санаатын суругунан эбэтэр тылынан этинэр;
- атын киһи саҥатын өйдүүр уонна истэр;
- чабырҕаҕы дорҕоонноохтук ааҕар; - -бэйэ бэйэни кытта кэпсэтиһии, улэҕэ кыттыы.
Уруок тиибэ:
- Хатылааһын
Уруок көрүҥэ:
- комбинированнай;
Уруок тэрилэ:
- проектор, ноутбук, экран, слайдалар;
Уруок хаамыыта:
Уруок этаптараУчуутал үлэтэ. Үөрэнээччи үлэтэИКТ
Тэрээһин чааһа.
Уруок тематыгар киирии.
Уруок тематын быһаарыы
Сыал-сорук туруорунуу. Оҕолору турукка киллэрии, уруокка бэлэмнээһин.
Билигин хаһыс уруок буола турарый?
Кылааспытыгар хас оҕо баарый?
Бүгүн хас уруоктааххытый?
Харыйаҕа сэттэ тэллэй үүммүт, иккини ылбыттар, иккини тииҥ сиэбит. Хас тэллэй хаалбытый?
Оҕолоор, бүгүҥҥү уруокпут тематын этиҥ эрэ.
Уруокпутугар сыалбытын туруоруоххайыҥ.
Ахсаан аат норуот айымньытыгар. Норуот тылынан уус уран айымньыта диэн тугу ааттыыбытый? Бастаан билиибитин тургутан баран, норуот тылынан уус уран айымньыларынан айанныахпыт. Мин билэрбинэн...
Мин сэрэйэрбинэн...
Мин толкуйдуурбунан.. Бастакы түһүмэх. Хатылааһын элбэххэ үөрэтэр.
5-6 кылааска үөрэппит айымньыларгытыттан быһа тардан этиилэри ааҕыам, эһиги суруйааччы уонна айымньы аатын этэҕит.
Былыр, уон алтыс үйэ саҕана, Бороҕон улууһугар Эбирикээн эмээхсин диэн бэрт дьадаҥы эмээхсин олорбута үһү.
Ньукуус быйыл аҕыһын томточчу туолла. Инньэ гынан үлэ – хамнас киһитэ буолта иккис сыла.
Эһэбит түөрт тиргэни оҥорон биэрбитэ.Ииппиппит арааһа, биэс-алта хонно, ол тухары биир да кус иҥнэ илик этэ.
Бандьыыттар. Ийэбэр тыллыы охсоору дьиэбэр ыстанным. Ийэм муҥар икки хараҕар кэлтэһэ тахсан, хаҥас ороҥҥо сытара.
–Түүнү быһа, сиһим дьарҕата көбөн, утуйбатым. Тукаам, суолгун билэҕин, бэйэҥ баран көр. Отут биэс киһи аһылыга сыарҕаҕа тиэйиллэн бэлэм...
Хатыыстаах диэн уһун синньигэс күөл кытыытыгар кыра кус сымыыт баттыы сытар. Аны уонча хонугунан күкээркэй түүлээх кып-кыра кус оҕолоро тахсыахтара.
Кэлтээн албыннаан ылбыт балыгыныын икки балыгы күөстээн сиэбит. Наһаа тотон иһэ ыалдьыбыт.
Майаҕатта Бэрт Хара.
Д.К.Сметанин Хараҥаҕа тыкпыт сырдык
Анна Неустроева Тиргэһиттэр.
Н.М. Заболоцкай Сайылыкка
Уйбаан Нуолур Саллаат оҕото Чооруона
Н.А.Лугинов. Чыркымай
Нулгынэт Сүлтэкээн чоҕо. слайдалар
Иккис түһүмэх. Тургутук. 1)Ахсаан аат тугу бэлиэтиирий?
А) предмет бэлиэтин; б) предмет ахсаанын; в) предмет хайааhынын
2) Тыhыынча то5ус сүүс ахсаан аат тутулунан арааhа:
а) судургу; б) уустук; в) паараласпыт
3) Барыллааһын ахсаан ааты булуң:
а) уончака; б) онус; в) уоннуу
4) Мин биэскэ кэлиэм. Бэлиэтэммит тыл этии ханнык чилиэнэ буоларый?
А) туhаан; б) кэпсиирэ; в) быhаарыы; г) толоруу; д) сиhилии
5) Ахсаан аат суруллуута сөп:
а) биэс уонча; б) тыhыанча; в) отутча; г) а5ыhуончаслайдалар
Үhүс түһүмэх . саҥа дорҕоонноох, өс хоһооно киэргэллээх.
Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат.
Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар.
Туох барыта үс төгүллээх. Өс хоһоонун быһаараллар. слайдалар
Төрдүс түһүмэх. Таабырын – өй гимнастиката
Аҕыс атахтаах Араллаан бухатыыр баар үһү.
Сарсыарда түөрт атахтаах, күнүс икки атахтаах, киэһэ үс атахтаах баар үһү.
Иккитэ төрүүр, биирдэ өлөр баар үһү
Сүүс киһи биир суоллаах үһү.
Байҕалга сэттэ манньыат сытара үһү.
Хас биирдии сымыыкка сэттэлии чоппууска баар үһү
Ооҕуй
Киһи үнэрэ, хаамара, кырдьан тайахтанара
Көтөр
Эрбии тииһэ
Үргэл
нэдиэлэ слайдалар
Бэhис түһүмэх. Остуоруйа – олох муудараһа.
- ...сүүһүн хаба ортотугар соҕотох, сүлүүдэ түннүк курдук, килэгир харахтаах, сэттэ тимир чапчырҕа тылын түөһүгэр түһэрбит дьүһүн бодо тахсан кэлбит.
- Күн тойон кыыһа күөгэл удаҕанныын айаҥҥа турбуттар, аҕыс уон атыыр үөрэ сылгыларын, тоҕус уон хотон ынахтарын үүрэн илдьэ барбыттар.
-Хаххан барбыта үс сылын туолар. Көтөрдөр кэтэһэллэр да, хаххан мэлигир.
--Бэл, ити кыыс баран үс манньыаттанан кэллэ, оттон эн элбэх манньыаттаныаҥ, -диэн маачаха уолун өтөххө аҕалла.
Биэс ынахтаах бэйбэрикээн эмээхсин.
Үчүгэй Үөдүйээн
Көтөрдөр мунньахтара
Күөрэгэй Т.Сметанин. слайдалар
Алтыс түһүмэх. Чабыр5ах – тыл гимнастиката.
Чыыбы-чаабы биир тумустаах, Чыыбы-чаабы икки харахтаах, Чыыбы-чаабы икки кынаттаах, Чыыбы-чаабы икки атахтаах, Чыыбы-чаабы биир кутуруктаах, Чыыбы-чаабы аата чыычаах. Саҥара-саҥара көрдөрөллөр. Түргэтээн иһэллэр. слайдалар
Сэттис түһүмэх. Олоҥхо – норуот тылынан
уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала
Ханнык бухатыыр атай?
Аҕыс күннүк сири
Атаҕын аннынан аралдьыта үктүүр
Алып Хандаҕай хара ат.
2. Икки күлүктээх
Эмньик кулун ат.
Араат Мохсоҕол.
Эрчимэн бэргэн слайдалар
Рефлексия
Мин тугу биллим? Тугу ійдіітµм? Тугу ситэ ійдіібітµм?
Бэйэ-бэйэни истии. Эбии.. Сыаналааґын. Дьиэҕэүлэ. Осипова Ира айбыт чабырҕаҕын истиҥ эрэ.
Үүнээйилэр
Биир бэс,
Икки иирэ,
Үс түөрт титирик,
Биэс бэрдьигэс,
Алта алтан от,
Сэттэ сиибиктэ,
Аҕыс абааһы тайаҕа,
Тоҕус тэтиҥ,
Уон араас үүнээйи
Биһиэхэ үүнэр.
Ахсаан чабырҕаҕы сөбүлээтигит. Бэйэҕит маннык айыаххыт дуо? Дневниккэ сурунуу Учуутал алгыһа
Учуутал алгыһа
Ахсаан ааттыын аргыстаһан
Үгүһү эһиги биллигит,
Сэттэтэ кээмэйдээн, биирдэ быһан,
Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах
Дьоһун дьон буолуҥ!
Дом!
Дом!