Сценарий новогоднего утренника Цыпленок Цыпа спасает Новый год для подготовительной группы (на якутском языке)


Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа«Цыпа чоппууска Сана дьылы быыьыыр»
Буолар кунэ: 23.12.2016
Буолар чааьа:
Группа: улахан-бэлэмнэнииСыала: о5олорго бырааьынньыктаа5ы настроениены уескэтии, аьыныгас буолууну иитии.
Оруоллар:
Цыпа чоппууска – Находкина С.Н.
Поросенок – Сергеева М.В.
Кус кыыс – Ермолаева И.Р.
Кыьыл кемус балык – Егорова А.С.
Бетуук – Макаров Г.А.
Куурусса – Слепцова В.Д.
Эбээ – Игнатьева Н.Н.
Эьээ – Игнатьев Г.К.
Кутуйах – Габышева Р.И.
Саьыл – Ефимова Л.А.
Куобах – Слепцова МаленаКуоска – Лыткина Т.Д.
Бетуукчээн -
Инопланетяниннар – Павлов И.С., Петров Н.Н.
Утренник хаамыыта:
БАСТАКЫ ХАРТЫЫНА.
Зал сана дьыллаа5ы космос курдук киэргэтиллибит.
Цыпа чоппууска сурун музыката тыаьыыр.
Залга Кус кыыс (КК), Поросенок (П), Кыьыл кемус балык (ККБ) ункуулуу сылдьаллар.
О5олор залга киирэллэр.
П: Утуе кунунэн, табаарыстар!
КК: Кэлэн иьэр Сана дьылынан э5эрдэлиибииииит!!!
ККБ: Ураааааааа!!! Кэлин, киирин, биьигини кытта ункуулээн!
1. Ункуу «Сана дьыл».
Музыка тохтообутугар Цыпа чоппууска ыксаан а5ай суурэн киирэр.
ЦЧ: (ыксаабыт ба5айы куолаьынан) Сана дьылбыт кэллэ да? Хойутаатым да? Тымныы о5онньор уонна Хаарчаана кэлэн бардылар да? Подароктары тунэттилэр да?
П: Бээрэ, Цыпа, тохтоо, хойутаабатын, Сана дьылбыт дьэ кэлээри турар.
КК: О5олоор, кэлэр 2017 сыл туох сыла буоларын билэ5ит дуо? (о5олор эппиэттэрэ)
ККБ: Саамай сеп! 2017 сыл Бетуук сыла буолар. Онон, Цыпа, эйиигинэ суох хайдах да Сана дьылы керсубэппит! (уоскутан саннын имэрийэр)
ЦЧ: (уерэн ытыьын таьынар, ыстаналыыр) Ураааа! Урааа! Ураааааа!!! Мин паапам сыла кэлэр эбит быттаааа!!! О5олоор, мин паапабын ынырыахха!
П: Туох диэн ынырабытый?
КК: Хайдах ынырабытый?
ККБ: Истэр дуо кини бачча ыраахтан?
ЦЧ: О5олор ынырдахтарына истэр бе5е буолла5а дии. О5олоор, Бетуугу хайдах ынырыахпытын себуй? (о5олор эппиэттэрэ)
ЦЧ: Саамай сеп! Бука бары тэбис-тэннэ КУ-КА-РЕ-КУУУУУ диэн устэ ынырыахха.
КУ-КА-РЕ-КУУУУУ!!!
Музыканан Бетуук ункуулуу-ункуулуу киирэр.
Бетуук: Кэлэн иьэр Сана дьылынан, Бетуук сылынан э5эрдэлиибин!
Урааааа!!! Бары таьыналлар.
Бетуук: Хайа до5оттоор, харыйабыт то5о уота суох турарый? Ырыа ыллаатахпытына уота умайара дуу? О5олоор, харыйа туьунан ырыа билэ5ит дуо?
О5олор эппиэттэрэ.
2. Ырыа «Харыйа».
Ыллаан буппуттэрин кэннэ харыйа уота тыгар.
ЦЧ, КК, П, ККБ уерэн ытыстарын таьыналлар.
П: Кэрэчээн харыйа налыччы киэргэнэн араас уотунан кулумнуу оонньуур.
ККБ: О5олоор, сана дьыллаа5ы хороводка туруохха, дьиэрьитэ ыллыахха!
3. Хоровод «Маленькая елочка»
Хороводтаан бутэн истэхтэринэ Инопланетяниннар кетен туьэллэр.
И1: Бетуук бу сылдьар эбит!
И2: Сана дьыллаа5ы аспытын тутуохха!
И1: Эн онон суур!
И2: Эн манан суур!
Геройдары эккирэтэллэр, о5олор быыстарынан суурэкэлииллэр, икки еттуттэн куейэн Бетуугу тутан ылаллар.
И1: Туттубут ээ!
И2: Сана дьыллаа5ы аспыт баар буолла ээ!
Биир инопланетянин Бетуугу быанан кэлгийэр.
Иккис инопланетянин ким да эккирэппэтин диэн лазернай бистэлиэтинэн кыныыр.
И2: Чугаьаан керун эрэ, лазернай бистэлиэппинэн ытыам!
Кулэ-кулэ Бетуугу икки еттуттэн кыбынан илдьэ бараллар.
Геройдар айманан зал устун суурэкэлииллэр.
ЦЧ: Тохтоон, айманыман! Сана дьылбыт хайаатар да5аны буолар! Мин паапабын баран булуохха, Сана дьылы быыьыахха!!!
Бары: Хайдах быыьыыбыт???
ЦЧ: Миэхэ аптаах чаьы баар. (кердерер) Бу чаьы стрелкатын теттеру эргиттэххэ ааспыт бириэмэ5э теннуеххэ сеп.
КК: Оччо5уна тургэнник стрелкабытын эргитэн ааспыт бириэмэ5э теннуеххэ!
ККБ: Оннук-оннук! Биьиги эйиэхэ кемелеьуехпут!
Бары: Назад в прошлое!!!
Илиилэрин чаьыга бары уураллар, Цыпа стрелкатын эргитэр. Чаьы тыаьыыр.
Музыканан уктэнэн-хамсанан тахсан бараллар.
ИККИС ХАРТЫЫНА.
Нуучча норуотун музыката тыаьыыр.
Эьээ, эбээ уонна Ряба куурусса киирэллэр.
Эбээ: Ряба кууруссам (саннын имэрийэр) быйыл Бетуук сана дьыла кэлэр дииллэр.
Эьээ: Эн биьиэхэ сымыытта бэлэхтээ дуу, чоппуускаланыахпыт этэ буолла5а дии.
РК: Манна сымыыт хаалларбытым, ханна баара буоллар? О5олоор, сымыыт кербетеххут дуо?
О5олор эппиэттэрэ.
Эбээ: Сымыыппыт суппут! (ытыыр)
Эьээ: Чоппуускаламмат буолбуппут! (эбээни кууьар)
РК: Ытаама, эбээ, ытаама, эьээ! Сымыыппыт кестуе5э диэн эрэнэбин. (иккиэннэрин кууьар)
Кутуйах сымыыттаах киирэр.
Кутуйах: Прибиэттэрин! Хайыы сылдьа5ыт?
РК: (сымыыты керен соьуйар) Эбээ, эьээ, сымыыппытын Кутуйах илдьэ сылдьар эбит!
Кутуйах: Алдьамматын диэн харабыллаан буебэйдии сылдьабын.
Эбээ: (хара5ын уутун соттор) Хата баар эбит дии.
Эьээ: Кутуйахчаан, сымыыппытын биэрэрин буоллар чоппуускаланыахпыт этэ. (сымыыкка илиитин уунар)
Кутуйах: Суох-суох-суооох, мээнэ биэрбэппин, ункуулээтэххитинэ биирдэ биэриэм!
РК: О5олоор, кемелеьун, биьиэхэ ункуулээн кердерун.
4. Флеш-моб «Танец утят».
Кутуйах: Маладьыастар! Бу баар сымыыккыт. Сэрэнэн тутун, алдьатыман.
Чаьы тыаьа иьиллэр. Бириэмэ тохтуур. Ряба куурусса, Эбээ, эьээ, кутуйах бары хамсаабакка тураллар.
Залга Цыпа до5отторунаан киирэллэр.
ЦЧ: Ханнык бириэмэ5э кэллибитий?
П: Керун ол! (тарба5ынан ыйар) Сымыыт тутан тураллар!
ККБ: Цыпа, бириэмэбитин аьары баран хаалбыппыт! Паапан сымыыттан тахса илик.
ЦЧ: Оо, оннук эбит дии! Чэ, кэлин, чаьыттан тутуьун, бириэмэбитин уларытыахха.
Илиилэрин чаьыга бары уураллар, Цыпа стрелкатын эргитэр. Чаьы тыаьыыр.
Музыканан уктэнэн-хамсанан кэннилэринэн тахсан бараллар.
УЬУС ХАРТЫЫНА.
Музыка тыаьыыр Куоска, Бетуукчээн харыйа тутан киирэллэр.
Куоска: Бетуукчээн, сана дьылбыт чугаьаата. Тымныы о5онньорго хоьоон бэлэмнээтин дуо?
Бетуукчээн: Бэлэмнээтим аьаа. Этэбин да?
Мин бетуукпун ко-ко-кооСаабылалаах бетуукпун,
Ко-ко-коо, ко-ко-коо!
Мин бетуукпун ко-ко-кооКып-кыьыл тараахтаахпын,
Ко-ко-коо, ко-ко-коо!
Куоска: Ээ, маладьыас! Хоьооннун билбиккин дии.
Бетуукчээн: Ыччуу, мин тоннум а5ай дии!
Куоска: Ыстаналыахха, ойуохха, ункуулээммит ириэххэ!
5. Флеш-моб «Давай попрыгаем».
Чаьы тыаьа иьиллэр. Бириэмэ тохтуур. Куоскалаах бетуукчээн хамсаабакка тураллар.
Залга Цыпа до5отторунаан киирэллэр.
ЦЧ: Ханнык бириэмэ5э кэллибитий?
П: Керун ол! (тарба5ынан ыйар) Паапан улаата илик!
ККБ: Цыпа, бириэмэбитин эмиэ сыыьа туруорбуппут!
ЦЧ: Оо, оннук эбит дии! Чэ, кэлин, чаьыттан тутуьун, бириэмэбитин уларытыахха.
Илиилэрин чаьыга бары уураллар, Цыпа стрелкатын эргитэр. Чаьы тыаьыыр.
Музыканан уктэнэн-хамсанан кэннилэринэн тахсан бараллар.
ТЕРДУС ХАРТЫЫНА.
Куобах ойуоккалаан киирэр, туохтан эрэ куттаммыт керуннээх.
Куобах: С-с-с-ссаьылы кердугут дуо?
О5олор эппиэттэрэ.
Куобах: (унсэргиир) О5олоор, саьыл муус дьиэлээх этэ, мин мас дьиэлээх этим. Саас буолбутугар саьыл дьиэтэ ууллан хаалбыта. Ону саьыл миигин дьиэбиттэн уурбутэ… (хомойон ере тыынар)
Музыканан саьыл киирэр.
Куобахчаан: Саьыл кэллэ! (елка ойо5оьугар куотан саьар)
Саьыл: Куобахчааааан, ханна саспыккын кердуууууум! Та5ыс, харыйа кэнниттэн!
Куобах тахсан кэлэр, куттана-куттана саьылга чугаьыыр.
Саьыл: Куобахчаан, барыларыгар дьиэ5иттэн ууруллубуккун кэпсии сылдьа5ын дуо?
Куобах тебетунэн тонхоннуур.
Саьыл: (уеннээхтик) Дьэ кэпсээ-кэпсээ, мин эн дьиэ5эр олоро туьэрим буолуо ээ.
Ыраахтан кыра Бетуукчээн хаьыыта иьиллэр. Саьыл куттанан харыйа ойо5оьугар саьар.
Бетуукчээн: Кукарекуууу! Кыьыл тараахтаахпын, сытыы тумустаахпын, уьуктаах тынырахтаахпын, санныбар саабылалаахпын. Саьыл, эмиэ Куобахчааны дьиэтиттэн уурдун дуо?
Саьыл: (сэрэнэ-сэрэнэ харыйа ойо5оьуттан тахсар) Бетуукчээн, мин бэйэм дьиэлээ5им буоллар куобахчааны хаьан да сордуом суо5а этэ. Ол эрээри мин муус эрэ дьиэлээхпин, мууьум саас аайы ууллар. Хайдах эрэ гынан тымныыны, хаары а5аларын буоллар, муус дьиэбин оностон олоруом этэ.
Бетуук: О5олоор, бука баьаалыста кемелеьун дуу! Тымныы кыьын буоларын туьугар туох нааданый?
О5олор эппиэттэрэ.
Саьыл: Саатар хаар туьунан ырыа истэрбит буоллар, ба5ар тургэнник тымныйа.
Куобах: О5олоор, хаар туьунан ырыа билэ5ит дуо?
6. Ырыа «Белые снежинки».
Саьыл: Хаар тустэээ, дьиэбин оносто суурдум!
Куобахчаан: Мин дьиэбэр бардым!
Саьыл уонна куобах уерэ-кете тахсан бараллар. Бетуук хаалар.
БЭЬИС ХАРТЫЫНА.
Чаьы тыаьа иьиллэр. Бириэмэ тохтуур. Бетуук хамсаабакка турар.
Залга Цыпа до5отторунаан киирэллэр.
ЦЧ: Хайа, септеех бириэмэ5э кэллибит дуо?
КК: Кэллибит быьылаах, керууй, эн папан турар!
ЦЧ: Ьуу, бириэмэбитин холбуохха. (чаьытын холбуур)
Бетуук геройдары керен соьуйар. Бары бетууккэ суурэн тиийэллэр.
Бетуук: Эьиги манна тугу гына сылдьа5ытый?
ЦЧ: Паапа, паапа! Эйиигин куьа5ан инопланетяниннар уоран илдьэ бардылар!
Бетуук: (соьуйар) Хайдах ол аата? Бу турабын дии!
ККБ: Куобахчааны быыьаан баран эн ханна барыахтааххыный?
Бетуук: «Хатынчаана» о5о саадыгар о5олору кытта Сана 2017 сылы керсе барыахтаахпын.
П: Онно эн о5олору кытта хоробуоттуу сырыттаххына куьа5ан инопланетяниннар кэлэллэр!
КК: Лазернай бистэлиэттээхтэр игин!
Бетуук: (кыыьырар) Ессе бистэлиэттээхтэр да?! Кердеруем мин кинилэргэ, саабылабын илдьэ барыам!
ЦЧ: Чэ, кэлин, чаьыттан тутуьун, бэйэбит бириэмэбитигэр теннуеххэ!
Илиилэрин чаьыга бары уураллар, Цыпа стрелкатын эргитэр. Чаьы тыаьыыр.
Музыканан уктэнэн-хамсанан тахсан бараллар.
АЛТЫС ХАРТЫЫНА.
Цыпа музыката тыаьыыр. Бука бары залга киирэллэр.
П: Утуе кунунэн, табаарыстар!
КК: Кэлэн иьэр Сана дьылынан э5эрдэлиибииииит!!!
ККБ: О5олоор, кэлэр 2017 сыл туох сыла буоларын билэ5ит дуо? (о5олор эппиэттэрэ)
ЦЧ: Саамай сеп! 2017 сыл Бетуук сыла буолар. Мин паапам сыла кэлэр! О5олоор, мин паапабын ынырыахха! Бука бары тэбис-тэннэ КУ-КА-РЕ-КУУУУУ диэн устэ ынырыахха.
КУ-КА-РЕ-КУУУУУ!!!
Музыканан Бетуук, Тымныы о5онньор, Хаарчаана киирэллэр.
ТО: Дорооболорун о5олоор! Бугун саамай аптаах, саамай куутулээх, кэтэьиилээх бырааьынньыкпытын – Сана дьылы керсееру тиийэн кэллибит! Кэлэн иьэр Сана дьылынан, Бетуук сылынан э5эрдэлиибин!
Хаарчаана: Утуе кунунэн, о5олоор! Ахсынньыбыт бутуутэ, уеруу-кетуу уксээтэ, тиийэн кэллэ сана дьыл, са5аланна сана сыл!
Бетуук: Бука бары сиэттиьэн, илиилэртэн ылсыммыт эргийиэххэ хороводка, чуор ырыата ыллыахха!
Хороводтаан истэхтэринэ инопланетяниннар кетен туьэллэр.
И1: Бетуук бу сылдьар эбит!
И2: Сана дьыллаа5ы аспытын тутуохха!
И1: Эн онон суур!
И2: Эн манан суур!
Тымныы о5онньор муостаны торуоскатынан куускэ тонсуйар. Инопланетяниннар соьуйан, куттанан тохтоон хаалаллар.
ТО: (кыыьырбыт куолаьынан) Бэйи эрэ, бу кимнээ5ий?! То5о Бетуугу тута сатаатылар?!
О5олор эппиэттэрэ.
ТО: Кэбииис, Бетуукпутун тыытыман, куьа5ан быьыыны оноруман. Сана дьылы бары уерэ-кете, эйэлээхтик керсуеххэйин!
Хаарчаана:. Аптаах чаьы кеметунэн Цыпа до5отторунаан паапатын уонна сана дьылы быыьабыта дии! Ол аата, Бетуугу ким да уорбата5а. О5олоор, кинилэри бырастыы гынабыт дуо?
О5олор эппиэттэрэ.
Хаарчаана: Кэлин, кэлин, о5олоор, хоробуокка туруо5ун!
Оонньуо5ун, оонньуо5ун, ыллыа5ын, ыллыа5ын!
Геройдар о5олору сиэтэн хороводка тураллар.
7. Хоровод «В лесу родилась елочка».
Хаарчаана: Тоьугуруур тыастардаах, торуоска тутуурдаах Тымныы о5онньор кэьиитин а5алла.
ТО: Сиэннэрим, сылы быьа элбэххэ уерэммиккит, хоьоон, ырыа, ункуу бе5е билбиккит. Онон, эьиэхэ минньигэс бэлэхтэрбин туттарабын.
Геройдар о5олорго подароктары тунэтэллэр.
Геройдар бары: Сана дьылынан, сана дьолунан!