Статья на тему О5ону иитиигэ а5а оруола
Кирии тыл
О5о-оло5у сал5ааччы. Киьи-аймах историятыгар о5ону иитии ньымалара араастар. Хас биирдии норуот үйэлэр тухары муспут ньымалара сайдыы кэмигэр сѳп түбэьиннэрэн, омук олорор айыл5атынан, оло5ун оӊкулуттан кѳрѳн уларыйар.
Удьуор утум сал5анан барарыгар, ѳбүгэ үгэстэрэ үйэтийэ туралларыгар а5а холобура суураллыбат суолталаах. Ол эрээри, хомойуох иьин, олохпут уйгута уларыйан, ыал а5ата булааччы-талааччы, кэскили тутааччы буолар анала кэхтэн эрэр. «Ол тѳрүѳтүнэн, билиӊӊи а5а норуот үгэьин этигэр-хааныгар иӊэриммэтэ5э буолар-, диэн этэр Г.Попова-Санаайа. - Онтон аныгы а5алар дьиэ5э-уокка о5олорун аьынан-таӊаьынан хааччыйарын таьынан ѳссѳ о5о дьарыгар, үѳрэ5эр иӊэн-тоӊон, үлэ5э-сынньалаӊӊа илдьэ сылдьан уьуйара кыаллар суол».
А5а ыал, дьиэ кэргэн оло5ор баьылык буолара мѳккүьүллүбэт кырдьык. Былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс. Уьун утума кэьиллибит да буолла5ына чѳлүгэр түьүѳх кэриӊнээх. Аныгы сайдыылаах да олоххо ыал а5ата урукку курдук баьылыгынан хаалыахтаах. А5а баьылык буолар айыл5аттан аналлаах. Ити кини ис кыа5ыттан, тулааьын буолар туругуттан тахсар. Баьылык буолуу-ол аата дурда-хахха буолуу, ѳй-санаа, күүс-күдэх эбинии, о5о уйата сойботун, кута-сүрэ куоппатын туьугар оло5у анааьын. Сүѳргү-тиэрэ майгыланыы, хабыр-дьэбир быьыыланыы, сытан-сыылан хаалыы-а5а баьылык ѳйдѳбүлүгэр сѳп түбэьиспэттэр. Кини холобур эрэ буолар үрдүк аналлаах.
А5а проблематын тѳьѳ ба5арар таьаара, сытыырхата, ону ааьан, улаатыннара туруохха сѳп буолуо. Олох сүнньэ ар5астаах, олох тьымыра тыыннаах буолан кэми-кэрдиини кытта тэӊӊэ айаннаьар. Ол аайы ис хоьооно уларыйа, байа турар.
Биьиги билигин «а5а культурата» баар диэн ѳйдѳбүлгэ киириэхпитин, кини олоххо баарыгар, баар буола туруо5ар итэ5эйиэхпитин наада. Эьэ, а5а, уол утум-ситим биир хайысхатын тэрийэллэр. Кинилэр дьиэ кэргэн оло5ор тыын айылгылаахтарынан, сабыдыаллара улаханынан, быьаарар суолталаахтар.Эр киьини булар, иитэр эрэ күүс курдук ѳйдүүр тутах буолуо. Кинилэри иитээччи быьыытынан кѳрүү, ону билэ, чинчийэ сатааьын хайаан да5аны наадалаах буолуохтаах.
О5ону иитиигэ а5а оруола Киьиэхэ саамай улахан суолталаах, саамай күндү ѳйдѳбүл-А5а дойду-а5а диэн тылтан са5аланар. Хас биирдии эр киьиэхэ тѳрѳѳбүт сири кѳмүскээччи буолартан, бэйэ дьиэ кэргэнин иитэн-аьатан олорооччу буолартан ордук үрдүк чиэс суох. А5а аатын-суолун уонна үлэтин-хамнаьын кытта дьиэ кэргэн, а5а ууьун, республика, ону ааьан А5а дойду бүтүннүүтүн чиэстэрэ уонна дьоьун ааттара сибээстээхтэр.
А5а-дьиэ кэргэн туллубат тулааьына, ыал модун кыа5а, сүрүннүүр күүьэ. Кини байылыат, дьоллоох оло5у тѳрүттээччи.
А5а саамай улахан уонна бастакы степеннээх соруга-саӊа үүнэр кѳлүѳнэни иитии уонна сайыннарыы: тус бэйэтин холобуругар о5олору бэйэлэрин уонна атын дьону, бэйэтин норуотун уонна атын норуоттар культураларын ытыктыырга үѳрэтиэхтээх. О5олору үлэлииргэ, айыл5аны таптыырга үѳрэтиэхтээх, о5отун дьоьун, ѳй-санаа уонна эт-хаан ѳттүнэн чэгиэн киьи гына иитэн таьаарыахтаах.
Саха оло5ор, саха культуратыгар а5а дириӊ силистээх халың араңа. Былыр-былыргыттан баччааӊӊа дылы кини үтүѳ ѳйдѳбүлүн ыьыктыбакка кэллэ.
Саха уус-уран тылынан айымньытыгар «А5а курдук а5аттан тѳрүѳбүт»,-диэн этии элбэхтик иьиллэр. Фольклорга: «аар-тойон» диэн тыл мэлдьи а5а-«баьылык» суолтатыгар туттуллар. Сорох түбэлтэ5э толору ѳйдѳтѳрүн наадатыгар «Аар –Тойон а5ам» дэнэр. Орто дойдуга олохсуйбут хамсыыр, хамсаабат харамай, киьи-сүѳьү, кѳтѳр-сүүрэр барыта үѳьээ халлаан үрдүгэр олорор Аар Тойон а5а айымньытынан аа5ыллар. Ол аата ол кэмтэн бу кэмӊэ дылы а5а ѳйдѳбүлэ үѳьээӊини, үрдүкүнү, баьылыгы кытта ситимнээхбуолан тахсар. Саха былыргы итэ5элигэр, былыргы ѳйдѳбүлүгэр «а5а» диэн тыл чахчы-бааччы ытыктанар, таӊара5а тэӊнэнэр суолта5а чугаьаан сылдьыбыта итэ5этиилээхтик кѳстѳр.
7-8 саастарыттан уол о5олору а5алара ходуьа5а, хонууга, балыкка, булка, ыстаада5а илдьэ бараллара. 14-15 саастарыттан уолаттар со5ото5ун бултууллара, ыраах сылдьаллара кѳӊүл буолара. Байанай биэриитэ элбэх да буолбатын, о5о а5атын кытта бииргэ сылдьан, айыл5а5а кѳӊүл тыынан, күнү быьа тугу эрэ ботугураьан сэьэргэьэллэрэ туохтаа5ар да ордук үѳрэтии-такайыы буолла5а. Уопсайынан да5аны, саха дьонугар, чуолаан Уьук хоту олорор норуоттарга, ыал а5ата үксүн тыа5а, туундара5а, ыстаада5а сылдьар. Онтон бултааьын, балыктааьын уол о5о этин-сиинин, сиэрин-майгытын барытын тѳрѳѳбүт айыл5атын кытта алтыьарга уьуйар дьикти абылаӊнаах дьарык. Кыыс о5о ити дьарыктан үѳрэнэрэ эмиэ үгүс, холобур, иис-күүс, ас астааьын, хаьааныы, а5а5а, уолга, эр киьиэхэ сыьыан уо.д.а.
А5алар бэйэлэрин холобурдарыгар оло5у, дьону таптыырга, тулалыыр эйгэ5э, айыл5а5а сымна5астык сыьыаннаьарга аа-дьуо үѳрэтэр буолаллара. О5ону бэйэ холобуругар иитии-киьи оло5ун тухары бара турар ньыма. Улахан киьи, ийэ-а5а, уруу-аймах, саастыылаахтарын холобурун кѳрѳ сылдьан, о5о ону үтүктэн үѳрэнэр, иитиллэр.
Саха дьоно о5ону иитиигэ араас ньыманы тутталлар:
-о5ону бол5ойуу, сэӊээрии, хай5ааьын, саатырдыы эмиэ туттуллар;
-о5о5о кѳӊүл биэрии. Ол аата талбытынан сылдьар диэн буолбатах, бу ким да оӊоро илигин бэйэтэ талбытынан айан, ѳйүнэн тобулан, айар-тутар айымньылаах киьи буолар;
-ирдэбил, буойуу-хаайыы, харах далыгар илдьэ сылдьыы;
-о5о дьарыгын уларытан биэрэн иьии;
-о5ону күрэхтэьиннэрии, о5о талаанын үрдэтии;
-о5ону угуйуу, умсугутуу;
Уол о5о улаатан дьоьуннаах киьи буолан үүнэн та5ыста5ына «А5атын туйа5ын хатарбыт» диэн киэн туттан кэпсэтиьэр үгэстээхтэр. Ити барыта а5а иннигэр эппиэтинэьи туруорар, кини кэтит кѳхсүгэр эмиэ биир ыарахан сүгэьэри кэтэрдэр. Ону а5а ѳйдүү, тутуьа сылдьар ытык иэстээх.
А5а сылдьар эйгэтэ ѳрүү да5аны киэӊ, ыраах. Үксүгэр, туспалаах уонна ураты буолан, үлэни-хамнаьы, сырыыны-айаны, эрэйдээ5и-кутталлаа5ы кытары ыкса ситимнээх.
Быдан былыр, кыргыс үйэтигэр олох уйатыгар куттал-саатал, ѳс-саас ѳрүү суоьуура. Ол иьин уол о5ону кыра сааьыттан уьун сыллаах дьарыкка сыьыараллара.
Улахан бол5омтолорун эт-хаан эрчийиитигэр уураллара. Биирдиилээн а5а хайдах ѳйдүүллэринэн, сатыылларынан уол о5ону иэмэх талахтыы имитэрдии иитэллэрэ. Булчут булдугар, балыксыт балыгар, уус ууьугар үѳрэтэрэ. А5а үѳрэ5э үксүгэр кѳрдѳрѳн үѳрэтии, бииргэ сырытыннарыы буолара:
-уьаныы: дьиэни-уоту тутуу сиэрэ-туома; дьиэ тэрилин оӊоруу;
-бултааьын, балыктааьын үгэьэ: булт сиэрэ-туома; сонор ньымалара; сайыӊӊы, кыьыӊӊы балыктааьын ньымалара, араастара;
-идэ5э үѳрэтии: үлэнэн үѳрэтии, идэни утумнааьын;
-дьиэ үлэтэ: дьиэни-уоту тэринии, тиэргэни ыраастаныы; кыстыкка бэлэмнэнии;
-олох-дьаьах үгэстэрэ: тыл баайа, олох-дьаьах итэ5элэ.
А5а үѳрэ5э а5ыйах, кэмчи тыллаа5ынан туспа уратыланара. Кини ѳбүгэлэрин ѳстѳрүн илдьэ, иӊэринэ сылдьара. Кинилэр үѳрүйэхтэрин айбыт а5а ыччаттарыгар тиэрдэрэ. Онон утум-ситим сал5ана турара.
А5а культурата киэӊ, дириӊ ис хоьоонноох. Олоххо тугу гынара, оӊороро, айара, дьарыктанара, ѳйүн-сүрэ5ин дьайыыта-барыта киирэр.
А5а дьиэ кэргэӊӊэ, айыл5а5а, общество5а сыьыана уларыйан иьэр. Онноо5ор, тус бэйэтигэр кытары. Ону үѳрэх-билии таьымынан сырдатан, чугаьатан кѳрүү кинини таба ѳйдүүргэ эрэ буолбакка, сѳптѳѳхтүк быьаарарга эмиэ сыьыаннаах. Быьата, теоретическай эрэ буолбакка, практическай хайысха5а кытары туьалаах. Аны общество, государство дьайыылара бэйэлэрэ туспа уратылаахтар, атын ис хоьоонноохтор. Айыл5аны биьиги ѳбүгэлэрбит куттаан-сүрдээн, тыыннаа5ымсытан кѳрдѳрѳллѳрѳ. Айыл5алыын ордук эр киьи алтыьар, үлэлиир, бултуур. Ол сылдьан, хай5анары да, сириллэри да барытын оӊорор. Айыл5а кини дьайыыларыттан аӊардастыы абыранар, ата5астанар эрэ буолбатах. Ону ааьан, бэйэтэ эмиэ этэрдээх, хардарардаах буоларын, махтанарын, ситиьэрин былыргы үгэстэр холобурдара кэпсииллэр.
А5а тематыгар литература, искусство салаалара эргиллэ туруохтаахтар. Ол-норуот мындыр ѳйүттэн са5аламмыт үйэлээх үгэспит. Олоӊхо геройдара-бухатыырдар, эр дьоннор айыы дьонун кѳмүскүүр туьугар улуу кыайыылары ситиьэллэр. Ѳспѳт ѳстѳр уус-уран айымньылар хорук тымырдарыгар кутуллан киириэхтээхтэр. Оччо5о киэн туттар, дьулуьар геройдарбыт эр дьоннор буолан олоххо эрэли үѳскэтиэх, эбии күүьү биэриэх этилэр. Мѳлтѳ5үнэн, куьа5анынан далаьаланан, олох ыарахаттарын, проблемаларын туораан тахсар уустук буолуо. Сырдык, ча5ылхай холобурдар ыччаты, норуоту ѳрѳ тардыахтара. Тардыстан тахсар утахпыт, ситиммит а5алар ытык хайысхаларыгар эмиэ баар.
А5а та5ыста5ына, ийэ ѳссѳ эбии сымнаан, сылыйан, кѳстѳн, күлүмнээн барыа5а. Бүтүн дьиэ кэргэн оло5о оӊоьуллуо5а, соргута кѳтѳ5үллүѳ5э.
Туьаныллыбыт литература:
Этнопедагогика в условиях модернизации российского образования. Материалы межрегиональной научно-практической конференции. 24 июня 2004 г. / ред. коллегия: Ф.В. Габышева, Е.П. Никифорова, А.А. Григорьева, М.Н. Егоров, С.А. Кочнева, А.Н. Васильева, Н.И. Цыпандина/-Якутск: Издательство ЯГУ, 2004.
Киьитийии сэьэнэ. Г.С.Попова-Санаайа. Дьокуускай .Бичик. 2006