Дьиэ-кэргэннэ о5ону сахалыы ньымаларынан иитии
Третьякова Эльвира Петровна
Социальный педагог
МБОУ «Алеко-Кюельская средняя общеобразовательная школа им.Г.Г.Софронва»
Беседа для родителей.
Дьиэ-кэргэннэ оҕону сахалыы ньымаларынан иитии
Билинни бириэмэҕэ «чөл олoххо» улахан болҕомто ууруллар. Оҕону иитиигэ дьиэ - кэргэн сүрүн төһүү буоларын киһи – аймах былыргаттан билэр. Онтон оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга төрөппүттэр суолталара өссө улахан.Оҕо сарсыарда уһуктан баран араас хамсаныылары онорон этин-хаанын уһугуннарыан наада. Күнүс элбэхтик таһырдьа ыраас салгынна сылдьар, сүүрэн-көтөн оонньуур, кыһынын салаасканан, улаатан баран хайыһарынан хатааһылыыр буолуохтаах. Сайын кыра оҕону күн уотугар сөбүгэр көрөн сырытыннаран, сөтүөлэтэн, аҕатын-ийэтин кытта айылҕаҕа сылдьан эт - хаан сайдыытын культуратыгар уһуйуллуохтаах.
Ону таһынан эти-сиини хатарар саамай судургу ньымалары дьиэ-кэргэн оҕоҕо утумнаахтык туттуохтаах:
1.Сарсыарда аайы эти-сиини тымныы уунан сабыта а5аныллар уонна ньиччи анньыллар.
2.Күннэ хас да төгүл айаҕы, бэлэһи эмиэ тымныы уунан сайҕаныллар.
3.Киэһэ утуйуох иннинэ атаҕы куруук суунуллуохтаах. Туттуллар ууну улам-улам тымнытыллар.
Сорох дьоннор оҕолорун түргэнник уонна күүскэ эт-хаан өттүнэн сайыннарар сыалтан дьиэҕэ-уокка эрчиллиини тэрийэллэр. Ол үчүгэй дьыала буолан баран дирин аналлаах билиини ирдиир, онон наһаа үлүһүйэр сатаммат. Кэнники кэмнэ ыаллар оҕолорунаан тэннэ араас күрэхтэһиилэргэ кыттар идэлэннилэр. Ити хайҕаллаах сүүрээни эбии сайыннарыахха, көҕүлүөххэ наада.
Сахаларга өбүгэлэртэн үөскээбит оҕо этэ-хаана сайдарыгар аналлаах национальнай ньымалар, албастар, дьарыктар бааллар.Олор үксүн умнуллан эрэллэр. Саха оҕолоро былыр былыргаттан элбэхтик хаамар, сүүрэр үгэстээхтэрэ. Тыа сиригэр оҕолор таһырдьа, ойуурга, хонууга, хаарга оонньууллар. Ол оонньуулар мээнэ сүүрүү-көтүү буолбакка, бэйэлэрэ туспа ис хоһоонноох буолаллар. Холобур, ат буолан сүүрүү, оҕус буолан харсыы, куобах буолан куотуу, боҕос буолан тустуу, буойун буолан саабылалаһыы, кыыллары үтүктэн сасыһыы, маска-окко тахсыы, сытыы-сымса буолар наадаттан мээчигинэн бырахсан аһарсыы уо.д.а. Кыра саастаах оҕолор кыыллары, көтөрдөрү үтүктэн оонньууга дьулуһаллар. Кинилэр саналарын, хамсаныыларын, (холобур ыты ам-ам, аты анньаа) саһалларын, үөмэллэрин, эккирэтэллэрин, куоталларын, көтөллөрүн үтүктүү оҕо айылҕаҕа чугас буола иитиллэригэр улахан туһалаах. Төрөппүттэр оҕолору кытта дьарыктаналларыгар сахалыы хабааннаах хамсаныылары, ол иһигэр үлэ хамсааһыннарын үтүктүүнү киэнник киллэриэхтээхтэр. Холобур: маһы кэрдии, хайытыы, оту охсуу, мууһу анньыы, талкыны баттааһын хамсаныыларын туттуу. Обургу саастаах оҕону атынан айаннааһынна, тыынан устууга, бадарааннаах, уулаах сирдэринэн сатыы хаамарга үөрэтиллиэхтээх. Дьиэ - кэргэн аҕата спорду таптыыра, дьарыктанара оҕону спортка көҕүлүүр. Аҕа уол оҕону кылыйарга, ыстанарга, куобахтыырга үөрэтэрэ наһаа туһалаах. Хапсаҕайдаһан тустуу оҕону бэйэтин көмүскэнэр: аһарыгас буоларыгар көмөлөһөр. Онно бэлэмниир сыалтан оҕону илиини таба оҕустарбат, кэтэҕи таарыйтарбат, атаҕы атаҕынан таарыйан тэптэрбэт хамсаныылары оҕоҕо онорторуллуохтаах. Оҕону эрчийиигэ өссө хотой үнкүүтүн, эккирээһини, ойуоккалааһыны уо.д.а. хамсаныылары туттуохха сөп.
Төрөппүттэр оҕону кытта дьиэ иһигэр бииргэ оонньууллара улахан иитэр суолталаах. Дьиэҕэ остуол оонньуулара: хаамыска, тырыынка, хабылык, тыксаан оҕо тарбаҕа имигэс, сымса, хапсаҕай буоларыгар көмөлөөх. Оннук дьарыктаммыт оҕо уруһуйдьут, учугэй буочардаах буолар эбит. Сайын атах сыгынньах сылдьыы, илиини тымныы уунан суунуу, тымныы салгынна оонньооһун – бу ньымалары барытын табатык туттуу, оҕону эт-хаан өттүнэн эргиччи сайыннарар, доруобай буола улаатарыгар көмөлөһөр.