Доклад Араас саастаах о5олор (2-11 кл)


Саха Республикатын үөрэ5ин министерствота«Нам улууhун үөрэ5ин управлениета» МКТ
«Кѳбѳкѳн орто уопсай үѳрэхтээhинин оскуолата» МБҮӨТ
Араас саастаах оҕолору куруһуокка дьарыктааһынТолордо: Макитова В.Н.
төрүт культура учуутала
2015
Иһинээһитэ1.Киириитэ…………………………………………………………………………3
2.Сүрүн чааһа:………………………………………………………………………6
3.Түмүк……………………………………………………………………………..17
4.Туһаныллыбыт литература…………………………………18 5.Сыһыарыылар…………………………………………………………………….19
КиириитэСахалар, былыр - былыргыттан айыл5аны кытта алтыьан уескээбит буоламмыт, айыл5алыын ыкса сибээстээхпит. Ол иьин саха киьитэ тулалыыр эйгэтин тыынын, ис дууьатын, отун - маьын, уунээйитин кытта мэлдьи утуе санаанан салайтаран кэпсэтэ - ипсэтэ, кердеье – ааттаьа, унэ – суктэ сылдьар курдук итэ5эллээх, киьини айыл5а аьатан, буебэйдээн, иитэн олорор диэн саныыр. Онон кини айыл5аны Ийэ сир, сир Ийэ диэн минньигэстик ааттыыр. Онон киьи септеех угэстэри, быраабылалары туттан олороро.
киьитэ бэйэтин утуе угэьин, уеруйэ5ин, оло5ун сиэригэр тугу билбитин – кербутун сайыннаран, кэлэр келуенэ5э хаалларар санааланыыта мээнэ5э буолбатах. То5о диэтэххэ, киьи ейе-санаата омугуттан, олорор сириттэн-уотуттан, тулалыыр эйгэтиттэн быьаччы тутулуктаах эбит. Тереебут терут тылын, силиьин-мутугун билбэт, сиэрин-туомун аанньа ахтыбат, суолталаабат киьи олоххо да сыьыана урдуттэн эрэ буоларын бугунну олохпут илэ- бааччы кердерер.
Былыр саха о5ону керунэн-нарынан ииппэтэ5э, наар батыьыннара сылдьан улэ5э уерэтэрэ. Онтон билигин биьиэхэ «европейскай, ар5аанны культура» етен киирдэ, онон сорох ыччат дэлэй олоххо уерэнэн, ей-санаа, улэ-хамнас наадата суох диэн ейдебулу тута сылдьар. Олох эриэн кулуктэрэ тула айгыраан тураллар, дьайар куустээхтэр.
Манна оскуола «бугун» диэннэ улэлээбэт, «сарсын» диэннэ бары улэлии олоробут. Дьэ манна уерэх уонна иитии быстыспат сомо5о буолан бэйэби т олохпутун культурабытын, историябытын кэлэр келуенэ5э инэринэн хааларыгар улэлиэхтээхпит.
Тыл суттэ5инэ – омук сутэр. Тыл уонна ей биирдэр диибит. Киьи ейдуурун тылынан этэр. Онтон, баай уус-уран тыл урдук ейу кердерер. Бу маны фольклорга керебут. Киьи киьини тылынан иитэр, уерэтэр, сэмэлиир, хайгыыр, кемускэнэр, харыстанар, сайдар. Сайдыылаах буоларга сиэр-майгы урдуктук сыаналанар, киьи ис культурата урдук буолуохтаах.
Кырдьык да о5ону сиэр –майгы теруттэригэр, норуот олорон ааспыт оло5ун уерэтэн, ийэ – а5а ууьун утуе угэстэригэр уьуйан, тереебут айыл5а5а чугаьатан, чэгиэн-чэбдик саха киьитин иитэн таьаарыы – биьиги сурун сорукпут. Бу улахан боппуруоьу быьаарыыга тереппут, оскуола, обществыенность бииргэ тумсэн улэлиибит. Ххас биирдии киьи бэйэ-бэйэтигэр маараннаспат тус-туспа дьыл5алаах, ураты суоллаах – иистээх буолуохтаах.
таларбар маннай кыргыттары уонна уолаттары тэннээн кербутум. Онтум уратылара киэн эбит. Ол уратыттан уолаттар улахан кылааска симиттэн, бэйэлэригэр эрэмньилэрэ суох, тус санааларын кыайан эппэт буолаллар. Манна уксун орто о5олор тиксэллэр. Кылаас ахсын биир –икки учугэй уерэхтээх кыыс баар буолар, биирдэ эмит биир –икки уол кыбыллар. Онон, улахан маасса кулук еттугэр хаалар. Уолаттар кэлин эр киьи, ыал а5ата буоллахтарына булар-талар, дьиэ кэргэнин аьатар-сиэтэр буолуохтаах. Онтубут атыннык барар буолла. Уолаттар хорсуннара суох буола улааталлар.
Билигин угус сирдэргэ а5алар тумсуулэрэ тэриллэн республика салалтатыттан ейебуллээх улэлииллэр. Ол гынан баран, манна дьин - чахчы ылсан улэлиир а5алар эрэ тумсэллэр.
Уол о5ону кыра сааьыттан чобуо онорорго куруьуок тэрийэн онно дьарыктыырга анаан «Холумтан» куруьуогу улэлэтэбин. Оҕо иллэҥ кэмигэр саха суруйааччыларын, поэттарын айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕа, ырыта, ону таһынан тулалыыр эйгэтин олоҕун чинчийэн дакылаат суруйа үөрэнэр. Бу куруһуок үөрэнээччигэ билиини эрэ биэрииннэн муҥурдаммакка, оҕо ис эйгэтэ туруктаах буоларын туhугар, ону кытта саныыр санаатын, өйдүүр өйүн сааhылаан этэригэр үөрэтэр.
Сыала: уол о5ону олоххо оруолун үрдэтии;
Соруктара: 1.Оҕо дор5оонноохтук аа5ар, анаарар, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы;
2.Уус –уран тыл сумэтин, киьи ейун – санаатын, ис туругун сааьылыырга уерэтии;
3.Чинчийэр улэнэн улэлэри суруйуу;
Куруhуок сонуна: уолаттар дьарыктаналлар;
Куруhуок тоҕооhо: дьарыктаах оӊоруу;
Улэ чинчийиллиитэ: саха фольклорун чинчийбит автордар улэлэрин уерэтии;
Сурун чааьаКуруьуокка 2- с кылаастан 11 кылааска диэри дьарыктаналлар. Нэдиэлэ5э 1 буолар.Остуоруйаны,чабыр5а5ы, хоьоону, ахтыылары кытта улэлэьэллэр.
Айар – чочуйар ньымалар:
- Саха поэттарын, суруйааччыларын,олоӊхоҺуттарын олохторун, айымньыларын аа5ыы, анаарыы, ырытыы;
- Айымньыларынан викториналары, таайбараннары таайтарыы;
- Таабырыннары, өс хоhооннору суолталарын ырытан өйу-санааны тургутуhуу;
- Чинчийэр улэнэн дьарыктаныы;
Чабыр5а5ы уерэтэргэ суьуе5у, тылы таба санаралларыгар эрчийэбин. Холобур:
харыйа-хоруйа,
Холбуйа-халбыйа,
Хаахыр-кыыкыр,
Хаххан-халҕан.
Лаглай-лыглай,
Логлой-луглуй,
Лэглэй-лиглий,
Лэглэй-луглуй.
Нах-нах-ныннах,
Ноннох-нуннух,
Нэннэх-нинних,
Ноннох-нуннух.
Таммах-тыммах,
Томмох-туммах,
Тэммэх-тиммэх,
Тэммэх-туммуух
Чабыр5а5ы уерэтэргэ маннай ахсаан чабыр5а5ыттан уерэтэн са5алыыбын.
1. Биир чыычаах
Икки чыычаах
Ус чыычаах
Туерт чыычаах
Биэс чыычаах
Алта чыычаах
Сэттэ чыычаах А5ыс чыычаах То5ус чыычаах Уон чыычаах2. Биир биилкэИкки иннэУс утулукТуерт утулукБиэс биэАлта атСэттэ сэлээппэА5ыс атахТо5ус торбос Уон уолАрыый уустугурдан биэрэбин:
3. туустаабыт, тумалаабыт
Туруйа сымыыта биир...(10)
4. биир араҥалаабыт анды сымыыта...(10)
силистиин-мутуктуун
Лабыкталыынтуораахтыын
Биир тоҥ харыйа...(10)
Уен –кейуур туьунан уерэтэллэрин себулууллэр:
5. Атамаан – татамаан
Аа5ый ата5а
Мэтээх туеьэ
Токолоон тумса
Кымырда5ас кыйата
Кейуур уен кебуехтэрэ.
6. абырдах-абырдах,
Таатыр-таатыр,
Тахтайданна!
Кэйгэллэннэ!
Биэскэйдэннэ!
Уунаҥнаата!
Чырбаҥнаата!
7. Атаҕа мэппэс,
Хараҕа эрилис,
Тумса чуочас,
Кыната лаглас,
Кутуруга хорос!
Бу тугуй?
Мэкчиргэ
Араас хоьооннортон танан аа5алларыгар бэлэмниибин.
Сайылык оҕолоро
Ыллыы-ыллыы киирэллэр: Саадьаҕай оҕус
Сайгыччы соҕус,
Айаннаан иһиий,
Алааспар тиэрдиий!
Бары:
Ойор күннээх,
Уолар уулаах,
Охтор мастаах,
Орто дойдуга
Сөбүлээбиппитин сөргүтээри,
Биһирээбиппитин биллэрээри,
Таптаабыппытын таарыйаары,
Урааҥхай саха,
Удьуора буолан!
Саха омук саатыыр чабырҕаҕын
Суорун Омоллооннуу субурутан,
Эрилик Эристииннии этэн,
Күн Дьирибинэлии дьирибинэтэн,
Тобуруокаптыы тобугуратан,
Чаҕаарыйдахпыт буоллун!
Ырыа: һыттыа-һыттыа самаан сайын,
һыттыа-һыттыа сайын кэлбит,
һыттыа-һыттыа итии куйаас,
һыттыа-һыттыа куйаас буолбут !
Артур: Хараҥа ойуурдаах,
Хатыҥ мастаах,
Харыйа тииттээх,
Хара улардаах,
Хардаҥ эһэлээх,
Хапсаҕай тииҥнээх,
Харалҕан харахтаах
Халыаҥ тайахтаах,
Халыҥ систээх
Харыйалаах тыатыгар
Хаттыр-муттур
Хааман испитим.
Бары:
харыйа-хоруйа,
Холбуйа-халбыйа,
Хаахыр-кыыкыр,
Хаххан-халҕан.
Лаглай-лыглай,
Логлой-луглуй,
Лэглэй-лиглий,
Лэглэй-луглуй.
Нах-нах-ныннах,
Ноннох-нуннух,
Нэннэх-нинних,
Ноннох-нуннух.
Таммах-тыммах,
Томмох-туммах,
Тэммэх-тиммэх,
Тэммэх-туммуух.
Саша: туустаабыт, тумалаабыт
Туруйа сымыыта биир...(10)
Ваня: биир араҥалаабыт анды сымыыта...(10)
Сема: силистиин-мутуктуун
Лабыкталыын туораахтыын
Биир тоҥ харыйа...(10)
Ырыа: оҕо-оҕо эрдэххэ
Оонньоомохтоон хаалыахха,
Эдэр-сэнэх эрдэххэ
Этэн-тыынан биэриэххэ.
Петя: атаҕа мэппэс,
Хараҕа эрилис,
Тумса чуочас,
Кыната лаглас,
Кутуруга хорос!
Бу тугуй?
Бары: мэкчиргэ!
Айыллаан: абырдах-абырдах,
Таатыр-таатыр,
Тахтайданна!
Кэйгэллэннэ!
Биэскэйдэннэ!
Уунаҥнаата!
Чырбаҥнаата!
тиэ-тиэ этэҕэ-тэтэҕэ,
тиэ-тиэ үөрэҥ-дьүөрэҥ,
тиэ-тиэ хоккуй-иккий,
тиэ-тиэ кубулуҥ-ибилиҥ,
тиэ-тиэ маҥанан орулуур,
тиэ-тиэ орулуур доххун,
тиэ-тиэ дьэрэгэнэ-дьэргэн,
тиэ-тиэ дабдыр сыарҕа,
тиэ-тиэ чоочо чолбон,
тиэ-тиэ хоочур-быычыр,
тиэ-тиэ көҥүллээн көхсө,
тиэ-тиэ тииҥин тиҥилэҕэ,
тиэ-тиэ куобаҕым куртаҕа,
тиэ-тиэ чымырыы-маары,
тиэ-тиэ лас-лас!
Бары: дыр-дыр-дыр, дур-дур-дур сайылыгым барахсан,
дыр-дыр-дыр, дур-дур-дур
түптэ буруо сытынан,
дыр-дыр-дыр, дур-дур-дур
дыргыл сыттаах дьэдьэнэ,
дыр-дыр-дыр, дур-дур-дур
өбүгэм дьоһун олоҕо!
Улахан о5олор хоьоон аа5аллар, чинчийэр улэлэри суруйан оскуола, улуус, регион, республика араас таьымнаах конкурустарыгар кытталлар.
Тумук
Куруьуокка дьарыктанар о5о айымньыны тематынан сатаан талан булар, хоьоон ис хоьоонун биэрэн дор5оонноохтук аа5а уерэнэр, саныыр санаатын аьа5астык этэ уерэнэр, сиэрдээхтик белеьуектуур буолар, чинчийэр улэнэн дьарыктанары ейдуур уонна уол, кэлин а5а буолла5ына чугас дьонугар тирэх, аьыныгас, кемускуур, булар – талар аналлаа5ын ыйданардар буолар.
Туттуллар литература:
 М.А. Попова. Саха терут культурата. Итэ5эл. Бичик. 1994.
М.А. Попова. Саха терут культурата. II ч С.Р. нац. кинигэ изд. 1992.
И.И. Стручкова. Саха бэргэн тыла – еhе.
В.Л. Серошевский. Якуты. М. 1993.
М.П. Алексеев – Дапсы. Саха тылын уйэлээх угэhин тылдьыта.
П.С. Афанасьев и др. Саха тылын уйэлээх угэhин тылдьыта. Бичик. !994
Сэhэн Боло. Лиэнэ5э нуучча кэлиэн иннинээ5и саха оло5о. Бичик. 1994
Е.Г.Петрова.Дьоьун дьонноох Кебекен.Дь.2010
Эргис. Саха остуоруйалара.Бичик.
К.Уткин.Кун Дьеьегей. Бичик.2004
Сыһыарыылар
1 сыһыарыы: куруьуок оҕолоро

2Сыһыарыы: дьарык кэмэ