«Саха са?ата» уонна математика», К?л?мн??р уруоктара


МКУ “Управление образования Усть-Алданского улуса”
МБОУ «Ассоциированная многопрофильная Саха-Бельгийская гимназия»
ТЕХНОЛОГИЧЕСКАЯ КАРТА УРОКА
на конкурс методических разработок уроков
«Уроки В.В.Никифорова – Күлүмнүүр», посвященного 150-летию В.В.Никифорова – Күлүмнүүр и его наследию
Интегрированный урок
«Саха саҥата» уонна математика»
Выполнили:
Готовцева Яна Юрьевна,
учитель истории и обществознания МБОУ «Саха-Бельгийская гимназия»,
Пахомов Максим Семенович,
учитель математики и информатики МБОУ «Саха-Бельгийская гимназия».
2016 г.

Уруок технологическай картата ««Саха саҥата» хаһыат уонна математика»
Уруогу оҥордулар:
Готовцева Яна Юрьевна, Саха-Бельгийскай гимназия историяҕа уонна обществознанияҕа учуутала
Пахомов Максим Семенович, Саха-Бельгийскай гимназия математикаҕа уонна информатикаҕа учуутала.
Предмет: история, математика
Класс: 5
Уруок тиэмэтэ Күлүмнүүр задачалара
«Саха саҥата уонна математика»
Предмет История, математика
Кылааһа 5 кылаас
Уруок тиибэ Интегрированный уруок. Саҥаны үөрэтэр уруок
Технологията Чинчийии, проектнай үлэ
Уруок сыала Учууталга Үөрэнээччигэ
Олоххо сыһыаннаах, XX үйэ саҕатааҕы логическай задачалары билиһиннэрии;
Саха суруга-бичигэ уонна саха бастакы хаһыатын үѲрэтии;
Историческай источниктары кытта үлэлиир ньыманы сайыннарыы. Олоххо сыһыаннаах, ол үйэтээҕи логическай задачалары суоттааһын;
С.А.Новгородов саха суругун бичигин айыан иннинэ суругу-бичиги кытта билсии;
Никифоров В.В. Күлүмнүүр үөрэҕириигэ оруолун сыаналааһын.
УУД Предметнэй
Саха бастакы хаһыатын кытта билиһиннэрии;
С.А.Новгородов саха суругун бичигин айыан иннинэ суругу-бичиги кытта билсии;
Логическай задачалары суоттааһын;
Урокка үѲрэппит билиилэрин системалааhын уонна олоххо туттуу;
Метапредметнэй
Познавательнай:
Историяҕа, математикаҕа ылыммыт билиини туһанан уруок сыалын ситиһии;
Историческэй материаллары ырытыы;
XX үйэ саҕанааҕы задачалары суоттааһын;
Коммуникативнай:
Бөлөххө үлэни сайыннарыы;
Биир тылы булан үлэлээhин, бэйэ – бэйэни өйдөhүү;
Бэйэ санааны оҕолорго тиэрдии.
Регулятивнай:
Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы;
Бэйэни дьаhаныы, тэринии;
Үөрэнэргэ үөрэнии.
Личностнай
Бэйэ санааны этэ үөрэнии;
Тулалыыр эйгэни кытта ситимнээн киhи быьыытынан туhалааҕы ылыныы;
Урукку кѲлүѲнэ опытын билиҥҥи олоххо наадалааҕын ѲйдѲѲhүн;
Уруок тэрилэ «Саха саҥата» хаһыат хаартыската
Уруок тиэмэтигэр анаммыт презентация
Уруок көрүҥэ Фронтальнай, самостоятельнай, бөлөҕүнэн үлэ
Түһүмэх Учуутал үлэтэ Үөрэнээччи үлэтэ
Уруок тэрээһинэ Дорооболоһор ΥѲрэнэргэ, саҥа темаҕа интириэһи тардыы Киирии тыл.
О5олоор, мин библиотекаҕа үлэлии сылдьан хаһыат булан ылбытым. Дьэ эрэ көрүөххэйин. Ол хаһыатым аата «Cаха саҥата» диэн. (слайд №1)
Ол хаһыаты ким таһаарбытын билэҕит дуо?
Бүгүннү уруокпут тематын оонньоон таайыахпыт. Оонньуубут аата «4 картинки 1 слово».
(слайд №2-3)
Уруок темата «Күлүмнүүр задачата. «Саха саҥата» хаhыат уонна математика» Истэллэр, болҕойон көрөллөр.
Эппиэттииллэр
Оонньууттан уруок тематын таһаараллар.
Сыал-сорук туруорунуу Учуутал “Чистая доска” методын туттан уруок былаанын/соругун таhаарар.
Бу ыраас дуоскаҕа бугунну уруоктан тугу билиэххитин баҕараргытын суруйуохха.
Оҕолор ыйтыыларын, туоруорунар соруктарын истэн уруок былаанын таhаарар:
Никифоров В.В. – Күлүмнүүр уонна “Саха саната”
Новогородов С.А. алфавита үөскүөн иннинээ5и саха суруга-бичигэ
«Сататар ахсаан үөрэҕэ».
Бу былааммытын толордохпут аайы сотон иһиэхпит уонна уруок бүтүүтэ дуоскабыт ыраас хаалыахтаах.
Оҕолор эппиэттэрэ. Холобур:
Саха саната диэн тугуй? Туох хаhыатай? Ким оҥорбутай?
Ханнык алфавит букваларын туһанан хаһыат суруллубутуй?
Хаһыакка туох туһунан кэпсэммитий?
Туруоруммут сыалларын ситиһэр соруктара Никифоров В.В. – Кулумнуур уонна Саха саната
Учуутал ыйытыыттан саҕалыыр. Күлүмнүүр туhунан эрдэ үѲрэппит оҕолорго сѳптѳѳх.
Никифоров В.В. – Күлүмнүүр диэн кимин билэҕит?
1912 сыллаахха Саха сиригэр бастакынан саха тылынан суруллубут “Саха саната” хаhыат тахсар. “Саха саната” В.В.Никифоров – Күлүмнүүр кѲҕулээhининэн күн сирин кѳрѳр. Саха сиригэр хаhыат ѳссѳ XIX уйэҕэ тахсар этэ, ол эрэн нууччалыы тылынан. Онтон 1908 сыллаахха “Якутская жизнь” хаhыат тахсар буолтун кэннэ аҕыйах нүѳмэргэ сахалыы тылынан суруллубут сыhыарыылаах буолбут. Ол сыhыарыылар эмиэ Күлүмнүүр бэлэмниир этэ диэн биллэр.
“Саха саҥата” хаhыакка сахалыы тылынан переводтаммыт Н. Гоголь, Л.Толстой айымньылара бэчээттэнэр эбит. Ону таhынан араас сэhэннэр, ырытыылар, сонуннар, дорубуйаҕа сыhыаннаах ыстатыйалар, хоhооннор уонна да атын. Хаһыат 1912 – 1913 сыллардаахха тахсыбыт. Бу бириэмэҕэ икки нүѳморгэ “Сататар ахсаан уорэҕэ” диэн анал толкуйдатар, логическай задачалаах сыһыарыы бэчээттэммит.
Туох сыаллаах логическай задачалары Никифоров таһаарбыта буолуой эһиги санааҕытыгар? (Слайд №4-5) (ырытыы)
Бастакы туоруоруммут сыалбытын ситистибит дуо? Оччоҕуна сотобут.
Учуутал дуоскаҕа суруллубут былаантан бастакы сыалы сотор. Истэллэр, учуутал ыйытыытыгар хоруйдууллар, бэйэлэрин санааларын этэллэр.
Новогородов С.А. алфавита уоскуон иннинээ5и саха суруга-бичигэ
Бу хаһыат ханнык алфавитынан суруллубутун билэҕит дуо?
Ким ааҕыан баҕарар? Дьэ эрэ, холонон коруоххэ (слайд №5). Эппиэттииллэр.
Оҕолор слайдка баар тексты ааҕаллар.
Саха саҥата 1912 сыллаахха тахсар. Оттон сахалыы алфавиты 1917 сыллаахха С.А.Новгородов оҥорор.
Ол оҥоhуллуон иннинэ саха дьоно О.Бетлинг алфавитынан ааҕа-суруйа сылдьыбыттара (слайд №6). Бетлинг алфавита XIX үйэҕэ үѳскээбит. Болҕойон истэллэр.
Бу транскприпцияны туhанан ѳссѳ биирдэ ааҕан көрүөххэ.(слайд №7)
(Чинчийии) Ааҕаллар.
Ис хоhооно өйдөнөр дуо?
Иккиһинэн туоруорбут сыалбытын ситистибит дуо? Оччоҕуна сотобут.
Учуутал дуоскаҕа суруллубут былаантан иккис сыалы сотор. Эппиэттииллэр: “Задачалар”
“Сатататар ахсаан уорэҕэ”
Группанан улэ.
3 бөлөхтөргө арахсыахха. Группалар бу бэриллибит задачалартан 2 талаллар: бастакынан саахымат хараҕа, иккис көннөрү задача.
Балары переводтуугут уонна суоттуугут. Переводкутун уонна суоткутун – проеккытын кылаас иннигэр көмүскүүгүт.
Үсүһүнэн туоруоруммут сыалбытын ситистибит дуо? Оччоҕуна сотобут.
Учуутал дуоскаҕа суруллубут былаантан үһүс сыалы сотор Бөлөхтөргө арахсаллар, заданияларын толороллор, бутэһигэр проектарын көмүскүүллэр.
Бырайыак оҥоруу Оҥоһуллубут задачалары биир альбомҥа хомуйуу.
Задачаларбытын – проектарбытын биир альбомҥа хомуйуоҕун.
Альбоммутун туох диэн ааттыыбытый?
Альбом аатын толкуйдууллар (холобур: «Күлүмнүүр задачалара», «XX үйэ саҕаланыытын задачара»,«Саха саҥатыттан задачалар».
Түмүк Учуутал оҕолор болҕомтолорун дуоскаҕа тардар.
Доскабыт ыраас буолан хаалбыт. Тоҕо ырааһыран хаалла?
Бүгүҥҥү уруок туhунан бэйэбит санаабытын Бетлинг алфавитын букубаларын туhанан суруйуоххайын уонна “Саха саҥатыгар” аҕалан ыйыаххайын.
Уруокпут таһаарыылаах буолла дии саныыбын, онтон эһиги санааҕытыгар хайдаҕый? Эппиэттииллэр. Холобур, уруокка туоруоруммут сыалбытын ситистибит, ол иһин соттубут.
Суруйаллар. Ыйыыллар.
46863040703500Cыhыарыы (раздаточнай материал)