«К?нн?к Уурастыырап уонна айар улэ абылана» кылаас таhынан аа5ыыга дири?этэн ??рэтии барыла


«Күннүк Уурастыырап уонна айар улэ абылана»
кылаас таhынан аа5ыыга дириҥэтэн үѳрэтии барылаБыһаарыы сурукСаха норуота тун былыр айбыт, чочуйбут уонна бугунну куннэ диэри биьиэхэ тиэрдэн аҕалбыт тылынан айымньыта, ону таhынан билиҥҥи литература чулуу суруйуулара оскуолаҕа үѳрэтиллэллэр. Оҕо кыра сааhыттан бу айымньылартан тѳрѳѳбүт тылын уус-уран күүhүн, кэрэтин илбиhин иҥэринэрин, айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларын ситиhэр соруктары литература уруога туруорар. Онон саха тылын, литературатын уруоктара оҕоҕо норуоппут духуобунай баайын иҥэрэр, кини киhилии майгыта-сигилитэ олохтонор, истин иhирэх иэйиитэ уhуктар эйгэтинэн буолар.
Биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта Владимир Михайлович Новиков-Куннук Уурастыырап оло5ун, айар улэтин туhунан кылаас таhынан ааҕыыга дириҥэтэн үѳрэтии барыла оноЬулунна. Дириӊэтэн үөрэтии барыллааһыныгар тохтуохпут: биир дойдулаахпыт бастын айымньыларын аа5ар, ырытар, айар, быьаарар уоруйэхтэри сайыннарыыга, суруйааччы оло5ун утуо тугэннэригэр, уус-уран айымньыныга уобараЬы ырытыыга, тылбаастаммыт айымньыларга, ырыа буолбут хоЬооннорго, ойуулуур – дьуьуннуур уус уран ньымаларга.
Барыл үөрэнээччигэ тус бэйэтигэр туЬаайыллар – кини толкуйдуур, чинчийэр, ырытар, тэӊниир, түмүк оӊорор үөрүйэхтэрин сайыннарыыга. Дьарык кэмигэр айымньыны ырытыы таһынан В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап бары өттүттэн эргиччи талааннаах суруйааччы, поэт, тылбаасчыт, ырыаһыт, олоӊхоһут быһыытынан биллэрин эдэр көлүөнэ айар дьо5ура сайдарыгар толук ууран, уйэтитэн хаалларыы буолар.
Барыл 16 чаастан турар, тиэмэлэрин чааһын учуутал бэйэтэ көрөн аттарар. Барыл билиини эрэ биэриигэ дьулуспат, этиллибитин курдук, үөрэнээччини духовнай, эстетическэй өттүнэн сайыннарыыны, ону таһынан дьарык кэмигэр бииргэ үлэлээһин араас көрүӊүн: чинчийии, дискуссия, практикум, иһитиннэрии, айарга холонуу, уонна да атыны туһанабыт. О5ону сахалыы тыынна иитэр-уорэтэр бииргэ улэлиир коллегаларбар туhалаах буолуо дии саныыбын.
Сүрүн сыалынан буолар: Ийэ тылынан айыллар төрөөбут литература айымньыларын аа5ыы суолтатын урдэтии;
Соруктара:
үөрэнээччи айымньыны ырытар уонна ылынар кыа5ын сайыннарыы;
Саха народнай поэта В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап оло5ун, айар улэтин диринэтэн уорэтии;
Торообут Амматыгар бэриниилээх, духуобунай, эстетическэй өттүнэн сайдыылаах личноЬы иитэн таЬаарыы;
Тематическэй былааннааhын№ Кылаас таhынан ааҕыы уруок аатаДьарык сыала-соругаТутула ЧааhаТуттуллар матырйыаал5 кылаас1 Күннүк Уурастыырап олоҕун үтүѳ түгэннэрэ Биир дойдулаахпыт В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап оло5ун кэрэ-бэлиэ тугэннэрин тула кэпсэтиһии
О5о айар дьо5урун сайыннарыыХаьыаттан, кинигэлэрэтэн матырыйаал хомуйуу.
Оло5ун туьунан кэпсэтиЬии, санаа - атастаһыыта.
Куннук Уурастыырап «Куннээх поэт» киинэтин кордоруу.
Айар улэ «Олус да кэрэ олох диэн, дьинэ!» хоЬоон, уруЬуй2 1.В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап – норуот тапталлаах поэта: фотоальбом.-Дьокуускай: Бичик, 2009.-120с.
6 кылаас2 Күннүк Уурастыырап олоҥхону уйэтитиигэ оруола. Оҕону олоҥхоҕо уhуйууОлонхо айыы киьитин кэрэмэьин, Орто дойду кэрэтин, сырдык санаа хара санааны кыайан орогойдуурун туЬунан туойарын тиэрдии. 1. Куннук Уурастыырап «Нуо5алдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотун салайааччы аа5ан иһитиннэриитэ.
2. Олонхо персонажтарын ырыаларыттан толоруулара:
3. Олонхо геройдарын уруһуйдааһын.
4. Олонхону быһа тардан оонньоон кордоруу.
4 «Нуо5алдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхо.
7 кылаасКүннүк Уурастыырап – ырыаhыт поэт. Айар тыл абылана.
Хоһооннору доргуччу, интонациялаан аа5ары сайыннарыы; Бэйэ аа5ыыта «» хоЬооноЫрыа буолбут хоһооннор «Сааскы куох сарсыарда», «Көлүкэчээн ини мөһүрэчээн», «Урүмэччи маӊан ат»
Эстрада ырыаЬыттара Куннук Уурастыырап хоһоонноругар суруйбут ырыаларын истииЫрыа ыллыырга холонууАйар үлэ. Хоьоон айарга холонуу.
2 Ырыа тиэкистэрэ, дискэлэр8 кылаасКүннүк Уурастыырап туhунан истиҥ – иhирэх ахтыылар. Куннук Уурасттырап туьунан үөлээннээхтэрэ ахталлар.
Дакылаат суруйуу. 2 9 кылаасКүннүк Уурастыырап айымньытыгар айылҕаны хоhуйуу кѳстүүтэ. Айар тыл абылана.
Айымньы айыллар кистэлэннэрин билиьиннэрии.
Айар дьо5урдарын сайыннарыыХоЬоонору аа5ыы, ырытыы.
Ойтон суруйуу.
Хоьоон айыыта2 «Со5отох хахыйах», «Сайылык», «Куммут киирэрэдии», «Куннуун аргыстастым»
10 кылаасКүннүк Уурастыырап – талааннаах тылбаасчыт. Куннук Уурастыырап Александр Сергеевич Пушкинныын алтыЬыыта. Сахалыы тылбаас хоЬооннору аа5ыы, ырытыыКуннук Уурастыырап оло5ун, айар улэтэА.С.Пушкин оло5ун кытта билсиЬии.
Уус уран ньыманы ырытыы2 11 кылаасКүннүк Уурастыырап айымньыларыгар уус – уран ньыманы туттуутаОйуулуур-дьуьуннуур ньымалары (уус-уран быЬаарыы, кубулуйбат быьаарыы, тэннээЬин, хатылааьын, тыыннаа5ымсытыы, омуннааЬын, кыратытыы; холуйан этии, кубулутан этии, ханалытан) хатылааЬынОйуулуур-дьуьуннуур ньыма уус-уран айымньыга суолтата. Уус-уран быьаарыы. Эпитет тылдьыта.
Поэзия дьуьуннээьиннэрин айымньыга туьаныы. 2 Куннук Уурастыырап «Хатаппын са5абын»
Т уттуллубут матырыйаал:
Бугаев Н.И. Саха оскуолатыгар уус-уран литература уорэтии туьунан санаалара. – Дьокуускай: Бичик, 1998.
Күннээх поэт: В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап оло5о, айар улэтэ. Учууталга комо пособие./ Е.М.Поликарпова уо.д.а.
Саха тылын уонна литературатын учууталыгар аналлаах сылга туортэ тахсар научнай-методическай сурунаал «Торообут тыл уонна литература» №2, 2007
В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап – норуот тапталлаах поэта: фотоальбом.-Дьокуускай: Бичик, 2009.-120с