Презентация классного часа Улуу Кыайыы
Аҕа дойду Улуу сэриитэ 1941 сыл, бэс ыйын 22 күнэ Өрөбүл сарсыардата күннээх, сылаас уонна чуумпу этэ. Эмискэ уу-нуһараҥ чуумпуну аймаан, уулуссаларга репродуктордар түрбүөннээх куоластара сатараабыта: Фашистскай Германия сэриилэрэ, сэрэппэккэ эрэ, биһиги дойдубутугар түөкүннүү сэриинэн саба түстүлэр. СЭРИИ! 23-тэриттэн 36-ларыгар диэри саастаах тыһыынчанан эдэр уонна эр дьон Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр ытык сэриигэ туруммуттара. Дойдуну көмүскүүргэ, халабырдьыттартан босхолуурга хаан тохтуулаах, кырыктаах кыргыһыылар саҕаламмыттара. Уоттаах сэрии сиргэ, ууга, салгыҥҥа салҕанан барбыттара. Ньиэмэстэр биһиги куораттарбытын, сэлиэнньэлэрбитин, муосталарбытын урусхаллаабыттара. Өстөөх сөмөлүөттэрэ түүннэри-күннэри быыстала суох куораттары, дэриэбинэлэри буомбалаабыттара. Ханна да хайыс – тула снарядтар эстибиттэрэ. Баһаардар күүдэпчилэммиттэрэ. Урусхалламмыт дьиэлэр сэмнэхтэрэ буруолууллара. Өстөөх сөмөлүөттэрэ элбэх куораты, сэлиэнньэни имири буомбалаан, күл-көмөр оҥорбуттара. Мөлүйүөнүнэн дьон дьиэлэриттэн, баайдарыттан-дуолларыттан көрө маппыттара. Элбэх киһи снарядтар дэлби тэбиилэриттэн уонна дьиэлэр сиҥниилэриттэн өлбүтэ. 1943 сыл от ыйын 15 күнүгэр Толя Фролов бэйэтин урусхалламмыт дьиэтин аттыгар. Орловскай уобалас, Ульяново сэлиэнньэтэ.М. Савина фотота. Өстөөх снарядтарыттан тыыннарын тэскилэтэн, дьон бомбоубежищеҕа саһарга күһэллибиттэрэ. 1942 сыл.Москуба метротугар «Маяковская» станцияҕа немецкэй авиация буомбалыыр кэмигэр. Оҕолорго үүтү түҥэтии. Сэрии кэмигэр тыылга эмиэ күүстээх үлэ тэнийбитэ. Оҕолуун-дьахтардыын, кырдьаҕастыын, ким илиитигэр күрдьэх тутар кыахтаах, бука бары окуопаны хаһыыга, бөҕөргөтүү оҥоруутугар күүскэ үлэлээбиттэрэ. Эр дьон сэриигэ баран, собуоттар сыахтара кураанахсыйбыттара. Ол эрээри собуоттар үлэлиэхтээхтэрэ. Фроҥҥа саллааттарга миинэлэр, снарядтар, буускалар, бүлүмүөттэр наадалара. Кинилэри ким хааччыйыаҕай? Ол иһин собуоттарга дьахталлар уонна обургу оҕолор үлэлээбиттэрэ. Дьахталлар эппиттэрэ: - Биһиги кэргэттэрбитин солбуйуохпут. Обургу оҕолор эппиттэрэ:Биһиги аҕаларбыт уонна убайдарбыт станоктарыгар үлэлииргэ үөрэниэхпит. Бу күннэргэ 14 саастаах уол фроҥҥа сылдьар аҕатыгар суруйбут: Фроҥҥа сэрии сэбэ тиийбэтэ, онтон тыылга собуоттар күннэри-түүннэри үлэлииллэрэ – таанкалары, сөмөлүөттэри, аптамааттары оҥороллоро. Бу техникэлэри фроҥҥа түптэлэс буомба уотун быыһынан бронепоезтарынан, массыыналарынан, бэл ыттарынан тиэрдэллэрэ. Ньиэмэстэр былдьаабыт сирдэригэр дьон ойуурга бараллара уонна партизанскай этэрээттэри тэрийэллэрэ. Бу этэрээттэргэ доруобуйаларын туругунан фроҥҥа ылыллыбатах эр дьон, дьахталлар уонна обургу оҕолор киирэллэрэ. Фроҥҥа буойуннарга ыарахан кэм этэ. Тыылга эр дьон күүстээх үлэтин дьахталлар, обургу оҕолор, кырдьаҕастар толороллоро. Ханна баҕар дьон аччыктыыллара. Өлүү-сүтүү үксээбитэ. Элбэх оҕо төрөппүттэрин сүтэрбиттэрэ. Ленинград блокадата 900-тэн тахса күн устата куорат төгүрүктээһиҥҥэ хам ылларан олорбута. Түүннэри-күнүстэри ньиэмэстэр куораты быыстала суох ытыалыыллара. Тыһыынчанан дьон хоргуйууттан уонна тымныйыыттан сылтаан өлбүттэрэ. Сэрии 4 сыл устата салҕанан барбыта! 1941-1945 с.с.Сэбиэскэй байыастар кырыктаах өстөөҕү арҕаҕар тиийэн үлтүрүппүттэрэ, төрөөбүт дойдуларын босхолообуттара. 1945 с. муус устар 30 күнүгэр сэбиэскэй саллааттар М.А. Егоров уонна М.В. Кантария Берлиҥҥэ самныбыт фашистскай Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы Былааҕын күндээрдибиттэрэ. Ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы күнүн бэлиэтиибит 1945 сыл, ыам ыйын 8 күнэ – Улуу Кыайыы күнүгэр бастакы парад. Ол ынырык сэрии бүппүтүн кэнниттэн 71 сыл ааста. Сүгүрүйүөҕүҥ ол улуу сылларга, албан ааттаах хамандыырдарга уонна байыастарга, дойду маршалларыгар уонна борустуой саллааттарга. Бокулуоннуоҕуҥ өлбүттэргэ уонна тыыннаахтарга. Ким да умнуллубат аналлаахтарга, бука барыларыгар, сүгүрүйүөҕүҥ, доҕоттоор!