Презентация по окружающему миру на тему Утки родного края 4 класс


Тереебут туелбэм кустараТолордо: Сидоров Николай9 кылаас уерэнээччитэ


Улэ сурун суолтата (актуальноhа): Айыл5а биhиэхэ тыыннаах буоларбытыгар наадалаахпытын барытын биэрэр. Хомойуох иhин, кэнники сылларга айыл5абыт киhи дьайыытыттан улаханнык эмсэ5элээтэ. Ол иhин биhиги хас биирдии уунээйини, харамайы сиhилии уерэтэн, хайдах сиргэ уескуурун, сайдарын, туох аhылыктаа5ын барытын билэн-көрөн, туохха наадыйарын хааччыйан айыл5абытын араначчылыахпытын наада.

Улэ сыала: Киhи бэйэтин сирин бэртээхэй хаhаайына буоларын туhугар, ол сирин, онно уескуур кыылын, кетерун учугэйдик билиэхтээх. Бу улэм сыала мин тереебут дойдубар туелбэлэнэр кустары уерэтии.

Сыалбын ситиhээри маннык соруктары туруоруннум:Саха сирин кетердерун туhунан литератураны булуу;Кинигэлэринэн, интернеттэн кетердер араастарын, олохторун уерэтии;Айыл5аны харыстааhынна ананан ыытыллар улэлэр тустарынан билии.


Билинни бириэмэ5э Саха сиригэр 18 этэрээккэ арахсар 291 керуҥ кетер баар. Онтон 251 керунэ манна уйаланар, 40 керунэ кэлэн ааhар. Кетер 217 керунэ сайылыы кэлэр кетердер.
Саха сирин кетердерун билинни туруга киhи айылҕаҕа дьайыытын түмүгэр көтөр бииhин-ууhун эҥин-эгэлгэтэ уонна уопсай ахсаана биир кэм буолбат, куруук уларыйа турар.
Бу туhунан саха сирин көтөрү үөрэтээччи учуонайдар (орнитологтар) этиилэринэн сүрүннээн үс көстүүнү көстүүнү ыйыахха сөп.Көтөр ахсаана уонна тарҕаныыта аҕыйааhына.Сорох көтөр ахсаана элбээhинэ.Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр көтөр саҥа көрүҥэ кэлэн олохсуйуута.


Улахан хомустаах күөллээх алаастарга даллан куо5ас, ураанай, анды; кураанах кустартан көҕөн, чөркөй икки көрүҥэ, тыйаах, моонньоҕон, халба төрүүр-ууhуур.
Хас биирдии киhиэхэ төрөөбүт дойдута саамай күндү. Төрөөбүт дойду айылҕата, кыыла-сүөлэ, көтөрө-сүүрэрэ, дьоно-сэргэтэ барыта ордук кэрэ буолар.
Мин төрөөбүт дойдум ырыаҕа ылланар, хоhооҥҥо холонор Тараҕана сайылыктаах Көбөкөн нэhилиэгэ. Аатырар- сураҕырар Тараҕанам айылҕата кэрэтэ, сирин аhа дэлэйэ, булда-аhа үгүhэ хоhооҥҥо хоhуллуон хоhуллар.
Саха сиригэр көҕөн арааhа (боростуой көҕөн, араҕас тумустаах, сахсаала көҕөн ), тыйаах, моонньоҕон, мороду, чөркөй кэлэн сайылыыр.Тараҕана сайылык үгүс күөллэрдээх. Бу күөллэргэ саас аайы кус арааhа кэлэн сайылыыр, сымыыт баттыыр.
Мин саамай астынан бултуур куhум- көҕөн. Көҕөн саамай киэҥник тарҕаммыт кус. Кини күөллэргэ, куталарга, өрүс кытылларыгар уйаланар. 0,8-2,0 кг ыйааhыннаах, бөдөҥ кураанах кус.
style.rotation
Уйатын бытархай чыпчаххай сыыhын уонна кураанах оту мунньан оҥостор. Сымыыттарын баттыылларыгар бэйэлэрин түөстэриттэн түү үргээн тэлгэтэллэр эбит. 10-12 сымыыты баттыыр.
Көҕөн от сиэмэтин, сэбирдэҕин сиир, аhыҥанан, баҕанан, чиэрбэнэн, күрдьэҕэнэн аhылыктанар. Чычаас сиргэ сылдьан аhыыр. Көҕөн аhыырыгар төбөтүн ууга угар, кутуруга өрө тахсар.  
style.rotation Чөркөй (чыркымай) кустартан саамай кыралара. Кини 34-38 см уhуннаах, кыната 58-64 см. Атыыр чөркөй 250-450 г, тыhы чөркөй 200-400г. ыйааhыннаах буолар.

Чөркөй кытыытыгар ууттан үүнэн тахсар уhун оттоох ууларга уйаланар. Тыhы чөркөй уйатын атаҕынан кыра оҥхой хаhан кураанах сэбирдэхтэри, оттору мунньан оҥостор. Сымыыттыырыгар эмиэ көҕөн курдук түөhүттэн түү үргээн угар. 8-11 сымыыты 21-23 күн баттыыр.
Чөркөй күөл кытыытыгар чычаас сиргэ ууну тэпсэ сылдьан аhыыр. Үөнүнэн –көйүүрүнэн, үүнээйинэн аhылыктанар.

Түмүк.Саха сирин айылҕата сүрдээх баай. Манна саас аайы көтөр арааhа сымыыт баттаан, оҕо таhааран, уустарын хаҥатан бараллар. Былыр саха быстар- ойдор күнэ тирээтэҕинэ, айылҕа тыыныттан бэриhиннэрэн, күүс- сэниэ ылара. Мин санаабар, хас биирдии киhи айылҕа суруллубут, суруллубатах сокуонун тутуhан, саха сиэрин-туомун кэспэккэ бултуур буоллаҕына, көтөр-сүүрэр сүтэр кутала суоhуо суоҕа этэ. Сахабыт сирэ баай, кэрэ айылҕата кэхтибэтин, эстибэтин туhугар айылҕабытын харыстыы сылдьыахтаахпыт.