Егор Неймохов Аныгы эмтиэкэ кэпсээнин ырытыы


Томпо оройуонун Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Халыева Оля үлэтэСалайааччы: саха тылын уонна литературатын учуутала Гоголева Анджела Васильевна Актуальноһа: Суруйааччы айымньыларынан дьон духовноһын, кутун-сүрүн тутар, байытар, бө5өргөтөр. Сыала: Суорун Омоллоон уонна Егор Неймохов кэпсээннэригэр дьон сыһыанын омсолоох өрүттэрин ырытыы.Соруга:Суорун Омоллоон уонна Егор Неймохов 2 кэпсээнин ааҕыы. Айымньыга дьон сыһыанын итэҕэстэрин суруйааччы хайдах көрдөрөрүн ырытыы.Уус-уран айымньыттан үтүө5э талаһыы. Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» Егор Неймохов «Аныгы эмтиэкэ» 1935 сыллаахха суруллубута 1997 сыллаахха суруллубута Сэбиэскэй кэм, Саха сиригэр биирдиилээн хаһаайыстыбалары эһэн, холбоһуктааһын бара турар кэмэ. Саха норуота хараҥа олохтон сырдыкка тардыһар, араас куһа5ан кэмэлдьиттэн босхолонорго туруммута. Сэбиэскэй кэм эстэн, рынок үйэтэ. Сатабыллаах саһыл са5алаах, атыы-тутуу, ким сатыыр – ол байар кэмэ. Норуот урукку идеаллара сүтэн, мунуу-тэнии кэмэ. Жанра – сатирическай кэпсээн Кэпсээн – эпическэй айымньы кыра көрүҥэ, герой оло5ун биир эмит быстах түгэнин ойуулааһын.Сатира – диэн олох омсолоох өрүттэрин, хаалынньаҥ өйү-санааны дьүүллүүр, сэмэлиир айымньы. Сюжет – диэн айымньыга кэпсэнэр быһыы–майгы сүрүнэ. Суруйааччы киһи итэҕэһин көрдөрөөрү, сүрүн геройу күлүүлээх балаһыанньаҕа, омуннаах түбэлтэлэргэ түбэһиннэрэр. Композиция – диэн айымньы тутула, сюжет бэрээдэктэниитэ. Бу 2 кэпсээҥҥэ буолар түбэлтэлэр бэрээдэгинэн утуу-субуу ситимнэнэн бараллар. Айымньыга көрдөөх түгэннэр Макаар кыыһын эмтээһинэЭмтиэкэҕэ киирэн өйө көтөр«Окуоскаҕа бар»Сибииньэ күтүр сирэйэМакаар сиэстэрэни кытта кэпсэтиитэАатын умнарЭриэн көхсө15 таммахНуучча дьахтара көрдөрө олордо5уна киирэрАраспаанньатын билбэтАлааһыгар чугаһаан иһэн дьэгдьийэрЭмин барытын иһэр Балыыһа5а биирдэ да сылдьыбатахНууччатымсыйбыт быраас саҥатын дьиктиргиир«Чудо-техника» аппараатынан эмтээһинГерой бэйэтин сэмэлэнэрЫарыы сиэртибэ эрэйэрСолуута суох эмтэниигэ халыҥ харчы төлүүрСаҥа өлбүт о5ус быарын сиикэйдии сиирЭмчитэ туһалаабатаДаайа – вампирбалыыһаттан суһал көмө Оҕуһун этин көрдүөн баҕарар да эмчити өһүргэтиэм диэн куттанар. Айымньы тиэмэтэ - айымньыга туох туһунан кэпсэнэрэ. Макаар Петров иһин ыарыытын хайдах эмтээбитин туһунан. Сэһэргээччи сиһин ыарыытын хайдах эмтээбитин туһунан. Айымньы сүрүн геройун омсолоох өрүттэрэ Макаар Петровбилбэт-көрбөт эйгэтигэр, хаҕыс сыһыаҥҥа түбэһэн, түҥ-таҥ барар. Бэйэтин кыараҕас ыырыттан ырааппатах, киэҥ эйгэҕэ таҕыстаҕына тугу да билбэт, түҥкэтэх киһи уобараһа. Сэһэргээччи (ааптар)билбэт-көрбөт эйгэтигэр, хаҕыс сыһыаҥҥа түбэһэн, түҥ-таҥ барар. Кини билбэт дьонугар наһаа эрэнэр, итэ5эйэр. Рекламаҕа түргэнник бэринэр. Чэпчэки суолу талар. Макаар аатын умнан кэбиһэринэн киһи туруга тууйуллубутун, баттаммытын ааптар сытыырхатан көрдөрөр. Кирдээх – эриэн көхсө15 таммаҕы мыынар Ыалдьан ыксаабыт киһи эмчит эппитин барытын толорор, үтүөрэр туһуттан барытын боруобалыыр: оҕуһу өлөрөн, этин онно-манна ыһар, сиикэй быары сылаастыы сиир, халыҥ харчыны төлүүр.Үөрэхтээҕинэн киһиргиир эрээри биирдэ да балыыһаҕа үктэммэтэх, эмтиир дьонун докумуонун сураспата. Сүрүн герой үтүө өрүттэрэ «Балаҕан баһылыга, алаас ытык иччитэ» буолара туох да куһаҕана суох, дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбатын көрөр-дьаһайар аҕа баһылык буолара көстөр. 3 үрдүк үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх Кыыһа ыалдьыбытыгар туох баарынан эмтии сатыыр, ол аата ыарахан балаһыанньаттан тахса сатыыр, оҕотун туһугар кыһаллар.Кэргэнин балыыһаҕа илдьэ барар. Макаар тирэҕэ, эрэнэр киһитэ эмээхсинэ буолар. Олус культурнай, дьону өһүргэтиэм диэн туттунар. Айымньы омсолоох ойоҕос персонажтара Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» Егор Неймохов «Аныгы эмтиэкэ» Нууччатымсыйбыт сиэстэрэЛуохтуур Нууччатымсыйбыт быраасУот кыһыл баттаахтаах дьахтарЭр бэрдэ, элик үтүөтэУйбаан Уйбаанабыс Уйбаныап (эмчит) Нууччатымсыйбыт сиэстэрэ Нууччатымсыйбыт быраас «Ол окуоска5а бар».«Урут сылдьыбытыҥ дуо?»«Киминэн ыҥырыллаҕын?»«Чуорту, киминэн ыҥырыллаҕын?»Макаар тугу да өйдөөбөт, хараҕын эрэ чыпчылыҥнатар. Түрдэһиннэ. Тэпсэҥнээтэ. Хараҕын миин курдук көрдө. … эдэркээн кыыс онон-манан иһиллээбитэ буолан баран, сүр культурнайдык сыыйда: «Пожалуйста, сарсын сарсыарда общий анализ мочи туттараар». Баччааҥҥа диэри балыыһа диэни өҥөйө илик киһи итини бэркэ дьиктиргии истэр. Суруйааччылар культурнай буолбута буолан, сахалыы да, нууччалыы да ыраастык саҥарбат нууччатымсыйбыт дьону күлэллэр. Киһи дьону кытта кэпсэтэригэр өйдөнөр гына саҥарыахтаах. Луохтуур Эмчит Ыарыһахха хаҕыс, тымныы сыһыаннаах: «Иһиҥ ыалдьардаах эбит», -эрэ диир. Үчүгэйдик быһааран биэрбэтэҕин иһин Макаар эмин хайдах иһэрин өйдөөбөккө хаста да кырынар, кэлин тиһэҕэр үүрүллэр. Эмчит улахан аатын-суолун истэн, итэҕэйэр. «Чудо-техника» аппараатынан эмтиир (ыарыһах бытык хорунар бириитибэҕэ маарыннатар, ол эрээри эмчиккэ рэрнэрэ бэрт буолан, бэйэтин сэмэлэнэр).Үһүс хараҕынан ыарыыны супту көрөр. Суруйааччы ыарыһаҕы эмтиир, дьон доруобуйатын быыһыыр быраастар кыһамньылаах, болҕомтолоох буолуохтаахтар диэн этэргэ дылы. Билиҥҥи олоххо маннык көстүү баар буолааччы. Билиҥҥи үйэҕэ харчы оҥорор сыалтан сорохтор дьону албынныыры улахаҥҥа уурбаттар. Маннык дьон минньигэс тылыгар итэҕэйэн, кураанаҕы кууспут үгүс буолааччы. Айымньыга биһирэмнээх персонажтар Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» Егор Неймохов «Аныгы эмтиэкэ» ЭмээхсинэБилэр уолаЭмтиэкэ5э баар дьон ДаайаАйма5а киһиНам биир ыалаТабаарыстар, до5оттор, уруулар- аймахтар, бииргэ үлэлиир дьоно 2 кэпсээҥҥэ биһирэмнээх геройунан норуот, дьон-сэргэ буолаллар. Кинилэргэ сүрүн геройга көмөлөһөллөр, ыйан-кэрдэн биэрэллэр, харчы иэһииллэр. Сатирическай кэпсээннэр тыллара-өстөрө, этиилэрэ олус күлүүлээх. Суруйааччылар араас ньыманы туттубуттар Омуннааһын «Биһиги киһибит, Макаар, хараҕа иирдэ, мэйиитэ дөйдө, туох да омуна суох тоҥ күөс холобурдаах таалан турда».Кыыһа ыалдьыбытыгар «бастаан муустаах уунан саба ыспыта. Туһалаабатаҕа. Онтон ынах кэнэҕэскитинэн саба бырахпыта. Эмиэ туһалаабатаҕа. Онтон ууга умсары аспыта. Бэл, ол туһалаабатаҕа, хата, кыыһа чачайан өлө ссыспыта…» «…Килэйбит-халайбыт дьиэ да дьиэҕэ, улаҕата-уорҕата биллибэт уорукка үктэнним».«…хамсалаах табаах быстыҥа айахпын аллаччы аппытынан турдум..»«…үөрэх-хаар, билии-көрүү, баллайар баһаам киһитэ дьэ мин турдаҕым. Барытын билэбин, бүтүннүүтүн ырытабын,үөрэх-хаар, билии-көрүү, ол дьэ миэхэ баар!» Дьону ойуулааһын Тэҥнээһин «Эмээхсинэ тарбаамахтаабыта, көлөһүнүн тоҕута тыыппхтаабыта, моҕотой эриэнин курдук, тараанньыктанан көһүннэ». Күһүҥҥү хатааһын сарсыарда тахсыбыт чолбон курдук уоттааҕынан көрбүт эр бэрдэ, элик үтүөтэ (олус сытыы сирэйдээх-харахтаах киһи). метафора «Макаар – балаҕан баһылыга, алаас ытык иччитэ…» «…Эмиэ мин курдук эҥин араас кымньыынан сискэ курбуулаппыттар, ураҕаһынан оройго оҕустарбыттар олороохтууллар ахан эбит (ыарыһахтар). Айымньы идеята – диэн айымньы сүрүн санаата, суруйааччы айымньытын туох сыаллаах-соруктаах суруйара. Олох дьон сыһыаныттан тутулуктаах. Үтүө, эйэҕэс, сайаҕас эрэ сыһыан үтүөнү үөдүтэрин, хайа баҕарар киһи билбэт-көрбөт эйгэтигэр эмискэ киирэн тугу эмэ туруулаһар, быһаарсар буоллаҕына, эбиитин Макаар курдук хаҕыс сыһыаҥҥа түбэстэҕинэ, «акаары» курдук буолуон сөп. Билиҥҥи үйэҕэ харчы туһуттан киһи киһиэхэ сыһыана уустугурда. Албын-түөкэй быһыы үксээтэ, киһи киһиэхэ эрэммэт түгэнэ үгүс. Ааптар атын билбэт дьоҥҥор тута итэҕэйэр сороҕор эрэйдээх буолуон сөп диэн суруйар. Ону таһынан, төһө да үөрэхтээх буол, сымыйаҕа киирэн биэрэриҥ-биэрбэтиҥ бэйэҕиттэн тутулуктаах диэн этэр. Сүбэлэр: Билиҥҥи билииҥ таһымынан муҥурданыма, олоҕу кытта тэҥҥэ сайын. Икки тылы булкуйбакка ыраастык саҥарарга дьулус, дьону кытта кэпсэтэргэр, өйдөһөргөр туһалыа.Киһи доруобуйатын көрүнүөхтээх, балыыһаҕа сатаан сылдьыахтаах. Дьоҥҥо болҕомтолоох буол. Кырдьаҕас дьону ытыктаа.Билбэт дьонуҥ саҥата барыта кырдьык буолбат, албыҥҥа киирэн биэримэ.Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат. Ыарахан түгэҥҥэ билэр дьонуҥ көмөлөһүөхтэрин сөбүн умнума. түмүк Егор Неймохов Суорун Омоллоонтон сатирическай айымньыны суруйууга үөрэммит.Е.Неймохов сатирическай кэпсээни суруйуу уратытын: күлүүлээх түгэни, уобараһы, тылы-өһү сатабыллаахтык туһаммыт. Киһи киһиэхэ хайдах сыһыаннаһарыттан олоҕо улахан тутулуктаах эбит.