Сценарий классного часа Букубаар быраьаай


Уруок – бырааһынньык«Буукубаарым, баһыыба!»
Тиэмэтэ: «Бала5ан ыйын 1 кунэ»
Дьарык сыала: Букубаар – билиигэ сирдээбит кинигэ буоларын ейдетуу.
Дьарык соруктара:
- аахпыт кинигэ5э тапталы инэрии;
- хартыыналар кемелерунэн кыра проект оноруу;
- тереебут дойдуга, а5а саастаах дьонно утуе сыьыаны иитии.
Дьарыкка туттуллар тэриллэр: хартыыналар, ручка, харандаас, клей, проектор, интеракт. доска.
№ Дьарык түһүмэхтэрэУчуутал дьайыыта Иитиллээччи дьайыыта Үөрэх дэгиттэр дьайыылара (УУД) Кэтэһиллэр түмүк1 Тэрээьин
Турукка киллэрии 1* -Үтүө күнүнэн !- О5олоор, бүгүн настырыанньа5ыт хайда5ый?
- Уербут сирэйгитин кердерун.
Билсиһии
Дьарыкка бэлэмнэнииырбайалларБилсиһии.
Бодоруһуу.
Үтүө сыьыан, сиэрдээх майгы, өй-санаа олохсуйуута.
Учуутал кеметунэн сорук туруорунуу.
Бэйэтин санаатын этэр.
Билэрин билбэтин арааран ейдуур.
Онорбут улэтин хонтуруоллуур, ырытан керер.
Дьону кытта алтыьа уерэнэр, улэлиир.
Үтүө сыьыан, сиэрдээх майгы, өй-санаа олохсуйуута.
Тумсуулээх буолуу
2 Сыалы – соругун туруоруу 2* - О5олоор, бугун туох кунэй?
Бугун биьиэхэ бырааьынньык. О5олоор, аан бастакы кинигэ5итин аа5ан, уерэтэн бутэрдитигит.
Кинигэбит аатын бары тэннэ эттибит - «Буукубаар!»
«Баьыыба буукубаарым!» диэн уруокпутун са5алыа5ын! Бу уруокка, о5олоор, «Буукубаартан» тугу билбиккитин, сатаабыккытын санатыһан керуехпут. Боппуруостарга эппиэттииллэр-о5олор эппУчуутал кеметунэн дьарык тематын арыйар.
Сыал – сорук туруорарга холонорБол5омтолоох буолуу3
Уруок –бырааһынньык
тематын арыйыы2* - Керун эрэ, о5олоор, эьиэхэ кимнээх эрэ ыалдьыттыы кэлбиттэр. (Фишкалар- дор5оон бэлиэлэрэ).
Теманы суруннээьин Буукубаар эьигини туохха уерэттэ:
- дор5оон араарга- буукубалары- тыллары аа5арга
- тыллары суруйарга
- тыллары сааьылаан этии онорорго- кэпсээни аа5арга
- хоьоон аа5арга. Санаатын этэрХоьоон аа5аллар
«Буукубалар» Yерэтиллибит билиини санатыьыы«Букубаар бастын до5оро» Күндү оҕолор, буукубалары үчүгэйдик үөрэппиккит, билбиккит. Билигин аны миигин билиигитинэн үөрдүөхтээххит. Мин тугу ыйытарбын өйдөөн истиҥ уонна илиигитин уунан эппиэттээҥ:
Бу туох бэлиэлэрий? (а/д, б/д, дифтонг )Хас кылгас аһаҕас дорҕоон баарый?(8)
Хас уһун аһаҕас дорҕоон баарый?(8)
Хас дифтонг баарый?(4)
Ханнык аһаҕас дорҕоону бэлиэтиир буукубалар нууччаттан киирбиттэрий?(я, е, ё, ю)
Ханнык бүтэй дорҕоону бэлиэтиир буукубалар нууччаттан киирбиттэрий? (в, ж, з, ш,щ,ь, ъ,ф)
Дорҕоону бэлиэтээбэт ханнык буукубалар баалларый?(ь,ъ)
Бу ханнык буукубаларый? (Б,б)
Бу ханнык буукубаный?(ҥ) Тоҕо соҕотоҕуй? ( киниттэн саҕаланар тыл суох)
Өссө наар кыраттан суруллар саха тылыгар ханнык буукубалар баалларый? ( ҕ,һ,й)
Саха алфавита барыта хас буукубалааҕый?(40)
Бу ханнык сурук бэлиэтэй?(.) Кини ханна турарый? ( Этии кэннигэр) Сөп, туочука кэннэ ханнык буукубаттан суруйабытый? (улахан)
ФИЗКУЛЬТМИНУТКА
«Таьыныахха» оонньуу- Таьыналлар, ким баар.
- Таьыналлар, ким минньигэстик аьыырын себулуур.
- Таьыналлар, ким биирдэ да5аны уруокка хойутаабатах.
- Таьыналлар, ким каникулы себулуур.
- Таьыналлар, ким уерэнэрин сэбулуур.
- Таьыналлар, ким угугэй настырыанньалаах. Таба суруйар.
Уопсай улэгэ кыттар.
Аахпыты ахтыыОонньуу «Бастын аа5ааччы» Маладьыастар, мин билигин аахпыт кэпсээннэрбититтэн быһа тардыылары ааҕыам, эһиги, ханнык айымньыттан аахпыппын таайыахтааххыт.
- Кини сытыы- хотуу уолчаан. Өстөөхтөрү чуо- бааччы булла. ( Чөөчө)
- Кини үллүбүт, үллэн испит. Хабах саҕа буолбут. Онтон эмискэ «паа-ыс» гына түспүт.(баҕа)
- Ытаама, - диэтим мин. Ытыспын дэлби сылыттым. Онтон кини имин соттум, соттум, соттум.(Тымныы күн)
- Бэргэһэтин устан, мэкчиргэни бырахпыт. Сыыһан кэбиспит. (Бээчэ бэргэһэтэ)
- Кини мэниктээн хапкаан иһигэр-таһыгар ойо сылдьыбыт. Арай хапкаан эмискэ «лап» гына түспүт. (Мэник муҥур)
- Саас көтөрдөр эмиэ хоту дойдуга эргиллэн кэлбиттэр. Көрбүттэрэ, төрүт да тоҥон өлбөтөх. Түүтэ өҥө эбии тупсубут. Тыс этэрбэс кэппит. Хараҕа кытарыар диэри уойбут.( хабыйахаан)
- Дима эбэтигэр кыларыйар кырдьыгы эттэ. Кини, мэлдьэспитэ буоллар,икки буруйу оҥоруо этэ. (чааскы) Аахпыт кэпсээннэрин теье ейдеен хаалбыттарын бэйэ сыаналаныыБэйэни билиитин сыаналаныыБукубаарга аахпыт кэпсээннэрбин теье ейдеетум?
Букубаарга нойосуус уерэппит хоьооннорбун теье билэбин?Буочарым
Буукубалар суруллуутун теье тутуьабыный? Номинациялары туттарыыДьэ, оҕолоор, быраһаайдаһар кэммит тиийэн кэллэ, бырааһынньыкпыт түмүгэр эһиэхэ анаан номинациялары анаатым.
«Бастыҥ буочардаах» - А.Эдик«Сэргэх ааҕааччы» - Б.Данил«Саамай кичэйэн ааҕааччы» - В.Эрхан«Хоһоону айымньылаахтык ааҕааччы» - М.Саян«Кыһанан аа5ааччы» - М.Алёша«Кинигэ бастыҥ до5оро» - И.Игнат«Букубаар бастыҥ до5оро» - Т.Владик
«Бастыҥ ааҕааччы» - А.Владик«Дьулуурдаах аа5ааччы»- А.АртемУчуутал кеметунэн ырыта уерэнэрБилигин оҕолорбут махталларын истиэхпит.
Букубаар: оҕолоор, махталгыт иһин баһыыбаларыҥ. Аны эһиги мин бырааттарбын ааҕыаххыт. Билигин мин кинилэри киллэртиэм. Хоьоон аа5ыыта
«Баьыыба, букубаар!» Сана учебниктары кытта билсиьииБукубаар: Бу кимнээх эбиттэрий , ааҕыҥ эрэ. (саха тыла, литература ааҕыыта)
Саха тыла: Мин саха тыла диэммин. Таба суруйарга үөрэтиэм, ылбыт билиигитин чиҥэтиэм, быраабылалары биллэриэм.
Литература ааҕыыта: мин литература ааҕыыта диэммин. Мин страницаларбар элбэх кэпсээни ааҕан билсиэххит, элбэх сонуну, кэрэни билиэххит, таабырын да таайсыахпыт. Онуоха бары иҥнигэһэ суох ааҕаргыт наада. Эһиги биһигини харыстааҥ, алдьатымаҥ, киртитимэҥ.
Саха тыла: оҕолоор, мин эһиэхэ сорудахтаах кэллим. Болҕойон дуосканы көрүҥ эрэ. Серёжа диэн уол эһиги курдук маҥнайгы кылааска үөрэнэр эбит. Учуутала кылаас, түннүк, Юра диэн тыллары суруйарыгар сорудахтаабыт. Серёжа суруйуутугар сыыһа баар буоллаҕына, көннөрүҥ.
( кылас, түнүк, юра) ( оҕолор көннөрөллөр)
Литература ааҕыыта: мин эмиэ сорудахтаах кэллим, карточкалары биэриэм, ону биир биир ааҕан иһитиннэриҥ эрэ. (оҕолор ааҕаллар) с/т, л/ аа:
Биһиги сорудахтарбытын иҥнибэккэ толорбуккутуттан наһаа үөрдүбүт, маладьыастар. Соруда5ы толорууТумук - Билигин тыл бэриллэр оскуола библиотекарыгар Васильева А.Л.
- Билигин бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэ тылларын тиэрдиэхтэрэ саамай күндү дьоҥҥут, төрөппүттэргит.
- Мин үөрэнээччилэрбин эмиэ бу үөрүүлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлээн туран бэйэм сэмэй бэлэхтэрбин туттарабын. Уонна өссө кыһанан үөрэнэргитигэр, элбэҕи ааҕан билиигит күн аайы элбээн иһэригэр баҕарабын.
Манан бүгүҥҥү мероприятиебыт түмүктэнэр. Биһиги үөрүүбүтүн үллэстэ кэлбиккитигэр, күүс-көмө буолбуккутугар махтанабын.
Көрсүөххэ диэри