Сценарий праздника Букубаар быраьаай 1 класс


Үтүѳ күнүнэн күндү тѳрѳппүттэр, ытыктабыллаах ыалдьыттар!
Бүгүн биьиги бу күһүн оскуола боруогун атыллаан үѳрэнээччи буолбут о5олорбут 2 чиэппэр устата үѳрэнэн, А-тан, Б-тан са5алаан буукубалыын билсиһэн, букубаары үѳрэтэн бүтэрэн, атын кыра кинигэлэри аа5ар кыахтаммыт үѳрүүлэрин, ону таhынан улаатан, кыракый да буоллар «Билии» диэн сугэhэрдэнэн дьииңнээх үѳрэнээччилэр буолбут үѳрүүлэрин үллэстэр түгэннэригэр муhуннубут.
Тѳhѳлѳѳх да күн үбүгэрТэңнэммэт ыар сыаналаахКүндттэн кунду кылаатБаар уьу кун сиригэр.
Кинини уот кыайан сиэбэт,
Уу да сатаан тимирпэт,
Киртэн-бохтон киртийбэт,
Кэмтэн-дьылтан эргэрбэт.
Оннук кылаат кун сиригэрСуос со5отох! Кини аата –
Билии! Кор, кинигэн ыскаабыгарСытар сир бастын кылаата.
«Билии» - диэн сир бастын кылаатыгар маннайгы хардыыны онорбуккутунан, аа5ар-суруйар буолбуккутунан, маннайгы учебниктаргытын – букубаары, нууччалыы букубаары бутэрбиккитинэн.
Кунду о5олорбут! Ис сурэхтэн уорэн-долгуйан туран э5эрдэлиирбин конуллээн!
Монтаж
Ребус таайыы (букубаар)
Кылаас иьигэр Букубаар киирэн кэлэр. О5олору кытта дорооболоьор. (Дорооболорун о5олоор! Мин бугун эьиэхэ бырааьынньыккытыгар куулэйдии кэллим. Барыгытын э5эрдэлиибин аа5ар, суруйар буолбуккутунан!!! О5олоор, миигин кытта буукубалар дойдуларыгар барса5ыт дуо?). Букубаардыын «Буукубалар дойдуларыгар» айанныаххайын.
О5олор группанан олороллор.
О5олор букубаардыын айанна туруннулар. (о5олор миэстэлэригэр тураллар уонна хаамаллар)
1 замок: Аьа5ас дор5ооннор.
- Саха алпаабытыгар хас аьа5ас дор5оон баарый? 8
- киирии аьа5ас дор5ооннор диэн ханныктарый?
- аьа5ас дор5оон хас корунэ баарый?
- уьун аьа5ас дор5оонноох тылларда буланныт суруйун (о5олорго лиис тунэтиллэр).
О5олор букубаары кытта аьа5ас дор5ооннор замоктарыттан тахсан бараллар (эмиэ миэстэлэрин таьыгар тураллар хаамаллар).
2 замок: дифтонг замогар.
- О5олоор, манна хас дифтонг олороро буолуой?
- дифтонг туьунан кыра остуоруйата айан коруоххэйин (ыа, иэ, уо, уо).
Остуоруйа ханнык тылтан са5аланарый? (былыыр былыр)
Билигин биьиги ханнык замоктан кэлбиппитий? (аьа5ас дор5ооннор)…
Тураллар эмиэ иннин диэки хаама тураллар. Арай корбуппут иннибитигэр куол сытар эбит. Хаибытый?
- О5олоор, билигин биьиги күѳлү харбаан туоруохпут (харбыыр движенияны толороллор).
3 замок: Манна олороллор эбит 28 до5ордуулар. Кинилэр кимнээхтэр буолуой? (бутэй дор5ооннор)
- кыратык сынньана туьуоххэ бу замокка (Таабырын таайсыыта).
- О5олоор, биьиги бары до5ордоохпут, бары пааралаахпыт. Бу замокка эмиэ пааралар бааллар. Ханнык бутэй дор5ооннор паараларын билэ5итий? (Б-П, Д-Т, 5-Х, Дь-Ч, Г-К, h-С )- О5олоор, икки бутэй дор5ооннор сэргэстэьэ турар буоллахтарына биьиги туох диэн ааттыыр этибитий? (хоьуласпыт бутэй дор5ооннор)
- оссо ханнык коруннэргэ арахсаллар этэй бутэй дор5ооннор? (Ньиргиэрдээх, ньиргиэрэ суох, сымна5ас уонна кытаанах).
4 замок: Туран хаамаллар. Тиийэн кэллибит биьиги бутэьик замокпытыгар.
- О5олоор, бу замокка олороллор эбит до5ордуу буукубалар. Кинилэр олох хаьан да этиспэттэр, эйэлээх буукубалар. Кинилэри холбоон алпабыыт диэн ааттыыллар эбит.
- О5олоор, саха алпаабытыгар хас буукуба баара буолуой?
Букубаар о5олорго махтанар.
P.S. Ыалдьыттарга оонньуу (чабыр5ах), оголор буочардарынан бэйэлэрин оголорун улэлэрин булаллар.Э5эрдэ номер
1 номер – Захаров Андриян «Ат»
2 номер – Петрова Маша
3 номер – Ырыа «Букубаар быраьаай»
Хоьоон бары:
Дор5оонтон буукуба таьааран,
Букваттан тыл онорон,
Аахтыбыт биьиги суругу,
Бутэрдибит букубаары.
Мантан са5аламмыта
Маннай аа5ыыбыт
Ча5ыл сырдыкка Тардыhыыбыт.
Эн биьиэхэ биэрдин билиини,
Эн биьиэхэ ууннэрдин кынаты.
Онтон биьиги аахтыбыт
Атын араас кинигэлэри.
Букубаарбыт барахсан, баьыыба,
Баьыыба бары учугэйгэр,
Учугэй кэпсээннэр, сэьэннэр Учугэй хоьооннор, ойуугар.
Букубаар быраьаайдаьар.
(махталгыт иьин баьыыбаларын. Эьиилги уорэх дьылыгар оскуола5а сана киирэр о5олору суруйарга, аа5арга уорэтиэм!)