Сценарий проведения праздника Букубаар , быраьаай!
«Букубаар, быраьаай!» бырааьынньык сценарийа
Киэц суолга сирдээбит
Кэпсиир кэрэ Букубаар
Аа5ар буола уерэммит
Букубаарбын бутэрдим
Билбэтэхпин билэммин
Билиим-керуум урдээтэ
Букубаарбын аьаммын
Кичэйэммин аа5абын.
Бала5ан ыйын 1 кунугэр 6 кырачаан уерэнээччи Хадан орто оскуолатыгар, билии-керуу аартыгын арыйан, уьун-киэц суолга турунан, уерэнэ киирбиттэрэ. Кинилэр 7 саастарын туоланнар, саца суумка сугэннэр оскуола диэн дьиэ5э, Билии дойдутугар айацца туруммуттара, уерэнээччи урдук аатын сукпуттэрэ. Бастакы до5оргутунан, аа5арга, суруйарга уерэппит кинигэ5итинэн Букубаар буолбута. Ханнык ба5арар киьи бу билиигэ-керуугэ уьуйбут кинигэтин «Букубаарын» хаьан да умнубат. Эьиги эмиэ уйэ-саас тухары умнубаккыт буолуо дии саныыбын. Букубаар биьиэхэ араас себулуур кинигэлэрбитин аа5арбытыгар олук уурда, кыах биэрдэ.
Оскуола5а уерэниэм
Сэттэ сааспын туоламмын,
Син улааппыт киьибин.
Ийэм миэхэ миичээрдиир,
Имэрийэр: «Уерэн!»- диир.
Саца форма кэтэммин,
Саца суумка сугэммин,
Саца суолга киирэммин,
Саца киьи турабын.
«А»-тан, «Б»-тан са5алаан,
Аа5ыам уонна суруйуом,
Арахпакка суоттуом, ойуулуом.
Билии-керуу кылаатын
Бииртэн биири арыйыам,
Уерэх урдук чыпчаалын
Уеьэ ере дабайыам.
-Кунду о5олор, убаастабыллаах тереппуттэр! Дьэ, мацнайгы уерэххэ ыцырбыт кинигэбитин, букубаары кытта быраьаайдаьар куммут ууннэ. Олох соторутаа5ыта кырачаан дьоннорбут оскуола боруогун атыллаан мацнайгы кылааска уерэнэ кэлбиккит. Оттон билигин керуц эрэ, хайдах курдук биьиги о5олорбут улааппыттарый, уларыйбыттарый. Бу манна барытыгар эьиэхэ кемелесте, эьигини аа5арга, суруйарга уерэттэ, элбэх билиини ыларга кынаттаата мацнайгы кинигэ5ит «Букубаар».
«Буукубалар оонньууллар»
Буукубалар оонньууллар
Бытарыьа сырсаллар
Арыт мээчик хапсаллар
Арыт куннээн тусталлар.
Араастык да оонньууллар
Куораттары туталлар
Космонавт буолаллар
Муораларга усталлар.
А
Аана алаадьылаары,
Арылаан аьатаары,
Ампаары аьаары, ааны аьаары:
-Аа! Айака! Ааммыт,
Ааныттан аьыллыбат,
Абатын даа!-диэтэ,
Аа-дьуо хаамта.
Дь
Дьэдьэни дьааьыкка дьаарыстаа,
Дьааьыктаах дьэдьэни харыстаа-
Дьиэбэр ийэбэр
Дьэдьэммин илдьиэ5им.
Дьиэбэр эдьиийбэр бэрсиэ5им.
Ц
Тэцкэ5э чарацца
Тэтиццэ хатыццы
Тиит тиит барахсан
Тэрэцниир
Чэрэцниир.
Куьуццу хаьыцтан
Кыьыццы чысхаантан
Тиит тиит барахсан.
Тэрэцниир
Чэрэцниир
Кеп туулээх тацастаах
Кей элбэх хаьаастаах
Тииц-тииц барахсан
Тэрэцниир
Чэрэцниир.
О
Оо! О5олоор!
Оонньоомо
Тохтоо!
Ороццо олорор
Оонньуур оцорор
О5онньорго отонноо, отонноо!
П
Паапам ыыппыт куораттан
Полина5а тууппулэ,
Пана уолга саппыкы,
Миэхэ уоттаах пистолет!
Пистолеттан биэртэлиэм;
Пус! Пас!
Пус! Пас!
Пистолеттан сыыспаппын,
Мээлэ, бэйдиэ ыппаппын.
Х
Халыц тыа5а
Хаххан о5онньор
Харах бе5е буолан
Хахха сиргэ олорор.
Хаххан токур тумустаах,
Хаххан туулээх атахтаах,
Хаххан куустээх атахтаах,
Хаххан арбах уйалаах.
Бугун букубаарбыт бырааьынньыгар биьиги саамай кунду дьоннорбут, тереппуттэрбит ыалдьыттыы кэлэн олороллор. Биьигини аа5арга, суруйарга уерэппит «Букубаарга» улахан махталбытын тиэрдэбит. Билигин биьиги тереппуттэрбитигэр бэйэбит билиибитин кердеруехпут.
Арылхан: Букубаар
О5олоор,
Утуе до5ор
Бу баар-
Букубаар.
Кэпсээнэ элбэ5э,
Кэрэхсэбилэ:
Ойуута кэрэтэ-
Олус да эбит ээ!
Бу тураллар
Бедец буукубалар:
А-лар, Ы-лар
Ат-тар, ыт-тар.
Максим:
Мантан са5аламмыта
Мацнай аа5ыыбыт.
Ча5ыл сырдыкка
Тардыьыыбыт.
Алина: Уерэнэ барабын
Кинигэм ойуутун
Таптааммын керебун,
Ойуута хойуутун
Олуьун се5ебун.
Кинигэм лиистэрин
Марайдыам суо5а мин,
Учуутал кэпсиирин
Чуумпуран истиэ5им.
Киртийиэ ырбаахым-
Мин бэйэм сууйуо5ум.
О5олоор, ыраастык
Куруутун туттуо5ум.
Сотору оскуола
Киэц аана аьыллыа,
Сурдээ5ин уерэбин,
Ол куну куутэбин.
Ванесса: Учугэй уерэнээччи
Кулэн-уерэн кун аайы
Оскуолабар кэлэбин.
Сырдык кылаас киэц аанын
Арыйаммын киирэбин.
Учууталым этиитин
Уруоктарга истэбин.
Тугу кини кэпсиирин
Тута ейдеен иьэбин.
Учугэйдик уерэнэн
Уерэх дьылын тумуктуем.
«Дьоьун о5о» дэтэммин
Дьоммун уердуем-кетутуем.
Барыгытын аптаах «Букубаар» диэн айацца ыцырабын.
1 станция «Алфавитово»
Саха тылыгар хас аьа5ас дор5оон баарый?
Саха тылыгар хас бутэй дор5оон баарый?
Саха тылыгар хас хоьуласпыт бутэй дор5оон баарый?
Саха тылыгар хас уьун аьа5ас дор5оон баарый?
Саха тылыгар хас дифтонг баарый?
2 станция «Слово»
Буукубалары холбоон тылла таьаарыц
Тылы таба суруйуц
Кэпсээни таба аа5ыц
3 станция «Загадочная»
Кутаа уот да буолбатар сылытар баар уьу.
Арыйан истэх аайы
Абылыыр кэрэ дьиктилээхпин
Ей-санаа дыбарыаьабын
Ецнеех суумка дьиэлээхпин
Хайа ким билэрий?
Хайалара эбиппиний?
Ууттан теруур да, ууга киирдэ5инэ сутэр баар уьу.
«Кутуйахсыт» аатырабын, алта буукубанан суруллабын.
Уруьуйдуурга, суруйарга
Улахан наадалаахпын
Быьа5ынан уьуктуургар
Бука сэрэниэх тустааххын
Хайа ким билэрий?
Ааппын этэн биэрэрий?
Бары дьону барытын тацыннарабын да, бэйэм сыгынньах сылдьабын диир баар уьу.
Тара5ар кыьыл тараахтаахпынан
Тараанан кере иликпин
Куустээх тэбиик атахпынан
Куну быьа улэлиибин
Ханнык кетер эбиппиний?4 станция «Сказочная»
Муус-муус куустээххин дуо?
О5онньордоох эмээхсин сылаастык тацныбыттар, таьырдьа тахсыбыттар. Хаарынан сыбааннар хаар кыыс оцорбуттар. Онтулара уостара кытарбыт, харахтара аьыллыбыт…
Эьэлэр киирэн кэлбиттэр. Михайло Иванович хаьыытаан то5о барбыт:-Ким мин ороммор сыппытай, ким мин ороммун ысрытай?
Биирдэ ийэтэ бэрэски буьарбыт уонна кыыьыгар эппит:-Тоойуом, эбээ5эрбэрэскитэ уонна суегэйдэ илдьэн биэр, доруобуйатын ыйытаар.
4 станция «Школьная»
О5олоор, эьиги оскуола5а тугу илдьэ барагытын теье билэргитин билигин билиэхпит.
Уруучуканан суруйарга бэлэмниибит биьиги… (тэтэрээт)
Ким эьиги альбомцутун кырааскалыай араас ецунэн… (харандаас)
Уруучука,харандаас угарбар, куруук илдьэ сылдьабын… (пенал)
Кене-токур кенену, сепке-кене тардарга, кемелеьер биьиэхэ… (линейка)
Соруда5ы суруйан, тереппуттэргэ тириэрдэр, халыц хахтаах… (дневник)
Элбэх сонун кэьиилээх, дьикти араас кэпсээннээх, уьун-кылгас хоьооннордоох, суруйарга сорудахтаах… (букубаар)
5 станция «Вспоминайка»
До5ордуу дьоццо
Ыарахан чэпчиир
Ыраах да чугаьыыр.
Кини тыа иьигэр киирбит. Арай маска мэкчиргэ олорор эбит.
Кини мэниктээн хапкаан иьигэр-таьыгар ойо сылдьыбыт. Арай хапкаан эмискэ «лап» гына туспут.
Зина иьитин тыаьатар, оччо5о хас да зебра уонна зубр сырсан кэлэллэр.
Фая кыыс эбэлээх. Арай биирдэ эбэтэ ыарыйда. Кини киэьэнэн олус бэргээтэ. Кыыс ыксаата.
Аввакум онно эмиэ
Вагону оцорсор
Былааннаах улэни аьары толорор.
6 станция «Грамотная»
Уу тоцно5уна туох буоларый?
Кыьын халлаантан туох туьэрий?
Биьиги кылааска 3 кыыс уонна ким баарый?
Аа5арга, суруйарга уерэппит ханнык кинигэний?
Саамай учугэй сыана?
Уруучуканан туохха суруйабытый?
Туох урдугэр кинигэ турарый?
-Дьэ манан, биьиги айаннаан бутэбит. Тылы «Букубаарга» биэрэбин.
Дор5ооннору уерэттим,
Буукубулары биллэрдим,
Элбэх тылы суруйтардым,
Этии, кэпсээн аахтардым.
Угус ойуу кердугут,
Уерэн-кетен сехтугут,
Кэрэхсээццит, сэргээццит,
Кэпсээннэрбин биллигит.
Таптаан хоьоон аахтыгыт,
Таабырыммын таайдыгыт.
Аны араас кинигэни,
Аа5а сылдьыц эьиги,
Умсугуйан уерэниц,
Оскуоланы бутэриц,
Ол эрээри бука бары,
Умеаайа5ыт Букубаары.
-Билигин бары бол5ойуо5уц! Ким биьиэхэ ыалдьыттыы кэллэ!
Саха литературата
Кинигэ5ит ойуутун
Кэрэхсээццит керуц
Кинигэ5ит лиистэрин
Киртиппэккэ туттаарыц.
Учууталгыт кэпсиирин
Чуумпураццыт истээриц
Араас дьикти элбэ5и
Билэн-керен иьээриц!
-Билии- керуу аартыгын,
Бииртэн биири арыйыц,
Уерэх урдук чыпчаалын,
Уеьэ ере дабайыц диэн э5эрдэ тылы биэрэбин нэьилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйигэр Раиса Алексеевна5а.
Учууталгыт кэпсээнин,
Чуумпураццыт истээриц,
Эцин араас дьиктини,
Эбии билэн иьээриц-диэн э5эрдэ тылын тиэрдэр оскуола администрациятыттан________________
Э5эрдэ тылы тереппуттэргэ биэрэбин.____________________________________________________
-Манан биьиги бырааьынньыкпыт тумуктэнэр. Ба5арабыт барыгытыгар доруобуйаны, ситиьиилэри уонна дьоллоох оло5у.