Сценарий праздника Буукубаар баьыыба


Олунньу 22 күнэ
БУУКУБААР, БАҺЫЫБА!
Туттуллар тэриллэр-проектор, буукубалар, карточка, ручка, цв. кумаа5ы, кыптый, клей, алфавит, фломастер, ыраас илиис.
Бүгүн бырааһынньык. Биһиги маҥнайгы кинигэбитин “Буукубаары” бүтэрбиппитин бэлиэтиир күммүт. Бука барыгытын бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээн!
Билигин биһиги 1 кылаас үөрэнээччилэрэ тугу этэллэрин истиэҕин.
Киирбиппит биһиги оскуолаҕа
Балаҕан ыйын бастакытыгар
Бары суумка сүгэммит
Үөрэнээччи буолбуппут.
Биһиги ааҕар буолан
Буукубаары бүтэрдибит.
Махтал баһыыба тылларын
Бастыҥ атаспытыгар
Бастакы кинигэбитигэр
Буукуубаар барахсаҥҥа этэбит.
Учуутул: Аа5арга, суруйарга үөрэппит
Буукубаарбыт барахсанныын
Быраһаайдаһар буоллубут
Онон туохха үөрэммиппитин
Бары санаан ылыаҕын.
Буукубалар оҕолор
Оонньуулларын таптыыллар
Хам бааччы олорботтор
Көрүлүүллэр, ыллыыллар.
(Оҕолор хоһоон этэллэр)-
А - Мин А диэни билэбин
Үөһэ өттө уһуктаах
Аллараа өттө атахтаах
Ортотунан туорайдаах.
Л - Лена, Лиза, Лина
Алаастан лууктаан кэллилэр
Оттон Лёня балыктаан
Балтыларын күндүлээтэ.
О -Мин О диэни билэбин
Оҕурсу курдук төкүнүк
Оҕуруо курдук бөкүнүк
Уобуруччу курдук төгүрүк.
К - Көмүс күһүн
Күндү күһүн
Күлэн-үөрэн
Көстөн кэллэ.
У - Уус Уйбаан
Уһанар кичэйэн
Уһуннук уһанар
Уус Уйбаан убайбыт.
С- сытыы, сымса
Сүүрүк атамаана
Саас, сайын аайытын
Оскуола чемпиона.
– Ы - Ытанньах Ы
Ыырааҕа ыллыбыт.
Ыл тут таҥнары
Р бэрдэ тахсыыһы
Н -Нонна соно ханнаный
Нонна соно манна
Нонна бэйэтэ ханнаный
Нонна бэйэтэ манна.
– М - Мэкчиргэ түүнү быһа утуйбакка
Маныыр ыйы үрдүк маска.
-Дьэ онон биһиги аһаҕас, бүтэй дорҕоону билэн, холбоон, сүһүөхтээн ааҕар уонна суруйар буоллубут. Оҕолоор бүгүн биһигини манна муспут, бу үөрүүлээх күнү аҕалбыт, ааҕарга, суруйарга үөрэппит бастыҥ доҕорбут Буукубаар.
-Оҕолоор, биһиги Буукубаарбытыттан билбит хоһооннорбутун этиэҕин.
«Ыт” Дьиэтигэр Атас
Сымнаҕас да сымнаҕас
Эккэлии сылдьар
Муннукка сытар
Ойуурга атас
Уларыйар адьас
Түүтүн сахсатар
Тииһин ардьатар
Мэкчиргэ Бэйэтэ эбир
Сирэйэ сэбир
Көрөрө күтүр
Көтөр да көтөр
Күөрэгэй Көрүҥэ дьоҕус
Күөмэйэ көмүс
Куолаһа олус
Ырыата дьүрүс
Алаас киэлитэ
Кини эйгэтэ
Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх
Сёма уол-күөх сүрэх
Сүүс куотар сүбэлээх
Уута бас-диэтэххэ
Уруога элбээччи
Уруоккун диэтэххэ
Оҥорбут буолааччы
Көмөлөс диэтэххэ
Ыалдьыбыт буолааччы
Уолуга нэлэккэй
Хоруйа дэлэгэй
Сёма уол-күөх сүрэх
Сүүс куотар сүбэлээх.
-Аны ааҕан иһитиннэриэҕин. (Хас биирдиилэригэр текст түҥэтиллэр)
Валерия –Ол бэс мас турар.Элбэх хойуу лабаалаах. Бэскэ икки тииҥ олорор.
Юра – Түүн буолар. Тыал мөлтүүр. Сур бөрө үөмэр. Үөр таба үргэр.
Милана – Күн көрөр. Хаар ууллар. Халлаан сылыйар. Хаастар хоту ааһаллар.
Данил – Түүн ый тахсар. Туох барыта утуйар. Арай кутуйах утуйбат. Ону-маны кэрийэр.
Айыллаана-
-Таай, ханнык кэпсээний?
1. Далга күрүҥ ынах от сии турар. (Ынах уонна тураах)
2. Арааһа муна сылдьар туруйа быһыылаах. (Вася Фламинго)
3. Онтон таҥаһын өтүүктээн баран, умнан араарбакка барбыт.(Жучка абыраабыта).
4. Кыһыл уота кыыһырбыттыы көрөн уордайда. (Светофор).
5. Эмискэ халлаантан элиэ кыыл түстэ да.(Чоппуускалар).
6. Уол илиитэ уот аһыйа түспүт. (Ыҥырыа уонна чөкчөҥө).
7. Оттон мин кыысчааным айылҕа тугунан тыынарын өйдүүр уйаҕас сүрэхтээҕиттэн үөрэбин.(Ытыыр хатыҥ).
8. Бултууругар дириҥтэн куттаммакка бултуур.(Үрүҥ эһэ).
- Сүһүөххэ араар.(карточкаҕа тыллары сүһүөххэ араарыы).
Доҕор, иис, ыҥырыа, халлаан
Икки, суу, норуокка, таммах
Алаас, тыы, балаҕан, оттоох
Саас, сибэкки, дорҕоон, атах.
Тылы сөпкө суруй.
Билбэтчэй саас кэлбитигэр олус үөрбут уонна бу курдук өйүттэн суруйбут. Алҕас бөҕөнү оҥорбут. Тугу сыыһа суруйбутун булан, ону көннорөн суруйун.
Саас кэлэ. Күмүт чахылыйа тыкта. Элбэҕ оҕо үөрдэ. Саас өрүс мустара усталар. Саас кэлбитэр дьонор бары үөрдүлэр.(дуосакҕа тахсан суруйаллар)
-Маладьыастар. Билигин биһиги хамаандаҕа арахсан оонньуохпут, биһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ төрөппүттэрбит.
Алфавитынан өс хоһоону таһаарыы.
Кинигэни ааҕар киһи элбэҕи билэр.
14 12 17 12 4 38 17 12 1 1 5 1 23 14 12 25 12 38 15 2 38 12
2 12 15 38 23.
Киһи өйө муҥура суох күүстээх.
14 12 25 12 21 13 21 16 27 18 27 23 1 24 27 20 30
14 28 28 24 26 38 38 30.
Тыллары толкуйдаа.
КЫРААСКАЛААБЫТ диэн тылтан ким элбэх тылы таһаарар эбитий.
Таабырын
БУУКУБААР
- Мин билигин эһиэхэ таабырын таайтарыаҕым, ол таайбыт тылларгыт бастакы буукубаларын суруйан иһээрин эрэ, туох диэн тыл тахсан кэлэрий.
Б – Отой тыла суох оҕолор окур-бокур оҕолор кэккэлэһэ эрэ турдаллар, кэпсээбитинэн бараллар үһү(Буукубалар).
Отоннооҕор оччугуй, оҕустааҕар күүстээх баар үһү.(Буулдьа)
У – Быс да быс быстыбат баар үһү. (Уу)
У - Уһуктаах төбөлөөх төбөтүн оройунан тыынар үһү. (Ураһа)
К – Иккитэ төрүүр, биирдэ өлөр баар үһү (Көтөр)
Илиитэ, атаҕа да суох буоллар, барыга үөрэтэр баар үһү (Кинигэ)
Кутаа да буолбатар сылытар баар үһү (Күн)
Икки төбөлөөх, икки төгүрүктээх, ортотугар кииннээх баар үһү (Кыптыый)
У – Хаҥыл тойон уола хараҕа хааннаах (Улар)
Б – Кынаттаах да көппөт, атаҕа суох да ситтэрбэт баар үһү. (балык)
Саар ыаҕаска солко сап симиллэ сытар үһү.(Баттах)
А – Сырсалла-сырсаллар хайалара да сиппэт баар үһү.(атах)
Күнү быһа хараҕын уутун тоҕор баар үһү. (ардах)
А – Иннинэ-кэннинэн тэбиэлэнэр эмньик кулун баар үһү.(аан)
Р – Ханна да көстүбэт, манна баар курдук буолар үһү. (Радио)
Түргэнтэн түргэн, күүстээхтэн күүстээх, умайар уот тыыннаах улуу бухатыыр сири сэттэтэ эргийбит үһү.(Ракета)

Киһини уруһуйдааһын
- Билигин биһиги хайдах курдук бүгүн үөрбүппүтүн уруһуйдуохпут. Бастаан сирэйэ, хараҕа, мунна, айаҕа, кулгааҕа,баттаҕа, моойо, санна. Оччоҕуна киһи тахсан кэлиэхтээх. (Бастаан оҕолор, онтон төрөппүттэр) Харахпытын баайан баран.
Күммүт сардаҥатын оҥоруу.
-Биһиги кылааспыт иһигэр бэйэбит күннээхпит, кини хайдах үөрэнэргитин көрөр уонна бэйэтин сырдыгыттан, сылааһыттан бэрсэр. Биһиги күммүтүн балаҕан ыйын бастакы күнүгэр үөрэнээччи буолбуппут үөрүүлээх күнүгэр оҥорбуппут, бүгүн биһиэхэ эмиэ үөрүүлээх күн, ол иһин күммүт биһигиттэн эмиэ олус үөрбүт. Билигин биһиги күммүтүгэр эбии сардаҥа оҥоруохпут, оччоҕуна күммүт өссө үөрүө, сырдыа, сылыйыа биһиэхэ үчүгэйдик үөрэнэрбитигэр көмөлөһүө. (Илиилэрин оҥороллор, кырыйаллар. Буукубаар, баһыыба диэн суруйаллар). Үчүгэй буочарбытынан суруйабыт.
Чэ эрэ, оҕолоор, Буукубуурбытыгар махтанаммыт, күммүтүн өссө үөрдээри аны ыллыаҕын. (Ааҕар буолан үөрэбин).
Буукубаарбыт бүтэн биһиги үөрэхпитин салҕыы үөрэтиэҕэ саҥа кинигэбит «Сыккыс”. Сыккыска бааллар араас үчүгэй кэпсээннэр, таабырыннар, ырыалар, уруһуйдар. Олору барытын болҕойон ааҕын, сорудахтарбын суруйун, оччоҕо үөрэхтээх буолуоххут. Сыккыс төрөөбүт тыл кэрэтин билэргэ үөрэтэр. Ааҕын, харыстаан,киртитимэн.