Быьыыба, эйиэхэ Буукубаар! бырааьынньык сценарийа
Д.Д. Красильников аатынан Мугудай орто оскуолата«Баьыыба эйиэхэ, Буукубаар!»
Бырааьынньык сценарийаКылаас салайааччыта:
Данилова С.П.
Мугудай 2013сыл
Буукубаар бырааьынньыгын сценарийа.
«Баьыыба эйиэхэ, Буукубаар!»
Ыытааччы:
-Утуе кунунэн кунду о5олор, тереппуттэр, учууталлар! Бугун биьиэхэ уеруулээх кун – бастакы кинигэбитин Буукубаары тумуктуур куммут уунэн кэллэ!
-Буукубаарбытыгар аныыбыт утуе тыл угуьун, «Махтанабыт эйиэхэ, Буукубаар» диэн бырааьынньыкпытын са5алыырбытын кецуллээн!
-Утуе алгыс тылынан, э5эрдэнэн са5алыа5ын. Бастакы кылаас уерэнээччилэрин э5эрдэлии кэллэ оскуола администрациятын аатыттан директоры иитии чааьыгар солбуйааччы Захарова Анастасия Николаевна.
Ыытааччы:
-О5олор, бугун эьиги бырааьынньыккытыгар остуоруйа геройдарын кытары керсуеххут, бииргэ оонньуоххут-керулуеххут, уерэммит кэммит устата ылбыт билиигитин, сатабылгытын кердеруеххут.
-Буукубааргыт кэнниттэн эьиэхэ саца кинигэ кэлиэ5э. Дьэ, эрэ билсиц. (Сыккыс киирэн хоьоон этэн истэ5инэ… музыка иьиллэр).
Дьээгэ-бааба киирэн уцкуулуур: Мин бырааьынньыктары олох себулээбэппин! Ессе саца кинигэлээхтэр. Мин сатаан да аахпаппын, аа5ыы туох да туьата суох дьыала. Мэниктиирбин уонна о5олору дьээбэлиирбин себулуубун. Хата Саца кинигэ5итин былдьаан ылыахха (диэн баран кинигэни кууьунэн илдьэ куотан хаалар).
Ыытааччы: Хайдах гынабытый? Арба да5аны, саамай кетердертен муударай ханнык кетер баар этэй? (о5олор Хаххан диэн эппиэтттиилэр). Ыытааччы эбэтэр биир о5о хахханы ыцырар, аптаах тыллары теье кыалларынан туьанан.
-Алло, Утуе кунунэн, тыа оскуолата дуо? Баьаалыста хахханы ыцырыаххыт дуо? Биьиэхэ 1 –кы кылаас о5олоругар кеме наада буолла. Кэтэьэбит. Керсуеххэ диэри.
Музыка тыаьыыр. Хаххан уцкуулуу, уцкуулуу киирэр. Илиитигэ халыц да халыц кинигэлэээх.
Хаххан: Дорооболорун, о5олоор! Сура5а саца уерэниэхтээх кинигэ5итин Дьээгэ-бааба былдьаан барбыт эбит. Мин хаьан да арахсыспат до5орум – кинигэ. Ханнык ба5арар боппуруоска эппиэти бу кинигэттэн булааччыбын. (кинигэтин арыйан ) Бээ, эрэ 345 стр. бу боппуруоска эьиг и дьолгутугар эппиэт маннык суруллубут. Дьээгэттэн кинигэ5итин быыьыырга мэьэйдэри ааьан хас да соруда5ы толоруохтаах эбиккит. Сорудахтаргытын эьиэхэ остуоруйа геройдара бэлэмнээбиттэр. Биэрбит бэлэхтэрин мунньан иьээрин.Чэ кытаатын о5олор, бириэмэ баран иьэр. Дьээгэ-бааба ыраатта5а буолуо. Мин кеттум, ыксаатым.
Ыытааччы: Истиэххэйин эрэ, ким эрэ ытыыра иьиллэр. (кулиса иьигэр айдаан, ытыыр саца иьиллэр, ол кэнниттэн музыка иьиллэр).
Король: Мин кыыьым ынырык атаах, туохха да тэьийбэт, ытаа-да ытаа буолар. О5олор, эьиги аралдьыттаххытына, мин эьиэхэ саца кинигэ5итин буларгытыгар кемелеьуем. Аралдьытыц!
Ыытааччы: Чэ, эрэ билигин бастакы кылаас уерэнээччилэрин толоруутугар эьиэхэ анаан, хоьоон «Буукубаларым барахсаттар».
Принцесса: Наьаа ейдеех о5олор, наьаа бэрээдэктээхтэр, кырабыабайдар дии. (Уерэр, кулэр, астынар а5ай).
Король: Эьиги миэхэ кемелестугут. Аны мин бэлэ5им - буукубалары биэрэбин. Ханнык буукубаларый? С,К.
Ыытааччы: Бу буукубалары хайдах гынар буоллахпытый? (Толкуйдуу турдахтарына музыка тыаьыыр Билбэччэй киирэн кэлэр, уцкуулуур).
Билбэччэй: Туох? Ханна? Хаьан? Хайдах? Бу кимнээх олороллоруй? Ха-ха бары то5о манна олордугун?(Ыйыт да ыйыт буолар).
Ыытааччы: Хайа, бэйэтиттэн ыйытыахха эрэ, Баьаалыста эт эрэ эн кимциний?
Билбэччэй: Кимминий мин о5олоор? (Билбэччэй). Миигин Билбэччэй диигит да5аны, син ону-маны билэбин, ээ. Холобура, эьиги билигин туохха наадыйаргытын билэбин. Мин хамсанарбын-имсэнэрбин олус себулуубун, астынабын. Соруда5ым маннык: Олоруоххут дуо? Бары миигин утуктэн хамсанабыт. (Тэтимнээх хамсаныылары оцотторор). Ким да олорон хаалбат.(керееччулэргэ эмиэ соруда5ын толотторор).
Билбэччэй: Этим-сииним сынньанна5ыын! Наьаа учугэй буола тустум. Сорудахпын кехтеехтук бары толорбуккут иьин бэлэхпин биэрэбин, бу буукубалары мин нэьиилэ билбитим. Эьиги билэ5ит дуу?
Ыытааччы: О5олор, оттон эьиги билэ5ит дуо? Ааттаан эрэ. Ы, С.
Ыытааччы: О5олор, биьиэхэ манна урумэччи кэллэ. Илиитигэр урумэччини тутан киллэрэр. Истиэххэйиц эрэ туох диэн ыллыыр эбитий. Урумэччи ыллаан баран.
Айболит киирэр ыллыыр. Урумэччи кынатын тигэр. Урумэччи кетен хаалар.
Айболит: Бу урумэччи сэрэ5э суо5уттан чумэчи уотугар кынатын сиэппит. Эьиги, о5олоор, кини курдук буолумац. Доруобуйабыт туьугар ким кыьаллыахтаа5ый? (Бэйэбит).
Айболит: Уерэнээччи тото-хана аьыахтаах. Соруда5ым маннык: Мин ас бе5етун а5аллым, карточкаларбын барытын буккуйабын. Эьиги бу астары икки белеххе: туьалаах уонна буортулаах астарга араарыахтааххыт. …
Айболит: Саамай сеп. Маладьыастар!Мин эьиэхэ бэлэ5им Ы, К – буукубалар. Саца кинигэ5итин тургэнник буларгытыгар ба5арабын.
Ыытааччы: Айболит киьиэхэ саамай наадалаах, доруобуйа туьунан кэпсээн барда. Махтанабыт эьиэхэ!. Манан сорудахтарбыт буттулэр. Аны , о5олор, толкуйдуоххайыц эрэ, барыта хас буукуба буолла? Суоттуоххайын эрэ? (6 буукуба). Ханнык тыл тахсар эбитий? (Сыккыс).
Ыытааччы: Бол5ойуц, ерейуц-черейуц! Сыана5а ыцырабыт бастакы кылаастар саца аа5ар кинигэлэрин, Сыккыьы! (фанфар тыаьыыр).
Сыккыс киирэн хоьоон этэр:
Утуе кунунэн, о5олор!
Мин Сыккыспын.
Эьиги аа5ар кинигэ5ит буолуо5ум.
Миигин бол5ойон, интэриэьиргээн аа5аарын,
Оччо5о билиэххит элбэ5и,
Ейдуеххут угуьу!
Сыккыс кинигэтин биэрэбин,
Ол эрээри эьигиМиигин харыстаарын,
Илиистэрбин киртитимээрин!
Уерэнээччилэргэ кинигэ туцэтэр. О5олор махтаналлар.
Ыытааччы: Керуц эрэ, о5олор, Дьээгэ-баабаны остуоруйа геройдара тараччы тутан иьэллэр.
Дьээгэ-бааба Ити баар дии таайыахтара суо5а дии санаабытым.
Дьээгэ-бааба: Аата учугэйин, барыларыгар кинигэ биэрдилэр, оттон миэхэ суох…
Дьээгэ-Бааба хомойор, ытыыр, айманар.
Ыытааччы: О5олор, хайдах гынабытый?
Сыккыс кемускэьэр: Дьээгэ эмиэ кинигэ бэлэхтиэххэ, кини кинигэни аахта5ына эьиги утуе санаалаах буолуо5а диэн эрэннэрэбин.
Тереппуттэр ааттарыттан тылы биэриэххэйиц Е.И.Михайлова5а. Буукубаары аа5ан бутэрбит бырааьынньыккытынан бэйэтин музыкальнай э5эрдэтин тиэрдэр М.Е.Дьячковская.
Ыытааччы: Кунду ыалдьыттар, билигин 1-кы кылаас о5олоро бэйэлэрин э5эрдэлэрин тиэрдиэхтэрэ.
Эьиги иннигитигэр кылаас кыргыттарын толоруутугар ырыа « «А» буукубаны суруйабын».
Э5эрдэ 2 кылаасИнсценировка «Уоьа хараарбыт».
Э5эрдэ 3 кылаасКунду бастакы кылаас уерэнээччилэрэ, эьигини э5эрдэлии кэллэ оскуолабыт библиотекара Макарова Т.Г.
Трио уолаттар толорууларыгар.
Уцкуу «Восточный танец».
Э5эрдэ 4 кылаас«Чабыр5ах» алын кылаас уерэнээччилэрин толоруутугар.
Ийэлэргэ, а5аларга махтал! (бэлэх туттарыыта). Музыка «Мама». Учуутал э5эрдэлиир, о5олор сюрпризтарын туттараллар.
Хоьоон. «Буукубаар, быраьаай!» Кереччулэргэ шариктарын кетутэллэр.
Ыытааччы: Манан биьиги «Баьыыба, эйиэхэ Буукубаар» бырааьынньыкпыт тумуктэнэр. Бырааьынньыгы тэрийсибит кунду тереппуттэрбитигэр, учууталларбытыгар дириц махталбытын тиэрдэбит. Уоруубутун уллэстибит ыалдьыттарбытыгар ба5арабыт доруобуйаны, ситиьиини! Эфиргэ керсуеххэ диэри!
Программа:
Ырыа « «А» буукубаны суруйабын».
Э5эрдэ 2 кылаасИнсценировка «Уоьа хараарбыт».
Э5эрдэ 3 кылаас. Ырыа «Учууталбар»
Эьигини э5эрдэлиир оскуолабыт библиотекара Макарова Т.Г.
Трио уолаттар толорууларыгар.
Уцкуу «Восточный танец».
Э5эрдэ 4 кылаас«Чабыр5ах» алын кылаас уерэнээччилэрин толоруутугар.
Ийэлэргэ, а5аларга махтал! Э5эрдэ.
Хоьоон. «Махтанабыт эйиэхэ, Буукубаар!»