Текст по теме агрокомпонент на уроках КНРСЯ


II респуликатааҕы педагогическай агроааҕыылар
Саха Республикатын норуоттарын культуратын уруоктарыгар агрокомпоненнары киллэрии
Толордо: Амма улууhун
А.Е.Кралин аатынан
Абаҕа орто оскуолатын
төрүт культураҕа учуутала
Адамова Мария Ивановна
Майа 2017
"Саха Республикатын норуоттарын культуратын уруоктарыгар агрокомпоненнары киллэрии" дакылаат тезиhэ
"Дьон өйүн-санаатын, майгытын-сигилитин тупсарбакка эрэ, экономиканы өрө көтөҕүөххэ сатаммат. Норуо төрүт үгэстэрин умнубут, иhэхтэригэр тэпсибит, үтүө быhыыны, чиэhинэй майгыны биhирээбэт буолбут, айар үлэни туhата суох бурҕалдьы курдук саныыр дьонунан, төhө да үгүс сөптөөх уураахтары таhаарбыппыт иhин, син биир кыайан өнүйүөхпүт суоҕа", - диэн этэн турардаах саха саарына Софрон Петрович Данилов.Онон билиҥҥи кэмҥэ оскуола сүрүн сыалынан билиини эрэ биэрии буолбакка, оҕону олох билиҥҥи ирдэбилигэр сөп түбэhиннэрэн дьоҕурун, сатабылын сайыннаран, олоххо бэлэмнээх киhилии киhини иитэн таhаарыы буолар. Оттон агрохайысхалаах оскуола уратыта диэн үөhэ этиллибиккэ эбии оҕону тыа сиригэр бэйэтин кыаҕын таба салайынан "сатаан" олорорго иитэн-үөрэтэн таhаарар аналлаах.
Саха Республикатын норуоттарын культурата предмет агрооскуола ыччаты "Тыа сирин хаhаайына" гына иитэн таhаарар сыалыгар быhаччы сыhыаннааҕынан улахан көдьүүстээх уонна суолталаах буолуон сөп.
1. Бу предмеккэ тыа сирин кытта ситимнээх темалар кылаас ахсын баалларынан.
5-с кылааска "Саха төрүт дьарыга", "Саха уран уус" түhүмэхтэргэ сылгыны, ынах сүөhүнү иитии өбүгэ саҕаттан хайдах сайдан кэлбитин, саха норуотугар суолтатын, саха киhитэ барыны бары сатыыр уран тарбахтаах уус буоларын үөрэнээччи өйдөөн, ылынан, кутугар-сүрүгэр иҥэринэрин ситиhэргэ дьулуhуллуохтаах. 5-6 кылаас оҕотугар итэҕэтии үлэтэ күүскэ барар (Метод убеждения). Аныгы үйэҕэ оҕолор дьиэлэригэр чааhынай хотонноохторунан, дьонноругар көмөлөhөн, хотоҥҥо үлэлииллэриттэн, ынаҕы ыылларыттан да кыбыстар түгэннэрэ баар суол. Өскөтүн оҕо кыра эрдэҕиттэн кыбыста улааттаҕына, улаатан да баран тыа сиригэр олохсуйан сүөhүлэнэргэ-астанарга баҕаран, дьулуhан кэлэрэ саарбах. Дьэ, манна учуутал оҕо ити үөhэ этиллибит үлэлэри сатыырыттан кыбыстыбакка, киэн туттарын ситиhэ сатыахтаах дии саныыбын. Ол туhугар чааhынай хаhаайыстыбалаах буолуу аныгы үйэҕэ суолтатын өйдөтүү, итэҕэтии үлэтэ барыахтаах. Бастакынан, доруобуйаҕа суолтатын өйдөтөргө сылгыттан, ынах сүөhүттэн ылыллар ас туhата, эмп-томп арааhа, кылтан сиэлтэн оҥоhуктар туhалара диэн уо.д.а. темаларга араас хайысхалаах чинчийиилэри, бырайыактары, үлэлэри оҥорторуохха сөп. Иккиhинэн чааhынай хаhаайыстыбаттан киирэр дохуоту аахтарыы эмиэ улахан көмөнү оҥорор. Бу барыта "Саха - айылҕа оҕото" диэн өйдөбүлүнэн салайтаран, төрүт итэҕэлбитин, сиэрбитин-туоммутун, үтүө үгэстэрбитин кытта ситимнэнэн улаатан эрэр оҕоҕо үтүө дьайыылаах буолар. Оҕо тыа сирин хаhаайына буолан үүнэн тахсарыгар олук охсуллар.
6-с кылааска "Сиэрдээх билиилэр" түhүмэххэ саха мындыр өйүн, кыраҕы хараҕын, барыны бары сатаан тобулар дьоҕурун арыйыы учуутал үлэтигэр сүрүн сыал буолар дии саныыбын. Манна эмиэ "Саха - айылҕа оҕото" өйдөбүлүнэн салайтаран күнү-дьылы ааҕыы, билгэлээhин, сахалыы кээмэйдэринэн сатаан туhаныы, айылҕаттан ылыллар эмтэри билии, бу, омос көрдөххө улахан суолтата суох курдук эрээри, саха киhитигэр, чуолаан тыа олохтооҕор күннээҕи олоҕор улахан туhалааҕын итэҕэтии үлэтэ барар. Ыйдарынан ыытыллар сиэр-туом арааhа саха киhитин олоҕун кытта быhаччы ситимин оҕоҕо өйдөтөргө дьулуhуллуохтаах. Ол инниттэн бу туомнары толорон, дьиҥ сахалыы эйгэни тэрийии, иҥэрии ыытыллар. Маны таhынан араас кыhалҕалаах түгэннэри толкуйдаан, оҕо ылбыт билиилэригэр, сатабылларыгар олоҕуран, бу кыhалҕалары сатаан быhаарарын учуутал ситиhиэхтээх. Маны оонньуу ньыматынан ыытыахха сөп (игровой метод). Иккис ньыманан куолаан толкуйдаан, тобулан таһаарыы (мозговой штурм) буолар. Оҕо бэйэтэ тобулан, толкуйдаан таhаарбыт быhаарыыта ситиhиилээх буолуута (Ситуация успеха) олоҕун устатын тухары умнуллубакка өйүгэр-сүрэҕэр олохсуйан хаалар үгэстээх.
7-с кылааска итэҕэли үөрэтии түhүмэҕэр сылгы Дьөhөгөй оҕото буолан саханы арчылыыр, араҥаччылыыр ураты кыаҕын арыйыы күүскэ барыан сөп. Манна оҕоҕо сылгы иитии практическай өттүн таhынан ураты дириҥ эйгэлиин ситимин, сылгы саха аан дойдуну анаарыыта, философията, итэҕэлин төрдө буоларын арыйыы үлэтэ барар. Маны таhынан бултка, балыктааhыҥҥа тутуhуллар сиэр-туом арааhа эмиэ бу сыл ордук дириҥэтиллэн арыллар. Бу темалары үөрэтиигэ үөрэнээччи тус бэйэтин олоҕун опытыгар сигэнэр, тирэнэр ордук көдьүүстээх буолар.
8-с кылааска саха сиригэр тыа хаhаайыстыбата сайдыытыгар нууччалар киллэрбит кылааттара арыллар. Сири оҥоруу, бурдугу ыhыы, оҕуруот, араас дьиэ кыылын иитии Саха сиригэр төрүттэниитэ үөрэтиллэр. Манна Амма сирэ бурдугу үүннэрии биhигэ буолара тоhоҕолоон бэлиэтэниллэр. Онон бу түhүмэххэ Аммаҕа бурдук үүннэриитин историятыгар чинчийии үлэтэ, ахтыылары хомуйуу ыытыллар. Ону тэҥэ биология, химия предметтэрин кытта холбоhон Амма сирин, буорун састаабын уратыта - тоҕо чуолаан Аммаҕа бурдук ыhыллыбытын үөрэтии барыан сөп. Бу түмүгэр оҕо "Амма - быйаҥнаах сир" буоларын итэҕэйиитэ үөскүөхтээх.
9-с кылааска политическай сыылынайдар саха сирин тыатын хаhаайыстыбата сайдыытыгар киллэрбит кылааттара арыллар. Бурдугу үүннэрии таhынан араас бэйэлээх оҕуруот аhын үүннэриини, араас дьиэ кыылын иитиини судаарыскайдар аҕалан тарҕаппыттара, олохтоох нэhилиэнньэни үөрэппиттэрэ, кыhалҕалаах олохторун чэпчэтиигэ сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ чорботуллан бэлиэтэниллэр.
10-с кылааска "Оҕону иитии үтүө үгэстэрэ", "Υөрэхтээhин", "Идэлэнии" темаларга үөрэнээччигэ күүстээх идэни талыыга туhаайыылаах үлэ ыытыллар. 15-16 саастаах үөрэнээччи, төhө да инникитин ханна үөрэнэн, туох идэлээх буолуон толкуйдаммыт буолуохтаах диэн өйдөбүл баарын иhин, дьиҥнээх олоххо муна-тэнэ сылдьар оҕолор аҕыйаҕа суох буолаллар. Билиҥҥи үйэҕэ үрдүк үөрэҕи эккирэтиhии олус күүстээх. Ону таhынан төрөппүт оҕотун ыраас, элбэх харчылаах, мааны идэлээх киhи оҥоруон баҕата баhыйар. Манна, өскөтүн оҕону кыра кылаастартан "Төрөөбүт дойдубар туhалаах киhи буолуохтаахпын" диэн өйгө-санааҕа иитии-үөрэтии табыллыбыт буоллаҕына, үөрэнээччи тыа сиригэр олорорго сөптөөх идэлэри талыан сөп.
11-с кылааска "История Якутии" предмеккэ Саха сирин историятын үөрэтии биир хайысхатынан тыа хаhаайыстыбатын үүнэн-сайдан кэлбит историята буолар.
2. Агро киллэhик биир көстүүтүнэн кыраайы үөрэтиини кытта ситим буолар. Кыраайы үөрэтии сүрүн сыала төрөөбүт төрүт түөлбэ историятын билии нөҥүө ийэ дойдуга муҥура суох тапталы иҥэрии буолар. Саха сирин норуоттарын культурата предмет биир уратыта кинигэҕэ, учебникка хаайтарбата буолар. Бу предмет "Олох предметэ" диэн ааттыыбын мин. Бастатан туран, оҕо тус бэйэтин олоҕун опытыгар, билиитигэр, үөрүйэҕэр тирэҕирэбин. "Эн - саха оҕотоҕун. Бу эн олоҕуҥ. Эн эккэр-хааҥҥар ийэҥ үүтүн кытта иҥэн киирбит (геннай информация) билииҥ буолар" диэн оҕону итэҕэтэбин. Иккиhинэн "Эн салгыы сайдыаххын, үүнүөххүн-чэчириэххин баҕарар буоллаххына, бэйэҥ түөлбэҥ остуоруйатын, өбүгэлэргиттэн тиийэн кэлбит үтүө үгэстэргин, үйэлэри уҥуордаан тиийэн кэлбит өркөн өйүн муудараhын билэ, иҥэринэ сатыахтаахххын" диэн оҕо иннигэр-сыал-сорук туруоруу көмөтө улахан.
Онон кыраайы үөрэтиини тема ахсын араас ньыманан киллэриэххэ сөп.
Кыраайы үөрэтиигэ бырайыак оҥорорго холонуу. Υөрэнээччи сатаан сыал-сорук туруорарга, былаанныырга, туруоруммут сыалын ситиhэргэ үөрэнэр.
Ахтыылары хомуйуу, интервью ылыы - олохтоох нэhилиэнньэни кытта үлэ барар Υөрэнээччи дьону кытта алтыhар бодоруhар дьоҕура сайдар.
Библиотекалартан, музейтан матырыйаал хомуйуута - үгүс информацияттан наадалааҕын, суолталааҕын сатаан булуу үөрэнээччи толкуйдуур, ырытар, талар дьоҕурун сайыннарар.
олохтоох кыраайы үөрэтиинэн дьарыгырар дьону кытта ыкса үлэлэhии, кинилэр тус архыыптарыттан тоҕоостоох матырыйаалы сатаан хомуйуу, түмүү, ырытыы, тэҥнээн көрүү, ханнык эмэ түмүккэ кэлии, туох эрэ саҥаны, кэрэхсэбиллээҕи тобулуу, сабаҕалааhын оҥорорго холонуу.
Түмүллүбүт матырыйааллары наардааhын, сааhылааhын;
Онон дакылаат суруйарга холонуу;
Дакылааттарынан араас таhымнаах ааҕыыларга кыттан, төрөөбүт төрүт түөлбэ туhунан киэҥ эйгэҕэ таhаарыы;
Кылаас чаастарыгар, түмсүүлэргэ оҕолорго кэпсээhин;
Брошюрка, электроннай пособие оҥорорго холонуу;
Бу оҥоhуктары олохтоох музейга, библиотекаларга бэлэх уунуу.
Υтүө киhи буолан тахсыы төрөөбүт "балаҕаҥҥа", тэлгэhэҕэ, алааска, түөлбэҕэ тапталтан саҕаланар. Төрөөбүт түөлбэтин ис сүрэҕиттэн таптыыр эрэ киhи тыа сирин дьиҥнээх хаhаайына буола үүнэн тахсар кыахтаах дии саныыбын.

Түмүк
Төрүт культура агрокиллэhиктэрин сүрүн сыала оҕо үөрэнээччи төрүт саха үгэстэрин кутунан-сүрэҕинэн, өйүнэн-санаатынан, этинэн-хаанынан ылынарын, о.э. үөрэнээччи ис эйгэтин бэлэмнээн, норуот духуобунай баайын сүрэҕэр-быарыгар иҥэриммит ыччаты оскуолаттан таhаарыы буолар дии саныыбын. Онон Саха Республикатын норуоттарын культурата предмет агрооскуолаҕа сүрүн предмет ахсааныгар да киириэн сөп курдук буолан тахсар. Тоҕо диэтэр, өскөтүн киhи ис эйгэтэ бэлэмэ суох буоллаҕына, "Мин - айылҕа оҕотобун!", "Мин төрөөбүт түөлбэм дьиҥ хаhаайынабын!", "Төрөөбүт ийэ дойдум кэхтэрэ дуу, кэрэтийэрэ дуу миигиттэн тутулуктаах эбит!" диэн ис сүрэҕинэн кутунан-сүрүнэн ылына итэҕэйэ илик буоллаҕына хайдах да дьиҥ тыа сирин хаhаайына буолар кыаҕа суох!
Туhаныллыбыт литература
Бравина Р.И. Төрүт культура бырагырааммата. Дьокуускай, 1992 сыл