Текст для выступления на якутском языке


Ийэ кутум-ийэ тылымСааскы сыламныыр күнүнэн, улуус сайдыылаах эр хоһууннара, убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэ. Эһиги иннигитигэр Владимир Ларионов оскуолатын ........кылааһын үөрэнээччитэ .....
Ийэ кутум-ийэ тылым диэн темаҕа санаабын этиэм.
Мир иэйэр кутум-ийэ тылым. Мин сахабын-мин үс куттаахпын-ийэ, буор, салгын.Мин куттарым киһи-хара буоларбар төһүү күүстэр.Ол төһүү күүс улахан олуга-ийэ тыл. Ийэ тыл оҕоҕо ийэ үүтүн кытта бэриллэр, күнү көрөөт оҕо ийэ тыл минньигэс утаҕар умсар, кини минньигэс мүөтүн испэхтээн саҥара, толкуйдуу, суруйа, ааҕа үөрэнэр.Ийэ тылынан аан бастаан Ийэ айылҕатын кэрэтин көрө, араара үөрэнэр, ийэ тылынан доҕордоһо, дьону өйдүү үөрэнэр.Ийэ тыла киниэхэ ыарахан кэмигэр өйөбүл, тирэх буолар. Ийэ тыла сүппүт норуот кэхтэр, өлөр, аан дойдуттан суох буолар. Тыл баар-норуот баар. Билигин аан дойдуга икки тыһыынчаттан тахса тыл суох буолар кутталлаах, ол иһигэр саха тыла эмиэ киирэ сылдьар, ийэ тылбыт сүппэтин туһугар маннык үлэлэри ыытыахха сөп:
1.Саха тылын чаастарын оскуолаҕа элбэтии, дьиэҕэ сахалыы кэпсэтии.
2. Маҕаһыыннар, тэрилтэлэр, оҕолор ааттарын сахалыы суруйуу.
3.Сахалыы киинэлэри, мультиктары таһаарыы, Саха сиригэр баар омуктары өйдөөн туран бэйэ үгэстэрин, олоҥхону тилиннэрии.
Түмүкпэр этиэм этэ: ийэ тылбытын харыстыаҕыҥ, сайыннарыаҕыҥ, таптыаҕыҥ.
Эппэр ийэм үүтүн кытта
Иҥмит эбит, быһыыта,
Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах
Сахам мандар саҥата.
Мин кутум-ийэ кутум.
Бастаан дорооболос, онтон темаҕын эт, онтон темаҕын саҕалаа.
1. Кут диэн тугуй, киһи хас, ханнык куттааҕый, кут киһиэхэ туохха көмөлөһөрүй?
2.Ийэ тыл диэн тугуй, ийэ тыл хантан кэлбитэй, тоҕо төрөөбүт тылы ийэ тыл дииллэрий?
3.Ийэ тыл билигин сайдар дуу, кэхтэр дуу дьылҕалааҕый, тоҕо?
4.Ийэ тыл сайдарын туһугар тугу оҥоруохха нааданый?
5.Ийэ тыл тоҕо кут буоларый?
Истибиттэрин иһин махтан.
Үтүө күнүнэн, ытык- мааны дьонум. Эһиги иннигитигэр Владимир Ларионов оскуолатын ........кылааһын үөрэнээччитэ .....
Улуу кыайыы өрөгөйө диэн темаҕа бэйэм санаабын тиэрдиэм
Кыайыы-бу харах уута, кыайыы-тыһыынчаттан тахса күн өлө-тиллэ охсуһуу, сырдык олох иһин киирсии. Быйыл аан дойду дьоно барыта фашизмы үлтүрүтүү сэттэ уон сылын көрсүөхтээх ол эбэтэр улуу кыайыы өрөгөйүн бэлиэтиэхтээх. 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия биһиги дойдубутугар, Советскай Союзка, уоран саба түспүтэ. Бу сэриигэ аан дойду 60 государствота кыттыыны ылбыта, Советскай Союз, Европа сирэ-уота үлтү тэпсиллибитэ, аан дойду үрдүнэн 80 мөлүйүөн киһи сэрии сиэртибэтэ буолбута, ол иһигэр Советскай Союзтан 20-н тахса мөлүйүөн киһи тыына быстыбыта. Этиллибит сыыппара күн-түүн улаатан, уларыйан иһэр. Саха сириттэн 3 тыһыынчаттан тахса эдэр-чэгиэн уолаттар ыҥырыллыбыттара, онтон тыһыынчаттан тахсата сэрии толоонугар хаалбыттара.Украина сиригэр уһун уутун утуйбута сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов, Ильмень күөл түгэҕэр тимирбиттэрэ Мэҥэ, Таатта, Уус-Алдан, Томпо, Бүлүү, Сунтаар уонна да атын улуустар үс сүүстэн тахса туруу уолаттара, бу сэрии аҕыйах ахсааннаах саха норуотугар улахан эчэтиини оҥорбута. Тыылга да саха дьоно кыайыы туһугар тыыннарын харыстаабакка үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара. Кыайыы күнүн өрөгөйө харах уулаах, ыар кутурҕаннаах - бу күн биһиги ахтан-санаан ааһыахтаахпыт фашистсткай лааҕырдарга уматыллыбыт мөлүйүөнүнэн киһини, бу күн биһиги чиэстээн ааһыахтаахпыт Ийэ дойдуларын иннигэр хорсун быһыылары оҥорбут герой пионердары, бу күн өйдөөн ылыахтаахпыт сэрииттэн соххор-доҕолоҥ буолан кэлбит сэрии ветераннарын, бүгүн баар сэрии, үлэ ветераннарын, сэрии оҕолорун.
Улуу Кыайыы өрөгөйө-бар дьон кутурҕана, норуот быстыбат историята, сомоҕолоһуута уонна туохха да тэҥнэммэт хорсун-хоодуот быһыыта. Уруй буоллун Улуу Кыайыы өрөгөйүгэр, махтал буоллун улуу кыайыыны уһансыбыт билигин баар уонна суох норуот чулуу дьонноругар. Болҕомтоҕут иһин махтал.
1.Кыайыы диэн тугуй?
2.Кыайыы өрөгөйө диэн тугуй?
3.Сэрии диэн тугуй?
4. Сэрии кэмигэр советскай дьон хайдах сэриилэспиттэрэй?
5.Бу күнү тоҕо ахтан-санаан ааһыахтаахпытый?
6.Кыайыы күнүн хайдах бэлиэтиэхтээхпитий?
Сааскы сарыал кэриэтэ чаҕыл күнүнэн, Мэҥэ кэнчээри ыччата, ытык-мааны дьүүллүүр сүбэ, мин «Манчаары норуот номоҕор” диэн темаҕа бэйэм санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.
Мин Мэҥэ-Хаҥалас ыччата Баһылай Манчаары биир дойдулааҕа буоларбынан киэн туттабын.Манчаары Баһылай-саха легендарнай геройа, норуот номоҕор киирбит киһи.Кини 1805 сыллаахха Мэҥэ улууһугар Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Арыылаах алааска төрөөбүтэ манчаары от саҥа үүнэн эрдэҕинэ. Кини олоҕун отуттан тахса сылын түрмэҕэ атаарбыта, биэстэ хаайыллыбыта, түөртэ күрээбитэ. Хара кырдьыар диэри батталлаах хара олоҕу утары охсуспута. Манчаары Баһылай саха кыратын, кыаммматын атаҕастыыр түгэннэрин аан бастаан абаҕата Чоочо баай холобуругар көрбүтэ. Манчаары оҕо дууһата Чоочо ыһыаҕар тустарыгар аккаастаммытыттаан сылтаан хаайыыга укпутуттан саҕаламмыта диэн норуот номоҕо кэпсиир. Ол курдук, Манчаары норуотугар, баайдарга сыһыанын туһунан элбэх номох баар.Ол номохторго олоҕуран аан бастаан Пушкин үөлээннээҕэ декабрист Александров «Якут Манчаары» поэманы суруйбута. Саха литературатын төрүттээччи Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» драманы 1905 сыллаахха суруйбута. Драматыгар киһи соһуйуох Манчаарыны түөкүн курдук көрдөрөр. Манчаары түөкүннүү быһыылара-сылгы үөрүн кыргар, кэргэннээх дьахтары таптыыр, Чоочо ампаарын алдьатар. Өксөкүлээх Өлөксөй Манчаары туһунан номохтору хомуйбута, Алампа Манчаары тас дьүһүнүн ойуулаабыта, элбэх поэттар Манчаары туһунан хоһооннору айбыттара-бу барыта номоххо олоҕуран. Софрон Данилов Баһылай Манчаары туһунан новелла суруйбута. Манчаары күүһүн-кыаҕын, өйүн-санаатын туүунан номохтор элбэхтэр. Манчаары-саха бастакы поэта, олоҥхоһута, норуот чулуу киһитэ, номоххо киирбит суолдьут сулуһа.
1.Манчаары хаһан, ханна төрөөбүтэй?
2.Кини туһунан кимнээх суруйбуттарай?
3.Манчаары баайдары тоҕо абааһы көрөрүй?
4.Манчаары аатын тоҕо ааттыыбытый?
5.Манчаары аатын тоҕо ааттыыбытый?
1.?
2.?
3.?
4.?
5.?
6.?