Сценарий к Новогоднему празднику (на якутском языке)
Сценарий новогоднего утренника 4 класс
Снежная королева
(Сана Дьыллаа5ы остуоруйа)
Оонньуур дьоно: Снежная королева
Бабушка
Кай
Герда
Сыщики
Баба Яга
Таба Атаманша
Разбойники
Елочки
ХарабылларСцена ханас отто Снежная Королева саарыстыбата, уна муннукка елка турар. Эмээхсин сиэннэрин кытта елка анныгар кинигэ аа5а олорор. Экранна камин костор.
Эмээхсин (кинигэтин саба саба): манан о5олоор, киннээх Снежня Королева туьунан остуоруйата бутэр.
Герда: Онтон билигин Снежная Королева тугу гына сылдьара буолуой?
Кай : Хайдах буоллун, Герда? Ханнык да Снежная Королева суох. Ити барыта остуоруйа.
Герда: Истиий, истиий.
Таьырдьа хаар туьэн кыыданныыр,
Буур5а хатаннык улуйар Хаар Хотунун салааската сырылыыр Муус бай5ал биэрэгин кэрийэр.
Кай (кулэр) :Хаар Хотуна буолан. Мин Снежнай Королеваттан куттаммаппын!
Гномнар, феялар, Снежнай Королевалар Остуоруйа5а эрэ бааллар Снежнай Королева кэллин эрэ,
Итии оьоххо олордуом!
Снежная Королева (тоттору- таары хаамыталыыр):
Кинилэр миэхэ итэ5эйбэттэр?!
Мин баарбын сэрэйбэттэр?!
Дьэ мин кинилэргэ кордоруом!
Сурэхтэрин мууска кубулутуом!
Кулэр –уорэр диэни умуннарыам!
Уйэ саас тухары муус санаалаах онортуом!
Эмээхсин: Оьохпут таьыгар мустаммыт,
Сылааска угуттанаммыт,
Кулэ- уорэ олорорбут,
Учугэйиэм, эриэхсит!
Герда: Маннык эриэккэс куннэ О5олордуун оонньуохпутун,
Салаасканан сындыыстыы сырылыахпытын Бобума дуу, эбээбит барахсан!
Кай: Конуллээрий, кордоьобун!
Эмээхсин (кулэр): Чэ, тахсан оонньоон, о5олорум. Халын,нык таннын, тон,уман.
Экранна Снежная Королева костор, киирэр.
Снежная Королева: Бардыбыт Кай, бардыбыт.
Ирбэт тон,мот ыраах хотугу дойдуга Аны эн миигин истэ5ин,
Барытын толорон иьэ5ин.
Илдьэ барар. Экранна Снежная Королева Кайы илдьэ барара костор.
Герда: Кай! Кай! Барсыма!
Тыал тыаьа.
Эмээхсин: туох буолла?!
Герда: Кайы Снежная Королева илдьэ барда!
Сурэ5ин мууска кубулутта!
Мин кинини кордоон булуом,
Муус сурэ5ин уулларыам (ытыыр).
Герда эбээтинээн тахсан бараллар, сыщиктар киирэлэлэр.
Сыщик 1: Биьиги биллэр сыщиктарбыт Шерлок Холмс сыдьааннарбыт,
Барыны бары булабыт,
Кордууру биьиги сатыыбыт.
Сыщик 2: Биьигиттэн тугу да кистээбэккин,
Биьигинниин тугу да сутэрбэккит,
Ир суолу ирдээн булабыт,сойбут суолу суоран булабыт.
Герда киирэр, ытаабыт.
Сыщик1: Хайа, кыысчаан, то5о ытаатын?
Сыщик2: Бачча тымныыга ханна бардын?
Сыщик1: Дьиэ5эр олор, куулэйдээмэ.
Сыщик2: Винксынан оонньоо, мэниктээмэ.
Герда: Мин бырааппын Кайы корду баран иьэбин. Кинини Снежная Королева илдьэ барбыта.
Сыщик1: Оччо5о таах олорорбут сатаммат.
Сыщик2: Комолоспокко хаалларарбыт табыллыбат.
Сыщик1: эн ол диэки бар.
Сыщик2: Мин бу диэки барыам.
Бараллар. Баба Яга киирэр.
Баба Яга (сиэркилэ5э корунэр): Ой, сэбэрэм кэрэтиин!
Фигурам маанытыын!
Аны мин Дьээгэ Бааба буолбатахпын,
Дьээгэчээн буолабын.
Бары миигин биллигит ини? Бай, киммит ытыырый? Ким дьиэ5э олорботуй? Мин тыабын кэрийэрий?
Ытыы ытыы Герда киирэрБаба Яга: Хайа, тойуом, ханна ытаан соноон баран иьэ5ин?
Герда: Бырааппын кордуубун.
Баба Яга: Ммм. Билэ5ин да, мин тыабар босхо хаамар табыллыбат.
Мин хачыгырас харчыны таптыыбын Иэспин кууспун толуурбэр евроны кордуубун.
Духуу тайма ыларбар доллары дук гыннарабын.
Солко5о сууланарбар солкуобайы ордоробун.
Герда: Тыый. Ол эйиэхэ хара тыа5а харчы туохха нааданый?
Баба Яга: Хайдах туохха? (коробка ойутан таьаарар) «Куох кырыс» диэн косметика линиятын туьунан истэ иликкин дуо? Бу линия тугу барытын онорон таьаарар: кремнары, помадалары, тушьтары, лосьоннары…Короче элбэ5ии-элбэ5и. Манан туьанар буоллахха сир кырса халын хаардаах кыьын кэнниттэн саас ко5орон тахсарын курдук, эдэр –сэнэх буола туьэ5ин. Миигин кор ээ, кыыс о5отобун дии. Киьи 140 сааьы биэрбэт батта. Чэ гони бабки!
Герда: Оо, мин кэппиэйкэм да суох ээ. Мин бырааппын Снежная Королева уоран илдьэ барбытын кордуу баран иьэбин.
Баба Яга: Ким диигин? Снежная Королева да?! То5о эрдэ эппэккин?! Дьэ, мин кинини кордуургэр комолоьуом. Кини бэйэтин миигиннээ5эр кырасаабысса курдук санаммыт дии! Оссо «куох кырыьынан» буолбакка «Хаар кыырпа5а» диэн косметиканнан туттар уьу. Бэйи эрэ, ити буолан, мин эйиэхэ тугу комолоьуохпун собуй?
Герда: суолун ыйан биэриэн буолаарай?
Баба Яга: Ыйаан-ыйан. Кэл миигин батыс. Ааранна диэри аргыстаьыахпыт. Мин кредиппын толуу баран иьэр этим.
(харыйалар ункуулэрэ, Герда киирэн корон турар).
Герда: Дорооболорун, Харыйачааннар! Кэрэ да унккуу ункуулээтигит.
Харыйа: онтон эн бу ханна бардын? Аччыктаабыт, сылайбыт коруннээххин.
Герда: Снежная Королева саарыстыбатыттан бырааппын быыьы баран иьэбин.
Харыйа: Оо, чэ кэл, бастаан биьиэхэ баран итин, чэйдээ. Сылааста киллэрин. Онтон ыраах айаннар суолу ыйан-кэрдэн биэриэхпит. Айаннар ыьыктаан-утэлээн ыытыахпыт.
Разбойник 1: Биьиги хара тууну харахтанан сылдьар Хара тыа кулугээттэрэбит!
Разбойник2: Уоран чалаан аьаан чаннаан сылдьар Баппат баранаахтарбыт!
Атаманша: Тохтоон! Айдаарыман! Кыыс иьэр. Со5отох. Билигин биьиги кинини тутуохпут.
Герда киирэр, саба туьэн тутан ылаллар).Атаманша: Ханна баран иьэ5ин?
Тугу кордуу сылдьа5ын?
Тымныыттан дьулуйбакка?
Харанаттан куттаммакка?
Герда: Бырааппын кордуу (ытыыр)
Атаманша: ытаама уонна кордоомо! Хантан уонна хаьан кинини булаары.
Эн манна миэхэ олоруон,
Эрэллээх до5ор буолуон.
Оонньуохпут корулуохпут,
Ырыа ыллыахпыт, корулуохпут.
Таба, кэл эрэ! (таба киирэр) остуоруйата кэпсээ!
Таба: оо, аьыннахпыан кыысчааны,
Тонмут хаппыт барахсаны,
Кини кыракый быраатын,
Чугас истин киьитин (тоботун тонхутар)
Атаманша: оччо5о мин хайыыбын?!
Харах уутун тулуйбаппын!
Хайдах гыныах ба5айыбын?
Арай, табалаах кыыьы ыытабын?!
(Экранна Таба кыыьы илдьэн иьэрэ костор. Бараллар)Герда: баьыыба! Эн оно5ун уйэлэргэ умнуом суо5а.
(экрана Снежная Королева замога костор)
Харабыл1: эн кимниний? Туохха кэллин?
Аа, Герда5ын.
Олуьун диэн хойутаабыккын,
Муус сурэхтээбитэ бырааккын.
Харабыл2: таах халтайга хаампыккын,
Сыра5ын сылба5ын бараабыккын,
Билигин бэйэ5ин аптыа5а,
Сурэххин мууска кубулутуо5а.
Герда: мин эьигиттэн куттаммаппын,
Утуо санаа, до5ордоьуу,
Эйэ, дьол комолосуьуу,
Эьиги апкытын кыйдыах тустаах!
Муус сурэхтэри уулларар куустээх!
Снежная Королева: хайа, туох айдаанай?!
Хаьыытай- ыьыытай?!
Аймал5анай?!
Аа, эн кэллин? Кэтэспитим. Быраатын аны миэнэ. Эйиигин эмиэ билигин аптыам.
Герда: суох! (муччу туттаран суурэн тиийэр быраатыгар) Кай! Кай! (Ытыыр, кууьар) ама миигин билбэккин? Бу мин, Гердабын дии.(туталлар) Кини миигин билбэтэ (ытыыр).
Кай (эмискэ): Герда хаарыаннаах хара5ын уута Мин ытыспар тустэ Муус сурэхпин уулларда,
Абалаах аптан тахсарбар комолосто.
(Снежная Королева5а туьаайан) Аны мин эйиигин истибэппин!
Хаар, муус дыбарыаска наадыйбаппын!
Герда: Снежная Королева, ама эн хаьан да о5о буолан
Оонньуу- корулуу сылдьыбата5ын дуо?
Кимниин эрэ до5ордуу буолан,
До5оргун таптаабата5ын дуо?
Бу Сана Дьыл туун эн эрэ биьиэхэ комолоьор кыахтааххын. Бырааппын ыыт. Уордайыма, у5арый.
Снежная Королева: эн мин былааммын барытын алдьаттын!
Герда: Бугун сана дьылы до5отторгунаан кулэ- уорэ корсуоххун ба5арбаккын дуо?
Снежная Королева: (хомойбуттуу) Миэхэ до5ор –атас суох.
Баба яга: Бээрэ, онтон мин туохха наадабыный? Мин эйиэхэ бодоруунньа буолуом. Бу Сана дьылынан сэмэй бэлэ5им.
Кай: Биьиги эмиэ эйиигинниин до5ордоьуохпут.
(бары киирэллэр)
Снежная Королева: Хара санаам суох буолла,
Муус сурэ5им уулунна,
Элбэх до5ору корсоммун Утуо суолга уктэнним!
(Сана дьыл киирэр) Сана дьыл: э5эрдээтэр. Онтон ырыа.