План-конспект урока по якутскому чтению на тему Аахпыттан суруйуу
Аахпыттан суруйуу былаан-конспегаУруок темата: Аахпыттан суруйуу «Олуонэ»
Уруок сыала:
Уорэтэр: Аа5ыллыбыт текси коллективнай оноьуллубут былаанынан сирдэтэн ис хоьоонун толору суруйарга уорэтии Сайыннарар: о5о толкуйдуур, ырытар дьо5урун сайыннарыы Иитэр: Тулалыыр эйгэ5э харыстабыллаах сыьыаны итииСуруллар текис: Суорун Омоллоон «Олуонэ» дьуьуйуутуттэн быьа тардыыУруок этаптараУчуутал дьарыгаУорэнээччи дьарыга1. Тэрээьин чааьаАламай кун сыламынан! Билигин биьиэхэ аахпыттан суруйуу уруога. Онон бары диэн олус бол5ойобут, ойбутун-тойбутун тумэн бары бииргэ кохтоохтук кыттабыт.
- Биьиги аахпыттан суруйууну хайдах ыытабыт?
- учугэй, ол аата мин былаан онордохпуна улэлиирбэр хайдах буолар? Аламай кун сыламынан!
- Бастаан былаан оноробут уонна онон сирдэтэн тиэкис ис хоьоонун суруйабыт.
- былаан онордохпуна миэхэ суруйарбар чэпчэки буолар.
2. Тиэкси кытта билсиьии- суруйар тиэкспит аата «Олуонэ». Бу тиэкси Суорун Омоллоон диэн биьиги биир саамай биллибит норуот суруйааччыбыт суруйбут.
- Олуонэ диэн тугу ааттыыллар?
- Кини хайда5ый?
- Кини биьиги олохпутугар туох оруоллаа5ый?
- Олуонэ оруьу атыннык туох диэн ааттыыллар? То5о?
- соп дьэрэ, билигин мин эьиэхэ тиэкси аа5ан иьитиннэриэм, эьиги бол5ойон истин:
О, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Олуонэ эбэм сааскы соруун тууннэ! Куох кууппал халлаан тохтор, оонньуур уоттаах моьуурэ бэргэьэтин кэппитин кэннэ, туох барыта киьилиин-суоьулуун утуйбутун кэннэ арай кини эрэ аргыый устарын кубулуппат. Сааскы туунну соруун салгыны кой-най туоьугэр кото5он а5алан, кут борон суор5анынан суулаан, кууьар-ууруур курдук куогэлээн, удьурдаах сууругэр биэбэйдээн, итир тыалынан хамсатан, ибир долгунугар бигээг, халааныгар-талааныгар нарылаан, дьоллоох уунан кими-тугу барытын кини утутарга дылы…
Оччо5о халлаан кулумнуур уот харах сулуьунуун кини харана куох толбонноох ньууругар туьэн, тырымныы бигэнэн, умсумахтаан баран, куллэ-кулбутунэн утуйарга, уостарга дылы гыналлар… Оттон Олуонэ Эбэм биир кэм тохтообокко уста турар… нуктаан, нухарыйан эрэр бойбор хара тыата, утуктаабытын кэмсиммит курдук, сууьун аннынан корон, хам-бааччы сукуллан туран, аьыйа- сонуйа, уоран ытыы хааларга дылы гынар.
Хор, ол курдук Олуонэ эбэм туну а5алар, аьарар!
- Олуонэ диэн биьиги саха сирбит биир со5отох саамай улахан сурун оруьэ- кини ньудьу улахан, кэтит, куустээх долгуннардаах, элбэх салаалардаах орус- кини биьигитини ыраас уутунан аьатар, ону-маны таьарга, киьи-суоьу сылдьарыгар комо буолар уонна айыл5а5а, тыынар-тыыннаахха олох кууьун биэрэр- атыннык биьиги дьоммут Эбэ дииллэр. То5о диэтэххэ кинини убаастыыллар, киниэхэ сугуруйэллэр.
3. Текиьи ырытыы- бу текса дьыл ханнык кэмэ ойууланарый?
- Уонна оссо туох туьунан кэпсэннэ?
- ордук ханнык тыллар элбэхтэрий?
- Олуонэ орус туун дьон утуйбутун кэннэ хайыыр эбитий? - саас- оссо Олуонэ орус хайдах сааскы тууннэ буолара костор.
- манна ордук паараласпыт тыллар угустэр уонна уус-уран хоьуйуу тыллара элбэхтэр.
- кини дьон-суоьу утуйбутун кэннэ тохтообокко устар, кини сири дойдуну утуктатарга дылы буолар эбит.
4. Тиэкси былааннааьын- биьиги бастаан тугу гынабыт суруйуох иннинэ?
- соп, оччо5о билигин хас биирдии киьи бэйэтин тэтэрээтигэр былаан онорор- Чэ эрэ анны билигин былааннарбытын тэннээн коробут- бастаан туох туьунан кэпсэнэрий?
- Бары сопсоьо5ут да? Тиэкис бастакы чааьын «О, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Олуонэ эбэм сааскы соруун тууннэ»
- иккис чааьын туох диэн ааттыахха собуй?
- онтон уьус чааьын?
Биьиэхэ туох та5ыста, коруоххэ эрэ:
1. О, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Олуонэ эбэм сааскы соруун тууннэ2. Олуонэ эбэм тохтообокко уста турар3. Олуонэ эбэм тууну а5алар
- бу онорбут былааммытынан ким кэпсээн коруой? - былаан оноробут- биирдии бэйэлэрэ былаан онороллор- Олуонэ эбэ хайда5а уонна кини атын дьону атын дьону утутарга дылы эбит- сопсоьобут- Олуонэ эбэм тохтообокко уста турар- Олуонэ эбэм тууну а5алар
- биир о5о кэпсииргэ холонор5. тылы быьаары- тиэкискэ ханнык ыарахан, эбэтэр билбэт тылгыт баарый?
- кууппал- шар формалаах буруо, добун-олус урдук, кулук таас-сиэркилэ- бу тыллар хайдах суруллалларын ойдоон коробут уонна ойбутугэр хатыыбыт (Кууппал, добун, кулук тас, бу тыллары учуутал доска5а суруйар) - кууппал, добун, кулук таас6. тиэкиьи хос аа5ыы - билигин тиэкиьи оссо биирдэ аа5абын, бары бол5ойон истэбит уонна кыра сурун тыллары суруйабыт7. Аахпыттан суруйуу- - хас биирдии уорэнээччи былааны коро олорон тэтэрээтигэр суруйар8. Уруок тумугэ- бары суруйан буппутэрин кэннэ оссо тогул бэрэбиэркэлэнэллэрю- аахпыттан суруйууга туох ыараханы корустугут?
- былаан онорорго уонна тиэкиспит ыарахан ба5айы, уус-уран тыллар ис хоьоонноругар