рабочая программа по якутскому языку 7класс
„МЭҤЭ-АЛДАН ОРТО ОСКУОЛАТА“ МУНИЦИПАЛЬНАЙ ОРТО ҮӨРЭХТЭЭҺИН ТЭРИЛТЭТЭ
6303010194945„Бигэргэтилиннэ“ ___________________
Директор Николаев А.С.
„______“______________________2013с.
00„Бигэргэтилиннэ“ ___________________
Директор Николаев А.С.
„______“______________________2013с.
3089910131445„Сөбүлэһилиннэ“_______________ Үөрэх чааһыгар директоры солб-чы
Николаева Л.П.
„_______“_____________________2013с.
00„Сөбүлэһилиннэ“_______________ Үөрэх чааһыгар директоры солб-чы
Николаева Л.П.
„_______“_____________________2013с.
-123190131445„Көрүлүннэ“ _______________
Саха тылын уонна литературатын
учууталларын МХ салай-та
Колодезникова З.И. „_______“_____________________2013с.
00„Көрүлүннэ“ _______________
Саха тылын уонна литературатын
учууталларын МХ салай-та
Колодезникова З.И. „_______“_____________________2013с.
Үлэ программата
Саха тыла
7 кылаас
Оңордо: саха тылын уонна литературатын учуутала
Гоголева Анджела Васильевна
2013-2014 үө.с.
Быһаарыы сурукОскуола5а саха тылын үөрэтии государственнай суолталаах икки докумуоҥҥа оло5урар:
1992 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр ылыллыбыт Саха Республикатын Конституциятын «Саха Республикатын государственнай тылларынан саха уонна нуучча тыллара буолаллар» диэн 46-с ыстатыйатыгар.
Саха Республикатын Правительствота 1991 сыллаа5ы ыам ыйын 23 күнүгэр бигэргэппит «Саха Республикатын национальнай оскуолаларын саҥардан сайыннарыы концепцията».
Оскуолаҕа төрөөбут тылы үөрэтии предметэ – саха литературнай тыла. Литературнай тыл хайа да омукка тыл сайдыытын саамай үрдүк көстүүтэ. Литературнай тыл диэн норуот бүттүүн билэр, харыстанар бигэ нуормалаах, араңаламмыт араас истииллээх, тыл талыллыбыт, нарыламмыт, чочуллубут көрүңэ буолар.
О5о төрөөбүт тыла үөрэ5и-билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө-санаата тобуллар, майгыта-сигилитэ олохсуйар, айар-тутар дьо5ура сайдар айыл5аттан айыллыбыт эйгэтэ буолар.
Норуот олорбут оло5о, тыына-дьыл5ата тылыгар сөҥөн сылдьар. О5о төрүө5үттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэ5инэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун ытыктыыр-харыстыыр киһи буолар. Ийэ тыллаах киһи атын омук дьонун кытта тэҥнээ5ин билинэн, дьин интернациональнай тыыҥҥа иитиллэр.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буолла5ына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, бар5арар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот баайа, кэлэр кэскилэ, тыынар салгына.
Саха тыла – саха оскуолатыгар үөрэх тыла, билии-көрүү төрдө буолар. Үөрэнээччи тыл үөрэ5ин туһунан сүрүн өйдөбүлэ, ситимнээн саҥарар үөрүйэ5э, ырытар-толкуйдуур, оҥорон көрөр дьо5ура маҥнай төрөөбүт тыл уруогар олохсуйар. Билиитэ-көрүүтэ кэҥээн истэ5ин ахсын тылын саппааһа байар.
Ийэ тылын үчүгэйдик билэр о5о ол өйдөбүлүгэр, сатабылыгар, үөрүйэ5эр тирэ5ирэн, нуучча, омук тылларын эмиэ түргэнник үөрэтэр. Хас да тылы билэр киһи информацияны ылар, туһанар кыа5а улам улаатан иһэр.
Саха тылыгар уерэтии программата орто оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ ирдэбилэ:
Үөрэнээччи улэҕэ-хамнаска, дьыалаҕа-куолуга, общественнай олоххо төрөөбут тылынан хомоҕойдук кэпсэтэр, санаатын сааһылаан этэр, суруйар.
Саха тылын үөрэҕин, тыл культуратын туһунан өйдөбүлү ылар, литературнай нуорманы билэр, төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, сатаан туһанар.
Ийэ тылын баайынан, кэрэтинэн киэн туттар, төрөөбүт тыла сайдарын туһугар туруулаһар, кэлэр келүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин өйдүүр.
Саха тылын үөрэтии ис хоһооно:
Лексиканы үөрэтии саха омук тылын бар5а баайын арыйан, тылы араас эйгэ5э, араас сыалга-сорукка сатаан туттар кыаҕы биэрэр.
Фонетика салаата саха тылын дорђоонун ураты айылгытын көрдөрөн, саха тылын үйэлээх үгэстэрин харыстыырга олук охсор.
Морфология араас сана чааһа үөскүүр уонна уларыйар халыыбын үөрэтэн, тыл литературнай нуорматын арааран билэргэ уонна тутуһарга үөрэтэр.
Синтаксис сахалыы этии эгэлгэ арааһын билиһиннэрэн, үөрэнээччи саныыр санаатын толору этэригэр, ситимнээх саңата сайдарыгар төрүт буолар.
Таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылата сахалыы сурук тыла халбаңнаабат биир бигэ көрүңнээх, тургэнник өйдөнөр буоларын хааччыйар.
Тыл культурата, стилистика уонна функциональнай истиил өйдөбүллэрэ үөрэнээччи санарар саната ыраас, хомоҕой, этигэн, үрдүк культуралаах буоларыгар көмөлөһөр.
Саха тылын үөрэтии маннык сыалы-соругу туруорар:
Саха тылын бар5а баайын, тутулун, уратытын оҕо өйүгэр-сурэҕэр тиийэр курдук арыйан көрдөрүү.
Орто оскуоланы бүтэрэр үөрэннээччигэ араас эйгэҕэ, араас наадаҕа сахалыы сатаан саңарар, суруйар дьоҕуру иңэрии.
Саха тылын талыы-талба кэрэтин биллэрэн, ийэ тылын сөбүлүүр, харыстыыр, төрүт культуратын биһириир, омугун сыаналыыр, убаастыыр ыччаты иитэн таһаарыы.
7 кылааска саха тылын предметин сүрүн соруктара:
Тыл тус-туспа бөлөхтөргө – саҥа чаастарыгар арахсарын, ону морфология үөрэтэрин өйдөтүү.
Саҥа чаастарын грамматическай бэлиэлэрин билиһиннэрии.
Таба суруйарга, таба саҥарарга үөрэтии.
Литературнай тыл нуорматын баһылыырга дьулуһуу.
Ситимнээх саҥаны (кэпсиир уонна суруйар) дьо5уру сайыннарыы.
Толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы.
Ийэ тылга тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии.
Үөрэнээччи сыл бүтүүтэ түмүк ситиһиитэ :
-саңа чаастарын этииттэн арааран билиэхтээх;
-морфологическай ырытыыны оңоруохтаах;
-састаабынан ырытыахтаах;
-публицистика, уус-уран стиль хайдах сурулларын билиэхтээх;
Саха тылын 7 кылааска үөрэтии ис хоһооно икки сүрүн чааска арахсар:
Тыл үөрэ5э, ол аата тыл тутулун, үгэс буолбут салааларын (лексиканы, фонетиканы, морфологияны, синтаксиһы) үөрэтии
Ситимнээх саҥа, ол аата тиэкис тутулун, саҥарар саҥа тиибин уонна истиилин билии.
2013-14 үөрэх сылыгар
саха тылын чааһа маннык үллэрилиннэ:
№ Кылааһа 7
1 Уопсай чааһа
68
2 Киирии тема
1
3 Хатылааһын
1
4 Морфология уонна таба суруйуу 32
5 Ситимнээх саңа 32
4 Сыллааҕы хатылааһын 2
Учебник: Неустроев Н.Н., Ядрихинская А.Г., Семенова С.С. Саха тыла. 7 кылаас. Дьокуускай, 2006.
Программата: СР Үөрэх министерствота. Сахалыы оскуола программата. Семенова С.С., Алексеев И.Е., Винокуров И.П., Петрова Т.И., Филиппов Г.Г. Саха тыла. 5-11 кылаас. Дьокуускай, 2000.
Календарнай-тематическай былаанСаха тыла 7кылаас
№ Уруок тематаТугу үөрэтэрэ, билэрэТүмүк ситиһииЧааһаБылаан-
наммыт
күнэЫыт-
быт
күнэБэлиэ-тээһин-нэр1 Саха тыла – ийэ тылым. Төрөөбүт тыл туһунан хоһооннору, этиилэри аа5ыы, билии. Тиэкис, этии ис номо5ун өйдүүргэ дьулуһар. Ырытар Киһи, норуот сайдыытыгар төрөөбүт тыл суолтатын өйдүүр. 1 02/09 2 Диктант. Саха тылын туһунан. Таба суруйууну бэрэбиэркэлээһин. Киһи саҥатын истэргэ эрчиллэр. Төрөөбүт тылы харыстыырсанаатын иитии. 1 4/09 3 Хатылааһын. Саҥа чаастара. Саҥа чаастарын туһунан уопсай өйдөбүл. Этиини саҥа чааһынан ырытар. 1 09/09 4
Морфология. Туохтуур – саҥа чааһа.
Тус туохтуур суолтата, морф-й бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара.Туохтуур оло5о. Туохтууру атын саңа чааһыттан ыйытыы туруоран араарар, тиэкистэн булар. Т-р олођун, ахсаанын, сирэйин быһаарар. Толкуйдуур, ырытар дьоҕурун сайыннарар. 1
11.09
5 Туохтуур үөскүүр ньымата. Сыьыарыы, аттарыы. Паараласпыт т-р уескээьинэ, туттуллар уратыта.
Т-р олоҕун, үөскээбит сыһыарыытын быһаарар, араас сыһыарыынан үөскэтэр.
Паараласпыт т-ру үөскэтэр, саңарар саңаҕа сатаан туттар дьоҕурун сайыннарыы. 1 16/09 6 Туохтуур сирэйдэниитэ. Билигин ааспыт кэм, урут аасп.кэм, кэлэр кэм, 1 уонна элб.ахс. 1,2,3, сирэй. Буолар,буолбат халыыба. Т-р кэмин, ахсаанын, сирэйин, буолар-буолбат халыыбын быһаарар, сатаан туттар. 1 17/10 7 Көмө туохтуур. Өйдебулэ, морф.бэлиэтэ, этиигэ туттуллара. Көмө туохтууру сатаан араарар, этигэн кыаҕын өйдөөн көрөр, сыаналыыр. 1 23/10 8-9 Туохтуур туһаайыыта. Суолтата, арааьа. Туохтуур туһаайыытын арааһын быһаарар, сатаан үөскэтэр. 2 25,30.10 10
Аахпыттан суруйуу. Бөх буортута. Ситимнээхтик суруйуу. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. Айыл5а5а харыстабыллаах сыһыан. 1
2.10 11 Тиэкис. Тиэкис туһунан уопсай өйдөбүл. Ситимнээх саҥатын сайыннарар. 1 7.10 12-13 Туохтуур киэбэ. Киэп суолтата, арааьа.
Туохтуур киэбин арааһын быһаарар, сатаан үөскэтэр, туохтуур киэбин сорудах быһыытынан уларытар, этии ис хоһооно хайдах уларыйарын кэтээн көрөр дьоҕурун сайыннарыы. 2 9,14.10 14 Диктант. Өбүгэлэрбит тугу аһыылларай? Таба суруйууну бэрэбиэркэлээһин. Таба суруйар. Өбүгэ оло5ун билэргэ дьулуһар. 1 16/10 15-16 Уус-уран стиль. Өйдөбүлэ, уратыта, тыла-өһө. Уус-уран истиили атын истиилтэн араарар, тиэкискэ ханнык уус-уран сиһилиир ньыма баарын быһаарар.
Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар үгүстүк көстөр уус-уран хоһуйар ньыма холобурун өйүгэр хатыыр, сатаан туттар дьоҕурун сайыннарар. 2 21,23/10 17 Туохтуур көрүҥэ. Арааьа: техтерутэлиир, тиэтэтэр, са5алыыр, уьуур, кылгатар, тумуктуур. Керун үөсүүр ньымата ньымата. Туохтуур көрүңүн арааһын быһаарар, сатаан үөскэтэр.
1 28/10 18 Туохтуур кыччатар формата. Т-р кыччатар (атаахтатар) халыыба. Суолтата, уескээґинэ. Туохтуур кыччатар халыыбын быһаарар, сатаан үөскэтэр, этигэн кыаҕын өйдөөн көрөр, сыаналыыр.
1 30.10 19 Аахпыттан суруйуу. Мүрүнэн суолламмыт. Ситимнээхтик суруйуу. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. Кэрэни кэрэхсиир. 1 11/11 20 Туохтуур үлүбүөй формата. Т-р улубуей форматын суолтата, уескээьинэ, санарар сана5а, дьыала истиилигэр туттуу. Туохтуур үлүбүөй халыыбын быһаарар, сатаан үөскэтэр, дэгэт суолтатын өйдөөн көрөр үөрэтии.
1 13/11 21 Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуур.
Суолтата, уескээьинэ, туттуллар эйгэтэ. Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтууру быһаарар, сатаан үөскэтэр, дэгэт суолтатын өйдүүр.
1 18.11 22
Хатылааһын. Туохтуур. Туохтууру саҥа чаһынан ырытыы. Туохтуур туһунан билиитин чиҥэтэр, сатаан ырытар. 1 20/11 23 Хонтуруолунай диктант. Куттас до5ор. Таба суруйууну бэрэбиэкэлээһин. Таба суруйар дьо5урун сайыннарар. Доҕордоһуу тыыныгар иитиллэр. 1
25./11
24-25 Киһини ойуулааһын. Киһи тас көрүңүн, майгытын-сигилитин, ис туругун уустаан-ураннаан ойуулааһын. Тиэкискэ киһини ойуулуур ньыманы булан ырытар, тиэкиһи автор тылын туһанан сиһилии кэпсиир.
Өйтөн айан суруйар
дьоҕурун сайыннарар. 2 27,/11, 2.12 26 Аат туохтуур – саҥа чааһа. Аат т-р суолтата, морф-й бэлиэтэ,этиигэ ханнык чилиэн буолара. Аат т-р суолтатын, морф-й бэлиэтин, этиигэ ханнык чилиэн буоларын, арааһын (ааспыт кэмнээх, билиңңи кэмнээх, кэлэр кэмнээх) өйдүүр. 1 04.12 27
Аат туохтуур аат суолтатын ылыыта. Аат т-р аат суолтатын ылыыта, уларыйар халыыптара. Ааттыйбыт аат туохтууру ыйытыы туруоран тиэкистэн булар. 1
09/12
28 Аат туохтууру саҥарар саҥа5а туттуу. Этиигэ туттуллуутун уратыта. Этиигэ сатаан туттар. 1
11/12
29 Хатылааһын. Аат туохтуур. Аат туохтууру саҥа чааһынан ырытыы. Аат туохтууру төһө өйдөөбүттэрин чиңэтии, бэрэбиэркэлээһин 1 16/12 30 Сыһыат туохтуур – саҥа чааһа. Өйдөбүлэ, уратыта, тыла-өһө Сыһыат туохтуур суолтатын, морф.бэлиэтин, этиигэ ханнык чилиэн буоларын, арааһын, үөскүүр ньыматын өйдүүр. 1 18/12 31 Сыһыат туохтууру саҥарар саҥа5а туттуу. Этиигэ туттуллуутун уратыта. Сыһыат туохтуур саха тылын биир табыгастаах халыыбын, туттуллар уратытын өйдүүр.
1
23/12
32 Хонтуруолунай диктант. Хонтой Бө5ө. Таба суруйууну бэрэбиэкэлээһин. Таба суруйар дьо5урун сайыннарар. Норуот историятын билэргэ дьулуһар. 1 25.12 33-34 Публицистика стилэ.
Өйдөбүлэ, уратыта, тыла-өһө. Хаһыаттан текстэр. Ситимнээх саңата сайдар. Хаһыакка суруйарга холонор. 2 13,15/1 35 Аахпыттан суруйуу. Даарыйа эмээхсин остуоруйата. Ситимнээхтик суруйуу. Аахпыттан ситимнээхтик суруйар.Уус-уран тылга умсугуйар. 1 20/1 36 Хатылааһын. Сыһыат туохтуур. Саҥа чааһынан ырытыы. Сыһыат туохтууру саҥа чааһын быһыытынан уратытын билэр, ырытар. 1 22/1 37
Диктант.Сэмэ. Таба суруйууну бэрэбиэкэлээһин. Таба суруйар дьо5урун сайыннарар. 1 27/01 38
Хатылааһын .Туохтуурдар. Сана чааһынан ырытыы, билиини чинэтии. Туохтуурдары билэр. 1 29/1
39 Диктант. Куйуур. Таба суруйууну бэрэбиэкэлээһин. Таба суруйар дьо5урун сайыннарар. Норуот историятын билэргэ дьулуһар. 1
3/2
40 Публицистика стилэ.
Хаһыаттан текстэри ырытыы. Ситимнээх саңата сайдар. Хаһыат аа5арга, хаһыакка суруйарга дьулуһар. дьулуһар. 1 05.02 41 Сыһыат – саҥа чааһа. Сыһыат суолтата, морф-й бэлиэтэ,этиигэ ханнык чилиэн буолара. Сыһыат суолтатын, морф-й бэлиэтин, этиигэ ханнык чилиэн буоларын, арааһын (ааспыт кэмнээх, билиңңи кэмнээх, кэлэр кэмнээх) өйдүүр. 1 10/2 42 Сыһыат үөскүүр ньымата. Сыһыат үөскүүр сыһыарыылара. Сыһыат хайдах үөскээбитин быһаарар, атын тылтан үөскэтэр, этиигэ туттар. 1 12/2 43 Аахпыттан суруйуу. «Иссык-Куль» теплоход. Аахпыттан суруйууга эрчийии. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. Кэрэни, сонуну сатаан көрөр, кэрэхсиир. 1 17.02 44-45 Сэһэргээһин. Өйдөбүлэ, уратыта, тыла-өһө. Араас истиилгэ туттуллуута. Ситимнээх саңата сайдар. Сэһэргээһин ньыматынан сатаан суруйар. 2 19,24/2 46 Сыһыат арааһа. Сыһыат араастарын үөрэтии. Сыһыаты этииттэн, тиэкистэн ыйытыы туруоран булар, арааһын быһаарар, быраабыланы тутуһан сөпкө суруйар. 1 26/2 47 Аахпыттан суруйуу. Нууралдьын Куо уонна Бүгүрү Куо.
Аахпыттан суруйууга эрчийии. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. Уус-уран айымньыга умсугуйар. 1 03.03 48 Хатылааһын. Сыһыат.
Саҥа чааһынан ырытыы. Сыһыат туһунан билитин чиҥэтэр, с/ч – нан ырытар. 1 05/03
49-50 Ойуулааһын. Араас истиилинэн ойуулааьын, уус-уран айымньыга ойуулааьын тылын – өһүн уратыта. Ситимнээх саңата сайдар. Ойуулааһын ньыматынан сатаан суруйар. 2 10,12/3 51 Хонтуруолунай диктант. Таба суруйууну хонтуруоллааһын. Тиэкиһи таба суруйар. 1
17/3
52 Көмө саҥа чаастара. Эбиискэ - саҥа чааһа. Өйдөбүлэ, бэлиэтэ, уратыта. Көмө саңа чаастарын өйдүүр, саҥарар саҥа5а туттар. Эбиискэни атын саңа чааһыттан араарар, дэгэт суолтатын өйдүүр, сыаналыыр, этиигэ, тиэкискэ сатаан туттар. 1
19/3
53 Аахпыттан суруйуу.
Аахпыттан суруйууга эрчийии.. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. 1
31.04 54 Сыһыан тыл – саҥа чааһа. Өйдөбүлэ, бэлиэтэ, уратыта. Сурук бэлиэтэ. Сыһыан тылы атын саңа чааһыттан араарар, дэгэт суолтатын өйдүүр, сыаналыыр, этиигэ, тиэкискэ сатаан туттар. 1 02.04 55 Диктант. Булчут буолбут бэлиэ. Таба суруйууну бэрэбиэкэлээһин. Таба суруйар дьо5урун сайыннарар. 1 07.04 56 Дьөһүөл – саҥа чааһа. Өйдөбүлэ, бэлиэтэ, уратыта. Дьөһүөлү атын көмө саңа чааһыттан араарар, дьөһүөлү сыыһа туттар түбэлтэни булан көрөр, сатаан көннөрөр. 1 09.04 57-58
Тойоннооһун. Араас истиилинэн тойоннооһун уратыта, тыла-өһө. Тойоннуур тиэкис истиилин быһаарар.
Араас истииллээх тойоннуур тиэкиһи автор тылын тутуһан аахпыттан, өйтөн суруйар, кэпсиир. 2 14,16.04 59-60 Ситим тыл – саҥа чааһа. Өйдөбүлэ, бэлиэтэ, уратыта, арааһа. Сурук бэлиэтэ. Ситим тылы атын көмө саңа чааһыттан араарар, ситим тыллаах этиини сатаан интонациялаан саҥарар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. 2 21,23.04 61 Аахпыттан суруйуу. Улуу Туймаада хочо. Аахпыттан суруйууга эрчийии. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. Төрөөбүт дойдутун сирин-уотун билэргэ, ытыктыырга кыһаллар. 1 28.04 62 Хатылааһын. Көмө саҥа чаастара. Көмө саҥа чаастарын туһунан билиини чиҥэтии, саҥа чааһынан ырытыы. Көмө саңа чаастарын билэр, өйдүүр. 1 30.04 63 Саҥа аллайыы – саҥа чааһа. Саҥа аллайыы уратыта, суолтата, сурук бэлиэтэ. Саңа аллайыыны атын көмө саңа чааһыттан араарар, этиигэ, тиэкискэ саңа аллайыы көмөтүнэн киһи туругун, сыһыанын, иэйиитин быһаарар. 1 05.05 64 Аахпыттан суруйуу. Бэс ыйын саҥата. Аахпыттан суруйууга эрчийии.. Аахпыттан суруйар дьо5урун сайыннарар. Айылҕаҕа кэрхсээһин, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы. 1
07.05 65 Хатылааһын. Тиэкис. Тиэкис туһунан билиитин чиҥэтии. Ситимнээх саңата сайдар. Араас истииллээх тиэкиһи сатаан суруйар. 1 12/5 66 Хонтуруолунай диктант.
Таба суруйууну бэрэбиэркэлээһин. Таба суруйуута тупсубут. 1
14/5
67-68 Сыллаа5ы хатылааһын. Саҥа чаастара. Саҥа чаастарын туһунан билиини чиҥэтии.
7-с кыл. үөрэппит темаларын өйдөөбүт. 2 19,21/5