Презентация по якутскому языку на тему Физика кэстуулэрэ саха литературатыгар


VII ,VIII кылаастарга физика уонна саха литературатын алтыһыннаран үөрэтии. Уруок темата: «Физика көстүүлэрэ саха уус- уран литературатыгар хоһуйуллубутун булан, күннээ5и оло5у кытта ыкса сибээстээ5ин билии.». Уруок сыала: - 7 кылааска үөрэппит өйдөбүллэргитин, сокуоннары тус бэйэ5ит олоххутугар сыһыаннаан көрүү.- суоттуур үөрүйэ5и, толкуйдуур дьо5уру салгыы сайыннарыы.- тыл саппааһын байытан айар үлэни толоруу.- кэмнээһин араас ньымаларын туттуу.- бииргэ сомо5олоһон үлэлииргэ үөрэнии. Уруок тэрилэ: - цилиндр, саахар, линейка, ыйааһын, разновестар, уу, мензурка.- хомус- презентация Power Point.- хара дьааһык- кытыйалар.- сахалыы музыка. Уруок хаамыыта: I. Физика диэн тыл ханнык омук тылыттан үөскээбитий уонна туох суолталаа5ый? Тулалыыр эйгэ5итигэр ханнык айыл5а көстүүлэрин көрө5үтүй? Ааттаталаан. (муус ууллуута- итийии, массыына сүүрэрэ-хамсааһын, хомус тыаһа-тыас, электрическэй уонна магнитнай көстүүлэр бааллар) II. Айыл5а көстүүлэригэр сыһыаннаах таабырыннары таайыы. 1. Киэһээ дьиэ иһигэр күн тыкпыт үһү 2. Уот сүрэхтээх, түөрт атахтаах, икки килэгир харахтаах эймэлдьийэ сүүрүк баар үһү. 3. Дьааһык са5а да буоллар, киинэ көстөр баар үһү. 4. Көстүбэт да, саңарар баар үһү. 5. Кынатынан сапсыммат да көтөр баар үһү. 6. Улуу дойду о5уһа мөңүрүүр үһү. 7. Сытыы быһычча халлааны суруйар үһү. Айыы уола уот курунан далбаатыыр үһү. 8. Түгэ5э суох көмүс ыа5ас баар үһү. 9. Баара -суо5а биллибэт бары омук тылынан кэпсэтэр баар эбит. III. Кээмэй түһүмэ5э: Сахалыы кээмэйдэри төһө билэбитий?(компьютерынан көрдөрүү)- задачалары суоттааһын. Көс уста кээмэйэ Пекарскай үс суолга араарар: -сатыы көс -7-8 биэрэстэ.Ат көһө - 10 биэрэстэ.Сэлиик ат көһө - 13- 14 биэрэстэ.Билигин көс 10 км. тэннэһэр.1 биэрэстэ – 1000 м. Былас. Киһи икки илиитин туора уунна5ына анар илиитин уһугуттан нөңүө илиитин уһугар диэри. Быһа холуйан 164-168 см. Ону таьынан атыл -1м. , харыс – 20см., суем: - мунур суем, -уьуктаах суем. Сылгы эмиьин теье хаьалаа5ын маннык кэмнииллэр: 1. Быьах ончо5о. 2. 1илии, 2илии, 3илии. 3.Тутум – 4 илии. 4. Суор холото – 1тутумна эрбэх устата эбиллэр. Холо – булчут туттар кээмэйэ. Куобах холото-11-12 см.Саьаан – 213см., арсыын – 71 см.Берсуек -4,4 см. а) уста кээмэйэ.П.А.Ойуунускай «Тунал5аннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо»- А5ыс былас суһуохтаах Айталын Куо диэн а5астаах этим…Айталын Куо суһуо5ун уһуна төһөнүй?б)Бө5ө Хаахынньа.Таңара дьиэтин колокуонньатыгар 30 бууттаахИйэ куолакалы таһааран оннун булларарүрдүк чиэһи – итэ5эли уулус кулубатаБардакыБайбал обургу Бө5ө Хаахынньа5а биэрбит.Күүстээх Хаахынньа төһө килограмм куолакалы көтөхпүтүй?. в) Иэни булуу.Ула5ата уңуоргута биллибэтУстата-туората көстүбэтУлуу хочомУунан-уһаанОтут көс усталаахОнолуйа турар хонуулаахУон көс туоралаахУнаар-мунаар урсуннаах.Улуу хочо иэнэ төһөнүй? г)1. Ыһыахха атах оонньуута ыытыллар. Былыр кылыыһыттар албан ааттара киэң сиринэн улуустан улууска тар5анара. Дүпсүн киһитэ кылыыһыт Босиков албан аата Саха сирин үрдүнэн сура5ырбыта. Кини 12 туоска 45м. түспүтэ. 1 туос аайы ортотунан төһөнү ыстаммытый? 2. Быйылгы Манчаары оонньууларыгар саха национальнай ыстаныыларыгар Бүтүн Россия турнира буолан ааста. Манна кылыыга бастакы миэстэ Юрий Гаврильев 12 туоска 48м. 13см. ыстаммыта. 1 туос аайы ортотунан хастыы миэтэрэнэн ыстаммытый? д) Тик-так барабын бириэмэни билэбин- Ханнык физическэй кэриңи кээмэйдииллэрий?Саха марафон курэхтэьиитигэр биьиги учууталбыт Петрова Антонина Петровна 42 км. 3ч20мун. Тумуктээбит. Кини тургэнин суоттаан.е) Термометр диэн тугуй? Тугу кэмнииллэрий?-Саха сирин тымныы полюһа ханна баарый? Хас кыраадыс буола сылдьыбытай? IV. Кистэлэннээх хара дьааһык. - Балык да буолбатах, эт да буолбатах тугуй бу дьааһыкка? О5урсуну тууһааһыңңа ханнык физическэй көстүү баарый? V. Лабораторнай үлэ. (экспериментальнай үлэ).-эттик чиңин быһаарын.VI. Физминутка. VII. Айар үлэ.Айыл5а5а баар эттиктэр үс турукка (состояние) сылдьаллар. Холобура ханныктарый?Ону туһанан айар үлэтэ суруйун. (Ууну үс состояни5а ылыахха).VIII. Ребус таайыыта. IX. Түмүк. Уруок туһунан тугу этэ5итий? Хайдах уруок ааста дии саныыгыт?Саха киһитэ былыр -былыргыттан айыл5алыын алтыһан, айыл5а көстүүлэрин эбэтэр физика сокуоннарын туһанан олох олорор. Айыл5а көстүүлэрин тылга киллэрэн уос номо5о оңорон уус-уран тыл сүмэтинэн киэргэтэн кинигэ5э тиһэр, өлбөт сүппэт үйэлиир. Бол5омто5ут иһин махтал!