Технологическая карта урока по якутскому языку на тему: Саха сирин кыыллара
2.03. 16. Саха тыла. 2 кылаас.
Учуутал: Антипина А.А.
Уруок көрүңэ: Айар уруокТема «Саха сирин кыыллара»
Быһаарыллыахтаах проблема: Хаһыат ис тутула хайда5ый?
Сыала:
Үөрэтэр:- Хаьыат ис тутулун туһунан өйдөбүлү биэрии;
- тыл улэтин: 4 көрүңүн сайыннарарга улэни ыытыы: аа5ыы, истии, санарыы, суруйуу;
- туһалаах информацияны булан сөпкө туһанарга үөрэнии;Сайыннарар:
- айар дьо5урдарын сайыннарыы;
- толкуйдуур, булар – талар дьо5уру, ырытар сатабылларын сайыннарыы;
Иитэр:
- айыл5а5а харыстабылаах сыһыаныы иитии;
- бэйэ – бэйэни истэ үөрэнии.Туттар тэрил: кыыллар хаартыскалара, клей, А3, өңнөөх харандаастар, фломастердар.
Уруок былаана Уруок этаптараУчуутал быьаарыытаҮөрэнээччи толоруутаИнэриллиэхтээх сатабыллар1.Тэрээһин чаас- Биһиэхэ бүгүн ыалдьыттар кэллилэр, кинилэри кытта дорооболоһобут
- Үтүө күнүнэн!-Туохтан да долгуйбакка, аралдьыйбакка, бүгүңңү уруокка көхтөөхтүк улэлиибит.
-Салгыны э5ирийэн үөһэ тыынныбыт, аргыый сыыйан таһаардыбыт, олорун. Урокка бэлэмнэнии.
- үтүө күнүнэн!Бэйэни салайынар –дьаьанар сатабылҮөрэххэ бэйэни бэлэмнээһин2.Уерэппити хатылааьын3. Уруок тематын, сыалын таба туруоруу- СЛАЙД, хаартыскаларБилиибитин хатылааьынна кроссворд таайыахпыт, ортотугар ханнык тыл тахсар эбитий?
1. Киьиттэн, кыылтан куттанар Киниэхэ ким барыта тойон. (Куобах)
2.Туундара мааны манан кыыһа.(кырса)
3. Манан сонноох, кутуругар хара бэлиэлээх (кырынаас)
4. Куобах сытын билэнСылбахха кирийэркылбар – халбар көрөрКини олус албын (саһыл)
5. Кыыллар саамай куттанар киһилэрэ кимий? (булчут)
6. Төбөтүгэр тыаны илдьэ сылдьар аарыма кыыл баар үһү.(тайах)
7. Ойуурга кыһын аччык сылдьар туох буолуой? (бөрө)
- Ханнык тыл та5ыста?
- ол аата бүгүннү уруокка туох туһунан кэпсэтэбитий?
- Бу кыыллар Сахабыт сиригэр бааллар дуо?
- остуолга сытар, матырыйааллары туохха туттуохпутун сөбүй?
- Оччо5о бүгүңңү уруокпут сыала – соруга тугуй?
Ыйытыыларга эппиэттээьин- кыыллар- бааллар - Саха сирин кыылларын туьунан.
- хаһыат- Саамай сөп, бүгүңңү уруокпут сыала соруга- хаһыат айыытаСүрүн үөрэнэр сатабылБэриллибит сорудахха сөптөөх эппиэти булуу. Сана билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр.
Бэйэни салайынар –дьаьанар сатабыл.
Ал5аьа суох санарарга, санаатын ыпсаран санарарга кыһалларБилэр – көрөр сатабылҮлэ сыалын соругун таба туруорууСананы айарга үөрэнэригэр сыал сорук туруорунан көдьүүстээхтик улэлиир4. Сана билиини иьитиннэрии- Хаһыат оноруохпут иннинэ Тася проегын истиэххэ.
- Туох туһунан проект иьиттигит?
- Төһө өйдөөн истибиккитин бэрэбиэркэлээн 3 ыйытыы биэрэр- Төһө үчүгэй проект иһиттигит?
- Хайдах сыаналыыгыт?
- куобахТася КЭПСИИР
Ыйытыыларга сөптөөх эппиэти биэрии Билэр – керер сатабылСэргээн истэр-көрөр, айар улэтигэр көдьүөстээхтик туһанарБэйэни салайынар –дьаьанар сатабыл.
Тылын – өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупасаран санаатын этэр5. Тылы сайыннарыы- Билигин тылы сайыннарыыга үлэлиэхпит. - Туох соруда5ы толороргут буолуой?
- Чэ ыллыбыт уонна улэлээтибит.
- Ким бутэрбит ручкатын көтө5өр.
- Аны хоһооннутун атастаһын- О5олор хоһооннрун туох дии санаатыгыт, сыаналаан.
- Бөлөхтөн 1 хоһоону аа5ан иһитиннэрин. - О5олор эһиги хаһыс кылааска үөрэнэ5итий?
СЛАЙД
- Билигин 4 кыл. үөрэнээччитэ бэйэтэ айбыт хоһоонун аа5ан иһитиннэриэм.- Туох дии санаатыгыт бу хоһоону?
- Эһиги эмиэ 4 кл. та5ыстаххытына маннык араас хоһооннору айар буолуоххут.
МУЗ. ФИЗМИНУТКА - тыллары ситэрэн биэрэбит- 3 о5о бэйэлэрэ ситэрбит хоһооннорун аа5аллар. Бэйэни салайынар –дьаһанар сатабыл.
Бэйэ санаатын суруйуу6. Айар улэ - О5олоор эһиги дьиэ5итигэр хаһыакка суруйтара5ыт дуо?
- Ханнык хаьыаттарга?
- Эһиги санаа5ытыгар туох туһунан хаһыаты онорорбут буолуой?
- Сөп, ол аата эһиги «Ойуур хаһыатын» айан онорон таһаарыахтааххыт.- Хаһыат ис тутула хайда5ый? Туох баар буоларый?
-Соруда5ы өйдөөн истин:
- Манна араас матырыйааллар бааллар, онтон ойуур хаһыатыгар сөптөө5ү талан ыла5ыт, сыьыара5ыт.
- Хаһыаккытын ааттыыгыт уонна 1 о5о кэпсиир, көмүскүүр.- Бары сүбэлэһэн ким тугу гынарын уллэстэ5ит.
Ким эрэ хоьооннору наардыыр, ким эрэ ойуулары талар, ким эрэ кэпсээннэри, сөптөөх тыллары.
- Сөп маладьыастар, наьаа үчүгэй хаһыаттары айан таһаардыгыт?
- Эһиги хаһыаккытыгар ис тутулугар туох баарый?
-айыл5а
- Ойуу, хоһоон, кэпсээн- бэйэлэрин салайан көхтөөхтүк улэлииллэр.
Улэлэрин көмүскүүллэр.Бодуруһар сатабылБөлө5үнэн улэлииргэ араас ньымалары баһылыыр, о5олору кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар.Билэр – керер сатабылСананы айарга үөрэнэригэр сыал сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир7. Бэйэ санаатын этии, тумук- Уонна тумуккэ биир уопсай кыра хоһоону айыахха.
- Туох туһунан кэпсэттибит?
- Хайыыллар, тугу гыналлар?
- ханна олороллор?
- Тугу онорон, айан таһаардыбыт?
- Тугу сөбүлээтигит?
- туохха ыарыр5аттыгыт?
Бэйэ санаатын этэ үөрэнии- кыыллар- хоһоон айыытаБэйэни салайынар –дьаьанар сатабыл.
Тылын – өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупасаран санаатын этэр