Презантация по якутскому языку Саха суруга-бичигэ (5 класс)


САХА СУРУГА-БИЧИГЭ Сахалыы бастакы алфавитСахалыы бастакы алфавиты уонна суругу нуучча үөрэхтээх дьоно айбыттара. Ол курдук 1819 с.сахалыы бастакы алфавиты таҥара дьиэтин үлэһитэ Георгий Попов айбыта . Кини ол алфавитынан таҥара үөрэҕин кинигэтин сахалыы тылбаастаабыта . Бу алфавит бастакы холонуу буолан ааҕарга-суруйарга ыарахан этэ. Ол иҺин Г.Попов айбыт алфавита кыайан туттуллубатаҕа. Отто Николаевич Бетлингк1851с-а Отто Николаевич Бетлингк диэн омугунан немец киһи аан дойдуга аатырбыт «Сахалар тылларын туҺунан» диэн дьоһуннаах научнай грамматиканы немецтии тылынан суруйан бэчээттэппитэ . Онно кини оҥорбут алфавита баара. Академик О.Н.Бетлинг алфавита кэнники сахалыы алфавиттары тупсаран оҥорорго тирэх буолбута. Советскай былаас бастакы сылларыгар үөрэҕэ суох саханы сурукка үөрэтэргэ нууччалыы алфавит табыгаһа суох этэ. Ол иһин саха тылын дорҕооннорун таба көрдөрөрүнэн латынныы алфавит быдан ордук курдуга. КуҺун оskuola ahilinna. O5olor uulussani kiergeteller. Uulussa icci ettyger mas olordollor. Mastarin massььna tiejэr.Ити курдук, биҺиги төрүттэрбит туспа суруктаах-бичиктээх, алфавиттаах эбиттэр. Латынныы ааҕан көрүөҕүн Латынныы алфавит букваларын туһанан, сахалыы алфавиты 1917 с. тыл үөрэхтээҕэ, саха киҺитэ Семен Андреевич Новгородов оңорбута. Семен Андреевич Новгородов (1892-1924 сс.)Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээҕэ, сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээбит бастакы ученай-лингвист, талааннаах педагог уонна общественнай деятель, илиҥҥи омуктары чиничийээччи, тюрколог, монголист Саха норуотун маассабай суругун-бичигин алпабыыт айан төрүттээбит бастакы ученай-лингвист С.А.Новгородов 1892 с. Олунньу 13 күнүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1903-1904 с. И.Т.Цыценко оскуолатыгар үөрэнэр. Кэлин реальнай училещаны ситиһиилээхтик бүтэрэн, Бүлүү куоратынааҕы 4 кылаастаах училещаҕа сыл курдук учууталлаабыта Петербурдааҕы университет илиҥҥи тылларга факультетын арабскай-персидскэй-турецкай разрядыгар үөрэнэ киирбитэ. Семен Андреевич эрдэ норуотун ыарахан, дьадаңы олоҕун, үөрэҕэ суоҕун билбитэ уонна туох баар күүһүн, кыаҕын, норуотун туһугар анаабыта Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут чугдаарыйар тумуллардаах Чуораайыттаа алааһаСемен Новгородов дьонун балаҕана.(Алексей Дмитриевич Картузов уруһуйа) Семен Новгородов аҕата Андрей Александрович уонна ийэтэ Анна Николаевна Новгородовтар дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктаппыт төрүт-уус дьон этилэрэ. Олороллор: С.Новгородов ийэлээх аҕата, тураллар: уоллара Семен Новгородов уонна күтүөттэрэ Фома Попов, 1914 с. 1912-1913сс. Бастакы сахалыы «Саха саҥата» диэн литературнай сурунаалы таҺаарарга көхтөөхтүк кыттыбыта. Латынныы алфавит букваларын туҺанан, Семен Новгородов 1917 с.сахалыы алфавиты оңорбута. Новгородов онорбут алфавита аа5арга- суруйарга ыарахаттардаа5а, онон уҺуннук туттуллубата5а. Новгородов бэйэтин алфавитынан «Сахалыы сурук-бичик» диэн кинигэни таҺаарбыта. Онтон салгыы Новг. Салалтатынан «Бастааҥҥы сурук-бичик», «Сурук бичик», «Ааҕар кинигэ» тахсыбыттара. Бу алфавит баар буолан оскуолаҕа оҕолору төрөөбүт тылынан үөрэтэр кыах баар буолбута, сахалыы сурук-бичик түргэнник тарҕанан барбыта. Сахалыы алпабыыт, 1917 с. Ити курдук Семен Новгородов тыл уһулуччулаах учуонайа, улахан общественнай, политическай үлэһит этэ. Кини, кылгас буолан баран, кэрэ олоҕо, төрөөбүт норуота сайдарыгар киллэрбит кылаата хаһан да умнуллуо суоҕа!