Сценарий сказки Заюшкина избушка на якутском языке


1 кылаас
Сана дьыллаа5ы представления сценарийаНуучча норуотун остуоруйата «Куобахчаан дьиэтэ»
Оруолларга:
Сказочница- Марианна
Саьыл-АйыынаКуобах- ЯрикБере- ДамирЭьэ- Саян Б.
Ыт- Айсен
Бетуук- Сайаан Дь.
Ахсынньы ый- МарикХаар- Алина,
Саас- СандаараЧыычаахтар- Юра, СайаанаОстуоруйа музыката фон буолан тыаьыыр. Сказочница кыыс кинигэ тутан сыана ортотугар тахсан кэлэр.
Сказочница: Утуе кунунэн о5олоор. Мин бугун эьиэхэ нуучча норуотун остуоруйатын кэпсиэхпин ба5арабын. Былыыр- былыр биир остуоруйа тыатыгар олорбуттара эбитэ уьу Саьыл уонна куобахчаан.
Сказочница сыана кытыытыгар тахсар. Сыана ортотугар Куобахчаан уьанар инструменнардаах тахсан кэлэр. Кини мастан дьиэ туттан са5алыыр. Олорон эрэ ыллыыр. Бу кэмнэ Саьыл ааьан иьэн Куобахчааны керен тохтоон кэпсэтэр.
Саьыл: Дорообо Куобахчаан, тугу оноро олоро5ун?
Куобахчаан: Дорообо Саьыл. Ээ мин наар сыгынах анныгар олорортон сылайдым, ол иьин бэйэбэр дьиэ тутта сылдьабын. Сотору кыьын обургу кэлиэ дии.
Саьыл: Ну-ну, онор онор. Керен иьиллиэ. ( куймурус гынан баран, баран хаалар).
Саьыл хонууга тахсан бэйэтин керунэр сиэркилэ5э. Куобахчаан аттытынан ааьан иьэр.
Саьыл: Уаай Куобахчаан наьаа учугэй дьиэ туттан эрэр дии, мин эмиэ дьиэлэниэхпин ба5ардым.
Музыка тыаьыыр. Саьыл кылгастык ункуулуур,эргийэр.
Ахсынньы ый , хаардыын сыана5а тахсаллар.
Ахсынньы :Мин Ахсынньы ый кэллим, сири дойдуну хаарынан буруйдум.
Ахсынньы ый, хаар ункуутэ.
Саьыл: Оо , эьэкээм ычча да наьаа тоннум, миэхэ дьиэтэ тутан кулу.
Ахсынньы ый: Кемелеьен бе5е буолла5а. Хаар эн элбэх хаарда мус, мин муус а5алыам.. Музыка тыаьыыр.
Ахсынньы ый, хаар, саьыл кемелеен дьиэ туталлар.
Саьыл: Уаай мин наьаа да учугэй дьиэлэнним. Махтал буоллун кемелеспуккутугэр.
Ахсынньы ый, хаар тахсан бараллар.
Сказочница: Ити курдук Саьыл уонна Куобахчаан ыаллыы буолан олороллор. Кыьын ааьан, саас кэлэр.
Музыка
Сыана5а Саас уонна чыычаахтар тахсаллар. Саьыл дьиэтин тула Ункуулууллэр.
Саас:
Саьыл дьиэтиттэн тахсан кэлэр.
Саьыл: То5о мин дьиэм иьэ уу буолла?
Саас: Мин кэллим, кун куускэ сылытар , ол иьин муус ууллан чалбах тахсан эрэр.
Саьыл дьиэтэ ууллан хаалар. Саьыл ере тыынар, хомойор уонна куобахчаанна барар.
Саьыл: Куобахчаан, саас кэлэн кун куускэ керен мин дьиэм ууллан хаалла. Киирэн эн дьиэ5эр иттэрбин кенуллээ эрэ.
Куобахчаан: Киир,киир сылаас чэйинэн кундулуем.
Куобахтаах, Сакьыл чэй иьэллэр.
Саьыл: Чэйин эчи минньигэьин, дьиэн да сылааьа, Мин манна олоро хаалар эбиппин. Киэр буол мантан Куобахчаан.
Саьыл куобахчааны уурэн таьаарар. Куобахчаан ытыыр, ченечеххе баран олорор.
Бере музыката
Сыана5а бере тахсан кэлэр, кылгастык ункуулуур, сыананы эргийэр.. Бере: Дорообо, Куобахчаан!
Куобахчаан: Дорообо, Бере!
Бере: То5о ытаатын?
Куобахчаан: Хайдах ытыам суо5ай?! Мин масс дьиэлээх этим, Саьыл муус. Саас буолбутугар Саьыл дьиэтэ ууллан хаалбыта. Миэхэ иттэ, чэй иьэ киирэн баран, бэйэм дьиэбиттэм уурэн ыытта.
Бере: Ытаама Куобахчаан, мин эйиэхэ кемелеьуем, саьылы ууруем.
Бере, куобахчаанныын дьиэ5э чугаьыыллар.
Бере: Саьыл, куобахчаан дьиэтиттэн киэр буол!
Саьыл: Дьэ Бере, билигин дьиэттэн тахсыам да, сирэйгин -хараххын хайыта тыытан кэбиьиэм!
Бере куттанан куотан хаалар.Куобахчаан ченечегер теннен кэлэн олорор.
Эьэ музыката тыаьыыр .Тыаттан эьэ тахсан кэлэр. Кылгастык ункуулуур, сыананы эргийэр.
Эьэ: Дорообо, Куобахчаан!
Куобахчаан: Дорообо, Эьэ!
Эьэ: То5о ытаатын?
Куобахчаан: Хайдах ытыам суо5ай?! Мин масс дьиэлээх этим, Саьыл муус. Саас буолбутугар Саьыл дьиэтэ ууллан хаалбыта. Миэхэ иттэ, чэй иьэ киирэн баран, бэйэм дьиэбиттэм уурэн ыытта. Бере уурэ сатаата да кыайбата.
Эьэ: Ытаама Куобахчаан, мин эйиэхэ кемелеьуем, саьылы ууруем.
Эьэ, куобахчаанныын дьиэ5э чугаьыыллар.
Эьэ: Саьыл, куобахчаан дьиэтиттэн киэр буол!
Саьыл: Дьэ Эьэ сэрэн, билигин дьиэттэн тахсыам да, сирэйгин -хараххын хайыта тыытан кэбиьиэм!
Эьэ: Тыый туох ааттаах бугун кыыьырбытай. Чэ кэбис мин барыым.
Эьэ куттанан куотан хаалар.Куобахчаан ченечегер теннен кэлэн олорор.
Чыычаахтар музыкалара тыаьыыр.
Чыычаахтар тахсан ункуулууллэр.
1 чыычаах: Ким ессее куобахчаанна кемелеьуен себуй?
2 чыычаах: Ээ мин билэбин, Ыт кемелеьуен сеп эбит, кини кимтэн да куттаммат.
1 чыычаах: Чэ баран ыцырыах.
Сказочница: Чыычаахтар Ыты керсен Куобахчааны Саьыл хайдах ата5астаабытын кэпсииллэр. Ыт Куобахчаанна кемелеьуем диир. Ыт ытыы олорор Куобахха тиийэр.
Ыт: Дорообо, Куобахчаан!
Куобахчаан: Дорообо, Ыт!
Ыт: То5о ытаатын?
Куобахчаан: Хайдах ытыам суо5ай?! Мин масс дьиэлээх этим, Саьыл муус. Саас буолбутугар Саьыл дьиэтэ ууллан хаалбыта. Миэхэ иттэ, чэй иьэ киирэн баран, бэйэм дьиэбиттэм уурэн ыытта. Бере, Эьэ уурэ сатаатылар да кыайбатылар.
Ыт: Ытаама Куобахчаан, мин эйиэхэ кемелеьуем, саьылы ууруем.
Ыт, куобахчаанныын дьиэ5э чугаьыыллар.
Ыт: Саьыл, куобахчаан дьиэтиттэн киэр буол!
Саьыл: Дьэ Ыт сэрэн, билигин дьиэттэн тахсыам да, сирэйгин -хараххын хайыта тыытан кэбиьиэм!
Ыт: Тыый туох ааттаах бугун кыыьырбытай. Мин кыайан ууруе суохпун саатар, саам алдьанан хаалбыта.
Ыт баран хаалар.Куобахчаан ченечегер теннен кэлэн олорор.
Сказочница: Ыт саьылтан куотан иьэн тыа5а Бетуугу керсе туьэр.
Бетуук муузыкатаБетуук: Тыый ыт бу ханна ыксаани а5ай баран эрэ5ин?
Ыт: Саьылтан куоттум.
Бетуук: То5о Саьылтан куоттун?
Ыт: Саьыл обургу куобахчаан дьиэтин былдьаан ылан, онно киирэн хаьаайыннаа5ынан олорор эбит. Киирэн уурэ сатаатым да, сирэйбин –харахпын хайа тардыах буолан уурэн ыытта.
Бетуук: Тыый , ол хайдах буолбутуй?
Ыт: Хата Бетуук эн баран уурэн керууй.
Бетуук: Чэ бээ баран уурэн да керуум. Куобахчаанна кемелеьуум.
Сказочница: Ити курдук Бетуук Куобахчаан дьиэтиттэн Саьылы уурэ барар.
Бетуук куобахчаанна кэлэр ,куобахчаан ченече5ер олорор буолар. Музыка тыаьыыр
Бетуук:Дорообо, Куобахчаан!
Куобахчаан: Дорообо, Бетуук!
Бетуук: То5о ытаатын?
Куобахчаан: Хайдах ытыам суо5ай?! Мин мас дьиэлээх этим, Саьыл муус. Саас буолбутугар Саьыл дьиэтэ ууллан хаалбыта. Миэхэ иттэ, чэй иьэ киирэн баран, бэйэм дьиэбиттэм уурэн ыытта. Бере, эьэ, ыт уурэ сатаатылар да кыайбатылар. ОО, эн да кыайарын саарбах.
Бетуук: Ытаама Куобахчаан, мин эйиэхэ кемелеьуем, саьылы ууруем.
Бетуук, куобахчаанныын дьиэ5э чугаьыыллар.
Бетуук: : Куобахчаан дьиэтиттэн саьыл киэр буол. Санныбар сыты хотуур сугуулээх сылдьабын, албын саьыл тебетун быьыахпын ба5арабын.
Саьыл: Уаай, тохтоо тохтоо , оьохпуттан туьэн эрэбин.
Бетуук: : Куобахчаан дьиэтиттэн саьыл киэр буол. Санныбар сыты хотуур сугуулээх сылдьабын, албын саьыл тебетун быьыахпын ба5арабын.
Саьыл: Уаай, тохтоо тохтоо , танаспын таннан эрэбин..
Бетуук: : Куобахчаан дьиэтиттэн саьыл киэр буол. Санныбар сыты хотуур сугуулээх сылдьабын, албын саьыл тебетун быьыахпын ба5арабын.
Саьыл тахсан тыа диэки куотан хаалар.
Куобахчаан: Хорсун бетуук махтал буоллун эйиэхэ Саьылы уурбуккэр. Миигин кытта бииргэ олоруоххун ба5ара5ын дуо?
Фоновай музыка
Сказочница: Дьэ ити курдук хорсун Бетуук Куобахчаан дьиэтиттэн Саьылы уурэн ыытар. Онтон ыла куобахчаан Бетууктуун иллэхтик олороллор. О5олоор, хаьан да5аны бэйэ5иттэн кыра киьини ата5астаама, дьону албыннаама! Кербуккут иьин махтал. Оруолларга оонньоотулар:
Сказочница- Марианна
Саьыл-АйыынаКуобах- ЯрикБере- ДамирЭьэ- Саян Б.
Ыт- Айсен
Бетуук- Сайаан Дь.
Ахсынньы ый- МарикХаар- Алина,
Саас- СандаараЧыычаахтар- Юра, СайаанаБары сыана5а тахсаллар. Ырыа ыллыыллар