Яковлев Петр Ионович аата ?йэлэргэ ааттаныа.
Яковлев Петр Ионович аата үйэлэргэ ааттаныа.
Яковлев Петр Ионович 1921 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Амма оройуонун Амма – Наахара нэһилиэгэр Дьыбыдаах үрэҕин баһыгар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ 7 о5онон төрөөбүтэ.
Аҕата Николай Николаевич Леонтьев, ийэтэ Семенова Вера Петровна оҕото суох чугас аймахтарыгар, Ульяна Васильевна уонна Ион Павлович Яковлевтарга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Кинилэр Петя 5 – 6 саастааҕар утуу – субуу өлбүттэрэ, ииппит аҕата 14 саастаа5ар өлбүтэ. Ииппит ийэтэ Ульяна васильевна дьонун кытта олоро көспүтэ.
1931 cыллаахха Таҥхаҕа чааһынай оскуола аһыллыбыта. Петя онно ааҕарга үөрэммитэ. 1939 сыллаахха Өнньүөс сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1940 – 1941 үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы педагогическай училище библиотечнай отделениятыгар бастакы куурсугар үөрэнэ киирбитэ. Ол сааһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар.
1941 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр Кыһыл Армияҕа ыҥырыллар. 235 стрелковай дивизия 801 стрелковай полкатын састаабыгар сылдьыбыта. Кыанар, хоодуот саллаат разведчигынан анаммыта. Ыараханнык бааһыран Тула куоракка госпитальга алта ый эмтэнэн, 1944 сыллаахха төрөөбүт дойдутун булбута.
Бойобуой суола: Иркутскай(Бийск) – хайыһар полката
Новосибирскай – тутуу батальона
Москва таһынаа5ы Александровскай куорат разведчиктар взводтара
Демьянскай – Брянскай фронт
Орел – Курскайдааҕы кыргыһыы
Тула, Иваново - госпиталь
1944 сыллаахха үөрэммит оскуолатыгар учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта. Кэлиэҕиттэн 1960 сылга диэри, 16 сыл оҕолору билии – көрүү кыһатыгар үөрэппитэ, эт – хаан өттүнэн сайыннарбыта, киһи быһыытынан үчүгэй хаачыстыбаны ииппитэ.
1960 сыллаахха дойду үрдүнэн тарҕаммыт Валентина Гаганова бачыыма эдэр ыччат сэҥээриитин ылбыта. Ол бачыымы олоххо киллэрэн Петр Ионович үлэ көрдөрүүтүн өрө тарда, дьону кытта үлэлэһэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии тахсаллар.
Бу кэмҥэ Амма – Наахара нэһилиэгин уопсай сүөһүтэ Таҥханан, Ымыйахтааҕынан, Хомустааҕынан кыстыктанан, сайылыктанан олороро. 1957 сыллаахтан “Амма” совхозка Өнньүөс отделение быһыытынан холбоспута. Сыллаахха Өнньүөс отделенията “Болугур” совхозка киирбитэ.
П.И. Яковлев күүһү түмэн, кииннээн Өнньүөскэ элбэх сүөһү турар хотоно тутуллуутун туруорсубута. Ынахтар сылаас ууну автопоилкаттан уулууллара, дэлэй аһылыктарын вагонетканан аҕалаллара, ынахтары ыыр доилкалар туруоруллубуттара, ынах хойуутун таһаарарга вагонеткалар бааллара. Манна барытыгар VII,VIII, IX ыҥырыылаах Верховнай Совет быыбарыгар депутатынан талыллан үлэлээбит П.И. Яковлев өҥөтө элбэх.
1968 сыллаахха ыччат – комсомольскай фермата “Юбилейнай” диэн сүрэхтэммитэ. “Юбилейнай” ферма саҕалааччыларынан буолбуттара: алексеева Мария Евсеевна, Васильева Галина Ивановна, Диодорова (Кузьмина) Анастасия Васильевна, Макарова (Филиппова) Евдокия Устиновна, Никитина (Гаврильева) Матрена Гаврильевна, Филиппова Варвара Владимировна, Чемокин Петр Иннокентьевич, Яковлев Николай Петрович, Яковлев Сергей Александрович.
П.И. Яковлев боростуой, болҕомтолоох майгылааҕа. Туох, ханна, хаһан буолуохтааҕын бастакы сүбэһитэ кэргэнэ Матвеева Мария Захаровна буолара. Мария Захаровна идэтинэн начальнай кылаас учуутала. Кини илиитин нөҥүө элбэх оҕо ааҕар, суруйар, суоттуур буолан ааспыттара. Сайын аайы сайылыкка тахсыһара, илии- атах, сүбэ – ама буолара. Петр Ионович олус чиэһинэй үлэһит этэ уонна коллективын оннук тыыҥҥа иитэрэ. Шадрин николай Васильевич ахтыытыттан: “Биирдэ Петр Ионович эбиэтигэр доҕоро түбэһэн чэйдэспит, онуоха кини хара чэйи, килиэби кэнсиэрбэни кытта ууран аһаппыт. Киһитэ хас биирдии ынахтан тахса киилэ үүтү ыыр ыанньыксыт эбиэтиттэн сөҕө сасанаабытын биллэрбит. Петр Ионович доҕоругар үүт государство киэнэ буоларын, ону сии – аһыы олорор сатамматын быһаарбыт”. Кини маннык үтүө хаачыстыбаларын этэ – такыйа да сылдьыбатар, тус бэйэтин холобурунан бары өттүнэн ыччаты иитэ сырыттаҕа.
1976 сыл ахсынньы 23 күнэ. Амма – Наахара нэһилиэгин историятыгар умнуллубат түгэн. Петр Ионович Яковлевка үһүс “Ленин” орденын кытта , “Сиэрпэ уонна Өтүйэ” кыһыл көмүс мэтээли анаан туран Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибитэ.
1978 сыл олунньу ый. Мария Захаровна, Петр Ионович оҕолорунаан олохторугар умнуллубат түгэн буолбута. Үлэ Геройугар Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга толору хааччыллыылаах таас дьиэ биэрбиттэрэ. Сааһыары ыарахан ыарыыттан Мария Захаровна сырдык тыына быстыбыта. Ол сыл күһүнүгэр кыра уоллара Николай ыалдьан олохтон туораабыта. Кыһыныгар сэтинньи 7 күнүгэр 1978 сыллаахха, баара – суоҕа 57 сааһыгар, Петр Ионович сүрэҕэ тохтообута.
Олох ыччаттарынан салҕанар. Петр Ионович кыра уола Николай Петрович 1972 сыллаахха Абрамова Варвара Алексеевнаны кэргэн ылан ыал буолан төрөппүтэрин үөрдүбүтэ. 1973 сыллаахха Колялаах Варя уоламмыттара. Петр Ионович бэйэтин аатын уонна Мария Захаровна эһэтин аатын биэрэн Петя диэн ааттаабыттара. Онон Мария Захаровна, Петр Ионович эбээ, эһээ буолуу үөрүүтүн сиэннэнэн билбиттэрэ. Варвара Алексеевна кырачаан Петятынаан дойдутугар Мындаҕаайыга олохсуйа барбыттара. Онон Петя оҕо сааһа, оскуолатааҕы сыллара, ыал буолбут кэрэ кэмнэрэ ийэтин дойдутугар ааспыта. Үс кыыс , биир уол оҕолоохтор. Петр Ионович улахан уола Юрий Петрович кэргэннэнэн Дьокуускай куоракка олохсуйбута, идэтинэн суоппар. Орто уол Захар Өнньүөскэ рабочайдаабыта, ыалдьан өлбүтэ.
Социалистическай Үлэ Геройун аата үйэлэргэ ааттана туруо. Кинини төрөөбүт – үөскээбит Амма – Наахаратын дьоно умнубат, кининэн киэн туттар, кини аатын үйэтитэргэ үлэлэһэр. Өнньүөс киин уулуссата Герой П.И.Яковлев аатын сүгэр. Бөһүөлэк киинигэр сэрии, тыыл ветераннарыгар анаммыт “Кыайыы” болуоссатыгар П.И. Яковлев бронзовай бюһа мраморнай подстамеҥҥа үйэ- саас тухары туруорулунна. Амма – Наахара орто оскуолата П.И. Яковлев аатын сүгэр. Үйэ – саас тухары П.И. Яковлев дьыалата, үлэтэ үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруо.
Макарова Матрена Павловна, саха тылын уонна литературатын учуутала
4