Ефремова Марина Петровна (1934-1992сс.)


Ефремова Марина Петровна
(1934-1992сс.)
Биһиги ийэбит Ефремова (Пахомова) Марина Петровна 1934 с. олунньу 10 күнүгэр Ѳнньүѳскэ Таҥхаҕа Анастасия Петровна (Павлова), Петр Павлович Пахомовтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин кѳрбүтэ.
Аҕата Петр Павлович Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, атаҕар бааһыран дойдутугар этэҥҥэ тѳннүбүтэ, сэрии кэнниттэн колхозка предселателинэн үлэлээбитэ. Ийэм сэрии кэмигэр уончалаах оҕо аччыктааһыны этинэн-хаанынан билбитэ, соҕотох ийэ үс оҕону иитэригэр сүрдээх ыарахан кэмнэр этилэрэ диэн ахтара. Улахан оскуола дьиэтин биир ѳттүгэр олорон эбэм остуорастыыра. Павлов сохсотугар куобахтаан онтон куобах иһин-үѳһүн бэрсэрэ диэн истиҥник ахтара.
Убайа Александр Петрович саҥаспыт Ефросинья Прокопьевналыын 8 оҕолонон, 28 сиэннэнэн, 48 хос сиэннэнэн, 2 хос-хос сиэннэнэн ааттарын ааттатар ыччаттаннылар. Эдьиийэ Ольга Петровна Егор Григорьев диэн Наахара киһитигэр кэргэн тахсан 7 оҕолонон, 12 сиэннэнэн, 7 хос сиэннэнэн Мэҥэ – Хаҥалас Наахаратыгар олорбуттара.
Ийэбит Марина Петровна 1956 с. тохсунньуга Лээгиттэн тѳрүттээх Ефремов Павел Иннокентьевичка кэргэн тахсан Матрена, Людмила, Иннокентий, Валентин, Зоя, Александр уонна Анастасия диэн түѳрт кыыс, үс уол оҕоломмуттара. Матрена Павловна Спартак Павлович Макаровтар Павел, Леонид, Саргы, Марина уонна Данил диэн оҕолоруттан уон икки сиэннээхтэр. Людмила Павловна Петр Иванович Алексеевтар Анна, Петр уонна Анастасия диэн оҕолоруттан түѳрт сиэннээхтэр. Иннокентий Павлович Екатерина Дмитриевналыын Айсена,Марина диэн кыргыттардаахтар, Зоя Павловна биир Сахаяна диэн кыыстаах, Александр Павлович Татьяна Ивановналыын Иванна, Никита уонна Регина диэн о5олоруттан икки сиэннээхтэр. Анастасия биир Валя диэн кыыс оҕолоох.
Ийэбит эдэр эрдэҕиттэн сүѳһү үлэтигэр үлэлээн хара кѳлѳһүнүн тоҕон, 37 сааһыгар огдообо хаалан, 7 оҕону соҕотоҕун иитэн дьон гынан таһаарда. Биһиги оҕолоро ийэбитин наһаа истиҥник саныыбыт, долгуйа махтанабыт. Ийэбит сүрдээх холку , сэмэй, сайаҕас-сайдам майгылааҕа, уйан дууһалааҕа, хаһан да мѳҕѳ-этэ сылдьыбат этэ. Кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, оҕону кытта оҕо майгылааҕа диэн дьон истиҥник ахталлар, саныыллар. Биһиги ѳйдүүрбүт тухары ыанньыксыттыыра, кыра эрдэхпититтэн киниэхэ кѳмѳлѳһѳрбүт, онон үлэҕэ эрдэ эриллибиппит. Дьиэ үлэтин бары үллэстэн үлэлээн, сир астаан, үѳрэхпитигэр бары кыһанан үѳрэнэн ийэбитин үѳрдэрбит. Ийэбит сэрии кэмэ буолан үѳрэммэккэ хаалбыт да буоллар кинигэни кыбына сылдьан ааҕара, ахсааны үчүгэйдик билэрэ, суоттуура. Биһиги кини библиотекаттан уларсыбыт кинигэтин барытын ааҕар этибит, онон ийэбит ааҕарга үѳрэппитэ диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Ол иһин да икки математик учуутал, биир финансист, биир инженер, биир саха тылын учуутала идэлэри талбыппыт буолуо. Билигин сиэттэрэ үѳрэнэн, үлэһит буолбуттарын кѳрѳрѳ буоллар наһаа үѳрүѳ этэ.
Ийэбит Марина Петровна үѳрэҕи ылыҥ, үѳрэхтээх дьон буолан дьону-сэргэни кытта тэҥник сылдьыаххыт диэн үѳрэппитин, баҕа санаатын билигин оҕолорбутугар, сиэттэрбитигэр тиэрдэбит, этэбит, үѳрэтэбит.
Улахан кыыһа Макарова Матрена Павловна,
СР үѳрэҕириитин туйгуна,
РФ уопсай үѳрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,
СР үѳрэҕириитин Үтүѳлээх үлэһитэ.