Презентация доклада Олонхо на тему Олонхо и народ


Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэнээччилэрин “Инникигэ хардыы” научнай – практическай конференцията    “Итэ5эл омук утума..”     Бала5аннаахтаа5ы сүрүн оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ: Александров Айдар үлэтэ .Научнай салайааччы:Петрова Анна Никифоровна Чинчийиим объега: “Төрүт культура утумнар, ситимнэр” – кинигэ5э итэҕэл көстүүтэ.Чинчийиим предметэ: Итэҕэл көстүүтэ, кини төрүт культураны кытта ыкса ситимнээҕин ырытыы.Чинчийиим актуальноһа: Итэҕэл диэн тылы хас биирдии киһи билэр, ол иһин итэҕэллээх омук өй-санаа, сиэр-майгы да өттүнэн күүстээх буоларын биллэрии, тиэрдии.Чинчийиим сыала: Биһиги итэҕэлбит билиҥҥи кэмҥэ хайдах таһымнааҕын быһаарыы.Өбүгэлэрим культураларын дириҥник билии, үөрэтии, дьоммор - сэргэбэр тиэрдии. Чинчийиим соруктара: Итэҕэл киһиэхэ ордук суолталааҕын дакаастааһын. Кинигэлэртэн өбүгэлэрбит итэҕэллэрин булан ырытыы. Туохха сүгүрүйэллэрин чинчийэн билии.Үлэм гипотезата: Итэҕэл – айылҕаны кытары ыкса сибээстээх. Кинигэҕэ итэҕэл араас хайысхаларын билии, хас биирдиилэрэ чинчийиллэн да сырдатан да хабааннаахтарын көрүү. Практическай суолтата:Итэҕэл баарын тухары хайа баҕар омук өй – санаа өттүнэн сайдар.Итэҕэл ситимэ омук утума, кини төрүт культуратын инникитин көрдөрүүтүн дьоҥҥо – сэргэҕэ тиэрдии.Омук ийэ айылҕатын, иитиллибит эйгэтин иһигэр илдьэ сылдьара, итэҕэлин сүрэхтиин сүүдүйэрэ – омук утума, дьоло – саргыта буоларын итэҕитии.Теоретическай суолтата: Итэҕэл силиктээх сиэрин, алкыйар алгыстарын саха омук дьылҕатын салгыыр, утумун удьуордаан уһата туруохтааҕын өйүнэн – санаатынан билиэх тустаахпыт.Чинчийиим ньымата: Ыйытыктар нэһилиэк олохтоохторуттан (оҕолор, эдэрдэр, кырдьаҕастар) итэҕэлгэ сыһыаннарын ыйыталаһан түмүк оҥоруу. Бу теманы тоҕо таллым диир буоллаххытына, итэ5эл биһиги саха омукка биһиги төрүт культурабытын көрдөрөр, биһиги омук быһыытынан сыһыаммыт буолар, тоҕо диэтэххэ ханнык баҕар омук, кини төрүт культуратын, киниэхэ сыһыанын, айылҕатын убаастыыр да киэн туттар. Ити курдук чинчийиибин саҕалыам... Итэҕэл диэн тугуй? Улахан сылабаарга сурулла сылдьарынан:«Религия (от лат.Religio – благочестие, набожность, святыня, предмет культа), мировоззрение и мироощущение, а также соответствие поведения и специфического действия (культ), которые основываются на вере в существование (1-го или нескольких) богов, «священного», т.е. той или иной разновидности сверхъестественного». (С.93)Ол аата Аан дойдуну, Ийэ сири киһи хайдах көрүүтэ, хайдах ылыныыта, ону сэргэ туох эрэ сүдү күүскэ, тэҥнэммэт дьиктигэ сүгүрүйүүтэ, үҥүүтэ буоллаҕа. Биһиги өбүгэлэрбит Аан дойдуну үс дойдуга араараллара. Аллараа дойду- абааһы аймах, адьарай бииһин дойдута. Бу дойду баһылыга – Адаҕалаах Ала Буурай Тойон. Иккис дойдунан- Орто Туруу Бараан Дойду. Бу киһи – сүөһү үөскээн- тэнийэн олороругар аналлаах кэрэ дойду.Ол гынан баран ыйааҕа кэрэгэй, итэҕэс. Үһүс дойду – Үөһээ Дойду. Сахалар Үөһээ Халлааны тоҕус араҥалаах курдук өйдүүллэр. Бу тоҕус араҥа – Улуу Бүппэт киэҥ куйаары барытын хабар өйдөбул буолуохтаах. “Төрүт культура: утумнар, ситимнэр” кинигэ ааптара Ксенофонт Уткин хомуурунньугар итэҕэлгэ сыһыанаУткин Ксенофонт Дмитриевич – философскай наука доктора, профессор, биллиилээх суруйааччы, кини төрүт культура араас хайыласхаларга арахсарын туһунан үлэлэринэн биллэр, киэҥ талааннах киһиннэн буолар. Ааптар “Төрүт культура: утумнар, ситимнэр” кинигэтигэр, ордук итэҕэлгэ сыһыаны чопчуйан көрдөрөр. Ааптар кинигэтигэр кылгастык быьан эттэххэ: итэҕэл омук культуратын биир уратыта, көстүүтэ буолар. Омук бэйэтин билиниитэ, бэйэтин өйдөөһүнэ буолар – диэн быыьаран биэрэр. Тумукпэр этиэм этэ сир үрдүгэр омук омук бука барыта итэҕэллээх. Итэҕэлэ суох омук суох.Бу темабытын суруйан баран Бала5аннаах нэһилиэгин олохтоохторуттан икки ыйытык биэрэн итэҕэлгэ сыһыаннарын, өйдөбүллэрин билэн түмүк оҥордубут. Оҕолортон , эдэр ыччаттан, кырдьаҕастартан.Ол түмүгүнэн ордук кырдьаҕастар итэҕэли билэллэр уонна бэйэлэрин олохторугар тутталлар эбит . Оҕолорун, сиэннэрин итэҕэлгэ, сиэри – туому тутуһарга үөрэтэллэр, такайаллар эбит .Бу үлэм түмүгүнэн, убаастабыллаах конференция кыттыылаахтара, эһиэхэ эмиэ ыйытык биэриэхпин баҕарабын. Эһиги санааҕытыгар итэҕэл туох диэн буоларый? Киһиэхэ итэҕэл туһалаах дуо?