Презентация Советскай Союз Геройа А.А.Миронов до5отторо


УЛЭ ТЕМАТА: Советскай Союз ГеройаА. А. Миронов до5отторо 1970 сыл. Кыайыы 25 сылыгар тутуллубут памятник. БАЛА5АЧЧЫ - ИККИ ГЕРОЙ ДОЙДУТА БАЛА5АЧЧЫ - ИККИ ГЕРОЙ ДОЙДУТА Советскай Союз Геройа А.А. Миронов аатынан Мастаах орто оскуолата. Улэ темата: Герой Миронов до5отторо А.А.МИРОНОВ ОЛО5О, БОЙОБУОЙ СУОЛАА. А. Миронов 1912 сыллаахха Yоhээ – Бүлүү улууhугар Кэнтик нэhилиэгэр Батастаах диэн өтөххө төрөөбүтэ. 1924-25 сылларга Мироновтар Бала5аччыга букатыннаахтык олохсуйбуттара. 1924 сыллаахха Алексей Мастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Алтыс кылааhы бүтэрэн баран, салгыы кыайан үөрэммэккэ, кыра сааhыттан суотчутунан, кэлин совет секретарынан үлэлээбитэ. Сэрии иннинэ налоговой инспекторынан үлэлии сылдьан барбыта. Советскай Союз Геройа А.А.Миронов хаан-уруу, аймах–билэ дьонноро «Алексей Миронов мин о5о эрдэхпинэ бииргэ үөскээбит, улааппыт үөлээннээх до5орум этэ. Биьиги о5о эрдэхпитинээ5и сааспытын Бала5аччыга атаарбыппыт. Өлүөскэ миигиттэн сааьынан а5ыйах сылынан а5а этэ. Өлүөскэ Бала5аччы 4 кылаастаах оскуолатын бутэрэр сылыгар биьиги олохпутугар биллэр – көстөр икки событие буолбута. Бииринэн, Орто Булууттэн Мохсо5оллоо5унан Бала5аччыга диэри телефон линията тардыллыбыта ити 1929 сыл кулун тутарга са5аланан баран, куьун алтынньы эргэтигэр бутэн улэ5э киирбитэ. Иккиьинэн, Улуу Октябрьскай революция салгыытынан буолбут, тыа хаьаайыстыбатыгар кулаахтары букатыннаахтык эһэр иьин ыытыллыбыт иккис революция – сир уллэһигин ыытыы буолбута. Өлүөскэ комсомол чилиэнэ этэ. 1935-1936 сылларга тордус То5ус нэьилиэгэр нассовет исполкомун председателинэн улэлээбитэ. Алексей Афанасьевич улэтин туьунан итинтэн бэтэрээ оттун кыайан билбэппин. Алексей Миронов тас кэрунунэн урун куба5ай сирэйдээх, ньуксуччу со5ус туттубут, урдук унуохтаах, хатыныр киьи этэ. Батта5ын хаьан да бэскилэппэт идэлээ5э, намыьах гына лэппэччи туерт муннуктаах онороро. Атах оонньуутугар хаьан да5аны биир эмит киьини иннигэр туьэрбитин ойдообоппун. Саха угэьинэн кылыйарга, куобахтыырга 9-12 туос ууруллар угэстээх, онно барытыгар Алексей Афанасьевич 1 миэстэни ыларын ойдуубун. Оччотоо5у саха о5отун угэьинэн эрдэ сааламмыта, биир уостаах доруоп саалаах этэ, ханаьынан ытар идэлээ5э. Олорууга да котуугэ да олох сыыспат буолара. Кэлин тозовка уодэйбитин кэннэ бэргэнник ытарга хатыьан туран уорэнэрэ». Миронов до5оро Алексеев Сидор Ильич Алексеев Сидор Ильич 1915 сыллаахха Элээн улууьугар Дьэлицдэ диэн дэриэбинэ5э тэрээбутэ. Бала5аччыга Алексей Мироновы кытта бииргэ уэрэммит. 1943 сыллаахха сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ыцырыллан, 86 –с запасной стрелковой муоста тутар батальоцца сулууспалаабыт. Японскай империалистары утары сэриигэ кыттан, дойдутугар 1949 сыллаахха тэннубут. На5араадалара:1946 с.«Германияны кыайыы иьин», «Японияны кыайыы иьин», «Улэ5э килбиэнин иьин» , Кыайыы 20-25-30-40 сыллардаах юбилейнай медаллар. БУОРАХ СЫТТААХ САЛЛААТ СУРУГА АЛЕКСЕЙ МИРОНОВ СУРУКТАРЫТТАН ДО5ОТТОРУН ААТЫН БУЛАН, КИМНЭЭХ ЭБИТТТЭРИН БИЛЭРГЭ, БУЛАРГА УЛЭЛЭСТИМ. ОЛ КУРДУК, 1943 СЫЛ БЭС ЫЙЫН 9 КУНУГЭР АЛЕКСЕЙ МИРОНОВ СУРУЙБУТ СУРУГУН 4 КИЬИЭХЭ ААДЫРЫСТААБЫТ:«УБААСТАБЫЛЛААХ ЫТЫКТАБЫЛЛААХ ДЬОННОРУМ:ГАВРИЛЬЕВ ИЛЬЯ СПИРИДОНОВИЧ,КОНСТАНТИНОВ ПЕТР КОНОНОВИЧ,АЛЕКСЕЕВ ГАВРИЛ АЛЕКСЕЕВИЧ,АФАНАСЬЕВ МИХАИЛ ПЕТРОВИЧ!.»УОННА СУРУГУН ЭЬИГИ ДО5ОРГУТ МИРОНОВ А.А. ДИЭН ТУМУКТЭЭБИТ. КИНИЛЭР КИМНЭЭХТЭРИЙ? Сурук суолун хайан. Сэрии иннигэр сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн улэлээбит. Утуйар хара5а суох улэьит, стахановец. Дьону сатабыллаахтык салайара. 1943 сыллаахха Молотов колхозтан Тиксиигэ балыкка, грузка сылдьыбыт, тэннэн иьэн Эдьигээццэ ыалдьан элбут. Алексеев Семен Алексеевич ахтарынан, Алексеев Гаврил Алексеевич сытыы – хотуу, кэлбит – барбыт. Булт диэн баран муннукка ытаабыт. Эдьигээнинэн, Элээнунэн табанан сылдьан бултуур уьу. Биир интэриэстээх буолан, Алексей Мироновтыын сурдээх до5ордуулара, бииргэ бултууллара. Кэргэнэ Алексеева Федора. Уоллаах кыыс о5олоохтор эбит. 1947 сыллаахха атырдьах ыйын 25 кунугэр Свердлов колхозка улахан уот турбут. Ол уокка Сэдуэрэ уолун кытта былдьаммыттар. Кыыьа Якутскайга олорор. Икки о5олоох. Алексеев Гаврил Алексеевич Сурук геройа Константинов Петр Кононович. 1941 сыллаахха Эдьигээццэ атыыьытынан, онтон То5ус нэьилиэгин секретарынан, 1942 сыллаахха совет председателинэн улэлээбит. Партиялаах. Молотов колхозтан 1944 сыллаахха ыцырыллан, Чита5а мас кэрдиитигэр, араас улэ5э сылдьыбыт. 1946 сыллаахха от ыйын 15 кунугэр дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кадровай булчут. Тыыл ветерана. Гаврильев Илья Спиридонович Сиэт тэрут олохтоо5о. Молотов колхоз улэьитэ. 1944 сыл эргин сэриигэ ыцырыллыбыт. Кэргэнэ куруук ыарыьах, суор5ан – тэллэх киьитэ. Кыра кыысчаана кураайы иинэ5эс, оккурац ба5айы эрэйдээх этэ. А5алара сэриигэ ыцырыллан барбытын кэннэ элбуттэр. Уола Вася тулаайах хаалбытын детдомца биэрбиттэр. Кэлин Кэбээйигэ трактористыы сылдьан оьолго элбут. Ылдьааны Коммунист дууьалаах киьи этэ диэн Николай Данилович Алексеев «Дойдум, дьонум – дьыл5ам миэнэ» диэн кинигэтигэр ахтар. Афанасьев Михаил Петрович. Афанасьев Михаил Петрович. Бутэьик тэрдус киьини хаалбыт кырдьа5астар билбэттэр. Музей матырыйаалларыгар да, дьон таьаартарбыт ахтыыларыгар да суохтар. Кини туьунан салгыы кэрдуур санаалаахпын. А. Миронов кэргэнигэр суруга Волков Афанасий Софронович кэргэнинээн. Волков Афанасий Софронович 1909 сыллаахха ахсынньы ый 27 кунугэр Мастаахха IV –с То5уc нэьилиэгэр дьадацы кэргэццэ тэрээбутэ. 1920 сыллаахха Бала5аччыга, интернакка олорон уэрэммитэ. Туэрт кылааьы бутэрэн баран, Булуу педучилищетыгар киирбитэ. Икки курсу бутэрээт, Уэьээ Булуу Нам, Эргуэт оскуолаларыгар директордаабыта. ССКП Булуутээ5и райкомун инструкторынан, отдел сэбиэдиссэйинэн, уьус секретарынан, «Колхоз суола» хаьыат эппиэттиир редакторынан улэлээбитэ. 1942 -1947 сылларга ССКП Кэбээйитээ5и райкомун II секретарынан улэлии сылдьан Красноярскайга партийнай оскуола5а уэрэммитэ. Онтон Ньурба5а райком I секретарынан улэлээбитэ. Салгыы Москва5а ССКП КК иьинэн Урдуку партийнай оскуоланы бутэрбитэ. Бу кэнниттэн Саха АССР министрдэрин Советын председателин солбуйааччынан, Ньурба райкомун I секретарынан, Саха АССР эргиэнин министрин солбуйааччынан улэлээбитэ. Волков Афанасий Софронович Булуу, Кэбээйи, Ньурба райкомнарын чилиэнинэн уонна райсоветтар депутаттарынан быыбардаммыта. ССКП обкомун чилиэнинэн хас да тэгул талыллыбыта. Уонна Саха АССР Верховнай Советын депутатынан хаста да быыбардана сылдьыбыта. Партия XIX съеьин делегатынан талыллыбыта. «Улэ Кыьыл Знамята», «Бочуот знага» орденнарынан, «1941-1945 сс. А5а Дойдуну Кэмускуур Улуу сэриитигэр килбиэннээх улэтин иьин», «В.И.Ленин тэрээбутэ 100 сылын туолуутугар килбиэннээх улэтин иьин» медалларынан уонна РСФСР Верховнай Советын Президиумун бочуотунай грамотатынан на5араадаламмыта.Союзнай суолталаах персональнай пенсия5а тахсыбыта. 1992 с. элбутэ. Волков Афанасий Софронович - утуэкэн киьи, сатабыллаах салайааччы эбит. Бала5аччы бастакы комсомолеьа Софронов Семен Никитич Биллиилээх снайпер Дмитрий Гуляев сэриигэ 100 –тэн тахса немеьи элэрбутэ. Попов Николай Гаврильевич Попов Николай Гаврильевич Алексей Мироновиьы кытта бииргэ сэриилэспит. Араанньы буолан госпитальга эмтэнэ барбытыттан сутэрсибиттэр. Алексей Афанасьевич суругар хаста да киниэхэ суруйа сылдьыбытын, эппиэт кэлбэтэ5ин суруйар. 1909 сыллаахха Кыргыдай нэьилиэгэр тэрээбут. Бала5аччы мацнайгы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ. Волков Афанасий Софроновичтыын бииргэ уэрэммит. Волков Афанасий Софронович, Алексей Афанасьевич Миронов уонна Софронов Семен Никитич буолан, Бала5аччыга сир туцэтигин комиссиятыгар бэркэ табыллан улэлээбиттэр. Семен Никитич 1941 сыллаахха Булуугэ улэлии сылдьан сэриигэ ыцырыллыбыт. Чита5а политруктар куурустарыгар уэрэммит. Иркутскайга военнай полит. оскуоланы бутэрбит. Званията – лейтенант. «Кыьыл сулус» орденынан на5араадаламмыт. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн Булуугэ райпотребсоюзка улэлээбит. 1976 сыллаахха элбут. Бала5аччы бастакы комсомолеьа Софронов Семен Никитич Биллиилээх снайпер Дмитрий Гуляев «Билии кыьата – Кыргыдай оскуолата» Евдокия Гаврильевна Николаева ахтыылары хомуйан бэчээттэппит кинигэтигэр Дмитрий Гуляев туьунан маннык суруйбут:«Сэрии иннигэр Модут нэьилиэгин аатырбыт соболоох Нэлэкээ куэлун кытыытыттан Дьоохуга сатыы сылдьан уэрэммит Дмитрий Гуляев 1941 сыллаахха бала5ан ыйын 2 кунугэр сэриигэ ыцырыллыбыта. Кылгас байыаннай уэрэх кэнниттэн, Москва анныгар суостаах кыргыьыыларга кыттыбытынан барбыта. 1942с. тохсунньуттан снайперынан сэриилэспитэ, элбэх снайперы иитэн таьаарбыта. Олор истэригэр Иван Бяков, Михаил Спирин бааллара. Гуляев сэриилэспит 21 ыйын устата 122 эстээ5у кыргыьыы хонуутуттан суох оцорбута. 1943 с. бала5ан ыйын 10 кунугэр Смоленскай уобалас Ярцевскай оройуонун Петрово дэриэбинэтин босхолоьо сылдьан сырдык тыына быстыбыта». Дмитрий Гуляев аатын билигин Кыргыдай орто оскуолата сугэр. Миронов до5отторун чинчийэн, уэрэтэн маннык тумуккэ кэллим: Миронов до5отторо бары булчуттар. Айыл5аны, булду таптыыллар. Биир интэриэстээхтэр эбит.Угустэрин кытта сир уллэьигин комиссиятыгар бииргэ улэлээбит.Сэрии ыарахан сылларыгар да, сэрии кэнниттэн да Миронов до5отторо норуот хаьаайыстыбатын араас салааларыгар бэйэлэрин идэлэринэн улэлээн билицци сайдыылаах олоххо олук, тэьуу куус буолбуттара.Тэрээбут дойдуларын таптыылларын, бэриниилээхтэрин сэрии ыар кэмэ дакаастаабыта.Аар – саарга аатырбыт саха саарына Алексей Миронов до5отторо эмиэ Саха Саарыннара, бэйэлэрин кэмнэрин геройдара эбит диэн тумуккэ кэллим. Герой Алексей Мироновынан да, кини до5отторунан да мин киэн туттабын. Саха саарына - Элэксэй Миронов.анабыл хоьоонум Тукулуктан тэрээбут,То5устан тэлкэлэммут,Бала5аччыттан силистэммит,Бэргэн ытааччы,Тиици харахха туьэрээччи, Быртах эстээ5у кыргааччы,Бастыц буойун Элэксэй Миронов! Охтоохтон охтубакка, Саалаахтан самныбакка,Сэрии суостаах дьылыгар,Сибиниэс ардах быыьынанСаа - саадах тутаццын,  Снайпер бэрдэ буолаццын,Сайдыылаах олох иьин,Самнардыц эстээ5у эн,Элэксэй Миронов!Кызыл сулус сыдьаайан,Кэнчээри ыччакка, о5о5оКэскиллээх киэн туттуунуКэрэьэлии туруохтун!Мастаах дойдуц аатыттанМахтал буоллун эйиэхэ,Модун буойун ГеройбутМастаах уолаМиронов Элэксэй! Советскай Союз Геройа А.А. Мироновбойобуой суолун туhунан кэпсиир хаартыскалар. Бала5аччыга Советскай Союз Геройдара А.А. Мироновка уонна Н. С. Степановка аналлаах мемориальнай комплекс Советскай Союз Геройа А. А. Миронов ити комплекска баар пааматынньыга Ыраах – Нэмэшкэрэстурга(М.Михайлов тyhэриилэрэ – 1967 сыл) Советскай Союз Геройа А.А.Миронов хаан-уруу, аймах–билэ дьонноро