Презентация классному часу Байанай 8класс
Сэтинньи ыйга сахалыы ый эргииринэн ойуур иччитэ Байанай кэлэр. Байанай - хара тыа, хамсыыр-харамай, көтөр-суурэр иччитэ буолар. Киьи сиргэ уөскуөҕуттэн айылҕаттан аһаан-сиэн алаһа дьиэлэнэн олорор, ол иһин киниэхэ сугуруйэр. Сэтинньигэ тыа кыылын туутэ-өҥө ситэр, булчуттар Баай Байанайтан көрдөһөн баран, тыаҕа бултуу бараллар. БАЙАНАЙ
Куоппуту тутаачы Кураҕаччы сүүрүк! Барбыты баһааччы Баай барыылаах! Туора тобуктааххыттан Тосхоллоон кулу даа! Адаар муостааххыттан Анаан кулу даа! Ардай аһыылааххыттан Айан кулу даа! Үрүҥ түүлээххиттэн Өллөйдөөн кулу даа! Ааспыт да өттүгэр Ааттаһар тылбын Аһынар буоларын, Көрдөһөр тылбын Көдьүүстүүр баарыҥ.Байанай алгыһа
Былыр саха киһитэ айылҕа биэрбитинэн аһаан - сиэн, таҥнан - симэнэн, дьиэ - уот оҥостон, сылгы, сүөһү ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри - туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах. Билбэт буоллаҕына хайаан да (!) үөрэтиэхтээх, сыыһа - халты туттуулары оҥорон булдун кэҕиннэриэн сөп. Маннык бобуулары хас биирдии булчут тутуһуохтаах:БУЛТ СИЭРЭ - ТУОМА
Тыа булдугар үгэстэр. Бултуу барарга Аал уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни, Баай Байанайы аһатан, алгыс этэллэр. Бултуу тиийбит сир иччитигэр эмиэ айах туталлар. Эһэни бултуу барарга эһэни, туттар сэби, сааны аатынан ааттаабаттар. Эһэни өлөрдөхтөрүнэ, үстэ суордуу хаһыытаан баран эҺэҕэ: «Бу эйигин суордар таарыйаллар»,- дии- дии сүлэллэр, астыыллар. Астаан бүтэн баран, курум эбэтэр чалым диэн малааһыны тэрийэллэр: эһэ иһин, хаанын, этин бииргэ буһаран сииллэр. Булт түүтүн, унуоҕун уокка бырахпаттар. Элбэх булду сэттээх диэн бултаабаттар. Бултарын харысхал, таптал ааттарынан ааттыыллар. Булду сытытан, үөн-көйүүр аһылыга оҥорботтор. Бултуу сылдьан айдаарбаттар, бас баттах тылласпаттар, үөхсүбэттэр. Бөдөҥ булду ытыгылаан уҥуоҕун ууран кэбиһэллэр. Бултаатахтарына – малааһынныыллар. Булду бобуулаах кэмигэр уонна төрүүр-ууһуур бириэмэтигэр бултаабаттар. Бултарын чугас дьонноругар, аймахтарыгар бэрсэллэр.
Уу булдугар сыһыан. Ууга сылдьан, балыктыыр кэмигэр төрүт тайдаарбаттар, тыаһаабаттар. Бултаммыт балык үрдүгэр сөҕөр-махтайар, улаханнык саҥарар табыллыбат. Бултаммыт балыгынан оонньуур табыллыбат. Балыгы атаҕынан тэбэр, хаһыйар, аанньа ахтыбатах курдук туттар, саҥарар, быраҕаттыыр сатаммат. Ууга силлиир- хаахтыыр сатаммат. Булт тэрилин тэпсэр, үрдүнэн сылдьар, атыллыыр табыллыбат. Бултаммыт балык уҥуоҕун уокка куппаттар, балык төбөтүн сиргэ бырахпаттар. Бөдөҥ балык түбэстэҕинэ, уҥуоҕун маска уураллар, ордук сыҥааҕын уҥуоҕун. Ууга саҥа киирэр муҥханы алгыыллар, былыр сүөһү өлөрөллөр. Өлбүттээхтэр, оҕолонор дьахталлар уу булдугар киирбэттэр. Бултуур күөллэрин ыраастык туталлар, ыраастыыллар.
Бөрөнү бултуурга сиэр-туом: Бултаммыт кыыл өлүгэр оҕо, дьахтар чугаһыыра сатаммат; Өлөрүллүбүт кыыл төбөтө кииттэн утары хайысхаланар; Бултаммыт кыыл төбөтүн таҥаһынан эрийэ баайаллар; Кыылы саамай кырдьаҕас киһи астыыр; Уҥуоҕун, чөмчөкөтүн мээнэ бырахпаттар, ыт, оҕо тыыппатын курдук харайаллар; Бөрөнү өлөрөн баран, айаҕар ынах арыытын угаллар, тириитин сүлэн баран сүрүн былчыҥнарын быһаҕынан быһа баттыыллар (сүрүн былчыҥнарын сиэртибэтин сиппэтин, булчуттан куоппатын, төбөтүн былчыҥнарын сиэртибэтин хайдах тардарын уонна булчуту албаһынан хайдах кыайарын туһунан толкуйдаабатын диэн); Тириини сүлэргэ, сүһүөхтэрин араарарга быһаҕынан тутталлар; Кыыл дьиэ сүөһүлэрин тардар эбит буоллаҕына, айаҕар аһаабыт тобоҕун угаллар, сирэйин уҥуоҕун сылгы сиэлинэн баайаллар уонна лаабыска харайаллар.
ӨБҮГЭЛЭРБИТ БУЛТУУР ТЭРИЛЛЭРИН КӨРҮҤҮН ТӨҺӨ БИЛЭҔИН?
Бултка сыһыаннаах таабырыннары таайыҥ
Кылаас чааһыгар туох интириэһинэйи биллигит?
СИЭР-ТУОМ АРЧЫЛАНЫЫ