Е.П.Неймохов оло?ун, айар ?лэтин оскуола?а ??рэтии
Е.П.Неймохов олоҕун, айар үлэтин оскуолаҕа үөрэтии Томпо оройуонун Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Гоголева Анджела Васильевна үлэтэ
Бастааҥҥы төрүөт2009 сылтан саха тылын учууталларын МХ улэлиир темата – «Олохтоох суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин үөрэтии»2009 сылтан региональнай «Неймоховскай ааҕыылар» конференцияны тэрийэн ыытыы үгэскэ кубулуйда.2014 сылтан Мэҥэ-Алдан орто оскуолата саха народнай суруйааччыта Е.П.Неймохов аатын сүгэр чиэскэ тигистэ.
ПроблематаБилиҥҥи кэмҥэ оҕо уус-уран айымньыыны ааҕар культурата намыһах. Е.П.Неймохов олоҕун, айар үлэтин туһунан үөрэнээччи билиитин таһыма кыра. Саха литературатын программатыгар суруйааччы «Бастакы хаар» диэн кэпсээнэ эрэ 8 кылааска киирэн турар. Оҕолор кылаас таһынан ылбыт билиилэринэн эрэ муҥурданаллар.
АктуальноһаОскуоланы бүтэрэр саха оҕото төрөөбүт дойдутун историятын, тумус туттар дьонун, ийэ тылын, литературатын билиэхтээх. Е.П.Неймохов баай ис хоһонноох олоҕо, айар үлэтэ оҕону иитиигэ улахан суолталаах.
СабаҕалааһынЕ.П.Неймохов аатынан Мэнэ-Алдан оскуолатын үөрэнэн бүтэрэр оҕо суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан билиитэ чиҥ буолар.Төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарарга дьулуһар, ааҕар, айар дьоҕурун сайдыытын таһыма үрдүүр.Биир дойдулааҕа саха народнай суруйааччыта Егор Неймохов аатынан, төрөөбүт дойдутунан киэн туттара күүһүрэр.
Сыала:Саха народнай суруйааччыта Е.П.Неймохов баай ис хоһоонноох олоҕун, айар үлэтин 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр үөрэтии.Соруга:Е.П.Неймохов олоҕун, айымньыларын уруокка, кылаас таһынан үлэҕэ үөрэтии.Суруйааччы айымньыларын нөҥүө оҕо ааҕар, ситимнээхтик саҥарар, суруйар, чинчийэр, айар дьоҕурун сайыннарыы.Саха тылыгар, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии.
ОбъегаЕ.П.Неймохов олоҕун, айар үлэтин үөрэтииСубъега:Мэнэ-Алдан орто оскуолатын 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ
{5C22544A-7EE6-4342-B048-85BDC9FD1C3A}Проект былаана:1 этап. Бастакы хардыылар. 2011-2012 с.Е.П.Неймохов туһунан матырыйаал хомуйуу, дакылаат суруйтарыы, «Неймоховскай ааҕыылар» конференцияны тэрийэн ыытыы.2 этап. Сүрүн чааһа. Проегы олоххо киллэрии.2013-2015Уруокка, кылаас таһынан айымньылары аахтарыы, аһаҕас уруоктары ыытыы, айар үлэҕэ, чинчийэр үлэҕэ көҕүлээһин, литературнай киэһэлэри тэрийии, стендэлэри оҥоруу.3 этап. Түмүк чааһа. 2015с. Матырыйаалы түмүү, үлэни ырытыы.
Үлэ хайысхата:Суруйааччы айымньыларын кылаас таһынан аахтарыы. Чиэппэр аайы 1дии уруогу Е.П.Неймохов айымньытыгар анаан биэрии.Саха тылын уруоктарыгар суруйааччы айымньытыттан уус-уран чаҕылхай холобурдары туһаныы. Оҕолору айар үлэҕэ көҕүлээһин (хоһоон, кэпсээн суруйтарыы, уруһуйдатыы).Чинчийэр үлэни тэрийии (өйтөн суруйуу, дакылаат, реферат суруйтарыы, конференцияҕа кыттыы)Е.П.Неймохов олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах литературнай киэһэлэри тэрийии(викторина, оонньуу, инсценировка, айымньыттан быһа тардан хоһоонноохтук ааҕыы). Е.П.Неймоховка аналлаах стендэлэри, презентациялары оҥоруу.Суруйааччы айымньыларынан тылдьыт оҥоруу. 9. Информационнай-компьютернай технологияны туһанан суруйааччы туһунан матырыйаалы түмүү, тарҕатыы.
Е.П.Неймохов олоҕун, айымньыларын уруокка уонна кылаас таһынан аа5ыы.{5C22544A-7EE6-4342-B048-85BDC9FD1C3A}КылааһаУруокка ырытыллар айымньылар5«Барыта миэнэ», «Миша кэпсээннэрэ» .6«Оҕо сааһым түгэннэрэ» кэпсээннэр.7«Аныгы эмтиэкэ» кэпсээнэ, «Ильмень үрдүнэн туруйалар» киинэ сценарий, «Сэргэлээххэ сааскы күн» кэпсээн.8«Бастакы хаар» кэпсээнэ, «Аҕалаах оҕо кэпсэтиилэрэ», «Хапсыһыы» сэһэнэ, «Маппый хоноһолоро» сэһэнэ.
{5C22544A-7EE6-4342-B048-85BDC9FD1C3A}КылааһаУруокка ырытыллар айымньылар9«Таптал түөрт кэмэ» кэпсээннэр, «Көтүү» сэһэн. 10«Хаһыы» сэһэн, «Алампа» роман, «Быһах биитинэн» роман.11«Сайсары күөлгэ түбэлтэ» детективнэй сэһэн, «Үбүлүөй», «Быһах быһа охсуллубутунуу» кэпсээннэр.
Саха литературатын уруогар үөрэтии Оҕолор эрдэ кылаас таһынан Е.Неймохов чопчу хайа эрэ айымньытын ааҕан кэлэллэр. Онно тирэҕирэн анал уруокка айымньы ис хоһоонун, тылын-өһүн ырытыы, айар үлэҕэ көҕүлээһин үлэтэ барар. Ол курдук, оҕо сааһын учуоттаан, үөрэтиллэр бөлөх темаларга сөп түбэһиннэрэн, Е.Неймохов айымньыларын киллэрэ сатыыбын. Айымньыга тирэҕирэн проблемнай уруоктары тэрийиэххэ сөп.Холобура, 7 кылааска Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» сатирическай кэпсээнин ааҕан баран, Е.Неймохов «Аныгы эмтиэкэ» кэпсээнин ааҕабыт, тэҥнии тутан ырытабыт. 8 кылааска «Сэрии уонна эйэ» диэн темаҕа түбэһиннэрэн «Аҕалаах оҕо кэпсэтиилэрэ» диэн хайа да тыйыс сүрэхтээх дууһатын долгутар кэпсээнин ааҕан ырытабыт. Кылаас аайы Алампа айымньыта үөрэтиллэр, онно сыһыаран Е. Неймохов «Алампа» романыттан быһа тардан киллэрдэххэ көдьүүстээх буолара саарбаҕа суох. Холобура, Алампа оҕо сааһа, таптала, Өксөкүлээх Өлөксөйү кытта доҕордоһуута уо.д.а. 10 кылааска «Ааттара эргиллибит суруйааччылар» темаҕа «Хаһыы» сэһэни, оттон гражданскай сэрии тематыгар «Быһах биитинэн» романы ырытыахха сөп.
Саха тылын уруоктарыгар суруйааччы айымньытыттан холобурдары туһаныы. Лексиканы, саҥа чаастарын, синтаксиһы үөрэтиигэ, ситимнээх саҥаны сайыннарар уруоктарга суруйааччы айымньытыттан холобур буолар этиилэри, текстэри туһаныахха сөп. Холобура, 6 кылааска сомоҕо домохтору үөрэтэргэ туттабын. Холобура, этииттэн сомоҕо домоҕу бул, суруйааччы сомоҕо домоҕу туох суолтаҕа туттубутуй эбэтэр сомоҕо домох суолтатын тылдьыттан булуҥ диэн сорудахтары биэриэххэ сөп.Оруо маһы ортотунан. Сиэргэ баппаттык, тосту-туора (быһыыланыы, саҥарыы). (Г;62) Дьиҥэр, Былааһап оруо маһы ортотунан барылатар курдук эрээри, бэйэтин майгыта итинник. (Х;16)7 кылааска дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуурдары үөрэтиигэ айымньыттан холобур ылыахха сөп. Холобура:Иирэ бочур сэбирдэхтэрэ ибигирэһэллэр. (5,31) Тыалга сэбирдэх өр тохтоло суох хамсыыр.Дьиэлээх… миин иһэн сыпсырыйар быһыылаах.(5,4) Миин сылаас буолан, киһи бытааннык иһэр тыаһа.
Хайа баҕарар кылааска этии синтаксическай ырытыытын оҥорорго бэртээхэй холобурдары туттуохха сөп.Е.П.Неймохов диалогу сатабыллаахтык туһанара. Сурук бэлиэтин сөпкө туруорун диэн сорудахтаан баран, диалогу үөрэтиигэ киллэрдэххэ олус үчүгэй. Ситимнээх саҥаҕа текстэн кэрчиктэри эмиэ туһаныахха сөп. Холобура, текст ханнык ньыманан, стилинэн суруллубутуй эбэтэр текси толору ырытын диэн сорудахтаах. Учуутал туттар холобурдара оҕону үтүөҕэ иитэрэ кэрэхсэнэр.Оҕолорго дьиэҕэ сорудах быһыытынан хайа эрэ темаҕа Е.Неймохов айымньытыттан холобурда булан устун диэтэххэ булан аҕалаллар. Суруйааччы холобур буолар этиилэрин карточкаҕа суруйуохха эбэтэр компьютерга бэчээттээн киллэриэххэ сөп, туттарга табыгастаах. Онон суруйааччы хайа баҕарар айымньытыттан быһа тардыыны саха тылын уруоктарыгар сатаан туһаныахха сөп.
Чинчийэр үлэҕэ көҕүлээһин{5C22544A-7EE6-4342-B048-85BDC9FD1C3A}Оҕо аатакылааһатематасылатаһымамиэстэтэЧирикова Еля11«Е.П.Неймохов – саха народнай суруйааччыта» электроннай ыйынньык2012Регион-й1Сыромятни-ков Коля11«Е.П.Неймохов «Хаһыы» сэһэнигэр бэйиэт уобараһа»2010Регион-й2Халыева Оля7«Е.П.Неймохов 2012Регион-йоройуон2Халыева Настя8«Е.П.Неймохов «Хаһыы» сэһэнин тыла-өһө»2012Регион-йКыт-тыы
Литературнай биэчэрдэри тэрийии.Е.П.Неймоховка аналлаах стендэлэри, презентациялары оҥоруу.Суруйааччы айымньыларынан тылдьыт оҥоруу.
Түмүк:Е.П.Неймохов олоҕун, айар үлэтин оскуолаҕа үөрэтии саха оҕото киһи быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар улахан суолталаах.Биир дойдулаахпыт айымньыларын саха тылыгар, литературатыгар эрэ буолбакка атын предмеккэ эмиэ сыһыары тутан үөрэтэллэрэ буоллар өссө кэрэхсэбиллээх буолуо этэ.Бу проегы өссө чочуйан элективнэй курс оҥоруохха сөп.