Презентация по родной литературе на тему Амма Аччыгыйа. Куйуур
«Тыл уhулуччулаах маастара»Николай Егорович МординовАмма Аччыгыйа
110Саха Республикатын народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов- Амма Аччыгыйа 1906с. Тохсунньу 6 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Маҥнайгы поэт быһыытынан биллибитэ. Бастакы хоһооно «Ийэ» 1927 с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммитэ. Ол эрээри дьо5ура ордук проза жанрыгар тобуллубута.Драматическай айымньыларыттан «Ситим быстыыта» (1937 с.) уһун уйэлэннэ.Саха норуотун оло5о тосту уларыйар кэрдиис кэмин киэҥник, дириҥник хабан көрдөрөр «Сааскы кэм» курдук аатырбыт роман ааптара. Бу айымньы сахалыы, нууччалыы уончалыыта тахсыбытын таһынан, украинскай,венгерскэй, чех тылларыгар тылбаастаммыта.Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ. Икки Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар до5ордоһуулара, икки «Бочуот Знага» уордьаннарынан,мэтээллэринэн на5араадаламмыта. 1934 с. ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. 1994 с. Сэтинньи 11 кунугэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокускайга көмүллүбүтэ.
Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа кэргэнинээн Люда Корниловалыын.
С.П. Ойунская, Н.Е. Мординов- Амма Аччыгыйа, В.М. Новиков Күннүк- Уурастыырап 18.01.20174
18.01.20175Тыл уhулуччулаах маастара
18.01.20176Хоһооннор:“Ийэ”“Маҥнайгы учууталбар”110
18.01.20177«Кэрэх абааһыта»«Уол буораппыт»«Куйуур»
18.01.20178«Эмээхситтэр»«Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх»«Уопсай дьиэҕэ»
18.01.20179«Cааскы кэм» роман
Куйуур-саас ойбон алларан балыктыыр тэрил: кыл сиэккэни мас иигэ тиирэн, уһун укка олордуллар.18.01.201710
Анньыы-мууһу көйөргө, ойбон алларарга аналлаах уһун укка олордуллар сытыы уһуктаах тимир.18.01.201711
Тымтай-талаҕынан өрөн эбэтэр туоһунан тигэн оҥоһуллубут түөрт муннуктуу хороҕор быһыылаах билиҥҥи корзина тэҥэ иһит.18.01.201712