Игра на тему Олонхоттон задачалар
Олоҥхо задачалараБУЛУГАС ӨЙ,ТИИҤ МЭЙИИ-КЫАЙЫЫЛААХ БУОЛАР
Оонньуу ааптара: Ноябрина Харлампьевна Зорина, саха тылын уонна литературатын учууталаЛенскэй оройуон, Нотуора орто оскуолата
Былас-икки илиини быластыы тутууОрто уҥуохтаах киһи былаһа-164 см.8 былас суһуохтаах Айталыына Куо суһуоҕа төһөнүй?9 былас суһуохтаах Туйаарыма Куо суһуоҕун уһунун бил
Бухатыыр омуннаах биилин,сарынын суоттаа……..5 былас биэкэйэр бииллэннэ,6 былас дарайар сарыннанна,Суллаабыт тиит курдук сотолонно,Хастаабыт тиит курдук харыланна.....
Тутум-түөрт тарбаҕы сутуруктуу туппут үрдүгэ,ортотунан 8 см. тэҥ....уол оҕо тас иэнинэн таралыс гына түспүтүгэр....үрүт өттө үс тутум үөһэ өттө,аллара өттө алта тутум аллара тимирдэ.....
Түүннээх хонук диэн биир суукка....бухатыырдар үс түүннээх күнү быһа охсуһан эт эттэрэ илбиһиннэ..... Бухатыырдар хас чаас киирсибиттэр?
саһаан-213 см үрдүкЭлэс Боотур үрдүгүн бил....олорор бэйэтэ биэс саһааннаах,турар бэйэтэ тоҕус саһааннаахтолуу уҥуохтаах.....
1 муунта-400 гр.мэһэмээн- туос иһит....7 муунта мэһэмээн арыынан мээчик хапсан....Бухатыыр хас киилэни хаппытый?
Биир буут-16 кг...били мин биэс уон бууттаах мэрилиир мээчикпин ийэм эмээхсин сыттыгын анныгар уктан утуйар буолбута....Мээчик ыйааһынын бил
Барыта хас көтөр баарый?....тула өттүгэр тоҕустурбут туруйалаах,кытыы өттүгэр сэттэ кыстыыр кыталыктаах.....
Олоҥхо дойдутугар хас көтөр баарый?Олоҥхо дойдутугар ____ көтөр олорбут.Толоонугар 99 туруйа тохтообут,Кырдалыгар 77 кыталык ыллаабыт,Көлүйэтигэр 22 куба үөрдээбит.
Хас истээччи баарый?Олоҥхолоон оҕонньор барахсан олоҥхотун истэ 28 кыыс кэлбит, уол кыыстааҕар 8-нан элбэх кэлбит.Дьахтар аймах 16, эр дьон кинилэрдээҕэр 20-нэн элбэх эбит.Аарыма кырдьаҕастар холбоон 18-тар эбит.
Муҥха олоҥхотоМуҥха олоҥхотугар 56 эр киһи мустубут. 3 төгүл элбэх уол оҕо кэлбит.Барыта хас киһи муҥха олоҥхотугар кыттарый?
Уол оҕо-кус быһыйУол оҕо күн тура-тура 2-лии миэтэрэ арыттаах туоска 7-тэ ыстаҥалыы кылыйда,7-тэ куобахтыы сүүрдэ.Уол төһө ыраах сири барбытый?
Олоҥхо дойдутун күнэКүннэтэ күөрэйэр күндү маҥан күн сарсыарда 7 чааска тахсар.7 чааһынан күн ый төрөөн таалалаабыт ытык хайа кэннигэр түһэр.Хас чааска күн киирэрий?
Киэҥ нэлэмэн сир-аҥаат-муҥаат..арыы хатыҥ тулалардаах,ача от кырыстаах,араҕас дьэрэкээн киэргэллээх аҥаат-муҥаат алаастарга6-лыы тонналаах 56 кэбиһии от турбут.Барыта хас тонна турбутуй?
Дьирискэннээх ырыа дьиэрэйбит хонуутугар 18 кыһыл,эмиэ соччо араҕас сибэкки үүммүт.Бары сибэккилэртэн 3-түү гынан сибэкки дьөрбөтө оҥорбуттар.Хас дьөрбө тахсыбыт?
....аҕыс иилээх-саҕалаах,атааннаах-мөҥүөннээх Аан ийэ дойдуларын хаба ортотугар,Аҕыс салаалаах Аар Кудук маска Биэстии чыычаах олорбут.Барыта хас чыычаах олорбут?
Көмүскэллээх санаалаах Күбэй Хотун ийэлэрэ ыһыах дьонугар 36 муунта эт буһарбыт Этин барытын 8 иһиккэ хоторбутБиирдии иһиккэ төһөлүү эт ууруллубут?
Аламай күн анныгар айан төрөппүт Аар тойон аҕа талаҕынан 13 ынах,5 оҕус,12 ньирэй оҥорбут.Үс уолугар тэҥник үллэрбит.Биирдии уолга хастыы оонньуур тиксибитий?
Күрэххэ 26 тустуук,4-нэн элбэх сүүрүк оҕолор кэлбиттэр.Бары оҕолору 8 ураһаҕа олордубуттар.Биирдии ураһаҕа хастыы оҕо баарый?
Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо уруутугарыраахтан-чугастан тоҕуоруспут ыалдьыттар һайдаан-һаттаанкэрэ кэһии,күндү бэлэх гынан аҕалбыттара эбитэ үһү.......12 ҮӨР СЫСПАЙ СИЭЛЛЭЭҔИ,42 ТӨБӨ ХОРОҔОР МУОСТААҔЫ,1 ҮӨРГЭ 32-ЛИИ ТӨБӨ СЫСПАЙ СИЭЛЛЭЭХ БААРА ЭБИТЭ ҮҺҮБАРЫТА ХАС ТӨБӨ СЫЛГЫ-ЫНАХСҮӨҺҮ КЭЛБИТИЙ