Презентация на тему Новгородов Семен Андреевич


Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээҕэ - Семен Андреевич Новгородов Семен Андреевич 1892 сыллаахха 2-с Хатылы (Болтоҥо нэһилиэгэр) Боотуруускай (Чурапчы) улууһугар төрөөбүтэ. Аҕата Андрей Александрович Новгородов үөрэҕэ суох, ол гынан баран уолаттарын бастаан Андрей Винокуров чааһынай оскуолатыгар, онтон полит.сыылынай Иван Трофимович Цыценко чааһынай оскуолатыгар үөрэттэрбитэ. Бэйэтэ 100-чэкэ сүөһүлээх баай этэ.Нэһилиэгэр кинээһинэн талылла сылдьыбыта. 1917 сыллаахха өлбүтэ. С.А.Новгородов үөрэммит сирдэрэ1.Дьиэтигэр Андрей Винокуров диэн таҥара дьиэтин псаломщига үөрэппит.2.Политическай сыылынай Иван Трофимович Цыценко дьиэтээҕи оскуолатыгар үөрэммит.3.1905 сыллаахха Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа киирэн үөрэҕин салгыыр уонна 1912с. бүтэрэр.4.1913с. алтынньы 25к. Петербург университетыгар тиийэн Илиҥҥи тыллар факультеттарыгар киирэр. Бастакы сылыгар арабскай уонна персидскэй тыллары үөрэтэр. Сүрүн предмет быһыытынан монгольскай, кытайскай, турецкай, татарскай, маньчжурскай, калмыцкай тыллары хайаан да үөрэтэллэрэ. Ону таһынан нуучча, немец, француз тылларын олох үчүгэйдик (в совершенстве) билэрэ. Үлэлээбит сирдэрэ1912с. Биир сыл тыаҕа учууталлыыр, онтон Бүлүү городской училищетыгар көрдөһөн улэлии барар.1914с. Сайын саха норуотун олоҕун, фольклорун үөрэтэр командировкаҕа научнай экспедицияҕа кэлэр.1916с. Саха сиригэр эмиэ командировкаҕа кэлэр уонна үрдүкү начальнай оскуолаҕа биир сыл учууталлыыр. 1917-18с. Петроградка научнай үлэнэн дьарыктаммыта. 1918с. Иркутскай губерния Земскэй управатыгар (Эхирит- Булагатский аймак, о.а. Бурятскай уезд) инструкторынан үлэлии киирбитэ. Студент буоларынан земство стипендия аныыр. 1919с. Иркутскай университетыгар лингвиһинэн киирэр. Манна научнай сотрудник быһыытынан эстэн эрэр карагастар племяларын үөрэтэллэр.Сайынын Саха сиригэр барар таһаҕаһы тиэйиини тэрийээччи дуоһунаһыгар улэлиир. 1919с. Иркутскай университетыгар саха салаатын астара сатыыр да, ол кыаллыбат.1919с. Боотурускай уонна Таатта улуустарыгар научнай экспедициянан дьарыктанар.1920с. Кини саха оскуолаларыгар кинигэ бэчээттээһининэн быһаччы ылсан үлэлиир.1921с. Москваҕа Наркомнац (Народный Комиссариат по делам национальностей) штатын иһигэр киирэн үлэлиир.1921с. кулун тутартан Петроградка саха кинигэлэрин бэчээттииргэ быһаараллар, ол иһин кини олоҕун бүтэһик сылыгар диэри онно олорон үлэлиир. Бу сыл ыам ыйыгар Коммунистическай партия чилиэнэ буолар. Кинини партияҕа М.К.Аммосов рекомендациялаабыт. Төрөөбүт норуота үөрэхтэнэригэр ис сүрэҕиттэн баҕарар киһи: «Саха норуота Советскай былаас чахчы олоххо киирдэ5инэ эрэ, үөрэхтэнэр кыахтаах»,-диэн толкуйга кэлэр уонна туох баар кыаҕын билиитин ону толорорго уурар. Кэргэнэ Мария Павловна Фелицына Петербург куоракка Дьахталлар үрдүкү курстарыгар үөрэммитэ. Онтон Илиҥҥи тыллары үөрэтэр институт арабскай салаатыгар үөрэммитэ. Отуттан тахса сыл Наукалар Академияларыгар библиотекардаабыта. Валентина Семеновна Новгородова , Семен Андреевич соҕотох кыыһа, аҕата өлбүтүн кэннэ кулун тутар 8 күнүгэр 1924 сыллаахха төрөөбүтэ.Филолог үөрэхтээх, кандидатскайын «Э.Эристиин айар үлэтэ” диэн темаҕа суруйан көмүскээбитэ. Ленинградка олорбута.Маҥнайгы үрдүк үөрэҕин Саха сиригэр ЯГУ нуучча тылын салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Иккис үрдүк үөрэҕин Ленинградка немец тылын салаатын бутэрбитэ. Семен Андреевич Попов - Сэмэн Тумат, С.А.Новгородов бииргэ төрөөбүт балтын уола - саха биллиилээх прозаига, критигэ, поэта. Н.А.ЛугиновА.Н.ОсиповА.С.БорисовГ.П.БашаринА.Е.МординовВ.М.НовиковГ.И.ЧиряевС.П.ДаниловМ.К.АммосовН.Д.НеустроевА.И.СофроновС.А.НовгородовИ.Н.БараховА.Е.Кулакоскай Олунньу 28 күнүгэр 1924 с.С.А.Новгородов Ленинград куоракка сырдык тыына быстыбыта.Саха АССР Совнаркома кини аатын үйэтитэр дьаһаллары ылбыта: о5отугар ый аайы пенсия анаабыта. Илиҥҥи тыллары үөрэтэр институт үчүгэйдик үөрэнэр студеныгар С.А.Новгородов аатынан стипендияны олохтообута. Якутскай куорат биир уулуссатыгар, Чурапчы педагогическай училищетыгар аата иҥэриллибитэ. Билигин Чурапчы орто оскуолата кини аатын сүгэр. С.А.Новгородов кыыһа Валентина Семеновна сэтинньи 30 күнүгэр 2012с. Санкт-Петербург куоракка 88 сааһыгар өлбүтэ. Кини аҕата сытар сиригэр Смоленскай кладбищеҕа көмүллүбүтэ. Манна ийэтэ, кэргэнэ Андрей Николаевич Егоркин (Саха сиригэр Удачнай алмааһы хостуур фабрикатыгар кини айбыт технологията туттулларыгар кэлэн научнай үлэтин ыыппыт) уонна кинилэр уоллара Семен көмүллэ сыталлар. Республикабыт бастакы Презеденэ М.Е.Николаев 1996 сыллаахха саха алпаабытын төрүттээччи,бастакы учуонай, лингвист С.А.Новгородов төрөөбүт күнүн (олунньу 13 күнүн) ИЙЭ ТЫЛ күнүнэн биллэрбитэ. Сэмэн Тумат тэрийиитинэн Москваҕа С.А.Новгородов олоҕун, үлэтин көрдөрөр выставкаҕа онно үөрэнэр студеннар, Саха представительствотын үлэһиттэрэ мустан тураллар. Ханна да сырытталлар, ханнык да бырааһынньыгы тэрийдэллэр саха ыччата оһуохайын куруук өрө тута, ыллыы – туойа сылдьар. С.А.Новгородов төрөөбүт сахатын норуота үүнэригэр – сайдарыгар үгүс үтүөнү оҥорбутун киһи аймах умнубат, кини аатын үрдүктүк тутар. Үлэлээбит улэлэрин тумэн кинигэлэри таһаарар. Үтүө киһи сырдык аата үйэлэргэ ааттана турдун!