Презентация по якутской литературе на тему Семен Степанович Яковлев — Эрилик Эристиин
Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин (1892-1942)
Олоҕо1892 с. Тохсунньу 24 күнүгэр урукку Боотурускай улууһугар (билиҥҥи Чурапчы) Чакыр нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри бэйэтэ туспа хаһаайыстыба тэринэн олорбута.Онон баай батталын тус бэйэтинэн билбэтэҕин да иһин, 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэлэр буолааттарын кытта саҥа былаас бэлиитикэтин биир тыла суох өйүүр, көмөлөһөр суола турунар. Онно таайа Гавриил Старостин уонна да атын дьон көмөтүнэн ааҕар-суруйар буола үөрэммитэ улуханнык көмөлөспүтэ, Дьокуускайга туох буоларын билэ-көрө олорбута.
Нэһилиэгин дьоно кинини бас-көс туттар буолбуттара, бастаан кэмиссээринэн, кэлин улуус өрөпкүөмүн чилиэнинэн талбыттара. Быраатын кытта Хабырыыстыын олохтоох баайдартан сирдэрин былдьыыр, бурдуктарын тутан ылан дьадаҥыларга түҥэтэр этилэр. 1921 с. Чурапчыга дьадаҥылар, баартыйата суохтар кэмпириэнсийэлэрэ буолбутугар актыыбынай кыттыыны ылбыта. Ол онно Ленин телеграмма ыыппыт эҕэрдэтин тыллара Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин сүрүн хайысхатын быһаарбыттара. Гражданскай сэриигэ Харыйалаах уонна Төхтүр кыргыһыыларыгар инники күөҥҥэ сылдьар, милиция этэрээтин салайааччытынан ананар, Чурапчыга сирдээн аҕалар. Хаста да тоһуурга түбэһэн кыл мүччү тыыннаах хаалар.
Кини хорсунун туһунан доҕоро К.М. Филиппов кэпсээбитэ баар: “биирдэ балаҕан иһигэр олордохпутуна, үрүҥнэр гранатаны түннүгүнэн бырахпыттара. Граната дьиэ ортотугар түһэн, эргичийэ-эргичийэ, сыыгыныы сыттаҕына, Яковлев харбаан ылан, түннүгүнэн төттөрү эһэн кэбиспитэ. Иннэ гынан, үрүҥнэр, хата бэйэлэрин былдьата сыспыттара”.Ол иһин үрүҥнэр киниэхэ абаран алта чугас уруутун ытан өлөрбүттэрэ. Бэйэтин ситиспэтэх абаларыгар ийэтин Өлөөнө эмээхсини атыттары кытта бэгэччэктэриттэн ситиминэн холбуу баайан туран баалкынан кырбаан өлөрбүттэрэ. Өстөөхтөр кини туох баар баайын, малын-салын барытын халаан барбыттара.
Онон 1922-1925 сс. Семен Яковлев куоракка киирэн, типографияҕа үлэлиир. Ол саҕана бастакы хоһооннорун, ыстатыйаларын бэчээттэтэр. А.И. Софронов тэрийбит дырааманы үөрэтэр куруһуогар сылдьар. Бу кэм кини суруйааччы буоларыгар уһулуччу суолталаммыта. Ол иһин дойдутугар тахсан араас табаарыстыбалары, холкуостары тэрийэ сылдьан, «Куһаҕан күнүгэр куттала улааппыт», «Бөтүҥҥэр», «Кыраттан орпут» бастакы кэпсээннэрин суруйан бэчээттэппитэ. Онон кини сиригэр-уотугар төһө да поэт быһыытынан сураҕырдар, кэпсээнньит айар суолун тутуспутунан барбыта. Кини ордук Кулаковскайы, Ойуунускайы тумус туттара, нуучча суруйааччыларыттан: Максим Горькайтан, Чеховтан, Короленкоттан, Николай Островскайтан элбэххэ үөрэммитэ.
1930-32 сыллар кини олоҕор ыарахан кэмнэринэн буолбуттара. Аммаҕа улуус ситэриилээх кэмитиэтигэр доруобуйа уонна үөрэх салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн истэҕинэ, баай төрүттээҕин санатан, оппортоньуус аатырдан партияттан эспиттэрэ. Ону нэһиилэ үҥсэн-харсан, сылтан ордук үлэтэ суох эрэйдэнэн кырдьыгын таһаарбыта. 1932-1938 сс. Чурапчыга типография корректорынан, улуус хаһыатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ, аатырбыт айымньыларын суруйталаабыта. 1934 сыллааҕы суруйааччылар кэмпириэнсийэлэригэр Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон дакылааттарыгар кини айымьыларын биһирээн ахтыбыттара.1934с. иккис кэргэниниин Анисия Дмитриевналыын соҕуруу командировка барбыттара. Казахстаҥҥа хомуйбут матырыйааларынан “Аймалҕан”, “Революция уолаттара” диэн саха литературатыгар атын омуктар олохторун көрдөрөр бастакы сэһэннэрин айбыта.
Сэриигэ сылдьан ылбыт дэҥиттэн сылтаан, 1939 сылтан улам көрбөт буолан барбыта. Бу кэмтэн наар айар үлэнэн дьарыктанар. Чурапчы оройуонун салалтата Саввин диэн уолу көмөлөһөөччүнэн аныыр. “Буура Дохсун” диэн уон тоҕус тыһыынчаттан тахса строкалаах олоҥхону, “Туоралдьын Толооно” поэманы, хас да уочарканы, “Маарыкчаан ыччаттара” романы суруйар. “Кэриэс туолуутун” бүтэрэр. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрииттэн төннөн кэлбит киһи туһунан “Михачеевтар көрсүһүүлэрэ” диэн сэһэни издательствоҕа ыыппыта сүтэн хаалар. Төһө да көрбөт буоллар, хара өлүөр диэри сэрии хайдах барарын билэ-истэ олорбут, куруук биһиги кыайарбытыгар бөҕө эрэллээҕин кэпсиирэ үһү.
Эрилик Эристиин 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 6 күнүгэр Чакырга өлбүтэ. Ону Толон диэн олорбут сириттэн биир көстөөх сиргэ баар, төрөөбүт, улааппыт алааһыгар Бэрэҕэ илдьэн көмпүттэрэ. Билигин кини уонна быраата Хабырыыс уҥуохтара Чакырга көһөрүллэн сэргэстэһэ сыталлар.
Сүрүн айымньылараСоһуччу үөрүү (1928)Революция уолаттара: Сэһэн. (1934)Аймалҕан: Сэһэн. (1935)Хачыгыр. Кэпсээн (1938)Уйбаан Дууһа: Кэпсээн. (1939)Маарыкчаан ыччаттара: Роман. (1942)Кэриэс туолуута: Сэһэн. (1939)Бассабыык Тиихээн: ПоэмаТулаайах Уйбаанчык: Поэма. Туоралдьын Толооно. Поэма.Буура Дохсун. Олоҥхо.