Презентация якутская литература Фронтовик суруйааччылар 5 класс
Сметанин Тимофей Егорович (25.11.1919 - 04.08.1947)
Сметанин Тимофей Егорович (25.11.1919—04.08.1947) — саха суруйааччыта, прозаик, поэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1919 сыллаахха сэтинньи25 күнүгэр Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга (кэлин Кэбээйи нэһилиэгэ, Кэбээйи улууһа) дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Егор Николаевич иккис кэргэниттэн Левина Анастасия Степановнаттан үс оҕоломмут, Тимофей бастакылара этэ. Оскуолаҕа хойутаан, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар 1930 сыллаахха, үөрэх дьыла бүтэрэ чугаһаабытын кэннэ киирбит. 1933 сыллаахха ситиһиилээхтик төрдүһү бүтэрбит.Онтон 13 сааһыгар Калинин аатынан колхуос көмөлөһөөччү суоччутунан анаммыт. Онтон Намҥа киирэн суоччут куурсун бүтэрэн 1934 сыл олунньутуттан колхуоһугар суоччут буолбут. 1936—37 үөрэх сылларыгар Кэбээйи оскуолатыгар кэлин биллиилээх поэт буолбут Пантелеймон Тулааһынап директорынан үлэлии сылдьан литературнай куруһуок ыыппыт. Ол куруһуокка Тимофей актыыбынай чилиэнинэн буолбут, илиинэн таһаарар сурунаалларыгар худуоһунньуктаабыт. 1942 сыл атырдьахыйыгар Кэбээйи оройуонун военкоматынан Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 284-с минометнай полкаҕа сулууспалаабыт, старшайтелефонист. «Хорсунун иһин» (18.01.1944)[1], «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» (22.06.1943) мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Фронтан, ыалдьан,1944 сыллаахха төннүбүт. Айымньылара: Лоокуут уонна Ньургуһун. Драма. 1945 сыллааҕы саха бастыҥ драмата буолбут. Егор Чээрин. Сэһэн; Күөрэгэй; Остуоруйа; Салат сүрэҕэ; Куоска олоҥхото; Көрүдьүөс күн; Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ уо.д.а.
Саввин Степан Афанасьевич – Күн Дьирибинэ (24.12.1903 - 22.04.1970)
Саввин Степан Афанасьевич - Күн Дьирибинэ (24.12.1903—22.04.1970) — саха биллиилээх поэта, үгэһитэ, тылбаасчыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. 1903 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥи Чурапчы) улууһугар Болтоҥоҕо төрөөбүт. С. А. Саввин оҕо сааһыттан сытыы-хотуу, булугас өйдөөх, үлэни-хамнаһы кыайымтыа киһи буола улааппыт. Чурапчы түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1919—1920 сыллардаахха Волревкомҥа үлэлээбит. Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа киирэн үөрэнэн испитэ. 1924—1929 сс. — Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрэн баран ГПУ НКВД органнарыгар үлэлээбит. Суруйар үлэтин 1925 с. үгэһит, сатирик уонна фельетонист быһыытынан саҕалаабыт. Бэйэтин учууталынан Демьян Беднай суруйааччыны ааттыыр эбит. 1930 с. — «Тураах тойуга, сахсырҕа саҥата» хомуурунньуга тахсыбыт. 1933 сыллаахха Москубаҕа КУТВ (Коммунистический университет трудящихся Востока) үөрэнэн бүтэрбит. Ол кэннэ «Кыым» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбит. 1935 с. «Ох тыл» диэн ааттанан саха сатиратын бастакы хомуурунньуга тахсыбыт, онно П. Ойуунускай ,Эллэй, Суорун Омоллоон, В. Чиряев, Чаҕылҕан уонна Күн Дьирибинэ айымньылара киирбиттэр (24 ааттан 10 араас псевдонимнарынан киниэнэ эбит). 1938 с. репрессияҕа түбэспит. 1939 сылтан Саха Сиринээҕи кинигэ кыһатыгар тылбаасчытынан уонна эрэдээктэринэн үлэлээбит. 1942—1943 сс. — 1942 сыллаахха Дьокуускай военкоматынан Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 сыл атырдьах ыйыттан Сталинградскай, Соҕуруу, 4-с Украинскай фроннарга сэриилэспит. Сталинградтааҕы кыргыһыыга кыттыбыт. Гвардия старшината. Танка ротатын орудиятын хамандыыра.1942 сыл сэтинньи 21 күнүгэр Сталинград анныгар кыргыһыыга атаҕар ыарахан бааһырыы ылбыт. Хорсун быһыыларын иһин Албан аат III ст. уордьанынан наҕараадаламмыт. Сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлэн «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээбит. 1970 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр өлбүт. Эрилик Эристиин « Маарыкчаан ыччаттара» айымньытыгар Сеня Оноев прототибынан буолбут. Тылбаасчыт быһыытынан саха тылыгар М. Горькай «Мать», К. Тренев «Любовь Яровая», П. Ершов «Конек-горбунок», П. Вершигора «Люди с чистой совестью», В. Ажаев «Далеко от Москвы», Г. Николаева «Жатва» уо. д. а. айымньылары тылбаастаабыт. Айымньылара: «Тураахтаах күүдээх», «Тастыҥ лааппы талбыт табаара», «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс», «Уустарга», «Бэркэ таптыыр биэбэккэбэр, биэстэ эстэр бинтиэпкэбэр» уо.д.а. Наҕараадалара: Ленин уордьана, «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан, Албан аат III ст. уордьана, «Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээл.
Соловьев Василий Сергеевич - Болот Боотур (15.04.1915 - 24.05.1993)
Соловьев Василий Сергеевич - Болот Боотур (15.04.1915—24.05.1993) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. 1915 с. муус устар 15 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билигин Чурапчы) IV Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн норуот уус-уран айымньытыгар убанан үөскээбит. 15 саастааҕар оройуоннааҕы сир салаатыгар бастакы артыаллары тэрийэргэ көмөлөспүт. Всеобуч учууталларын кылгас кэмнээх бэлэмниир курустарын бүтэрэн 1933 с. Мындаҕаайы бастакы сүһүөхтээх оскуолатыгар учууталынан анаммыт. Үлэлии сылдьан репрессияҕа түбэспит, учуутал үлэтигэр 1939 с. биирдэ төннүбүт. Мугудай оскуолатыгар үлэлии сылдьан Дьокуускайдааҕы педагогическай институт тыл уонна литература факультетыгар кэтэхтэн үөрэммит. Сэрии саҕаланан үөрэҕэ уурайбыт. 1942 с. сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Калининград, Ленинград уобаластарын, Литваны, Белоруссияны, Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт, сэриини Германияҕа түмүктээбит. Ыараханнык бааһыра сылдьыбыт. Сэрии кэнниттэн үөрэтэр үлэҕэ төннүбүт. Фольклор уонна этнография матырыйааларын хомуйууннан дьарыктаммыт, оскуола түмэлин тэрийбит. 1955 с. кэтэхтэн үөрэнэн Дьокуускайдааҕы педагогика институтун бүтэрбит.1993 с. ыам ыйын 24 күнүгэр өлбүт. Айар үлэтэ: 1957 с. кимиэхэ да биллибэт ааптар «Ол күн» диэн поэматынан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 40 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куоҥкуруска кыттан иккис бириэмийэни ылбыт. Поэма 1958 с. туспа кинигэнэн тахсыбыта.«Сааскы дьыбардар» романа 1967 сыллаахха буолбут куонкуруска эмиэ иккис миэстэни ылан суруйааччы прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүт. Айымньы 1971 с. бэчээттэммит. Роман саха литературатыгар көс эбээннэр олохторун-дьаһахтарын көрдөрбүт бастакы айымньыннан буолбут. Наҕараадалара уонна ытык ааттара: Албан аат III ст. уордьана, Аҕа дойду Улуу сэриитин I ст. уордьана, Саха норуодунай суруйааччыта Саха АССР П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата.