Презентация Олохтоох автордар айымньыларынан т?р??б?т дойдуга тапталы иитии


Орто Халыма улууhа Налимскай орто оскуолата    Олохтоох автордар айымньыларынантѳрѳѳбүт дойдуга тапталы иитии   Үлэни толордо: Налимскай орто оскуолатын 7 кылааhын үѳрэнээччитэЯковлева МашаСалайааччы:Саха тылын, литературатын учууталаЕремеева В.В.  Киириитэ Былыр – былыргыттан саха омук бэйэтин кэнэ5эски ыччатын үтүө киһи буолан тахсарыгар ба5арара. Ол инниттэн кинилэри сиэр – майгы өттүнэн чөллөөх буоларга, төрөөбүт сири-дойдуну таптыырга, киэн туттарга иитэрэ. Күргүөмнээх үлэ кэнниттэн, сайыңңы сылаас киэһэлэргэ о5олор күөх окко тустан, сүүрэн – көтөн эттэрин – хааннарын эрчийэллэрэ. Оттон кыһыңңы уһун киэһэлэргэ остуол оонньуулларын оонньууллара уонна остуоруйа кэпсэтиһэн, олоңхо истэн, таабырын таайсан, хоһоон хомо5ой тылларынан курэтэһэн иллэң бириэмэлэрин атаараллара. Ол иһин о5ону иитиигэ норуот тылынан уус – уран айымньыта суңкэн улахан суолталаах этэ. О5о толкуйдуур, бэйэтэ айар, уустаан – ураннаан кэпсиир дьо5ура сайдара. Ханнык ба5арар айымньыга сырдык, кырдьык куруук кыайар, куһа5ан мэлдьи сэмэлэнэн, учугэй хай5анан, киэн туттуллар. Ол иһин да буолуо, оччотоо5у саха киһитэ сымна5ас майгытынан, көнө сүрэхтээ5инэн, ыалдьытымсах үтүө үгэһинэн биллэрэ. Актуальноhа: Билиңңи үйэ5э сиэр – майгы алдьанар кэмигэр, о5ону төрөөбүт тылыгар, норуотун историятыгар, тылынан уус - уран айымньытыгар, төрөөбүт түөлбэлэригэр чугас гына иитиэхтээхпит. Түгэх эйгэтиттэн төрүттээх-силистээх, үтүө санаалаах, үрдүк культуралаах, киэң дууһалаах киһини, дэгиттэр сайдыылаах личноһы иитэргэ, төрөөбүт түөлбэтин историятын билии олус улахан солбуллубат, суоруллубат суолталаах. Ордук о5о5о бэйэтигэр чугас, билэр эбэтэр истибит темата, кини уйул5атын хамсатыан, өйүгэр – сүрэ5эр дириңник иңиэн сөп. Чинчийии объега: Байды сириттэн төрүттээх автордар Налимскай уонна Байды учаастактарын туһунан хоһооннору суруйбуттарын ырытыы. Сыала: Төрөөбүт сир историятын, үтүө үгэстэрин олохтоох автордар хоhооннорунан о5олорго тиэрдии, кини патриот киһи буола улаатарыгар кѳмѳлѳhүү, биллибэт автордар хоhооннорун киэң араңа5а таhаарыы, уруокка туhанар хомуурунньуугу бэчээттэтии уонна о5о аа5ар интэриэhин улаатыннарыы. Ханнык ба5арар сир бэйэтэ туспа историялаах буолар. Ол курдук, Налимскай сирэ-дойдута эмиэ уратылаах. Билигин бөһүөлэк турар сирин оннугар улахан тыымпы күөл күөлэһийэ сытар уһу. Ол күөлү Еремеев Сэмэн (Улахан Сэмэнчик), мас күрдьэ5инэн сүүрдэн, Налимскайы ааттаппыт-сура5ырпыт киһи буолар. Ийэ көлөһүнэ барыар диэри аллараа сиэни хаһан уйгу-быйаны таһаарбыта. Бу дойду сирэ-уота дьону-сэргэни тардан, туспа төбүрүөннээн олорор дьону бэйэтигэр угуйбута. Налимскай сиригэр-уотугар элбэх ыал Саңалаах, Сууччун, Сайбалаах, Быталаах, Эчичэй учаастактарыттан көһөн кэлэн дьиэ-уот тэриммиттэрэ. Бу сири сөбүлээн, дуоһуйан билигин бөһүөлэк тигинээн олорор. Ол курдук, биир дойдулаахпыт, Хотугулуу Илиңңи Государственнай Университет преподавателэ, историческай наука кандидата, Николай Слепцов «Налимскай вальса» хоһоонугар олохтоох автор, мелодист, самодеятельнай композитор, Саха Республикатын культуратын туйгуна Саргылан Слепцов мелодия суруйан, уостан түспэт ырыа буолан ылламмыта ыраатта. Бу ырыаны олохтоох дьон гимн оңостон, киэн туттан, ханнык ба5арар үөрүүлээх түгэңңэ ыллаан дуораталлар.Налимскай вальса оонньуур,Дьиэлэр аайы иэйэр-туойар,Сырдык ыра, истиң дьулуурМузыката дуораһыйар. Налимскай бөһүөлэгэ төрүттэнэ илигинэ «Кыһыл Маай» уонна «Ворошилов» колхозтар бааллара. «Кыһыл Маай» колхоз дьоно Быталаах диэн учаастакка үлэлээн, дьиэ-уот тэринэн олорбуттара. Быталаа5ынан Орто Халыма куорат хоту сытар нэһилиэктэрин кытта сибээстэһэр суол ааһара. 1954 сыллаахха «Кыһыл Маай» уонна «Ворошилов» колхозтары бөдөңсүтэр сыаллаах холбоһон, уопсай сүбэнэн Налимскай сиригэр көһөн олохсуйбуттара. Дириң, туспа историялаах бэрт элбэх киһи төрөөбүт-үөскээбит, улаатан сүһүөхтэригэр турбут ытык сирэ-уота буоларын Бүөтүр – Байды хоһоонугар ахтан ааһар:Дорообо, Быталаах эбэккэм,Кырабар кылыйбыт кырдалым,Өйдүүгүөн, Кубалаах көлүкэм,Эн уугун чомполуур буоларым. Оттон «Ворошилов» колхоз дьоно Саңалаах диэн учаастакка түөлбэлээн олорбуттара. Биир дойдулаахпыт, Саңалаахтан тардыылаах, норуот үөрэ5ириитин туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, тыыл уонна үлэ педагогическай ветерана «Дайыы» литературнай түмсүү чилиэнэ, тулалыыр эйгэтин хоһоон гына айар үлэ5э абылаппыт, чараас иэйэр дууһалаах, «Дууһам истиң иэйиитэ» маңнайгы кинигэтин төрөөбүт түөлбэтигэр биһиктээбит Вера Егоровна Лаптева «Муус толон» диэн хоһоонугар этиллэр:Саңалаахтан кэлбитимИкки хонук ааспытаКүнүн ахсын күүтэбинКөһөн кэлэр дьоннорбун. Түмүк: Төрөөбүт сир айыл5ата уонна ол сир симэ5ин сиэдэрэйин сөбүлээн-таптаан, дойдутун ааттатан, сура5ырдан олорор киһи дьиңнээх патриот буолар. Мин үлэм түмүгүнэн кыракый хомуурунньук таhаардым. Бу хомуурунньукка Байды ытык сирдэрин туhунан уруккуттан биллэр уонна киэң араңа5а тахса илик автордар туох баар үлэлэрин мустум. Хомуурунньугу уруоктарга туhанабыт, о5олорго билиhиннэрэн тѳрѳѳбүт дойдуларын историятын билиhиннэрэбит. Бу барыта биһиги айар куттаахтарбыт, поэттарбыт айымньыларыгар этигэн хомус буолан дьүрүһүйэр. Түмүккэ, бэйэм айбыт хоһоонум хомуһуннаах тылларынан түмүктүөхпүн ба5арабын: Кэрэ нарын кѳстүүлэрдээхИстиң иhирэх ырыалардаахҮтүѳ мааны дьоннордоохНалимскайым барахсан Нарын намчы талахтардаахКүѳх от хонуулардаахКиэң дьикти күѳллэрдээхМодун тулуу тыалардаахСайына-күѳхКүhүнэ-кѳмүсКыhына-маңанСааhа-сандалКуруук кѳтѳ турарБайанайынан аатырарКүѳллэринэн ааттанарДойдулаахтар аатырданДьолу кута туралларКүѳх сайыммыт сирэмиттэнСандал сааспыт сыламыттанКүhүн кыhын кэлэриттэнИйэ а5а алгыhыттанНалимскайбытын таптыыбытКуруук кѳтѳ5ѳ турабыт.