Презентация к семинару Развитие творческого мышления на уроках КНРСЯ
Төрүт култуура уруогар оҕо айар,толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыыТөрүт култуура учуутала Дьячкова Лия Михайловна үлэтин уопутуттан.
Билиҥҥи олох сайдыыта балысханнык барар. Үөрэнээччибин кытта айар, толкуйдуур кэммит – билигин, бүгүн. Онтон кини хайдах кэмҥэ олорон үлэлиэй? Ол кэм ирдэбилэ хайдах буолуой? Учуутал үлэтин биир уустуга кэми кытта тэҥҥэ сайдыы буолбакка, баар кэм иннигэр урут түһэн иһиэхтээх. Онон сайдыы иннин өтө көрөн үлэлиир, айар толкуйдуур аналлаахпыт. Бүгүҥҥү учуутал олоххо анала: Олоҕу өтө көрүү, инникинэн олоруу.Тэрийэр дьарыгын анала: Оҕо ханнык баҕарар дьарыкка өй үлэтин албастарын баһылыырыгар тирэх буолуу.Учуутал оҕо сайдыытыгар анала: Бэйэни ииттинии, сайыннарыы сатабылын баһылыырга тирэх буолууБилиҥҥи кэм уонна мин үөрэнээччим...
Аҕыйах ахсааннаах омук буоларбыт быһыытынан, сайдыы көлүөһэтэ тохтоло суох эргийэр кэмигэр, норуот быһыытынан тыыннаах ордор суолбут толкуйун тобулууга биһиги үлэбит улахан суолталаах. Саха норуотун историятын кырдьыктаахтык көрдөрүү суолун тутуһуу – маҥнайгы аналбыт.Сүтэр, симэлийэр турукка тиийбит өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин тилиннэрии, үйэтитии.Уус - уран тыл күүһүн таба өйдүүр сатабылы иҥэрии.Норуот быһыытынан бэйэтин ытыктанар саха киһитин иитии.Төрүт култуура учууталын бүгүҥҥү анала тугуй?
Саҥа үөрэх стандарда оҕо ураты айар, ырытар толкуйун сайыннарыыга сүрүн болҕомтотун уурар. Онон билиҥҥи учуутал айар толкуйа сайдарыгар көҥүл баар диибит. Бу кыа5ы туһанан, хас биирдии учуутал айымньылаахтык үлэтин тэрийэригэр, бэйэтин кэтээн көрүнэн, сөп түбэһэр ньыманы тобулан үлэлиэхтээх, үөрэнээччи билиини ылар сатабылларын сайыннарыыга тирэҕирэн үлэтин тэрийиэхтээх. Ханнык суолу талабын?
Саха ыччата кыра сааһыттан норуот төрүт култууратын этигэр – хааныгар иҥэринэн, төрөөбүт буоруттан силистээх – мутуктаах, толору куттаах – сүрдээх, саха норуотун салҕыыр, урааҥхай омугу ууһатар киһи буолан тахсыахтаах. Төрүт култуура уруогун сүрүн сыала - соруга
Төрүт култуура уруогун туруорар сүрүн сыала Сайыннарыылаах үөрэх (саҥа стандарт)
Тирэх ыйытыылары биэрии ньымата. Холобур: «Үрүҥ кыл, сиэл сүдү суолтата» тиэмэни үөрэтиэх иннинэ, оҕолорго С.Кудрина тыл. уонна мел. «Суолга» диэн ырыаны иһитиннэрэбин. Туох туһунан бу ырыаҕа ылланарын ыйытабын. Оҕолор ырыа ис хоһоонун болҕойон истэллэр, толкуйдаан эппиэт биэрэллэр. О5олор соптоох хоруй биэрбиттэрин кэннэ «Сылгы сүөһүттэн киһи аймах төһө элбэх туһаны ыларый?» диэн толкуйдатар ыйытыыны туруорабын. Бу ньыманан оҕо өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕура сайдар. Дьэ, оччоҕо оҕолор уруок маҥнайгы хардыытыттан толкуйдаан, эппиэттээн уруогу интэриэһиргиир баҕалара күүһүрэн киирэн барар. Дэгиттэр албас (метаспособы)
Саңа санаа үөскээһинэ (создание проблемной ситуации)Санааны чопчулааһын(Актуализация знаний)Материалы кытта үлэ (хомуйуу, түмүү, тэңнээһин, ырытыы)(работа с материалом)Ылбыт билиини сааһылааһын(рефлексия)Ылбыт билиини олоххо туһаныы, үллэстии(применение и оценка)Төрүт култуура уруогун кистэлэҥэ тугуй?(дьарык тутула, ис хоһооно, түмүгэ)
Учуутал оҕо айар, толкуйдуур дьоҕурун күөмчүлээбэккэ сайыннарыан сөп. Манна учуутал сорудахтарга улахан болҕомтотун ууруохтаах. Оҕо – айар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы оҕо тус сайдыытыгар туһалааҕа биллэр. Билиҥҥи үөрэх ирдэбилинэн оҕо айар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарыгар болҕомто ууруллар. Айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы