Презентация доклада НПК В.Зои Оскуола?а киириэн иннинээ?и саастаах о?олорго, оонньуу н???? оло?хону ?йд?т??


Саха сирин Үөрэҕириитин министиэристибэтэ Орто Халыма улууһун үөрэҕириитин салалтата«Колымский исследователь» В.А.Роббек аатынан Үөрэнээччилэр Ш региональнай научнай – практическай конференцията С.Н.Горохов аатынан ОйуҺардаах орто оскуолата Толордо: Ойуһардаах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Винокурова Зоя Николаевна Салайааччы: Дьячкова Лия МихайловнаТөрүт култуура учуутала    «Оскуолаҕа кириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго оонньуу нөңүө олоңхону өйдөтүү» Үлэм сыала Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго олоӊхо туһунан өйдөбүлү иӊэрии.Оҕо олоӊхону сэӊээрэн истэр, өйдүүр буоларын ситиһии.Оҕону оонньуулаах айар үлэҕэ коҕүлээһин.  Кириитэ Саха омук өркөн өйүн, талба талаанын үрдүк өрөгөйө – олоӊхо - аҕыс кырыылаах алмаас курдук, хайа да өттүттэн хайыһан көрдөххө, араас өӊүнэн арылыйа оонньуур улууканнаах айымньы буолар. Олоӊхо диэн оҕоҕо анаммыт айымньы. Оҕо сылдьан олоӊхону истэн, олоӊхоҕо убанан улааппыт оҕо сахалыы толкуйа тобуллан, олохсуйан олорор айылҕатыгар толору дьүөрэлэһэр кыахтанар. Ол иһин, олоӊхону оҕо кыра сааһыттан истэн, билэн улааттаҕына кини ийэ тыла хаһан да, оһон уостан хаалыа суоҕа. Биһиги олоӊхобут аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын иһигэр киирбитэ барыбытыгар үрдүк үөрүүнү тэӊэ улахан эппиэтинэһи сүктэрэр. Олоӊхо кыаҕын күннээҕи олохпутугар туһанар кэммит кэллэ. Онон мин оскуолаҕа кириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго кыра саастарыттан олоӊхону биллиннэр диэн, ийэм «Ладушка» оҕо саадын иитээччитигэр Колесова Елизавета Егоровнаҕа оҕолорго олоӊхо туһунан билиһиннэрэригэр, өйдөтөругэр, Боотурускай улууһун Бастакы Игидэй нэһилиэгин киһитэ Константин Григорьевич Оросин 1895с. суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кылгатыллыбыт олоӊхотуттан ийэбэр хайа эмэ өттүнэн көмөлөөх буоллун диэн бу үлэбин оӊордум. Үлэм «Оскуолаҕа киириэн иннинээ5и саастаах оҕолорго, оонньуу нөӊүө олоӊхону өйдөтүү» диэн тиэмэҕэ оӊоһулунна. Олоӊхо туһунан өйдөбүл. Олоӊхо – саха эпоһа, аан дойдуга киэӊник билиннэ, тас дойдуларга тиийэ кэрэхсэннэ. Олоӊхо ис хоһооно Орто дойду улуу бухатыырын туһунан кэпсиир, сир үрдүгэр иллээх, эйэлээх олох туругурарын, үтүө сана өрөгөйдүүрүн туһугар турунарга ыӊырар сырдык идеялаах айымньы буолар. Олоӊхо фольклор атын жанырдарыттан бөдөӊнөрүнэн эрэ буолбакка, тиэмэтинэн, ис хоһооннунан, уус – уран айар ньыматынан уратылаах. Олоӊхо уонна оҕо итиитэ Билиӊӊи кэмӊэ оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ улахан суолта бэриллэр. Саха оҕото омук үгэһин, сиэрин-туомун этигэр-хааныгар кыра эрдэҕиттэн иӊэрэн улааттаҕына, үрдүк култууралаах, сиэр-майгылаах, олохтоох өйдөөх-санаалаах киһи буолар кыахтаах. Саха киһитэ былыр-былыргыттан сытыары-сымнаҕас майгылааҕа, ыраас дууһалааҕа, мындыр өйдөөҕө, дойдутун-сэргэтин, сирин-уотун таптыыра-харыстыыра биллэр. Онтон норуот өйүн-санаатын сүнньүнэн буолар фольклор көрүӊнэриттэн биирдэстэринэн олоӊхо буолар. К. Г. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кылгатыллыбыт олоӊхотун ис хоһооно  Бу олоӊхо үгэс курдук хас да чаастан турар. Олоӊхоҕо үс дойду туһунан кэпсэнэр. Ньургун Боотур орто дойдуга түһэн айыы аймахтарын аллараа дойду адьарай абааһыларыттан быһыыр көмүскүүр. Олоңхо5о орто дойдуга сырдык, үтүө уонна мөкү охсууутун уустаан – ураннаан көрдөрөллөр. Үтүө, сырдык барыта айыы бухатыырын аатын кытта ситимнээх, оттон куһаҕан, хараӊа диэки тардыстыы абааһы бухатыырын уобараһынан бэриллэр. Олоңхо геройдара кыайыыга кытаанах дьулуурдаахтарын, эппит тылларын энчирэппэттэрин, төрөөбүт дойдуга тапталларын көрдөрөллөр. Онон төрөөбүт дойдуга тапталы, аймах дьон көӊүллэрин көмүскээһини ытык иэс курдук өйдөөһүнү иитэр буолан, олоӊхо – сырдыкка ыңырар. Паазылы оӊорорго туттар мал – сал. А4 кумааҕы.Боростуой харандаас, сотор, фламастердар, өӊнөөх харандаастар.Картон, икки өттүлээх скотч, кыптыый.  Паазыл маӊнайгы эскииһэ. Паазылы оӊоруу үлэтин түмүгэ. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго, оонньуу нөӊүө иитээччи олоӊхону өйдөтүүтэ.1.Оҕолорго К. Г. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кылгатыллыбыт олоӊхотун билиһиннэрии.2. Оҕолорго олоӊхо геройдарын уруһуйдарын көрдөрүү. 3. Оҕолор, олоңхо геройдарын уруһуйдарынан сирдэтэн оонньуу нөӊүө паазылы таһаарыылара. 4. Оҕолор олоӊхону төһө өйдөөбүттэрин уруһуйдатааһын. Түмүк санаа. Олоӊхо аан дойду култууратын сэдиэбирэ буолуоҕуттан киниэхэ кэрэхсэбил улаатта. Ол иһин мин, олоӊхону интириэһиргээммин маӊнайгы үлэбин оскуолаҕа кириэн иннинээҕи оҕолор олоӊхону кыра саастарыттан биллиннэр, өйдөөтүннэр, диэммин ийэбэр «Ладушка» оҕо саадын иитээччитигэр Колесова Елизавета Егоровнаҕа көмө көрдөрөр матырыйаалы паазылы оңорон таһаардым. Бу оӊоһугум иитээччилэргэ туһалаах буолуо диэн, эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, оҕо саадыгар олоңхоҕо сыһыаннаах анал көрдөрөр матырыйааллар суохтар. Онон мин, инникитин даҕаны салҕыы олоӊхону дириӊник үөрэтэн, кыра саастаах оҕолорго, алын кылаас оҕолоругар көрдөрөр матырыйааллары оӊоруохпун баҕарабын. Билигин үлэлэһэ сылдьар айымньым Иннокентий Теплоухов - Тимофеев «Кулун Куллустуур» олоӊхото буолар. Уонна, түмүкпэр этиэм этэ аныгы кэнчээри ыччаттар, өбүгэлэрбит тылынан уус-уран айымньытын олоӊхону ааҕыӊ, сэргээӊ, үөрэтиӊ. Оччоҕо сахабыт ийэ тыла, фольклора, култуурата сутэн өһөн халыа суоҕа.