А.С. Сыромятникова “Кырыыппа” кэпсээнин тылын – ???н ырытыы


Анастасия Саввична Сыромятникова(1915-1997)Саха биллиилээх суруйааччыта, прозаик, ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ (1957), СР уонна РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ А.С. Сыромятникова “Кырыыппа” кэпсээнин тылын - өһүн ырытыы Михайлова Карина Семеновна– АТООШ саха тылын уонна литературатын учуутала Үлэ тоҕоостооҕо, сонуна. Саха литературатыгар дьахтар суруйааччы аҕыйах. Дьахтар өттүттэн суруйааччы баара булгуччулаах. Дьахтар быһыыта-майгыта, өйө-санаата, иэйиитэ-долгуйуута, билиитэ-көрүүтэ эр киһиттэн атын, ураты, туспа, дьикти. Ол тоҕо оннуга биллэр. Киһи аймах үөскүүр, үүнэр дьылҕата сүнньүнэн дьахтартан тутулуктаах. Онуоха эбии дьахтар ахсаанынан киһи аймах аҥаара буолар. Ол иһин дьахтар суруйааччылары кичэйэн биэбэйдээн, өйдөөн-убаан сайыннарыах, барҕардыах тустаахпыт (Н.С. Григорьев). А.С. Сыромятникова “Дьэдьэннээх халдьаайы” (1963) кинигэтигэр киирбит “Кырыыппа” диэн кэпсээнин ордук сөбүлээн ааҕан, тылын-өһүн ырыттыбыт. Бу кэпсээн ис хоһоонун суруйааччы биэс битинэн билбит буолан, олус холкутук иҥнигэһэ суох утум-ситим кэпсиир. Тугу суруйарын үчүгэйдик билэр буолан, ис сүрэҕиттэн таптаан-сиргэнэн, үөрэн-хомойон, убанан-сиилээн туран иэйэн-куойан кэпсиир. Бу кэпсээн тугунан үчүгэйэ диэн - тылын өттүнэн ордук хомоҕой. Судургутук, таттарыылаахтык суруллубут. Тыла үчүгэй буолан, кэпсээн ааҕааччы сүрэҕин булар. Кэпсээн ис хоһооно кэрэ буолан, сөптөөх тыл-өс көстөр, ол иһин ааҕааччы санаатын оонньотор. Кэрэ санаа, дириҥ өй уус тылы кытта сиэттиһэллэр. Ону таһынан, биирдиилээн тыл суолтата өйдөммөт, биитэр сыыһа туттуллубута, солбуйар ааты буккуурдаахтык туттуу, тыллар этиигэ турар бэрээдэктэрин кэһии, этиилэри бысталаан туттуу, сомоҕо домох мөккүөрдээхтик туттуллар түгэннэрэ элбэхтик көстөр. Ол иһин, биһиги оннук түгэннэри ырытарга уонна судургу соҕустук өйдөнөр гына көннөрөн бэйэбит санааларбытын суруйуохпут. Үлэ сыала:А.С. Сыромятникова “Кырыыппа” кэпсээнигэр биирдиилээн тыл суолтата өйдөммөт, биитэр сыыһа туттуллубутун, солбуйар ааты буккуурдаахтык туттууну, тыллар этиигэ турар бэрээдэктэрин кэһиини, этиилэри бысталаан туттууну, сомоҕо домох мөккүөрдээхтик туттуллар түгэннэрин булан ырытыы уонна судургу соҕустук өйдөнөр гына көннөрөн бэйэбит санааларбытын суруйуу. Бу сыалы ситиһэр туһуттан маннык соруктары туруордубут:А.С. Сыромятникова олоҕун уонна айар үлэтин билсэргэ.А.С. Сыромятникова “Кырыыппа” кэпсээнин толору ааҕарга.Чинчийээччилэр үлэлэрин, ырытыыларын көрөргө, ааҕарга.Биирдиилээн тыл суолтата өйдөммөт, биитэр сыыһа туттуллуутун буларга, бэлиэтэнэргэ, ырытарга, көннөрөргө.Солбуйар ааты буккуурдаахтык туттууну буларга, бэлиэтэнэргэ, ырытарга, көннөрөргө.Тыллар этиигэ турар бэрээдэктэрин кэһии түгэннэрин буларга, бэлиэтэнэргэ, ырытарга, көннөрөргө.Этиилэри бысталаан туттууну булан ырытыыга, көннөрөргө.Сомоҕо домох мөккүөрдээхтик туттуллуутун булан ааҕарга, бэлиэтэнэргэ, ырытаргы, көннөрөргө.Түмүк санааны суруйарга. Этиини бысталаан туттуу Сомоҕо домоҕу мөккүөрдээхтик туттуу ТүмүкТүмүктээн эттэххэ, Анастасия Сыромятникова “Кырыыппа” диэн кэпсээнэ тематиката да саҥатынан, иитэр да суолтата дьоһуннаҕынан, идейнэй уус-уран да өттүнэн кэнники кэмнээҕи сахалыы уус-уран литература биир дьоһуннаах айымньытынан буолар. Бу кэпсээн ис хоһоонун суруйааччы биэс битинэн билбит буолан, олус холкутук иҥнигэһэ суох утум-ситим кэпсиир. Тугу суруйарын үчүгэйдик билэр буолан, ис сүрэҕиттэн таптаан-сиргэнэн, үөрэн-хомойон, убанан-сиилээн туран иэйэн-куойан кэпсиир.Тылын өттүнэн ордук хомоҕой. Судургутук, таттарыылаахтык суруллубут. Тыла үчүгэй буолан, кэпсээн ааҕааччы сүрэҕин булар. Кэпсээн ис хоһооно кэрэ буолан, сөптөөх тыл-өс көстөр, ол иһин ааҕааччы санаатын оонньотор. Кэрэ санаа, дириҥ өй уус тылы кытта сиэттиһэллэр.Үлэбит сыалын ситиһээри туруорбут соруктарбытын толору ситистибит. Ол курдук:1. А.С. Сыромятникова олоҕун уонна айар үлэтин билистибит.2. А.С. Сыромятникова “Кырыыппа” кэпсээнин толору аахтыбыт.3. Чинчийээччилэр үлэлэрин, ырытыыларын көрдүбүт, аахтыбыт.4. Биирдиилээн тыл суолтата өйдөммөт, биитэр сыыһа туттуллуутун булан бэлиэтэннибит, ырыттыбыт, көннөрдүбүт.5. Солбуйар ааты буккуурдаахтык туттууну булан бэлиэтэннибит, ырыттыбыт, көннөрдүбүт.6. Тыллар этиигэ турар бэрээдэктэрин кэһии түгэннэрин булан бэлиэтэннибит, ырыттыбыт, көннөрдүбүт.7. Этиилэри бысталаан туттууну булан ырыттыбыт, көннөрдүбүт.8. Сомоҕо домох мөккүөрдээхтик туттуллуутун булан аахтыбыт, суолталарын быһаардыбыт, ырыттыбыт, көннөрдүбүт.