доклад на тему: Саха бала5ана — торут иэримэ дьиэбит ученица 3 класса Дьяконова Дарина, руководитель: Васильева Елена Александровна
Саха бала5ана – терут иэримэ дьиэбит
…
Мантан сиэттэрэн, саха балаҕанын хайдах баарынан үөрэтэн-чинчийэн көрөргө сананным.Үлэ сүрүн сыала: Саха балаҕанын туһунан билиһиннэрии; Саха балаҕанын ис-тас көстүүтүн чинчийии;Саха – уус омук буоларын дакаастааһын;Үлэ сыалын ситиһэргэ маннык чопчу соруктары туруордум:Саха балаҕанын туһунан анал матырыйааллары хомуйуу, билсии;Муспут матырыйаалга олоҕуран сүрүн түмүгү таһаарыы;Саха балаҕанын ис-тас көстүүтүн көрдөрөр кыра макет оҥоруу.
Учуонайдар суруйалларынан, саха балаҕана икки көрүҥнээх: баҕана балаҕан уонна «ньиэмэскэй» муннуктаах балаҕан
Былыр балаҕаны түбэһиэх сиргэ туппаттар эбит. Хайаан да билгэлээн, билэн бараннар дьоллоох миэстэтин талан тутталлар. Эрдэттэн көрдөөн, сир инньэритин-таҥнарытын учуоттаан, дьиэ кыыла таптаан, түптээн тохтуур-хонор сирэ буоларын сылыктаан билиэхтээхБалаҕаны тутуу сиэрэ-туома олус дириҥ силистээх-мутуктаах, суолталаах. Сиэри-туому былыр сахалар убаастыыллар, кытаанахтык тутуһаллар эбит. Дьоллоох миэстэни булан баран балаҕаны тутуу саҕаланар. Бастакынан, балаҕан соҕуруу уонна арҕаа баҕаналарын үүттэрин хаһан баран, үөһээ уостарыгар сылгы сиэллээх баттаҕын кыбыталлар. Балаҕан баҕаналарын туруоран араамаларын бааллан, өһүөтэ түспүтүн кэннэ уот оттон аһатар үгэс баар.
«Ханнык баҕарар үлэ, көрүҥүттэн тутулуга суох, былыр-былыргыттан үгэс буолбут, норуот үйэлэргэ мунньуммут ньымалардаах албастардаах буолар. Балаҕан тутуутугар сүрүн оруолу мас кэрдиитэ, мас суоруута, мас мастааһына буолар. Э.А.Алексеев суруйарынан, үчүгэй мас кэрдээччи күҥҥэ түөрт уон маһы кэрдэр үһү.
Ити курдук суоран, устуруустаан баран, истиэнэ тахсыар диэри бэрэбинэлэри ат гына туруортаан куурдуллар-хатарыллар. Балаҕаны үгэс быһыытынан, ыкса күһүн, эбэтэр саас эрдэ тутталлар. Балаҕан маһын үлэтин эр дьон оҥороллоро, сыбаҕын дьахталлар. Маһа бэлэм буоллаҕына балаҕаны 8-10 (кыра балаҕаны 3-4 күн) күнүнэн тутан бүтэрэллэрэ. Үөһээ этиллибитин курдук, туттар тэриллэрэ сүгэ, эрбии, арбыйа буоллаллар. Сүнньүнэн балаҕан түөрт муннугар түөрт баҕананы туруораллар, улахан балаҕан баҕаната 8-ка тиийэр. 20-30 см. халыҥнаах баҕаналары 70 см. дириҥҥэ түһэрэрллэр. Баҕана сиртэн быгыыта 1,5-2 м буолар. Балаҕаны илин өттүнэн анныыллар.
Балаҕан үрдүн биирдии миэтэрэ усталаах, 10-18 см суоннаах мөкүнүк маһынан кэккэлэтэ сабаллар. Урут үрдүк өттө «дьогдьуура» диэн ааттанар. Былыргы балаҕан дьогдьуура суох буолар. Балаҕан үрдүн муоҕунан бүөлээн, хатырыгынан сабан баран, буорунан халыҥнык данныыллар. Хатырыгы үүнэн турар мастан суллаан ылаллар.
Үгэс быһыытынан үс – соҕуруу, арҕаа, илин – эркиннэринэн түннүктүүллэр (28). Саха киһитэ түннүгүн дьыл кэмиттэн көрөн айылҕа биэрбит араас матырыйаалларынан сабара, бүрүйэрэ. Үксүн оҕус, балык хабахтарынан, туоһунан, талаҕынан, кыл сиэккэнэн, кыра өстүөкүлэлээх туоһунан сайыҥҥы кэмҥэ сабыллаллар, онтон кыһыны мууһунан, хаарынан бүөлээн туорууллар.
Туос өстүөкүлэлээх түннүгү 19-с үйэ бүтэһигэр туттар буолбуттар. Икки туоһу тэҥҥэ холбуу тутан тигэн баран, ортотунан ойо быһан таас бытархайдарын кыбыталлар. Кыһынын муус түннүгү анал тимиринэн күн аайы кырыатыыллара. Түннүк иэнэ 30х50 см – 60х70 см тиийэ буолар. Ахсаана балаҕан кээмэйиттэн көрөн 2-тэн 9-ка тиийэ буолар. (78) Балаҕан соҕуруу-арҕаа өттүнэн түннүктэрдээх буолар эбит. Хоту өттүгэр түннүк туруорбаттар.
Хойукку тутууларга аан иннигэр икки остуолба туруоран сабарай (навес) оҥорор буолбуттар. Кэлин сабарай үс өттүн бүөлээн күүлэ тутар буолбуттар. Ааны атыннык «дьиэл» эбэтэр «халҕан» диэн ааттыылар. Ааны хаптаһыннарынан оҥорон, ынах тириитинэн түүтэ таһыгар буоларын курдук бүрүйэллэр. Тирии суох буоллаҕына, арыттарын туойунан эбэтэр ынах сааҕынан сыбыыллара.
Аны туран, балаҕан ис бараанын көрүөххэ. Ол курдук, балаҕан хаҥас өттө хоту өттүнээҕэр киэҥ буолар. Балаҕан баайытын ортотунан «өһүө маһы» түһэрэллэр. Сорох уустар икки өһүөнү түһэрэллэр. Ортоку өһүөнү «тойон өһүө», арҕаа энээр өһүөнү «кэтэх өһүө» диэн ааттыылар.
Үөһэ этиллибитин курдук, сахаларга көмүлүөк оһох суолтата олус улахан, туспа сиэрдээх-туомнаах. Көмүлүөк оһох балаҕан ортотугар, кэлин хотугулуу-илин муннугар туруораллар эбит. Көмүлүөк оһох икки көрүҥнээх: сыбах оһох уонна симии оһох.
Оһох олоҕо туой буорунан толору симиллибит, намыһах суон мастарынан оноьуллубут акылаат (состуок-шесток) иьигэр олорор. Оттон симии оьо5у бэрэбинэнэн эбэтэр титиригинэн хаа (опалубка) онорон кураанах туой буорунан симэн, уелэьин оннугар кендей маьы туруору тутан турбатын симэн таьаараллар. Ити кэннэ маьы ньылбы тардан ылан устан ылаллар, кендей маьы укпут буоллахтарына, уот оттон уматан кэбиьэллэр. Симии оьо5у дэн кэриэтэ тутталлар, кыахтаах, баай дьон оностоллоро. Оьо5у онорон бутэрэн баран, хаа маьын кетурэн ылаллар. Оьох оттулунна5ына, туой буьан-хатан бе5ергуур.
Онно сыьыары иьит долбуура оноьуллара. Манна бэргэьэни, утулугу куурдалллар. Оьох иннинэн дьиэ урдугэр танас ыйыыр долбуур оностоллор. оьох турбатын «ураа» диэн ааттыыллар. Оьох сылааьы биэриитэ кини теье уьуннук умайарыттан тутулукттаах. Дьиэлээхтэр кыьыны 70-90-на тиийэ сыар5а маьы оттон туоруллар.
Балаҕан иһигэр биир сүрүн миэстэ, орон буолар. Балаҕаны кыйа, хамсаабат ороннор миэстэтиттэн көрөн туһааннаах ааттаах, аналлаах.аантан саҕалаан уҥа диэки маннык бэрээдэгинэн ааттаналлар:Атах орон – суол аннынааҕы орон – суол аанын уҥа өттүн диэкиулэһиттэр оронноро, боростуой дьоҥҥо аналлаах аан таһынааҕы орон.Кэнники орон – атах орон – соҕуруу истиэнэни кыйа бүтэһик орон. Орто орон – ортоку орон – уҥуо ортоку орон – соҕуруу эркини кыйа Ортоку орон – ордук ытыктанар, бочуоттанар дьоҥҥо аналлаах.Бастыҥ орон – уҥа бастыҥ орон – соҕуруу эркини кыйа, таҥара муннугар сыһыарыы бочуоттаах миэстэ. Биллэрик орон – таҥара муннугуттан бастакы орон (красная лавка) Кэтэҕириин орон – хаьһайыттар утуйар көмүлүөк утары оронноро. Хаҥас орон эбэтэр быыс хаҥас өттүнээҕи ороҥҥо оҕолор утуйаллар. Маны таһынан хас биирдии ыал балаҕанын иһигэр бааллар: төгүрүк ат туйахтарын курдук атахтаах остуол, түөрт иэҕии талахтартан биир оһоҕото суох ураты холбоһугунан таҥыллыбыт олоппостор, чууркаттан оҥоһуллубут ыскамыайка, иһит долбуура, таҥас ыйыыр мас көхө, бурдук кэлиитэ, суоруна, истиэнэҕэ ыйаммыт булт, балык тэрилэ – саалар, илимнэр, чааркааннар, сээкэй угар мас дьааһыктар.
Аны балаҕан тиэргэнэ күрүөлээх буолар. Күрүө-хаһаа арааһыгар тохтоотоххо маннык: баҕана күрүө, тоһоҕо күрүө, сигэ күрүө, сылбах күрүө, боотулу күрүө, эрэһээҥки күрүө, бэрбээкэй күрүө.
Ити курдук, балаҕан ис-тас өттүн, биһиги өбүгэлэрбит иэримэ дьиэлэрин, тутуутун, сиэрин-туомун туһунан кылгастык билиһиннэрдим.
Балаҕан тутуллан бүттэҕинэ, сайын от-мас силигилии тиллиитэ орто эбэтэр баай ыал ыһыах ыһан, малаһыннаан, алгысчытынан алҕаттаран баран киирэллэрэ. Кымыс өрөн, сүөһү өлөрөн ойууну эбэтэр алгысчыты ыҥыраллар эбит. Онуоха алгысчыт илин диэки хайыһан туран айыылартан көрдөһө-көрдөһө ибир хамыйаҕынан баһан ыла-ыла илин-соҕуруу диэки ыһан аһатар. Дьэ бу кэннэ алгысчыты маҥан сылгы тириитигэр олордоллор уонна уҥа илиитигэр толору кымыстаах чороону туттаран маанылаах сандалы аһын аан маҥнайгынан аһаталлар эбит. Аһыах иннинэ дьиэлээх хаһаайын оһоҕун оттон Аал уот иччититтэн маннык көрдөьөр: «Будулҕан тымныыга торҕо буруоҕун тохтотума, анысхан тыал аргыарын анныгынан аргытыма, кырыа хаар кыыдаанын кыымнынан кыйдаа, уорук бараан ордуугун уһун дьылларга угуттаа, сылдьар ыалдьыттары сылааскынан сыдьаай, хонор хоноһолору хоонньугар хорҕот, иэримэ дьиэбин иччилээ, төрүүр оҕолорбун төлкөлөт»
Саха омук былыргыттан сүөһү тутар буолар, буор-саах сыбахтаах, хотон салҕааһыннаах балаҕаннаах буолан, тыйыс тымныыттан, тыалтан-куустан хорҕойон, дьиэбит аал уотунан араҥаччыланан, көмүскэнэн, омук быһыытынан ордон, сиэрбитин-туоммутун, итэҕэлбитин күн бүгүнүгэр диэри илдьэ кэлэн олоробут. Бу үлэбэр саха балаҕанын уопсайдык хайдах баарынан арыйан көрдөрдүм, ол эрэн ис иһигэр киирдэххэ дириҥээн, кэҥээн, олус интэриэһинэй буолан иһэр. Ити курдук, түмүктээн эттэххэ, былыргы өбүгэлэрбит үгэстэрин, саха балаҕанын сүтэрбэккэ, умнубакка, сиэри-туому тутуһан, туһанан олоруохтаахпыт.
БОЛҔОМТОҔУТ ИhИН МАХТАЛ!