Презентация по культуре народов Республики Саха Якутия на тему Хаты? ту?алаах ??нээйи


Хатың - туһалаах үүнээйи Мэңэ-Хаңалас улууһун Алтан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Яковлева ДуняСалайааччы Билюкина Варвара Гаврильевна То5о таллым:Мин хатыңы олус сөбүлүүбүн.Хатың мастан оңоһуктары интэриэһиргээтим.Хатыңынан эмтэнии туһунан билээриҮлэм сыала:Хатың мас түһатын чинчийэн көрүүСоруктарым:Хатың мас туһунан билиибин хаңатыыХатың мастан уһанар, нэһилиэгим уран тарбахтаах дьонун билии, сырдатыы.Хатыңынан эмтэнээччилэри кытта кэпсэтии, кинилэр ньымаларын туһаныы, тар5атыы. Айыл5ам мааныта-хатыңчааным барахсан Ырыа5а ылламмыт, хоһооңңо холбоммут маңанчаан хатыңчаан намылыйан, наңнайан , барахсан мааны да буолла5а. Атын мастартан маңанынан уратылаах. Туоһун тарбаххынан таарыйдаххына муус маңан бороһуок курдук хаалар. Ону БЕТУЛИН диэн ааттанар эбит. Маңан чараас пленка курдук субатын анна ТУОС – ууну да гааһы да киллэрбэт пробка курдук эбит. Маңан туоһун таһынан хара көпсөркөй дьураалар бааллар. Ону ЧЕЧЕВИЧКАЛАРА дииллэр эбит. Хатың онон тыынар эбит. Хатың сибэккитэ сэбирдэ5ин кытта тэңңэ түһэллэр , сайын бүтүүтэ, күһүн са5аланыыта сиэмэтэ тыал көмөтүнэн сир аайы баран түһэллэр уонна саңа хатыңнар үүнэллэр эбит. Тыллыбатах үнүгэстэрин тас өртүгэр лабаххай курдук тахсар, ону ДЬҮӨКЭТ диэн ааттанар, мантан биһиги билэр Вишневскэй мааспыт оңоһуллар. Хатыңы былыр-былыргыттан кыыс о5о5о дьүөрэлииллэрэ. Хатыңтан уһаныы. МАҺЫТТАН биһиги өбүгэлэрбит аһыыр иһиттэрэ, туттар тэриллэрэ оңоһуллаллара. Холобура, чороон , кытыйа, матаарчах, хамыйах, ат көлө сыар5атын, дугатын, туттар тэрил уктарын, олоппоһу, остуолу, кыраабыл систэрин.ТУОҺУТТАН оңоһуллар: ыа5ас, тууйас, тордуйа, матаарчах, быдараак, араас киэргэллэр.УДЬУРХАЙЫТТАН- быһах угун, араас киэргэллэри, сувенирдары. Уран тарбахтаах биир дойдулаахтарым. Билюкин Петр Петрович- кыраабыл систэрин , араас сувенирдары, быһах угун , ат көлө дугатын уонна да атыны оңорор. Туостан уһаныы Өлөчөйгө элбэх ыалга туостан араас иһити тигээччи Платонова Прасковья Иннокентьевна ыа5айалара,матаарчахтара бааллар. Бу үлэлэр араас быыстапкаларга элбэхтик биһирэммиттэр. Учууталбыт Попова Любовь Егоровнатуостан араас бастыңалары, илинкэбиһэрдэри оңорор, кэрэ бэйэлээх хартыыналары айан таһаарар. Хатыңынан эмтэнии Хатың сэбирдэ5ин күөмэй ыарыытыгар, сүһүөххэ, сүрэх ыалдьарыгар туттуохха сөп эбит. Хабах уонна бүөр ыалдьарыгар хатың сэбирдэ5иттэн настой оңорон эмтэнэллэрБронхитка, тымныйан ыалдьыыга хатың сэбирдэ5ин саңа тыллыахтаах сэбирдэхтэрин үнүгэстэрин хомуйан, ону оргутан эмтэнэллэр эбит. Хатыңынан эмтэнээччилэр: Тимофеева Варвара Егоровна- хатың сэбирдэ5ин, үнүгэһин оргутан күөмэйин эмтэнэр,сүрэх, дьар5а ыарыыларыгар туһанар.Забровская Людмила Петровна- хатың сэбирдэ5ин сүһүө5эр баайан эмтэнэр, хабах, бүөр ыарыытыгар туһалаа5ын билбит.Үгүс ийэлэр о5олоругар күөмэйдэрэ ыарыйда5ына, тымныйыыга хатың сэбирдэ5ин оргутан эмтииллэр эбит. Түмүк Мин хатыңы чинчийэн маннык түмүккэ кэллим:Хатың ытык мас буоларын үчүгэйдик биллим. Бө5ө-та5а туттар тэрили оңоруохха сөп.Иһит –хомуос арааһа оңоһуллар.Дьиэ-уот тэрилэАраас ыарыыны эмтииргэ туһалаах эбит.Биһиги, саха о5олоро буоларбыт быһыытынан бу кэрэ маһы харыстыах, ытыктыах уонна таптыах тустаахпыт диэн өйдөөтүм Хатыңмытын харыстыа5ың, араңаччылыа5ың диэн бука барыгытын ыңырабын.