Презентация проектной деятельности Панно из перьев птиц


Техническэй наука доктора А.Е.Слепцов аатынан Абый орто оскуолатаКөтөр түүтүттэн панно Үлэни толордо: 2 кылаас үөрэнээччитэ Стручков Антон Салайааччы: Слепцова Акулина Спиридоновна. Үлэм сыала:- Көтөр түүтүн аттаран панно оӊорууҮлэм соруктара:кѳтѳрдѳр тустарынан билээри учууталбын кытта литератураны ааҕыы; Абый улууһугар кыстыыр кѳтѳрдѳр араастарын кытта билсиһии; көтөр түүтүн туhаныы;  айар, холуйар, уруhуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.   Көтөрдөр - киэҥ халлаан харамайдара. Кинилэр куорсуннара суоҕа буоллар кыайан кѳтүѳ суох этилэр. Көтөрдөр – чараас түүнэн бүрүллүбүт тириилээх харамайдар. Кѳтѳр үксэ уйатын саас туттар, сымыыттыыр. Сымыыттара тэстэн, сайын устата кѳтѳр оҕолоро улаатан, күһүнүгэр итии дойдуга кѳһѳргѳ бэлэм буолаллар. Биһиги хоту дойдуга олорор буоламмыт кыһыммыт уһун, сайыммыт кылгас. Тыйыс тымныы уһун кыһыммытыттан куттаммакка кыстыы хаалар хорсун кѳтѳрдѳр бааллар.БарабыайТоҥсоҕойСуорХара уларХабдьы, Биһиги, алын кылаас үѳрэнээччилэрэ бу кѳтѳрдѳргѳ уйа тутан, ас бэрсэн кѳмѳлѳһѳѳччүбүт. Кѳтѳрдѳр киһи олоҕор улахан туһалаахтар. Кинилэри саанан, тиргэ иитэн, бултаан аһыыбыт. Кѳтѳрдѳртѳн куһу бултааһын саас 10 эрэ хонукка кѳҥүллэнэр. Кѳтѳр түүтэ сымнаҕас уонна ичигэс. Ол иһин кѳтѳр түүтүн сон, бэргэһэ, үтүлүк, суорҕан. сыттык истэригэр тутталлар эбит. Ѳссѳ түүттэн хартыына оҥоруохха сѳп эбит. Ийэбин кытта түүттэн хартыына оҥорон боруобалаан кѳрдүм. Маҥнай хайдах оҥорор туһунан учууталбын кытта сүбэлэстим. Туох наадатын ыйытыаластым. Үлэбин былааннаатыбыт. Хартыынабар туттар тэриллэрим:- кыптыый;- быhах;- килиэй;- киистэ;иннэ;түү Үлэм хаамыыта.Кѳтѳр түүтүн мунньуннум. Ханнык кѳтѳр түүтүн туһанарбын биллим: хабдьы, модьугу, анды, кыра кустар.Түүнү таҥаска суулаан баран ийэбин кытта сууйдубут, куурдан кѳрдүбүт, кѳннѳрдүбүт.Кѳтѳр түүтүн ѳҥнѳрүнэн наардаатыбыт. Хортуоҥҥа А4 илииһин килиэйинэн сыһыардыбыт.Хартыына ойуутун уруһуйдаатыбыт.Хоптобун туспа илиискэ уруһуйдаатым уонна үрүҥ түүнэн сыһыардым. Куурбутун кэннэ ойуутунан кырыйдым.Хартыынам уопсай кѳстүүтүн хараҥа түүнэн килиэйдээтибит. Тыатын килиэйдээтим. Халлаанын оҥордум. Хоптобун сыһыардым. Мууспун үрүҥ түүнэн килиэйдээтим. Үлэм куурбутун кэнниттэн рамалаатым. Хартыынабын истиэнэҕэ ыйаатым.   Үлэм түмүгэ: Кѳтѳр түүтүнэн үлэлиир ыарахан эбит. Туох сатаммата?Килиэйдиирбэр түү илиим тарбахтарыгар сыстара.Уруһуйга түү сѳпкѳ түбэһэн испэтэ. Уһуннук оҥоһуллар үлэ эбит. Тугу биллим, сатаатым?Панно оҥорору сатаатым. Киһиэхэ кѳтѳр түүтэ улахан туһалааҕын биллим.  Үлэбин доҕотторбор, аҕабар кѳрдѳрдүм. Үѳрдүлэр,интириэһиргээтилэр. Дьиэбэр киэргэл буолан турарыттанүѳрэбин, астынабын.    Учууталбын кытта туһаммыт литератураларым: