Доклад К?р??тэ харайыыта суох хаалбыт о?олору иитии ньымата
Былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр дылы омугуттан тутулуга суох оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии ураты болҕомтоҕо ууруллар. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, үөрэтии бүтүн омук дьылҕатын быһаарар сүдү суолталанан тахсар. Ол иһин оҕону иитиигэ болҕомто ууруллуоҕун ууруллар.
Оҕо киһи быһыытынан иитиллиитэ, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиллэр. Төрөппүт оҕо сынньалаҥын уонна иллэҥ бириэмэтин хонтуруоллуохтаах, тэрийиэхтээх, көмөлөһүөхтээх.
Норуот сайдар кэскилэ дьиэ кэргэн олоҕуттан улахан тутулуктаах. Биллэрин курдук, дьиэ кэргэн – уопсастыба туллар тутааҕа буолар, уопсастыба олоҕун элбэх өрүттээх уустук хартыынатын хатылыыр, тэҥҥэ уларыйар. Билиҥҥи кэмҥэ олох уларыйан, дьиэ кэргэн элбэх ыарахаттары көрсөр: сыана ыарааһына, үлэтэ суох буолуу, духуобунас, сиэр- майгы өттүгэр намтааһыннар уонна да атыттар.
Санаабытын аһаҕастык этэр буоллахпытына, кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолорун туһунан санаабакка аргыны батыһар дьиэ кэргэттэр нэһилиэк ахсын хомойуох иһин үгүстэр.
Бу барыта дьиэ кэргэн олоҕор, оҕо иитиитигэр улаханнык дьайар. Кыаммат – түгэммэт ыаллар, аргыһыт дьиэ кэргэн биллэ элбээтэ, ол түмүгэр, тулаайах, көрүүтэ – истиитэ суох хаалбыт оҕо ахсаана күнтэн күн элбээн иһэр. Маннык түгэҥҥэ оскуола уонна дьиэ кэргэн иитэр үлэтэ уустугурар, ураты суолталанар.
Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн туруктаах киһи буоларын олохпут дакаастаата. Кэнники сылларга оҕо дьиэтин иитиллэччилэрин дьиэ кэргэҥҥэ олохтооһуҥҥа үлэ күүһүрдэ. Ол курдук оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылыы , опека, приют, патронатнай иитээччи курдук олохтооһуннар баар буоллулар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ хас да оҕону тэҥинэн иитэ ылар ыаллар баар буолбуттара кэрэхсэбиллээх.
Маннык дьиэ кэргэн биһиги улууспутугар тэриллэн үлэлээбитэ хас да сыл буолла. Приемнай дьиэ кэргэн сүрдээх эппиэтинэстээх. Оҕо ахсаана бэйэҥ оҕоҕун киллэрэн туран, аҕыстан элбэҕэ суох буолуохтаах. Иитэр оҕолоро аймах буолуо суохтаах. Иитэр оҕолоругар ыйын аайы босуобуйа көрүллэр уонна хамнас төлөнөр.
Билигин оҕону иитэ ылар баҕалаах дьон хайаан да “Школа приемных родителей” үөрэнэн туоһу сурук ылаллар. Манна оскуолаҕа иитии методикатын, оҕо уйулҕатын, кини психологическай уратытын туһунан, иитэ ылан баран ханнык ыарахаттары көрсүөхтэрин сөбүн туһунан барытын үөрэтэллэр. Тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ кэлэн баран сим биир туох эрэ ыарахаттары көрсөр. Аан бастаан иитиигэ тиийэн баран “медовый месяц у молодоженов” курдук стадияҕа сылдьар. Оҕо да, иитэр төрөппүт да туох-баар үчүгэй өрүттэрин эрэ көрдөрө сатыыллар. Онтон атын стадияҕа көһөллөр: оҕо атын микросоциумҥа киирбитин өйдөөн, төрөппүтүн кытта сыһыаныгар кризис да үөскүөн сөп. Дьиҥнээх майгытын, мөкү өрүттэрин көрдөрөр кэмигэр ыарахаттар үөскүүллэр. Оҕону иитэргэ дуогабар оҥоһуллар. Приемнай дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит оҕо бэйэтин төрөппүттэрин элэмиэнин, босуобуйатын уонна да атын социальнай өҥөлөрү сүтэрбэт.
Ол курдук эһиэхэ билиһиннэрэр дьиэ кэргэммит Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгэр биир ытыктанар, холобурга сылдьар дьиэ кэргэнинэн буолаллар. Тарасов Иван Иванович, Евдокимова Валентина Васильевна.
Ыал аҕа баһылыга Тарасов Иван Иванович – үрдүк үөрэхтээх математика учууталынан 23 сыл үлэлээбитэ, ол иһигэр МО салайааччытынан 10 сыл, 14 сыл оскуола завуһунан, директорынан ананан бэйэтин кылаатын киллэрсибит биир убаастанар салайааччыбыт. Хоро нэһилиэгэ кинини быыбардаан, 3 сыл – партком сэкэрэтээринэн, 10 сыл нэһилиэк баһылыгынан талыллан, күүстээх үлэҕэ буспута-хаппыта. Билигин үлэ ветерана, уопсайа 44 сыл үлэ стажтаах. Сынньалаҥҥа чуҥкуйан олорбокко, салайар-тэрийэр дьоҕурун туһанан быйыл тэриллибит олохтоох музей директорынан сүүрэ сылдьар, нэһилиэк депутата.
Улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, эбээтэ Евдокимова Валентина Васильевна – оскуолаҕа минньигэс астаах, ыраас туттунуулаах поварынан үтүө суобастаахтык 25 сыл үлэлээбитэ. Билигин сынньалаҥҥа олорор, үлэ ветерана.
Кинилэр оҕолоро атахтарыгар турбуттарын кэннэ, саҥа 72 кв.м иэннээх дьиэни атыылаһан, эбии толору хаачыллыылаах оҥостон улахан дьиэҕэ бэйэбит эрэ буоллубут дии санаан приемнай дьиэ кэргэн буоларга быһаарымматтара.
2009 сыллаахха Үөһээ Бүлүү приютуттан бииргэ төрөөбүт Иванова Саинаны, Иванов Эрсаны бэйэ-бэйэлэриттэн араарбакка иитэ ылбыттара. Үһүс оҕону Александрова Күннэйи олунньу 2010 сыллаахха аҕалбыттар.
Ыал аҕа баһылыга Иван Иванович халыҥ уопсай тэтэрээккэ кэтээн көрүү днеквнигын олохтообут. Бу дневнигин саҕаланыытыгар оҕолору приюттан хайдах ылан аҕалбытыттан, адаптацияны ааспыттарын туһунан ымпыгар-чымпыгар тиийэ түмэн испит.
Бу оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэн эппиэтинэһэ, кинилэри болҕомтолоохтук көрө-истэ сылдьаллара, араҥаччылыыллара, харыстыыллара.
Саамай сүрүн сыалынан-соругунан бу оҕолору инники олохторугар бэлэмнээһин буолар. Ол туһугар Тарасовтар дьиэ кэргэттэр араас хайысханнан иитэллэр.
Оҕо сайдар дьоҕурун арыйыы. Холобура: Төрөппүттэр оҕону кытта дьиэ иһигэр бииргэ оонньууллара улахан иитэр суолталаах. Оҕо сайдарын наадатыгар сааһынан көрөн араас сайыннарар оонньууларынан, остуол тула олорон, элбэх буолан, оонньууллар. Оҕолор сайдалларыгар араас энциклопедияны атыылаһан дьиэтээҕи библиотекаларын хаҥатталлар. Оҕолор өйдүүр, өйгө тутар дьоҕурдара сайдарын наадатыгар уһун хоһооннору, олоҥхоттон быһа тардыыны, үгэни нойосуус үөрэтэллэрэ. Атын дьон ортотугар кыбыстыбакка ааҕаалларыгар, саҥаралларыгар, бэйэлэрин санааларын этинэллэригэр туһалаах буолуо диэн киэһэ сынньалаҥ кэмигэр саҥа билбит хоһооннорун дьоннорун иннигэр таһааран аахтараллар. Оҕолорго аналлаах хаһыаттары, журналлары суруйтараллар, аахтараллар, кэпсэттэрэллэр. Айылҕаттан талааннаах айар куттаах дьону кытта билсэллэр, кинилэр үлэлэрин оҕолорго билиһиннэрэллэр.
Оҕону үлэннэн иитии: Кыра саастарыттан араас үүнээйини үүннэрэргэ сиэмэни тылыннарыыттан саҕалаан үүнээйи аһын биэрэн, түмүктүөр дылы бары тэҥҥэ сылдьан көрөллөр –харайаллар. Сайынын тиэргэннэрэ ыраас, көстүүлээх буоларын наадатыттан сүүрбэччэ араас сибэккини, мастары, сэдэх мастары - яблоняны, акацияны, черемуханы олордоллор. Оҕолор онно күн аайы уу куталлар, кэтээн көрөллөр. Ийэлэрэ Валентина Семеновна ас астыырга, иистэнэргэ, таҥас сууйарга көрдөрөн туран үөрэтэр. Кыһыҥҥы өттүгэр уулуссаттан олбуорга киириигэ оҕолор эрдэттэн аҕаларын кытта тэҥҥэ хаары мунньан араас оҥоһуктары оҥорон астыналлар, аттыгар уоттаах харыйаны уһун кэмҥэ туруораралларын сөбүлүүллэр.
Өссө Тарсовтар дьиэ кэргэттэрэ оҕолор дьарыктаах буолалларын туһугар коза, кролик, холууп ылан ииттэ сылдьыбыттара. Оҕолор кыыллары бэйэлэрэ көрөн харайан аһаталлара, иитэллэрэ.
3. Бэрээдэккэ үөрэтии: күн аайы дьиэ иһигэр дьуһуурустуба олохтууллар. Туттуллар тэрил, оонньуурдар, кинигэлэр миэстэтигэр бэрээдэктээхтик хомуллалларын үөрэтэллэр, ирдииллэр. Кыыс оҕону ыраас, чэнчис, бэрээдэктээх буоларын ситиһэллэр.
4. Режими тутуһарга үөрэтэллэр. Уруогу күн аайы 4 чаастан 6 чааска дылы ааҕалларыгар усулуобуйа олохтууллар. Оҕолоругар саха норуотун үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга үөрэтэллэр такайаллар
Валентина Васильевна, Иван Иванович Тарасовтар оҕолору алта сыл анараа өттүгэр ылан ииппит түмүктэринэн оҕолор күннээҕи олоҕунан астыналларын, үөрэ-көтө үөрэнэллэрин, дьонноругар махталларын бырааһынньыктарга бэйэлэрэ оҥорбут сувенирдарыгар кичэйэн суруйбуттара дакаастыыр. Иллээх дьиэ кэргэҥҥэ, улахан дьон икки ардыгар ытыктабыл, убаастаһыы, истиҥ, эйэҕэс сыһыан бэйэтэ үөскүүр. Оҕолорго сыһыаннара биир оннук. Ол иһин оҕолор бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар куруук аһара истиҥ, сылаас сыһыан баар. Иллээх дьиэ кэргэҥҥэ оҕолор төрөппүттэрин тылын истэллэр, иитиилэрин ылыналлар.
Дьиэтигэр табыллар киһи үлэтигэр да санаата кэлэн үлэлиэ, үөрэххэ да умсугуйуо, кырдьаҕаска, кыраҕа болҕомтолоохтук сыһыаннаһыа. Дьиэ кэргэн киһи-аймах көмүс ньээкэ уйата, иитиллэн тахсар эйгэтэ буолар.
Бу Тарасовтар дьиэ кэргэттэрэ оҕону иитиигэ үлэлэрэ биһиэхэ хас биирдиибитигэр холобур буолуо диэн эрэнэбин.