Рабочая программа по внеаудиторной деятельности Кыра саастаах оскуола о5олоругар Олонхо


МР «Верхневилюйский улус (район)»
МКУ «Управление образования»
МБОУ « Дюллюкинская СОШ»
«СОГЛАСОВАНО»
зам. директора по УР:
_____________ /Санникова С.П С.П../
« ___ » _____________ 2015г.
«РАССМОТРЕНО» на заседании МО
Протокол № ___
рук. МО нач. классов:
« ___ » __________ 2015г.
«УТВЕРЖДЕНО»
директор школы:
________ /Кардашевский С.Н./
« ___ » _____________ 2015г.

Рабочая программа
по внеурочной деятельности
"Мин дойдум - олоҥхо дойдута"
(духовно-нравственное направление)
4 класс
на 2015 - 2016 учебный год
Учитель начальных классов:
Тимофеева Татьяна Михайловна,
педстаж 28 года,
высшая квалификационная категория.
2015
"Мин дойдум - олоҥхо дойдута" үөрэх таһынан дьарык программата
Саха норуотун тылынан айымньытын саамай кылаан чыпчаала - олоҥхо. Кини суолтата аҥардас тыл уус-уран айымньыта буоларынан бүппэт. Кини саха норуотун историятын, философиятын, итэҕэлин, төрөөбүт айылҕатын үөрэтэргэ суолтата эмиэ улахан.
Олоҥхо норуоту иитэр хайысхата баһаам элбэх. Манна чиэс, кырдьык, уопсай интэриэс туһугар туруулаһыы, кырдьаҕаһы, дьахтары, оҕону ытыктааһын, кыыс бэйэтин харыстаныыта, эр киһи таптал туһугар героическай охсуһуута, дьулуура, төрөөбүт дойдуга төлөөннөөх таптал уустаан-ураннаан хоһуйуллар. Олоӊхо геройдара хайа да кэмӊэ уустук киирсиилэргэ кыайыылаах-хотуулаах тахсаллар. Онон олоҥхо кыайыыны өрө тутар. Олоҥхоҕо сиэри-туому тутуһуу, айылҕаны кытта алтыһыы, саха киһитин майгыта-сигилитэ олохтоммута.
Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саӊарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдык толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Онон бу улуу айымньы киһиэхэ бары өттүнэн үчүгэйи оҥорор.
Оттон оҕону кыра сааһыттан олоҥхоҕо эйгэтигэр уһуйдахха, оҕо саныыр санаатын, тугу билбитин-көрбүтүн сааһылаан, уустаан-ураннаан бэргэн, хомоҕой тылынан кэпсиир сахатын тылыгар интэриэһэ күүһүрүө. Ону таһынан толкуйдуур дьоҕура, ойуулуур-дьүһүннүүр талаана сайдыа.
Быһаарыы сурук
Бу программа 4 кылаас оҕолоругар 1 сылга аттарыллан оҥоһулунна. Программанан үлэни үөрэх таһынан эбии дьарыкка үөрэтиэххэ, ыытыахха сөп.
Сыала: олоҥхо нөҥүө оҕо айар дьоҕурун,сатабылын сайыннарыы, олох мындыр оскуолатыгар үөрэтии.
Соруктара:
- дьарыктар нөҥүө олоҥхо туһунан үөрэнээччи билиитин-көрүүтүн кэҥэтии;
- оҕо дорҕоонноохтук, чуолкайдык ааҕар, сахалыы толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;
- олоҥхо сүрүн идиэйэтин, олоххо-дьаһахха туһаныы, сиэрдээх майгыга,өйгө-санааҕа, сиэргэ-туомҥа уһуйуу.
Программа ис хоһооно
Олоҥхо тылын үөрэтии олоҥхо олугар олоҕурар. Олоҥхо олугун сүрүн ис хоһоонугар үлэ эрчиллии араас көрүҥүнэн барар. Хас практическай дьарык аайы оҕо кэтээн көрөр, илиитинэн тутан-хабан оҥорор үлэлэрэ киирэллэр.
Үөрэтиллэр матырыйаал тиэмэнэн наарданар. Олоҥхо сирин-уотун, дьонун-сэргэтин туһунан уопсай өйдөбүлтэн саҕаланар. Дьарыкка оҕо уруһуйдаан, пластилиннаан элбэхтик улэлиир.
Аан дойду айыллыытын үөрэтэллэр. Маныаха сөптөөх тиэмэлэр таҥыллан, болҕомто оҕо тылын-өһүн, өйүн-санаатын сайыннарарга туһаайыллар. Орто дойду сирэ-уота хоһуллар. Олоҥхо тылын-өһүн туттууга, ураннаан хоһуйууга болҕомто ууруллар. Суругунан үлэ, өй оонньуулара бааллар.
Оҕо олоҥхо тылынан балачча саҥарар, күннээҕи кэпсэтэр тылыгар киллэрэр буолара ирдэнэр. Ол быһыытынан, ситимнээх саҥаҕа болҕомто ууруллар. Дорҕоон, тыл дьүөрэлэһиитигэр дьарыктаныы ыытыллар. Практическай дьарык араас көрүҥэ: уруһуй; олоҥхо ойуутун көрүү, үс дойдутун, дьонун-сэргэтин ойуунан көрөн тэҥнээһин, ырытыы; күн-дьыл хаамыытын кэтээн көрүү; ребустары, таабырыннары таайсыы; араас тиэмэҕэ, ол иһигэр олорор түөлбэтигэр баар Кэрэ Ытык сирдэр тустарынан бэйэттэн айан хоһоон, кэпсээн суруйуута; тылы наардыырга өйгө дьарыктаныы, хоһуйуу, этиилэри сааһылаан саҥарыы, өйү сайыннарар оонньуулар, о.д.а. киирэр.
Программа нэдиэлэҕэ 1 чаас, сылга 34 чаас ыытыллар
Ытык өйдбүллэри (сыаннастары) программа ис хоһоонугар киллэрии
Олоҥхоҕо сөҥөн сытар ытык өйдөбүллэри кыра кылаас үөрэнээччитин сааһыгар сөп түбэһэр тылларынан, олуктарынан тиэрдиллэр.
Олоҥхоҕо саха норуотун маннык ытык өйдөбүллэрэ бааллар: Олох. Kuhu. Kuhu аймах. Дойдуга бэриниилээх буолуу. Айылҕа. Үлэ. Coмоҕолohyy. Уус-уран тыл. Дьулуур. Эрэйдэнии. Мал-сал.
Олоҥхо ис хоһооно, этэр санаата кыра саастаах оҕоҕо ордук кэбэҕэстик, судургутук төрүт өйдөбүллэринэн тиийэр. Олоҥхо төрүт өйдөбүллэрэ саха олоҕу, тулалыыр олох көстөр-көстүбэт эйгэтин, аан айылҕаны анааран, сылыктаан, сэдиптээн көрөр үөрөйэҕин кытта быһаччы ситимнээхтэр.
Олоҥхоттон иитэр - үөрэтэр, сайыннарар кыаҕы тута сылдьар төрүт өйдөбүллэри талан маннык сүрүн бөлөхтөргө арааран наардыахха сөп:
Аан дойдуну анаарар төрүт өйдөбүллэр: Аан ийэ дойду, Аал Луук Мас, Үөһээ дойду,Орто туруу дьаҕыл дойду, Аллараа дойду, о.д.а;
Киһи аймах аналын туһунан: айыы аймаҕа, күн өркөн улууһа, саха урааҥхай, аар тойон аҕа, күн күбэй ийэ, айыы кыыһа, о.д.а.;
Бухатыыр аналын туһунан: айыы бухатыыра, бухатыыр ата, айыы аймаҕын араҥаччылыыр аналлаах, суон дурда, халыҥ хахха, о.д.а;
Норуот духовнай-нравственнай идеалын туһунан: күн киһитэ, саха саарына, киһи кэрэмэһэ, быһый быһыылаах, күүстээх көрүҥнээх, о.д.а.;
Норуот угэһин, сиэр-майгы нуорматын туһунан: үгэс, сиэр-туом, аал уоту аһат, улуу тунах ыһыах, о.д.а.;
Айыы аймаҕар утары турар күүс туһунан: абааһы аймаҕа, адьарай бииһэ, үөдэн түгэҕэ, о.д.а.;
Итэҕэл туһунан: үөр кут, буор кут, салгын кут, ийэ кут, Үрүҥ Айыы Тойон, о.д.а.;
Норуот уйгулаах олоҕун - дьаһаҕын туһунан: алаһа дьиэ, иэримэ дьиэ, үс курдуулаах моҕол ураһа, аал уот, алтан сэргэ, араҕас илгэ, о.д.а.;
Тыл күүһүн туһунан: аман өс, сиэрдээх тыл, үтүө тыл, ытык мааны тыл, киһилии кэпсээ, сахалыы саҥар, о.д.а.
Олоҥхо ытык уонна төрүт өйдөбүллэрин оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сыһыаннааҕынан талан наардааһын маннык бириинсиптэргэ олоҕурар: олоҥхо сайыннарар, үөрэтэр-такайар, биллэрэр кыаҕын табан туһаныы; олоҥхо уус-уран тыла баайын, киһиэхэ дьайар күүһүн өйдөөһүҥҥэ тирэҕирии; олоҥхо киһи уонна айылҕа быстыспат ситимнэрин тиэрдэр кыаҕар тирэҕирии; олоҥхо саха төрүт үгэстэрин, сиэр-туом өйдөбүллэрин, этическэй нуормаларын илдьэ сылдьар источник, төрүт быһыытынан көрүү; олонхо оҕо айар дьоҕура, талаана арылларыгар дьайар күүһүн таба туһаныы.

Программаны үөрэтии түмүктэрэ:
Олонхо эйгэтэ үөскүүр. Оҕо санаатын толору уус-уран тылынан саҥара үөрэнэр.
Түргэнник толкуйдуур дьоҕура сайдар.
Олоҥхону өйдүү, сэҥээрэ улаатар, айар дьоҕура сайдар.
Бэйэтин омугунан киэн туттар.
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:
Ийэ дойдутун таптыыр тыыҥҥа уһуйуллар.
Олоххо көхтөнөр, бэйэтигэр эппиэтинэстээх буоларга иитиллэр.
Ийэ өйө олохсуйар, толкуйа сайдар.
Сиэрдээх майгыта, кэрэ сигилитэ олохсуйар.
Кута-сүрэ бөҕөргүүр, олоххо тирэх булар кыаҕа олохсуйар.
Үөрэх сатабылын сайыннарыы түмүгэ
Олоҥхоҕо кэпсэнэр сиэр, майгы-сигили олуктарын үөрэтэр, онно олоҕуран, буола турар быһыыны-майгыны уонна бэйэ оҥорор дьайыытын тэҥнээн көрөр.
Олоҥхо олуктарыттан дьоҥҥо, сиэргэ, майгыга-сигилигэ сыһыаннаах сыанабылы оҥорору сатыыр.
Олоҥхоҕо олоҕуран, төрөөбүт алаһа, дьиэ кэргэн, уруу-аймах; төрөөбүт дойду, ийэ дойду, ада дойду; төрөөбүт тыл, киһи аймах, аан дойду өйдөбүллэрин чопчулуур.
Олоҥхо төрүт өйдөбүллэрин туһанан хоту сир, Саха сирэ, аан дойду, үс дойду өйдөбүллэригэр бэйэтин санаатын этэр, сааһылаан саҥарар.
Олоҥхоттон сэргиир, наадыйар иһитиннэриитин арааран булар.

Программа түмүгэ
Олоҥхо уус-уран тыл кылаан чыпчаала, өйү - санааны, киэӊник толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар айымньы буолар. Олоҥхо уһун кээмэйэ өйгө тутар дьоҕуру сайыннарыыга улахан туһалааҕа биллэр. Кыра кылаастан саҕалаан олоӊхо сирин дойдутун, халлаан эттиктэрин, дьонун - сэргэтин олук хоһоонноруттан саҕалаан үөрэтэн, уус - уран тылга сыыйа киирдэхтэринэ, оҕо ааҕара, толкуйдуура сайдарыгар улахан кылаат буолар.
Олоӊхо үтүөҕэ-кэрэҕэ ыӊырар. Ханнык баҕарар оҕо уонна киһи үтүө санаалаах, аһыныгас майгылаах буоллаҕына олоххо элбэҕи ситиһэр, дьон-сэргэ тапталын уонна махталын ылар. Сахабыт сирин инники үүнэр көлүөнэ ыччатыгар өбүгэтин өркөн өйө үйэттэн - үйэҕэ салҕаннын, сайыннын.
Сыл бүтүүтэ үөрэнээччи:
Олонхону үөрэтэргэ сыалы туруорар, ааҕары былаанныыр.
Олонхо олугуттан ис хоһоонун сабаҕалыыр.
Олонхо олугуттан аахпытын, үөрэппитин сыаналыыр.
Олонхо олугуттан тэҥнэбилгэ кэриҥнэри, төрут буолар тылы (билиини) талар.
Олонхо араас олугуттан биир кэлими, бүтүнү таҥан оҥорор, онуоха бэйэтэ ырытан ситэри толкуйдуур, көтүтүллүбүт, сиппэтэх өлүүскэни ситэрэн биэрэр.
Олонхоҕо ойууланар айылҕа көстүүтүн быһаарар, ырытар, толкуй утум-ситим тутулун тутар, дакаастыыр.
Олонхоттон улахан быһа тардыыны ааҕарыгар салайыныыга дьулуһар: кыаҕын, күүһүн-күдэҕин түмэр, көрсөр мэһэйдэри, ыарахаттары туоруур; бэйэни күһэйинэр.
Олонхону ааҕыы, үөрэтии итэҕэһин тупсарар: үлэ былааныгар, ньыматыгар уларытыыны, эбиини, тупсарыыны киллэрэр.
Киэп (эталон), дьайыы уонна үлэ түмүгүн (бородууксуйа) икки ардыгар араастаһыы таҕыстаҕына, дьайыы былааныгар уонна ньыматыгар сөптөөх уларытыылары, көннөрүүлэри киллэрэр
Календарнай тематическай былаан
№ Тиэмэтэ Чааһа Теоретическай чааһа
(медиа-уроктар) Практическай чааһа Сынньалаҥ
чааһа Сатабыла Күнэ-ыйа
Бэйэни салайынар-дьаһанар Ытык өйдөбүллэ-
ри иӊэринии план факт
1
2
Киирии чааһа.
Олоӊхо дойдутугар айан 2
Олоӊхо диэн тугуй?
(бэсиэдэ)
Кимнээх олоӊо суруйбуттарын билиһиннэрии Олоӊхону истии
Кинигэлэри көрдөрүү. Остуол оонньуута
хабылык, хаамыска Олоӊхону интэриэһиргиир.
Билиитэ кэӊиир, тыла сайдар.
Болҕомтолоохтук истэр, ааҕар;
Сорудахха эппиэттиир;
Аахпытын кэпсиир;
Төрөөбүт тылынан саӊарар саӊата сайдар;
Бэйэ бэйэҕэ убаастабыл, ытыктабыллаах сыһыан иитиллэр;
Өбүгэ үгэһин билэр;
08.09
15.09 3
4
5 Олоӊхоһуттар.
Аан дойду айыллыыта
3 .Олохтоох олоӊхоһуттар.
П,А. Ойуунускай олоҕо, айымньылара
Г.Колесов олоҕо, айар үлэтэ.
"Ньургун Боотур" олоӊхону билсии Библиотекаҕа сылдьыы.
Кинигэнэн үлэ.
Задача суоттааһына.(Е.Н. Чичахова Сахалыы айымньылартан ылыллыбыт задачалар) Айылҕаны уруһуйдаа
һын
22.09
29.09
06.10 6
7
8 Олоӊхо дойдута.
3 К.Г. Оросин олоҕо, айар үлэтэ.
Оросин оҕоҕо анаан кылгатыллыбыт "Дьулуруйар Ньургун Боотур " олоӊхотун истии Ыарахан тыллары кытта билсии.
Дорҕоонноохтук ааҕыы, аахпыттан кэпсээһин Остуол оонньуута

Куһаҕаны, үчүгэйи араара үөрэнэр.
Былыргы кэми билэр. Толкуйдуур дьоҕура тобуллар;
Тылын саппааһа, Өбүгэ үгэһин билэр;
Киһилии сиэри-туому, төрүт культуураны иӊэринэр, кута-сүрэ бөҕөргүүр, олоххо тирэх булар кыаҕа улаатар;
13.10
20.10
27.10 9
10
11 Олоӊхо сирэ-уота.
Үс дойду. 3 Саха Сирин ытык хайаларын билии, сиэри-туому тутуһуу.
Олоӊхо сирин дойдутун олоӊхоттон булан ааҕыы, тэӊнээн көрүү. Быһа тардан өйгө үөрэтии. Олонхо дойдутун туһунан киинэ көрүү
Үөһээ, орто, аллараа дойду өйдөбуллэрин инэринэр. 10.11
17.11
24.11 12
13
14
15 Халлаан куйаара 4 Халлаан куйаара олоӊхоҕо хоһуллуутун булан ааҕыы Халлаан куйаарыгар аналлаах таабырынна
ры таайыы, ребус толкуйдааһына. Айылҕа көстүүлэри
гэр таабырын айыы Оонньуу «Түүн, күнүс» Араас таһымнаах күрэхтэргэ бэйэтигэр эрэллээхтик кыттар буолар Билиитэ кэӊиир, тыла сайдар.
Аһыныгас буолуу, үтүө санаа иитиллэр;
01.12
08.12
15.12
22.12 16
17 Олоӊхоҕо баар муоралар, күөллэр, өрүстэр, үрэхтэр 2 Муоралары, күөллэри, өрүстэри, үрэхтэри олоҥхоҕо хайдах хоһуйалларын истии. Саха сирин муораларын, өрүстэрин, күөллэрин, үрэхтэрин туһунан кэпсэтиһии Бэйэ түөлбэтин күөллэрин ааттарын билии. Таабырын таайсыыта Аппликация-
нан төрөөбүт дойдуну хоһуйуу
Былыргы кэми билэр. Олонхо уус-уран тылынан байҕалы, муораны хоһуйуу. Бэйэ төрөөбүт дойдутун уус-уран хоһуйуу. Бэйэ дойдутун олодуттан суруйуу.
Куһаҕаны, үчүгэйи араара үөрэнэр. Тыл кэрэтинэн төрөөбүт дойдуга, ийэ сиргэ тапталы инэринэр.
12.01
19.01 18
19 Олоӊхо ото-маһа, сирэ-симэҕэ.
Дьыл кэмнэрэ.
Аал Луук Мас 2 Саха сиригэр үүнэр мастары билсиһиннэрии.
Хатыӊ маһы олоӊхоҕо хайдах хоһуйаллары булан ааҕыы. Таабырын таайсыыта, бэйэ таабырынын толкудааһына.
Дьыл кэмнэрин тустарынан өйтөн суруйуу. Уруһуй темалара:
"Дьыл кэмнэрэ", Аал Луук Мас, хатыӊ мас Олоҥхо тылларын туһанан өйтөн айаарга холонуу Киһилии сиэри-туому, төрүт культуураны иӊэринэр, кута-сүрэ бөҕөргүүр, олоххо тирэх булар кыаҕа улаатар Тыл кэрэтинэн төрөөбүт дойдуга, ийэ сиргэ тапталы инэринэр.
26.01
02.02 20
21 Көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай
2 Олоӊхо кыылларын, көтөрүн-сүүрэрин туһунан истии Дорҕоонноохтук ааҕыы, пластилинынан үлэ
Олоӊхо дойдутугар айан" остуол оонньуута. Олоӊхо геройдарын бэйэ тылынан ойуулаан кэпсиир;
09.02
16.02 22
23 Бухатыыр дьиэтэ-уота 2 Олоӊхоттон булан ааҕыы Сахалыы иһит-хомуос аатын билии, музейга сылдьыы. Остуол оонньуута
хабылык, хаамыска
Тылын саппааһа, бэйэ айар дьоҕура сайдар;
Бэйэтин санаатын сааһылаан аһаҕастык быһаарсар; Бэйэ бэйэҕэ убаастабыл, ытыктабыллаах сыһыан иитиллэр;
Киһилии сиэри-туому, төрүт куль-
туураны иӊэринэр 23.02
01.03 24
25 Айыы аймаҕа
2 Олоӊхоҕо Тойон аҕа, Хотун ийэ уобарастара.
Олоӊхо уолун, кыыһын уратыта. Аҕа, ийэ, кыыс, уол олоӊхоҕо уонна билиӊӊи кэмӊэ хайдаҕын тэӊнээн көрүү. Өйгө хоһоон үөрэтиитэ. Куукула уруһуйдааһына
Сахалыы илии-атах оонньуута
(сэрэхтээх буолууну билиҺиннэрии)Ситимнээх саӊаны сайыннарыы.
Айыы дьонун олонхо тылынан ойуулааһын. Билинни дьону кытары тэннээһин.
Айыы дьонун туьунан өйдөбүлү кэҥэтии. Олонхоҕо ыал олоҕун билсиһии.
Олоҥхо сүрүн геройдарын аныгы дьону кытта тэннээн көрөргө холонуу, кэрэ, үтүө өйдөбүллэри эккэ хаанна инэринии 08.03
15.03 26
27
28 Туйаарыма Куо 3 Хас да олоӊхо Куоларын тэӊнээн көрүү. Таӊастара-саптара. Киэргэлэ-симэҕэ. Уһун суһуоҕа Ситимнээх саӊаны сайыннарыы.
Баттаҕы көрүнүү ньымаларын билии. Бэлэм куукулаҕа таӊас тигии Бэйэ онорбут куукулаларын остуол оонньуутугар туттуу
Аныгы саха кыыьын уонна Туйаарыма Куону тэннээһин. 05.04
12.04
19.04 29
30 Олоӊхо бухатыырдара.
Бухатыыр ата. 22 Араас олоӊхолортон бухатыырдары тэӊнээн көрүү. Бухатыыр атын дьүһүнэ, сэбэ-сэбиргэлэ. Айымньыттан истии Бухатыырдар сырыы-
ларын, айаннарын суолтатын истибит-
тэн ырытыы.
Ситимнээх саӊаны сайыннарыы.
Быһа тардан өйгө үөрэтии.
Бухатыыр атын бэйэ толкуйунан ойуулааһын.
Олоӊхо геройдарын бэйэ тылынан ойуулаан кэпсиир;
Олоӊхоҕо ойууламмыт айылҕаны тэӊниир;
Олоӊхо геройдарын араарар
Ньургун Боотур дьүһүнэ-бодото, майгыта-сигилитэ. Бухатыыр танаһа-саба. Айыы дьонун араҥаччылааччы. Эрчимэн Бэргэн — айыы бухатыыра. Дьүһүнэ-бодото, майгыта-сигилитэ. Олонхо бухатыыра — Үрүҥ Уолан өйдөбүллэри билии
Аллараа дойду оло5ун олонхоттон истэн билии, үчүгэйи кусаҕаны араара үөрэнэр 26.04
03.05 31
32 Аллараа дойду абааһылара 22 Абааһы бухатыырдарын ааттара.
Абааһы бухатыыры кытта охсуһуута. Аныгы үйэ абааһылара.(табах, арыгы, наркотик) темаларга урһуйдааһын. Хамсаныылаах оонньуулар. Олонхоҕо хоһуллар аллараа дойду өйдөбүлэ. Аллараа дойду олохтоохторо. Аллараа дойду дьонун сиэрэ-майгыта. 10.05
17.05 33
34 Түмүк.
Ыһыах уонна оһуокай.
Сиэр-туом. 22 Сиэри-туому тутуһуу. Оһуокай ырыаларын үөрэтии.
Олоӊхоттон быһа тардан оонньоон көрдөрүү.
Оҕо үлэтин истии, санаа атастаһыыта. Олоӊхо геройдарын уруһуйдаан выставкалааһын.
Олонхоҕо олоҕуран, төрөөбүт алаһа, дьиэ кэргэн, уруу-аймах; төрөөбүт дойду, ийэ дойду, аҕа дойду; төрөөбүт тыл, киһи аймах, аан дойду өйдөбүллэрин чопчулуур.
Олонхоҕо кэпсэнэр сиэр, майгы-сигили олуктарын үөрэтэр, онно олоҕуран, буола турар быһыыны-майгыны уонна бэйэ онорор дьайыытын тэҥнээн көрөр.
24.05
31.05
Туһаныллыбыт литература:
1. А.И. Артемьева. Олоӊхо педагогикатын көрүӊэ// Амма олоҕо -т 22.03.06
2. А.П. Маркова. Олоӊхо остуолун оонньуута // Кэскил. - 10.11.2000
3. А.П. Маркова. Олоӊхо остуолун оонньуута // Кэскил. - 08.12.2000
4. Бастакы үктэл. 2007с.
5. Л.В. Захарова. Оҕо уонна олоӊхо. - Дьокуускай: Бичик, 2013. Бастакы үктэл. 2007с.
6. С.М. Семенова, Г.И. Степанова. Остуол оонньуута "Олоӊхонон букубаар" 2015с
7. Е.Н. Чичахова. Сахалыы айымньылартан ылыллыбыт задачалар.
8. П. П. Кондратьев. Сатабыл үөрэҕэ. ҮӨрэх үлэһитин идэтин үрдэтэр институт изд-та, 2013
"Мин дойдум - олоӊхо дойдута" үөрэх таһынан дьарык программата материальнай-техническай хааччыллыыта:
Үөрэтэр-методическай кэмпилиэк: Кыра кылааска олонхо тылын үөрэтиигэ сүрүннүүр бырагыраама.
Олонхо олуктарынан оҕоҕо аналлаах ааҕар кинигэлэр. Учууталга аналлаах кинигэлэр.
Бэчээтинэй босуобуйалар
Сахалыы быһаарыылаах тылдьыт.
Олонхо төрүт өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр магниттаах эбэтэр атын даҕаны туҥэтиллэр карточкалар. Олонхо төрүт өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр ойуулар.
Олоҥхо туһунан видеофильмнар.
Олонхо тылын сайыннарар оонньуурдар: «Олонхо дойдутун устун айан», «Олонхо Аал Луук МаЬа», о.д.а.
Хабылыктар, хаамыскалар