Оло?хо ?с дойдута (П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» оло?хотунан).
9 кылааска саха литературатын уруогаУчуутал: Шишигина Галина Николаевна, Амма улууһун Сатађай орто оскуолатын саха тылын, литературатын, төрүт культуратын үрдүкү категориялаах учуутала.
Уруок тиэмэтэ: Олоңхо үс дойдута (П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхотунан).
Уруок тиибэ: 9 кылааска саха литературата, тыла, төрүт культурата силлиспит уруога.
Сыала:
саха аан дойдуну анаарар философиятын билсии;
олоңхо тиэкиhигэр тыл суолтата араас дэгэттэнэрин болђойуу;
олоңхону аађарга көђүлээhин.
Туhумэхтэрэ:
Уруок тиэмэтин билиhиннэрии;
Бөлөђүнэн үлэ - үс дойду туhунан ођолор бэйэлэрин өйдөбүллэрэ;
Үс дойдуну дьүhүйүү олоңхођо уонна Т.Степанов хартыынатыгар. Олоңхо тылын уонна ойуу тылын тэңнээн ырытыы.
Чинчийэр үлэ. «Уот» диэн күлүүс тылынан үс дойду уобараhын арыйыы:
1. Орто дойду уота.
2. Үөhээ дойду уота.
3. Аллараа дойду уота.
Дьиэђэ үлэ. «Уу», «буор», «таас», «салгын» диэн күлүүс тылларынан үс дойду өйдөбүлүн, уобараhын кэңэтии. Бу сорудах «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхону толору аахтахха оңоhуллар.
Рефлексия.
Түмүк.
Уруокка туhаныллар:
П.А. Ойуунускай мэтириэтэ;
Проектор, интерактивнай дуоска;
Художник Т.Степанов «Аал Луук мас» хартыынатын репродукцията;
Бөлөђүнэн үлэлииргэ карточкалар;
Түңэтиллэр карточкалар;
П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кинигэтэ;
Саха тылын быhаарыылаах кылгас тылдьыта.
Уруок хаамыытаУчуутал киирии тыла.
Аhыныгас санаалаахАйыы дьонугар,
Көхсүттэн тэhииннээхКөмускэс санаалаах
Күн улууhун дьонугарНөрүөн нөргүй буоллун!
Бүгүн биhиги П.А.Ойуунускай „Дьулуруйар Ньургун Боотур“ олоңхотунан саха киhитэ аан дойдуну анаарар философиятын, үрдүк итэђэлин, үтүө-мөкү туhунан өйдөбүлүн ырытан көрүөхпүт. Бу үлэбитигэр күлүүс тыл көмөлөhүөђэ. Күлүүспүт „уот“ диэн тыл.
Хатылааhын.
Олоңхо тођо аан дойду шедевр айымньытынан биллэриллибитэй?
Шедевр диэн тугуй?
Хаhан, ханнык тэрилтэ ону биллэрбитэй?
П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхотун английскай тылга тылбаастаан, ирдэниллэр матырыйааллары оңорон, ЮНЕСКО диэн аан дойду материальнайа суох культуратын араңаччылыыр тэрилтэђэ түhэрбиттэрэ. 2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО олоңхону киhи аймах айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) биллэрбитэ.
Шедевр - чулуу, чыпчаал айымньы; сүтэр кутталлаах; араңаччыланар.
Бөлөђүнэн үлэ (ођолор 3 бөлөххө хайдыhан үлэлииллэр. Бөлөхтөн 1 киhи эбэтэр хас да буолан үллэстэн, олоңхоттон холобурдаан, ыйытыыларга толору эппиэттииллэр):
1 бөлөх: Үөhээ дойду
Сирэ-дойдута;
Кимнээх олороллоро;
Олохторун майгыта;
Орто уонна Аллараа дойдуларга сыhыаннара.
2 бөлөх: Орто дойду
Сирэ-дойдута;
Кимнээх олороллоро;
Олохторун майгыта;
Үөhээ уонна Аллараа дойдуларга сыhыаннара.
3 бөлөх: Аллараа дойду
Сирэ-дойдута;
Кимнээх олороллоро;
Олохторун майгыта;
Орто уонна Үөhээ дойдуларга сыhыаннара.
4. Үс дойду олонхо тылынан уонна художник киистэтинэн хайдах ойууланарын тэннээн көрүү (олоңхо тиэкиhиттэн ойуулааhыны булан аађаллар, художник хартыынатыгар тустаах дойду хайдах ойууламмытын кытта тэңнээн кэпсэтэллэр).
Т.Степанов «Аал Луук мас» хартыынатын репродукцията проекторынан тыктарыллан турар.
Үөhээ дойду:
Күлэр күөх салгыннаах,
Күндүл күнүс дойдулаах,
Үрүмэтийбэт үүт күөллээх…
Орто дойду:
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Уолан баранар уулаах,
Уостан сутэр уйгулаах,
Муң-сор суунађалаахМуур-таар бэйэкэлээх…
Аллараа дойду:
Барбатах балык миинин курдукБадыа-бидиэ, барык-сарык халлааннаах,
Буспатах мунду миинин курдукБодуор-бадыар борук-сорук дойду…
Чинчийэр үлэ.
Олоңхо – өбүгэ кэс тыла, кистэлэңнээх тыл. Ол кистэлэңи күлүүс арыйар.
Күлүүс тыллар: «уот», «уу», «буор», «таас», «салгын» - тулалыыр эйгэни бэлиэтиир тыллар. Бүгүн „уот“ диэн күлүүhүнэн үлэлиэхпит.
„Уот“ суолтатын быhаараллар: оhох уота, кутаа уота, испиискэ уота, лаампа уота чүмэчи уота, күн уота, ый уота – киhиэхэ туhалаахтар; баhаар уота, абааhы уота – кутталлаахтар. Тылдьыттан суолтатын булан тэтэрээккэ суруналлар.
Интерактивнай дуоскађа (карточка да буолуон сөп) олоңхо тиэкиhиттэн үс дойдуга сыhыаннаах тыллар суруллубуттар. Ођолор, ол тылларынан сирдэтэн, үс дойду уобараhын арыйаллар.
Үөhээ дойду: Уот Дьөhөгөй = Күн Дьөhөгөй
Орто дойду: аал уоту оттуу; Ньургун Боотур харађыттан-хааhыттан хатат уота саккыраата…
Аллараа дойду: уотунан уhуурар байђал; уоттаах хайалар; уот дьэбэрэ; уот булгунньахтар.
Абааhы: ааттара - Уот Уhутаакы, Уот Уhуму, Уот Уhуутума, Уот Кутаалай; майгылара - уоттаах уллунахтаах, уоттаах ытыстаах, уот айахтаах, уоттаах тыллаах, уоттаах харахтаах.
Ођолор таhаарар түмүктэрэ:
Үөhээ дойду уота – күн уота. Орто дойдуга уйгуну-быйаңы, олођу биэрэр.
Орто дойду уота – дьону араңаччылыыр, харыстыыр, дьол-таптал символа.
Аллараа дойду уота – өлүү уота, албын-көлдьүн символа.
Дьиэђэ сорудах: П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхотугар «уу», «буор», «таас», «салгын» диэн күлүүс тылларынан үс дойдуну анааран көр, оччођуна аан дойду толору өйдөбүлэ тахсан кэлиэђэ. Бэриллибит таблицаны толор.
Рефлексия: Уруокка мин туох саңаны-сонуну биллим? Туохха үөрэнним?
Түмүк. «Уот» диэн күлүүс тылбытынан олоңхо кистэлэңин арыйан, үс дойду уобараhын оңордубут. Саха киhитэ «үчүгэй-куhађан“, „үтүө-мөкү“ диэни хайдах арааран өйдүүр ньыматын көрдүбүт. Уруокпутун биир дойдулаахпыт, олоңхоhут поэт Күннүк Уурастыырап тылларынан түмүктүүбүн:
Саллар саас тухары олоххо
Саханы үрдэтиэ олоңхо.
Уруогум туһунан
Олоңхо диэн саха үөрэђэ. Норуот тылынан уус-уран айымньытын кылаан чыпчаала, ийэ тылбыт барђа баайа, сүөгэйэ-сүмэтэ, саха киhитин өркөн өйө, анаарар толкуйа буолар. Онон бу үөрэђи биэрэргэ, 3 предмети (саха тылын, литературатын, төрүт культуратын) алтыhыннаран, силлиhэр уруогу ыытар табыгастаах.
Бүгүңңү тиэмэбит: «Олоңхо үс дойдута». Дьиңинэн, ођо бу тиэмэни өйдөөтөђүнэ, олоңхо сүрүн идеятын, философиятын сүнньүн билиэхтээх. Уруок киэбэ төhөнөн судургу – соччонон тиийимтиэ буолар. Ођо бэйэтин билиитигэр тирэђирэн, сахалыы өйүн уhугуннарыахха наада.
9 кылаас үөрэнээччилэрэ фольклор кыра кээмэйдээх айымньыларын арааран билэр, ырытар-чинчийэр үөрүйэхтээхтэр. Ол үөрүйэхтэригэр тирэнэн, күлүүс тыллар көмөлөрүнэн олоңхо улађалаах санаатын, түгэх толкуйун булуохтаахтар.
Улахан кээмэйдээх, дириң философиялаах, тыла-өhө аныгы киhи өйдүүрүгэр уустук айымньыны ођо аађарыгар, аахпытын өйдүүрүгэр ыарырђатар. Аађарга көђүлээhин, айымньыны кэрэхсэтии биир ньыматынан чинчийэр үлэни тэрийии буолар. Онон бу уруок тиибэ, сыала-соруга, учуутал үөрэтэр ньымалара тиэмэ уратытынан быhаарыллар.
Чинчийэр үлэ ситиhиитэ бэлэмнэнии түhүмэхтэртэн улахан тутулуктаах. Холобур, бу уруок сађаланыытыгар учуутал, олоңхо тылынан саңаран, ођолор болђомтолорун тиэмэђэ туhаайар, ис туруктарын бэлэмниир. Бөлөђүнэн үлэни ођолор сөбүлүүллэр. Урут аахпыттарын, истибиттэрин туhанан, сорудахтарга үөрэ-көтө эппиэттииллэр. Ол кэнниттэн экраңңа художник Т. Степанов «Аал Луук мас» хартыыната көстөр. Саха киhитэ аан дойдуну анаарар философиятын художник кыраасканан дьүhүйэн көрдөрөр. Олоңхо тиэкиhиттэн быhа тардан, үс дойдуну тылынан ойуулааhыны кытта тэңниэххэ сөп. Уруок ити түhүмэхтэрэ – үс дойду туhунан ођо бэйэтин билиитигэр тирэђирэн, ойуулуур-дьүhүннүүр искусство бастың айымньытынан көмөлөhүннэрэн, чинчийэр үлэђэ бэлэмнэнии буолар.
Чинчийэр үлэни тэрийии кылаас төhө кыахтаађыттан тутулуктаах. Киhи барыта билэр, суолтатын өйдүүр, тулалыыр эйгэни бэлиэтиир 5 тыл көмөтүнэн олоңхо кистэлэңнээх, сүдү тылын арыйыыга чинчийэр үлэ ыытыллар. Уруокка «уот» диэн күлүүс тылынан Үөhээ, Орто, Аллараа дойдулары анааран көрөбүт. Толорбут карточкаларынан сирдэтэн, «уу», «таас», «буор», «салгын» диэн күлүүс тылларынан салгыы үлэлииргэ дьиэђэ сорудах бэриллэр. Тылтан тылы көрдөх аайы ођолор билбэт Үөhээ, Аллараа дойдуларын уобараhа чуолкайданар, Айыылар уонна Абааhылар тустарынан өйдөбүллэрэ кэңиир. Үөhээ дойдуга олох муңура суох, үтүө-үчүгэй барыта мантан төрүттээх – саха киhитин ыра санаатын дойдута. Оттон Аллараа дойдуттан Орто дойдуга куhађан-мөкү тахсар, өлүү-сүтүү суоhуур. Орто дойдуга сырдык-хараңа, куhађан-үчүгэй күрсэр. Хайалара кыайара киhиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.
Уруок кэрэхсэбиллээх буолара, биллэн турар, учууталтан тутулуктаах. Учуутал бэйэтэ итэђэйэрин, иэйэн-куойан таптыырын, үңэн-сүктэн ытыктыырын биэрэр буоллађына, ођо ылынар.