Сценарий классного часа Ийэ тыл


СЦЕНАРИЙ
КЫЛААС ЧААһА «ИһИРЭХ ИЙЭ ТЫЛ»
Тиэмэ: Иһирэх ийэ тыл. Олунньу 13 күнэ – саха тылын күнэБуолар күнэ: олунньу 10 күнэ 2014 сылБуолар кэмэ: 5 уруокСыала-соруга:
Төрүт саха тылын баайын-дуолун билиһиннэрии;
Оҕо сахалыы тылынан саҥарыахтааҕын өйдөтүү;
Оонньуу нөҥүө оҕо саха тылын-өһүн өйдүүрүн ситиһии;
Ийэ тылга тапталы иитии.
Кылаас чааһын хаамыыта.
Тэрээһин чааһаТаҥаспытын көннөрүннүбүт. Уоскуйдубут. Кылааспыт чааһын саҕалыыбыт. Олордубут.
Бу суругу көрөн туран, этиҥ эрэ, бүгүҥҥү кылааспыт чааһыгар туох туһунан кэпсэтиэхпитий?
Тугу саҥаны билиэххитий?
Эһиги санааҕытыгар ханнык сыал-сорук турарый?
Киирии тыл Бүгүҥҥү биһиги кылааспыт чааһа биһиги сахабыт тылыгар ананар. Билэрбит курдук сахабыт тыла олус баай. Хас биирдии тыл бэйэтэ элбэҕи кэпсиир, дириҥ суолталаах, саҥарарга кыраһыабай.
Туох дии саныыгытый «олус баай», «элбэҕи кэпсиир», «дириҥ суолталаах», ону хайдах өйдүүгүтүй? Холобур?
Этиҥ эрэ, бу бүгүҥҥү күҥҥэ сахабыт тыла хайдаҕый? Нуучча, омук тылыттан киирбит тыллар төһө элбэхтэрий?
Кырдьык даҕаны, билигин элбэх киирии тыл баар, биһиги бэйэбит тылбытын умнан эрэбит. Ол эрээри оҕолоор, биһиги куруук өйдүөхтээхпит: бу биһиги тылбыт, биһиги кини баайын толору туттан салгыы сайыннарыахтаахпыт. Онтон эһиги туох дии саныыгыт?
Билигин ким ордук төрүт сахатын тылын билэрин бэрэбиэркэлиэхпит, ол эбэтэр оонньуохпут.
Бөлөхтөрүнэн оонньууОонньуу тутулун быһаарыы (дуоскаҕа бэлиэтээһин)
1 оонньуу БУ ТЫЛЫ НУУЧЧАЛЫЫ ЭТ ЭРЭ (презентация)
Билсиһэрбин көҥүллээ Разрешите познакомиться
Аатыҥ кимий? Как Вас зовут?
Бу үтүө доҕорум Вот лучший друг
Бэрт кыратык Чуть-чуть
Тонкий чараас, синньигэсТихо бытааннык, кыратыкДорогой ыарахан, күндүДядя абаҕа, убай, таай2 оонньуу ААТ – АТ
Бастатан: хамаандалар аат толкуйданаллар 1 мүнүүтэИккиһинэн: «А» уонна «Т» буукубаттан тахсар биэстии тылы булаллар3 оонньуу ЫРЫА – ТОЙУК
Хамаандалар биирдии сахалыы ырыаны, биирдии хоһоону 5 мүнүүтэ иһигэр толкуйдаан толоруохтаахтар4 оонньуу ТЫЛ – ӨСНууччалыы тыллар утары суолталарын булун, сахалыы бөрөбүөттээнГлубокий – мелкий, дириҥ – чычаас,
Соленая – сладкая, быстро-медленно, чистая-грязная, вниз-верх, начало-конец, большая-маленькая, тяжелая-легкая, направо-налево, много-мало, поймать-отпустить
5 оонньуу ТОБУЛ
Нууччаттан киирбит тыллары хамаандаттан биирдии оҕо көрөр, хамаандатын оҕолоругар сахалыы быһаарар, таайыахтаахтар.
Оонньуу түмүгүн таһаарыыХамаанда хамандыырдара таһаараллар, наҕараадалааһынРефлексия Санаа этииТүмүкТөрүт саха тылын баайын-дуолун хайдах өйдүөхтээххитий?
Сахалыы тылынан саҥарыы туох суолталааҕый?
Оонньуу оҕо саха тылын-өһүн өйдүүрүгэр төһө көмөлөөҕүй?
«Ийэ тыл» диэни хайдах өйдөөтүгүт?
Кылааспыт чааһыгар кыттыбыккытыгар махтал.
Манан кылааспыт чааһа түмүктэнэр.