Аhа5ас кылаас чааhа Тереппут уонна о5о


Аьа5ас кылаас чааьа: «Тереппут уонна о5о»
Сыала: Дьиэ кэргэннэ тапталы уонна киэн туттууну, уерэнээчи коллектива тереппуттэрин кытта биир сомо5о буоларын ситиьии.
Бэлэмнэнии этааба:
- Тереппуттэргэ конкурска кытталларын туьунан ынырыы суругу тар5атыы.
- Хас биирдии дьиэ кэргэннэ дьиэ5э сорудах: «Аал-луук маска дьиэ кэргэннин наардаан ыйыы» (генеалогическое древо)
- Фотовыставка бэлэмнээьин «Тереппут уонна о5о».
- Тереппут уонна о5о улэлэрин быыстапката.
- Талаан (ырыа, хоьоон, ункуу).
- Тереппуттэр бэйэлэрин фирменнай булуудэлэрин бэлэмнииллэр.
Конкурстар кыайыылаахтарыгар бириистэри бэлэмнээьин («Дьиэ кэргэн – 2015», «Саамай до5ордоох дьиэ кэргэн», «Ырыа-ункуу куттаах дьиэ кэргэн», «О5отун саамай билэр тереппут», «Саамай асчыт дьиэ кэргэн».)
Кылаас чааьын хаамыыта:
Учуутал киирии тыла.
- Утуе кунунэн кунду тереппуттэр, уерэнээччилэр уонна ыалдьыттар! Биьиги кылаас «Дьиэ кэргэн – 2015» курэхпитин са5алыырбытын кенуллээн! Бу курэххэ кыттыахтара 5 кылаас уерэнээччилэрэ уонна кинилэр тереппуттэрэ. Бу курэх уопсайа 5 туьумэхтээх буолуо5а. Бастакы туьумэхпит аата «Аал-луук маска дьиэ кэргэннин наардаан ыйыы» (генеалогическое древо). Иккис туьумэ5инэн о5о тороппутун туьунан сырдатара керуллуе5э. Бу туьумэххэ о5о хайдах ба5арар, ол эбэтэр кэпсээн, ыллаан, сыанка кердерен, эбэтэр ойуулаан билиьиннэриэхтээх. Уьус туьумэх тереппуттэргэ аналлаах: «Мин о5обун теье учугэйдик билэбиний?» диэн. Тердуьунэн, «Талаан». Бутэьик туьумэ5инэн булуудэ керуутэ.
Бу туьумэхтэри барытын жюри сыаналыа. Жюри састаабыгар киириэхтэрэ: оскуола иитэр улэ5э директоры солбуйааччы, оскуола уерэх чааьыгар директоры солбуйааччы, оскуола родкомитетын бэрэссэдээтэлэ, орто суьуех о5о тэрилтэтин салайааччыта.
Биьиги бу ыарахан олохпутугар дьон бэйэ бэйэтиттэн тэйсиитэ элбэх, ейдеспет буолуу эмиэ баар. Онтон биьиги бары дьиэ кэргэннээхпит, дьиэлээхпит, биьигини таптыыллар, куутэллэр, кэтэьэллэр, ейдууллэр. Дьиэ эрэ кэргэннэ биьиги таптыырга, эппиэтинэскэ, керуугэ-харайыыга, убаастааьынна уерэнэбит. Онон бары до5ордуу, иллээх, эйэлээх буолуохха, куруук ейеьен-ейдеьен дьоллоохтук олоруоххайын диэн туран барыгытын дьиэ кэргэннэ аналлаах курэхпитин са5алыырбытын кенуллээн.
Билигин жюрига дьиэ кэргэннэри билиьиннэрэбин:
1 туьумэх. «Аал-луук маска дьиэ кэргэннин наардаан ыйыы» (генеалогическое древо). Бастакы туьумэхпитин са5алыыбыт. Хамаандалар дьиэлэригэр онорбут дьиэ кэргэннэрин Аал-луук мастарын кердере-кердере кэпсииллэр. ( Тереппут уонна о5о).
2 туьумэх. «Тереппуттэрин туьунан кэпсээ». Иккис туьумэ5инэн о5о тороппутун туьунан сырдатара керуллуе. Бу туьумэххэ о5о хайдах ба5арар, ол эбэтэр кэпсээн, ыллаан, сыанка кердерен, эбэтэр ойуулаан билиьиннэриэхтээх.
3 туьумэх. Уьус туьумэх тереппуттэргэ аналлаах: «Мин о5обун теье учугэйдик билэбиний?» диэн.
Эн о5он саамай себулуур дьуьунэ ханныгый?
Саамай себулуур бырааьынньыга.
О5он ханнык стиллээх танаьы ордороруй?
О5он саамай истин табаарыстарын ааттара.
О5он саамай себулуур булуудэтэ?
О5он саамай себулуур оонньуура?
О5он себулуур ырыаьыта эбэтэр беле5е?
Саамай себулуур уерэнэр предметэ.Иллэн кэмигэр о5он тугунан себулээн дьарыктанар?
4 туьумэх. Тердуьунэн, «Талаан».
5 туьумэх. Бэсиьинэн, булуудэ керуутэ.
Жюри тумугун таьаарыа5ар диэри. Биhиги кылаас о5олоро бэйэлэрэ туруорбут кыра нуемэрдээх кэнсиэрин керуехэйин.
Тумук тыл.
Тылы биэрэбит жюри бэрэссэдээтэлигэр…
- Бу аьа5ас кылаас чааьын тумугунэн биьиги бэйэ-бэйэбитин учугэйдик биллибит. Онон, бугун манна мустубут уонна кэлэн кыттыыны ылбыт тереппуттэргэ, о5олорго, учууталларга, керееччулэргэ бар5а махталбын тиэрдэбин.
Уонна бэйэ-бэйэбитигэр эйэлээх, тулуурдаах буолуохха наада диэн этиэхпин ба5арабын. О5о уонна тереппут сыьыаннара истин-иьирэх буолла5ына эрэ дьиннээх дьиэ кэргэн аатыра5ыт. Онон ер сылларга эьиги алаhа дьиэ5ит сылааьа баар буолуохтун, саха чиргэл тиитинии бе5ех санааланын, уеруу-кетуу кынаттанын, Аар арчы тосхойо туруохтун!!!