Сценарий гала концерта внутришкольного фестиваля «Салют, Победа!»


Сценарий гала концерта внутришкольного фестиваля «Салю, Победа!»
(Хор тахсан турар)
Ведущий1:Утуе кунунэн, кунду нэьилиэкпит олохтоохторо, убаастабыллаах ветераннарбыт!
Ведущий2: Эьигини Улуу Кыайыы 70 убулуейдээх сылынан Дмитрий Федотович Алексеев аатынан 1-Хомустаах орто оскуолатын аатыттан итиитик-истинник э5эрдэлиибит!
Ведущий3: Улуу Кыайыы 70 сылыгар аналлаах оскуолабы уерэнээччилэрин, тереппуттэрин уонна учууталларын «Махтанабыт, сугуруйэбит, киэн туттабыт!» диэн девизтээх гаала концерпытын са5алыырбытын кенуллээн.
Ведущий4: Таптыыбын тереебут дойдубун!
Саныыбын астына сылаастык,
Ааттыыбын киэн тута урдуктук Эйигин, тереебут дойдубун!
А. Тимофеев тылларыгар, Марк Жирков музыкатыгар «Тереебут дойду туьунан ырыа», толорор хор.
1 (Хор. «Тереебут дойду туьунан ырыа»)Ведущий1: 1418 куннээх туун Ар5аа фронна сэрии уота тохтообокко куудэпчилэммитэ, манна, тыылга улэ уестуу оргуйбута. Сэрии дуораана хас биирдии ыал аанын тонсуйбута. Ыал а5алара, убайдара, аймахтара повестка тутан, фронна аттаммыттара, тыылга хаалбыттар хоргуйары, аччыктыыры, тонору-хатары умнан туран, Кыайыыны уьансыбыттара.
2(Литературнай монтаж. 1б, 7 кылаастар)
Ведущий2: Эдэркээн сурэхтээх кэскили Эр киьи онорто ол сэрии Тереебут дойдутун кемускээн Хорсуннук харса суох хардыылаан,
Хонууга хаанын тохпута,
Сурэ5ин тэбиитин тохтотон…
3 (Завтра была война. 9 кылаас)
Ведущий3: Уоттаах сэрии ыар тыына Ийэ сурэ5ин аймаата,
Саха чулуу уолаттара Аттаннылар сэриигэ,
Ийэ хаалла со5ото5ун
Кыайыыны эрэ ба5ара…
4 (Квартет «Ийэ алгыьа». 2а, 6 кылаастар)
Ведущий4: Элбэх саха дьоно
А5а дойду Улуу сэриитигэр Эйэни кемускуу туруммуттара,
Сорохтор сэрии толоонугар Букатынныы хаалбыттара…
Серафим Романович Кулачиков-Эллэй «Герой ийтигэр» хоьоонун аа5ар 3-с кылаас уенээччитэ Айыына Эверстова.
5 («Герой ийэтигэр» хоьоон. 3 кылаас)
Ведущий1: Уоспут уоьахтаах да буоллар,
Улуу походка сылдьыбыппыт,
Дунай ерус кытылыгар
Кыайыы вальсыгар уйдарбыппыт.
6 (Майский вальс. 4б,10 кылаастар)
Ведущий2: Кууппут куммут, Кунду куммут –
Елбет-суппэт кэскиллэнэн,
Уеруу-кетуу уктэллэнэн,
Кыайыы кунэ Бугун ууннэ!
Ведущий3: Олох кунэ, Уруй кунэ –
Норуоттарга эйэ, эрэл Туругурар, дьоллоох, кэрэ Кыайыы кунэ Бугун ууннэ!
Христофор Максимов мелодията, Роман Атласов тыллара «Эйэ холууба». Ыллыыр Саша Рязанскай, 4 «а» кылаас.
7 («Эйэ холууба» соло. Рязанскай Саша. 4а кылаас)Ведущий4: Кыайыы дьаралыга кынаттанан,
Уербут сурэх аргыстанан,
Тереебут терут буоргутугар Кыргыьыыттан кэлбиккит.
8 («Э5эрдэ эьиэхэ» фольклорнай номер. 2а, 6 кылаастар)
Ведущий1: Уйэлэргэ уруйданнын Кыайыыны уьансыбыт Хорсун-хоодуот буойуннар Самныбыт саха саарыннара.
Хаьан да, ханна да хатыламматын Хара дьайдаах сэрии!
Туругурдун эйэлээх олох!
Туругурдун дьоллоох о5о саас!
9 (Ункуу «Эрэкэ-дьэрэкэ». 3 кылаас)
Ведущий2: Бугунну эйэлээх халлаан, дьоллоох олох, уеруу-кетуу аргыстаах о5о саас – бу барыта биьи эбэлэрбит, эьэлэрбит, утуе дьоммут бэлэхтэрэ. Кинилэргэ анаан 2 «б» кылаас уерэнээччилэрин толоруутугар ырыа, «Ветераннар».
10 («Ветераннар» ырыа, 2 «б» кылаас)
Ведущий3: Сайдар олох суолун тэлбит Намым сирэ – Хомустаах,
Еруу маннык куну керсе Турдун Сахам эрэлэ!
Орто дойду дьолун булбут Кэлэр кэскил биьигэ!
11 (Оьуохай. 4б, 10 кылаастар таьаараллар. Бары кытталлар.)Ведущий4: Умнуллубатын А5а доду Улуу сэриитэ!
Кыайыыны уьансыбыттар хорсун быьыылара,
Эдэр ыччат дууьатыгар Сырдык сулус буолан сыдьаайдын!
Ведущий1: Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаммыт «Махтанабыт, сугуруйэбит, киэн туттабыт!» диэн девизтээх гаала концерпыт тумуктэннэ.
Ведущий2: Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, иллээх оло5у, эйэлээх халлааны ба5арабыт! Бол5омто5ут иьин махтал!