Тезис доклада по теме краеведение
Кыраайы үөрэтии оҕону иитиигэ суолтата
Адамова Мария Ивановна,
А.Е.Кралин Абаҕа орто оскуолатын
Саха Республикатын норуоттарын
культурата предмет учуутала
Ханнык баҕарар кэмҥэ оскуола биир сүрүн сыалынан саҥа үүнэн эрэ эрэр кэнчээри ыччаты партиотическай тыыҥҥа иитии, о.э. төрөөбүт төрүт дойдуга муҥура суох тапталы иҥэрии буолар.
Өскөтүн Сэбиэскэй былаас саҕана бу тыыҥҥа оҕону иитиигэ оччотооҕу кэм идеологията, пионерскай, комсомольскай организация, СМИ барыта көмөлөөх эбит буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ партиоттары иитэн таhаарыы уустугуран иhэр. Ол төрүөттэринэн буолаллар:
Биир тыыннаах, былааhы өрө тутар өй-санаа мөлтөөhүнэ;
СМИ дьайыыта;
Интернет, ватсап курдук социальнай ситимнэр дьайыылара;
Методическай көмө кырыымчыга уо.д.а.
Маннык кэмҥэ үүнэн эрэ ыччаппытын сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн такайан, сайдам санаалаах киhи киhитин иитэн таhаарыы биир хайысхатынан төрөөбүт төрүт түөлбэ олорон кэлбит остуоруйатын үөрэтии буолуон сөп.
Россия кыраайы үөрэтээччилэрин союhун талыллыбыт председателэ профессор Си́гурд О́ттович Шмидт «Краеведение -- это прежде всего краелюбие» диэн кыраайы үөрэтии сүрүн аналын ыйан турар. Онон кыраайы үөрэтии сүрүн сыала төрөөбүт төрүт түөлбэ историятын билии нөҥүө ийэ дойдуга муҥура суох тапталы иҥэрии буолар. Төрөөбүт дойдутун аанньа ахтыбат, кини ааспыт историятын кэрэхсээбэт оҕоттон үтүө киhи үүнэн сайдан тахсара саарбах. Дэлэҕэ Константин Дмитриевич Ушинскай «Как нет человека без самолюбия, так нет человека без любви к отечеству, и эта любовь дает воспитанию верный ключ к сердцу человека и могущественную опору для борьбы с его дурными природными, личными, семейными и родовыми наклонностями», - диэн этиэ дуо. Ол эбэтэр ийэ дойдуга тапталы иҥэрии киhилии киhи, туhалаах киhи, киhи киhитэ буолан үүнэн-сайдан тахсарга олук охсор сүдү аналлаах эбит.
"Ийэ дойдубут биhигинэ суох табыллыаҕа, биhиги ийэ дойдута суох табыллыбаппыт", - диэн Василий Александрович.Сухомлинскай этиитин хас биирдии оҕо сүрэҕинэн-быарынан өйдүөхтээх. Онон кыраайы үөрэтиинэн дьарыктаныыга "Эн салгыы сайдыаххын, үүнүөххүн-чэчириэххин баҕарар буоллаххына, бэйэҥ түөлбэҥ остуоруйатын, өбүгэлэргиттэн тиийэн кэлбит үтүө үгэстэргин, үйэлэри уҥуордаан тиийэн кэлбит өркөн өйүн муудараhын билэ, иҥэринэ сатыахтаахххын" диэн оҕо иннигэр-сыал-сорук туруоруу көмөтө улахан.
Онон кыраайы үөрэтиини оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр биир сүрүн хайысха быhыытынан киллэрэн, улахан болҕомто ууруохха наада дии саныыбын.
Кыраайы үөрэтиигэ тус бэйэм опыппыттан
2001 сыллаахха аан бастаан Абаҕа агрооскуолатыгар Төрүт культура учууталынан үлэлии кэлбит сылбар бастакы учууталым тыыл, педагогическай үлэ ветерана Пелагея Дмитриевна Емельянова сиэнэ кыыска "Тыксаан - остуол оонньуута" диэн дакылаат суруйтаран "Инникигэ хардыы. Юниор" НПКҕа кыттарбар сүбэлээбитэ. Бу үлэбит иhин үөрэнээччим I степеннээх лауреат аатын ылбыта. Онон кыраайы үөрэтиигэ бастакы уhуйааччыбынан бастакы учууталым буолар. Онтон ыла хас сыл ахсын араас ааҕыыларга, конференцияларга тиhигин быспакка кыттан, син, сэмэй ситиhиилэрдээхпит. Ол гынан баран саамай үрдүк ситиhииҥ дьарыктанар үөрэнээччиҥ эйигин үөрэтээччи, үйэтитээччи, дириҥ билиилээх уhуйааччы быhыытынан билиниитэ буолар эбит. Оҕо биирдэ, үлэ ухханыгар сылдьан, сөҕө-махтайа этэн кэбиспит тыла учуутал киhи сүрэҕин-дууhатын үлүскэн үөрүүнэн толорон кэбиhэр, үрдүккэ кынаттыыр сүдү күүстээх эбит.
Онон эдэр коллегаларбар үлэҕитин кытта кыраайы үөрэтиинэн, араас ааҕыыларга оҕолорго араас теманы чинчийтэрэн, дакылаат суруйтаран иhэллэригэр сүбэлиэм этэ. Маннык үлэлээтэххэ оҕолору кытта чинчийии үлэтинэн дьарыктаныы үлэҥ быстыспат сорҕото буолан хаалар эбит. Ону тэҥэ "Киhи олорорун тухары үөрэнэр" диэн эппиттэринии, оҕолоргун кытта тэҥҥэ саҥаны арыйаҕын, билэҕин. Эрдэтээҥҥи көлүөнэ ураты кэрэ олоҕуттан оҕоҕун кытта тэҥҥэ сөҕөҕүн-махтайаҕын. Ол эмиэ олус интэриэhинэй, үөрүүлээх буолар. Киhи билбэтиттэн куттаныа суохтаах эбит. Υөрэнээччигин кытта биир тыынынан тыынан, тэҥҥэ үлэлээhин ордук кэрэхсэбиллээх буолар эбит.
Чинчийии үлэтин ыытыы түмүгэр үөрэнээччи араас сатабыллара, киhи быhыытынан араас үтүө хаачыстыбалара сайдар. Бу барыта кэнники оҕо бу олоххо миэстэтин булан ситиhиилээх буоларыгар көмөлөhөрө саарбаҕа суох.
Кыраайы үөрэтиигэ бырайыак оҥорорго холонуу. Υөрэнээччи сатаан сыал-сорук туруорарга, былаанныырга, туруоруммут сыалын ситиhэргэ үөрэнэр.
Ахтыылары хомуйуу, интервью ылыы - олохтоох нэhилиэнньэни кытта үлэ барар. Манна үөрэнээччи дьону кытта алтыhар, бодоруhар дьоҕура сайдар.
Библиотекалартан, музейтан матырыйаал хомуйуута - үгүс информацияттан наадалааҕын, суолталааҕын сатаан булуу үөрэнээччи толкуйдуур, ырытар, талар дьоҕурун сайыннарар.
олохтоох кыраайы үөрэтиинэн дьарыгырар дьону кытта ыкса үлэлэhии, кинилэр тус архыыптарыттан тоҕоостоох матырыйаалы сатаан хомуйуу, түмүү, ырытыы, тэҥнээн көрүү, ханнык эмэ түмүккэ кэлии, туох эрэ саҥаны, кэрэхсэбиллээҕи тобулуу, сабаҕалааhын оҥорорго холонор.
Түмүллүбүт матырыйааллары наардыы, сааhылыы үөрэнэр;
Онон дакылаат суруйарга холонор. Этиини, текси сатаан сааhылаан суруйарга үөрэнэр. Аныгы үйэ сиэринэн компьютерынан үлэлииргэ, бэчээттииргэ, презентациялары оҥорорго уhуйуллар;
Дакылааттарынан араас таhымнаах ааҕыыларга кыттан, төрөөбүт төрүт түөлбэ туhунан киэҥ эйгэҕэ таhааран, кыраайын историятын үйэтитиигэ, ыччакка кэрэхсэтиигэ бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэр;
Кылаас чаастарыгар, түмсүүлэргэ оҕолорго кэпсиир. Манна дакылааччыт оҕо сатаан саҥара, толкуйдаабытын дьоҥҥо-сэргэҕэ сатаан сааhылаан тиэрдэ үөрэнэр;
Брошюрка, электроннай пособие оҥорорго холонор ;Бу оҥоhуктары олохтоох музейга, библиотекаларга бэлэх уунан, үлэтэ түмүктээх туhалаах буоларын ситиhэр.
Υтүө киhи буолан тахсыы төрөөбүт "балаҕаҥҥа", тэлгэhэҕэ, алааска, түөлбэҕэ тапталтан саҕаланар. Төрөөбүт түөлбэтин ис сүрэҕиттэн таптыыр эрэ киhи тыа сирин дьиҥнээх хаhаайына буола үүнэн тахсар кыахтаах дии саныыбын.
Туттуллар матырыйаал
«Алгыстаах Амма Аба5ата» 2002;
«Земля моя Амгинская» 2007;
«Амгинский улус: История. Культура. Фольклор».
Багдарыын Сүлбэ. Топонимика Якутии.
К.Туйаарыскай аатынан библиотека архыыба
Оскуола музейын архыыба.
Кыраайы үөрэтээччилэр тус архыыптара:
Емельянова Пелагея Дмитриевна
Захарова Галина Ильична
Лонгинов Дмитрий Семенович
Никитина Зоя Васильевна